Топонимика Сулгачинского наслега
статья (8 класс) на тему
Топонимика
«Сир-дойду кистэлэҥ кэпсээнэ».
Данилова Саргылана Сулҕаччы
орто оскуолатын 8кылааһын үөрэнээччитэ, Амма
Саха норуотун историятын билиэххин баҕарар буоллаххына, хайаан да сир-дойду аатын, олоҕу-дьаһаҕы, оччотооҕу тылы-өһү билиэххин наада. Историяны быһаарарга улахан оруолу топонимика диэн наука ылар. Ол аата сир-дойду ааттарын үөрэтэр үөрэх. Топонимика- төрдө грек омук тыла. “Топос”-миэстэ, сир диэн тылбаастанар. “Онома”-аат. Топонимика уустук үөрэх. Кини эмиэ даҕаны тыл үөрэҕэ, эмиэ да георграфия, эмиэ да история. Сир аата- норуот ааспыт олоҕун, историятын сиэркилэтэ.
Онон төрөөбүт нэһилиэгим Сулҕаччы сирин-дойдутун ааттарын суолтатын, туохтан төрүттээҕин чинчийэр үлэбин 6 кылаастан учууталбын кытта саҕалаабытым. Үлэбитигэр нэһилиэк кырдьаҕастарын Павлов П.М., Константинов С.И., Михайлова З.Н. ахтыыларын, суруйууларын, учууталларым Стручкова Р.И., Михайлова Е.П., Данилова В.В., “Сулҕаччы ытык сирдэрэ” диэн хомуйбут матырыйаалларын туһаммыппыт. М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ топонимикаҕа үлэлэрин билсибиппит. Тыл суолтатын быһаарыыга саха тылын быһаарыылаах тылдьытынан үлэлээбиппит.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
toponimika_danilova_sargy_uch.8kl.doc | 41 КБ |
Предварительный просмотр:

Саха топонимикатын анаан үөрэтэр кыраайы үөрэтээччи, публицист, үтүөлээх учуутал Михаил Спиридонович Иванов – Багдарыын Сүлбэ «Ис иһигэр киирдэххэ» диэн кинигэтигэр маннык суруйбут: ,,Сирдэр ааттарын хомуйар уонна картотекаларга системалыыр наада. Хас биирдии нэһилиэк сирдэрин, кыралар, бытархайдар эҥин диэн мыыммакка, дүөдэтигэр, маарыгар, үрүйэтигэр-харыйатыгар тиийэ, суруйан ылыахха наада. Улуу сирдэр быттыктарын, хоннохторун, куртахтарын, саппыйаларын... Ким өтөҕө, күрүөтэ буоларый?” (3, 43 с)
Үлэм бастакы баһыгар Сулҕаччы өтөхтөрүн, алаастарын ааттарын наардаабытым. Нэһилиэкпитигэр төрөөбүт биллэр дьон ханнык өтөххө олорбуттарын быһаарбытым. Манна өр сыл учууталынан үлэлээбит Михайлова З.Н. хомуйбут “Сулҕаччыга олорбут дьон өтөхтөрө” диэн тэтэрээккэ суруйбут үлэтин туһаммыппыбыт. Манна биһиги нэһилиэкпитигэр төрөөбүт биллэр дьон ханнык өтөххө олорбуттарын эмиэ чуолкайдаабыппыт.
Үлэм 2 баьыгар Сулҕаччы сирин-уотун ааттарын суолтатын, туохтан төрүттэммитин чинчийбитим. Хас биирдии сиргэ аат мээнэ бэриллибэт, барыта ис хоһоонноох, төрүттээх. Туох уратылааҕынан эбэтэр онно буолбут түбэлтэттэн сылтаан, дьон, кыыл-көтөр аатынан, киһи оҥорбут үтүө дьыалатынан көрөн сир ааттанар эбит. Биһиги маннык араарбыппыт.
Сир туох уратылааҕынан бэриллибит ааттаах:
Ампаардаах- алаас. Манна ампаар тутуу баар. Ол иһин ааттаммыт. “Ампаар” тюрк тыла. Малы-салы уурар тутуу. Ону таһынан кыргыс үйэтинээҕи кириэппэстэрэ буолуон сөп. Ампаар тутуулары сахалар нуучча кэлиэн инниттэн билэллэрэ диэн суруйар Багдарыын Сүлбэ.
Дулҕалаах-монгол тыла. Билиҥҥи монголлар“тулҕа”, бүрээттэр “тулга”дииллэр эбит. Бу үрүйэ сирэ олус дулҕалаах.
Араас кыыллар, көтөрдөр ааттарынан ааттаммыт топонимнар:
Моҕотой хайата- “моҕотой”-кэрбээччи бииһэ, көхсүгэр уһаты эриэн дьураалардаах дьүһүннээх тыа кыра кыыла. Бу сир Түүйэ үрэх үрдүк мыраана. Манна Моҕотой диэн ааттаах киһи олорбут өтөҕө баар. Ол иһин ааттаммыт быһылаах. Урут холкуос саҕана бурдук ыһыллар сирэ. Кыайыы күнүн истибит ытык сирдэрэ. Онно билигин тимир сухалаах өйдөбүнньүк турар.
Табалаах- төрүт тюрк тыла. “тебэ”, “тэбэ”. Былыргы түүрдэр тэбиэни “тебэ”, “тэбэ” дииллэр эбит. Саҥа сиргэ кэлбит өбүгэлэрбит харахтаан көрбөтөх кыылларын табаны тэбиэҥҥэ маарыннатан ааттаабыт буолуохтарын сөп диэн Багдарыын Сүлбэ сабаҕалыыр. Бу сиргэ табаны иитэ сылдьыбыттар эбэтэр бултуур булт быһыытынан ааттаабыт топонимнара буолуон сөп.
Буолбут түбэлтэттэн сылтаан ааттаммыт топонимнар:
Тимир Умаппыт алаас-былыргы түүр тыла-”тэмир, “түмэр”- бүрээттии, “төмүр”-монголлуу. Сахалар 17 үйэ быдан инниттэн тимири уһаарар эбиттэр. Онон тимири уһаарыы топонимикаҕа элбэх суолу хаалларбыт. Бу сиргэ тимири уһаара сылдьыбыт буолуохтарын сөп.
Төрдө биллибэт топонимнар:
Багдарыын Сүлбэ: “Амма сиригэр саха билиҥҥи тылынан кыайан быһаарыллыбат ааттар олус элбэхтэр. Топонимикаҕа сир аатын кыайан быһаарбат буоллаххына, сыһыарытын булан араара сатаа уонна ол сыһыарыы хайа омук тылын сыһыарыыта буоларын быһаара сатаа диэн сокуон баар”- диэн суруйар. Кини “Аал уоту оттунан” кинигэтигэр киллэрбит:
-аайы: сыһыарыы көмөтүнэн үөскээбит ааттар: Тураайы, Болоҕоойу;
-да: Көҥүүдэ;-ки: Быкы; Туналыкы; -ри: Миҥири;-ччи: Сулҕаччы;-ма: Чырыыччыма
Чинчийиим түмүгүнэн үлэбитигэр барыта 115 сир аатын хомуйдубут. Онтон 54 өтөх, 32 – алаас, 12 – күөл, 11 - үрэх, чараҥ – 6 диэн наардаатыбыт. Кырдьаҕас дьон ахтыыларыттан, кинигэлэртэн уонна былыргы үһүйээннэртэн, кэпсээннэртэн көрдөххө ордук элбэх топоним бу сиргэ олоро сылдьыбыт киһи аатын сүгэр эбит. Манна 51 холобуру буллубут.
Бу сиргэ буолбут түбэлтэттэн сылтаан ааттаммыт топоним – 4 холобурга көстөр.Туох уратылааҕынан бэриллибит ааттаах – 13. Төрүтэ биллибэт – 26
Араас сүөһү, туттар тэрил аатынан – 9. Кыыллар, көтөрдөр ааттарынан – 5.
М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ “Талыллыбыт үлэлэр” диэн 3 томнаах кинигэтиттэн 25 тыл суолтатын, олоҕун, төрдүн ырыттым, чинчийдим.
Петр Павлов «Сулҕаччы түөлбэтигэр» диэн кинигэтиттэн сир-дойду ааттарыгар сыһыаннаах 8 үһүйээни, кэпсээннэри, буолуталаан ааспыт түбэлтэлэри аахтым, сороҕун үлэбэр суруйдум.
Түмүктээн эттэххэ, сир-дойду ааттарын хомуйан үөрэтии норуот урукку олоҕун-дьаһаҕын билэргэ, биһиги өбүгэлэрбит хайдах дьон олорон ааспыттарын өйдүүргэ, тыл суолтатын, олоҕун үөрэтэргэ көмөлөһөр эбит.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Отражение истории заселения Оренбургского края в топонимике Тоцкого района
Географические названия едва ли не самые древние памятники, созданные человеком. В них отражены история языков и регионов, процесс освоения...
Программа элективного курса "Топонимика родного края"
Предлагаемый курс посвящен одному из разделов лексикологии - топонимике. Топонимы могут рассказать нам много интересного из жизни наших предков. Интересна народная этимология, в ней проявляются творче...
Топонимика Поволжья
Мир топонимов Саратовской области и легенды, которые с ними связаны. Авторская работа....
Урок по топонимике родного края
Конспект урока по краеведению в 6 классе включает в себя выполнение практической работы по географическим названиям Пластовского района Челябинской обла...
Урок по топонимике родного края
Конспект урока по краеведению в 6 классе включает в себя выполнение практической работы по географическим названиям Пластовского района Челябинской обла...
туристический потенциал моего наслега
Достопримечательности Мирненского района, добыча алмазов и их обработка....
Герои-овощеводы Хаптагайского наслега.
Путеводитель для ознакомления туристов с овощеводами села Хаптагай Мегино-Кангаласского улуса....