Бырайыактааһын - саҥа үөрэх стандартын көдьүүстээх ньымата
статья ( класс) на тему
Современные образовательные технологии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Статья: Бырайыактааһын саҥа стандарт көдьүүстээх ньымата | 27.23 КБ |
Предварительный просмотр:
«Бырайыактааһын - саҥа үөрэх стандартын биир көдьүүстээх ньымата»
Аныгы сайдыылаах кэм ирдэбилинэн, үөрэнээччи үөрэҕэр ситиһиитин биир сүрүн көрдөрүүтүнэн саҥарар, суруйар уонна толкуйдуур ол эбэтэр айар дьоҕурун сайыннарыы буолар. Саҥарар саҥаны хомоҕой гына сайыннарыы, айар үлэҕэ уһуйуу бэйэ саныыр санаатын – толкуйун сааһылаан дьоҥҥо тириэрдии - үтүө майгылаах, сытыы өйдөөх, киэҥ билиилээх киһини иитиини кытта быстыспат ситимнээх. Билиҥҥи үөрэх стандартын ирдэбилин тутуһан айымньылаахтык үлэлээтэхпитинэ, үөрэнээччи уруокка ылбыт билиитигэр олоҕуран сатабылын, дьоҕурун сайыннарыыга учууталлар маннык соруктары толоруохпутун сөп:
- саха тылын литературатын үөрэтиигэ оҕолор үөрэнэр баҕаларын, интириэстэрин күүһүрдүү, уруокка үлэ көдьүүһүн үрдэтии,
- үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии,
- куорат, республика күрэхтэригэр кыайыылаахтары бэлэмнээһин,
- үөрэнээччилэри айар, чинчийэр үлэҕэ кэҕүлээһин, дьоҕурдарын уһугуннарыы.
Аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэр уруок, хаачыстыбатын тупсарыы соруга хаһан баҕарар учууталга бастакы миэстэҕэ турар. Ханнык баҕарар учуутал бэйэтин үөрэтэр предметигэр кэрэхсэбили үөскэтэр сыалтан араас табыгастаах үөрэх технологияларын үлэтигэр туһанар. Ол иһин мин хас биирдии уруокпар үөрэнээччи интириэһин тардар араас ньымалары киллэрэн, литератураҕа тапталы, умсугутууну тиэрдэ сатыыбын. Үлэм биир оннук көдьүүстээх ньыматынан бырайыактааһын буолар. Бырайыактааһын оҕону үөрэтиигэ маннык табыгастаах, көдьүүстээх өрүттэрдээх. Бастакынан, бу технология5а кыһал5аны быһаарар, толкуйдуур, таба суолу көрдүүр, чинчийэр, ырытар, айар, бэйэ5э эргиллэн түмүк оҥорор сатабыллар барыта түмүллэллэр. Үөрэнээччи бу түбэлтэҕэ учуутал биэрэр бэлэм билиитин ылбакка, билиини бэйэтэ үлэлээн, көрдөөн булунар. Сыралаһан булбут билиитин олоххо туһана үөрэнэр. Иккиһинэн, уруокка бэриллэр 45 мүнүүтэҕэ хаайтарбакка үлэлээһин. Оҕо бэриллибит тематын уруок таһынан булар ырытар чинчийэр. Үсүһүнэн, «Улуу дидактика» бириинсиптэригэр олоҕуран, оҕо сааһын учуоттаан судургуттан уустукка сыыйа киирии. Холобура, үлэ маннык бэрээдэктээхтик барыан сөп: холобурдары булуу, иллюстрация оҥоруу, тэттик өйтөн суруйуу, иһитиннэрии, дакылаат, реферат, бырайыак. Төрдүһүнэн, оҕо сыралаһан булбут үлэтин түмүгүн бэйэтэ көрөр. Бэсиһинэн, учуутал сорудаҕын оҕо тус уратытын, кыаҕын учуоттаан биэрэр. Холобур, үөрэҕэр ыарырҕатар оҕо, бэйэтигэр туһаайыллыбыт сорудаҕы үчүгэйдик толорон санаата көтөҕүллэр, бэйэтин кыаҕар эрэлэ күүһүрэр. Алтыһынан, айар бырайыак оҕо айар кыаҕын дьоҕурун сайыннарар.
Бырайыактааһын оҕо саҥа теманы, үөрэҕи төһө кэрэхсээбититтэн саҕаланар. Оҕо сонурҕаабакка эрэ матырыйаалы интириэһиргээбэт, олох да өйдөөбөт, ыарырҕаппыт да буолуон сөп. Онон үөрэх ситиһиилээх, дириҥ, толору буоларыгар үөрэнээччи элбэх кыһалҕалары көрсөр. Ону туоратар сыалтан оҕо бэйэтэ араас хабааннаах үлэлэри тэрийиэн сөп. Ол тэрээһиннэри атыннык үлэ, былаан, уһулуччу тугу эрэ оҥорон таһаарыы (продукт) атыннык эттэххэ айар үлэ диэн аатыыбыт. Бу барыта түмүллэн бырайыак диэн буолар.
Бырайыактааһын ньымата араас технологиялардаах:
- Кыһалҕалаах үлэ (проблемнай)
- Көрдүүр үлэ (поисковой)
- Чинчийэр үлэ (исследовательскай)
- Айар үлэ (творческай)
Бырайыактыыр үлэҕэ учуутал - салайсан биэрээччи (координатор, модератор), усулуобуйа тэрийээччи буолар. Бырайыактааһыҥҥа оҕо билэр, көрөр, истэр үөрүйэҕэ, сатабыла сайдар. Кини кимтэн да тутулуга суох бэйэтин билиитин сатаан оҥорон таһаара үөрэнэр, иһитиннэрэр эйгэни удумаҕалыыр буолар, ырытар өйө (критическое мышление) уонна айар дьоҕура (творческое мышление) сайдар. Бырайыак анал, бөлөҕүнэн локальнай уонна телекоммуникационнай буолуон сөп. Кини сүрүн сыалынан оҕоҕо араас тутаах кыахтар үөскээһиннэрэ буолар. Ол курдук тутаах кыахтарынан билиини сатабылы, сыаннастары, ханнык баҕарар усулуобуйаттан кыһалҕаттан сатаан тахсар толкуйу тобулар кыаҕы ааттыахха сөп.
Бырайыактыыр үлэ кэмигэр араас сатабыллар үөскүүллэр:
- Бэйэҕэ эргиллии сатабыла (рефлексивное умение);
- Көрдүүр чинчийэр сатабыллар (поисковые, исследовательские умения);
- Сатаан алтыһар үөрүйэҕэ (умение и навыки работы в сотрудничестве);
- Салайар сатабыл (менеджерские умение и навыки);
- Культура, традиция, этикет сатабыла (коммуникативные умения);
- Сатаан көрдөрөр, кэпсиир, көмүскүүр сатабыллар (презентационные умения и навыки):
Бырайыактааһын маннык былаанынан барыан сөп:
Толкуйдааһын
Былааннааһын
Көрдөөһүн
Чинчийээһин
Көмүскээһин
Айар үлэ
Бэйэҕэ эргилл
Бырайыактааһын хаамыыта:
Бырайыактааһын хаамыыта: | Ис хоһооно | Үөрэнээччилэр үлэлэрэ | Учуутал үлэтэ |
1. Толкуйдааһын | 1) Кыһалҕаны тобулуу. 2) Үлэ темата, аата. 3) Баҕа санаата. 4) Уратыта, сүрүнэ. 5)Кимиэхэ туһаайыллара. 6) Туһата, сыала, соруктара. | Учууталы кытта теманы ырытыы, эбии информацияны ылыы. Сыал туруоруу. | Бырайыактааһын ис хоһоонун билиһиннэрии, кыһалҕалары тобулуу, темаҕа кэҕүлээһин. Сыал туруорарга көмөлөһүү. Үлэ хаамыытын кэтээн көрүү. |
2. Былааннааһын | 1) Информация хомуллар матырыйаалларын чопчулааһын. | Соруктары туруорунуу, үлэ былаанын оҥоруу. | Бэйэ идеятын этии. Үлэ хаамыытын кэтээн көрүү. |
3.Көрдөөһүн | 1) Информация хомуллар ньымаларын быһаарыы. 2) Үлэ түмүгүн, айар үлэни, көрдөрөр ньыматын быһаарыы. 3) Бөлөххө эбээһинэһи үллэрии. | Ситиһии кирбиитин хайдах ылары тобулуу. | Этии киллэрии. Үлэ хаамыытын кэтээн көрүү. |
4.Чинчийээһин | 1) Матырыйаалы хомуйуу, чопчулааһын. 2) Үлэ кэмигэр үөскээбит атын санааны ырытыы. 3) Сөптөөх барыйааны талыы. 4) Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу. | Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу. | Үлэ хаамыытын кэтээн көрүү. Сүбэлээһин, үлэни салайсан биэрии. |
5.Көмүскээһин | 1) Бырайыагы көмүскээһин (тылынан, көрдөрөн, суругунан) 2) Үлэ хаамыытын ырытыы. | Бырайыагы көмүскээһин, куолаан ырытыы. | Истии, ыйытыы. Ырытыы кэмигэр үлэни салайсыы. |
6.Айар үлэ (продукт ) | 1) Матырыйаалы ырытыы. | Матырыйаалы ырытан бырайыак, айар үлэ оҥоруу. | Кэтээн көрүү. Үөрэнээччилэр көрдөһүүлэринэн көмөлөһүү. |
7.Бэйэҕэ эргиллии | 1) Үлэ хаамыытын ырытыы (табыллыбыт, табыллыбатах өрүттэрэ). 2) Түмүк оҥостуу | Тугу билбитэ, өйдөөбүтэ, сатаабыта. Туохтан астыммыта. Сыанабыл биэрии. | Үлэ туолуутун хаачыстыбатын, саҥалыы көрүүтүн сыаналааһын. |
Саха тылын уонна литературатын учуутала
Липатова Светлана Афанасьевна.
.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Татар теленнән гомуми белем бирүнең дәүләт стандартына чагыштырма анализ (күзәтү)
Татар теленнән гомуми белем бирүнең дәүләт стандартына чагыштырма анализ (күзәтү)...
Федераль дәүләт белем бирү стандартының асылы
Федераль дәүләт гомуми белем бирү стандарты нигезендә милли кыйммәтләр, универсаль уку гамәлләре һәм бәяләү системасы формалаштыру тора. Укытуда предмет нәтиҗәләре генә түгел, ә шәхси һәм предме...
Татар теле һәм татар әдәбиятын Федераль дәүләт гомуми белем бирү стандартына нигезләнеп укыту
Татар теле һәм татар әдәбиятын Федераль дәүләт гомуми белем бирү стандартына нигезләнеп укыту. Әлеге язмада Татарстан Республикасының белем бирү системасына куйган төп бурычы турында, шул максат...
«Шэнэ үеын стандартын ёhоор онол аргануудые хэрэглэн аша үрэтэйгѳѳр hуралсалаа эмхидхэлгэ»
Выступление на районном семинаре учителей бурятского языка и литературы «Шэнэ үеын стандартын ёhоор онол аргануудые хэрэглэн аша үрэтэйгѳѳр hуралсалаа эмхидхэлгэ»...