Доклад на тему "Мунха - торут угэспит" (Подледная рыбалка якутов)
проект на тему

Павлова Мария Егоровна

Доклад по краеведению на тему  "Мунха - торут угэспит" (Подледная рыбалка якутов) ученика 6 класса Терехова Айсена. Рук. Павлова М.Е.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл doklad_munkha_torut_ugespit_terekhov_aysen_2.docx50.23 КБ

Предварительный просмотр:

СР Уорэ±ириитин Министерствота

«Кэбээйи улуу´а» МТ

Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи уопсай µ³рэхтээ´ин орто оскуолата

«Му²ха – торут µгэспит»

(дакылаат)

 

Толордо: Терехов Айсен,

6 «б» µ³рэнээччитэ

Салайааччыта: Павлова М.Е.,

саха тылын уонна

литературатын учуутала.

Кэбээйи, 2013 с.

ИЬИНЭЭ5ИТЭ:

Киириитэ……………………………………………………………………………..…3

Сµрµн чаа´а…………………………………………………………………..………..4

  1. §. Му²ха – саха норуотун µтµ³ µгэ´э………………………………..………4
  2. §. Му²ха±а туттуллар сэп-сэбиргэл…………………………………...……7
  3. §. Балыксыт сиэрэ-туома, µгэстэрэ………………………………………...9
  4. §. Кэбээйи му²ха´ыттара…………………………………………………….12

Тµмµк…………………………………………………………………………..…….15

Ту´аныллыбыт литература……………………………………………..………….16

КИИРИИТЭ

 

Улэ актуально´а. Былыыр-былыргыттан балык саха норуотун иитэн-а´атан кэлбитэ олоххо баар чахчы. Собо барахсан сэрии сут сылларыгар т³´³л³³х ки´и оло±ун сал±аабыта буолуой?  Кэбээйи улуу´а эмис соботунан ³р³спµµбµлµкэбит бары муннугар сура±ырбыта ыраатта. Били²²и да кэм²э Кэбээйиттэн сылдьар ки´иттэн му²ха ту´унан сура´аллар, собо кэ´ии кэтэ´эллэр.  Онон норуотум бу µтµ³ µгэ´ин ту´унан билси´эр санааттан «Му²ха – саха норуотун µгэ´э» диэн теманы таллым.

  ¥лэм сыала: Му²ха – т³рµт µгэспит буоларын аныгы ыччакка били´иннэрии.   Улэ сыалын сити´эргэ маннык кэккэ сорук турар:

  1. Тема±а сы´ыаннаах научнай улэни чинчийии;
  2. Му²ха сиэрин-туомун µ³рэтии;
  3. Саха норуотун µтµ³ µгэстэрин µ³рэтии;
  4. Му²ха ту´унан билэр дьонтон ыйытала´ыы;
  5. Мунха ту´унан билси´иннэрэр электроннай пособие о²оруу.
  6. Тµмµк о²оруу.

Чинчийии предметэ: Му²ха – т³рµт µгэспит буоларын аныгы ыччакка били´иннэрии.

Чинчийии объега: му²ха ту´унан электроннай пособие

Са²а сµµрээн: о±олорго аналлаах му²ха ту´унан электроннай пособие.

Практическай туттуллуута: бу электроннай пособие т³рµт культура уруоктарыгар эбии матырыйаал бы´ыытынан эрэ буолбакка, ба±алаах о±о бэйэтин билиитин-к³рµµтµн кэ²эттэригэр туттуллуон с³п.

Научнай т³рµтэ: Степан Ильич Эверстов «Рыболовный промысел в историко-культурном наследии народа саха» уонна Пётр Назарович Репин хомуйан о²орбут «Кэбээйи балыксыттарын µтµ³ µгэстэрэ» µлэлэрэ.

¥лэ тутула: ¥лэ киирииттэн, сµрµн чаастан, сµрµн чаа´ы арыйар 4 параграфтан, тµмµктэн уонна ту´аныллыбыт литератураттан турар.

С¥Р¥Н ЧААЬА

1 §. Му²ха – саха норуотун µтµ³ µгэ´э

   £бµгэлэрбит былыр-былыргыттан балыктыылларын ту´унан фольклор араас матырыйаалларыгар сурулла сылдьар. Балыктаа´ын к³рµ²э араас буолар. Ол курдук, илимнээ´ин, куйуурдаа´ын, му²халаа´ын, туулаа´ын, кµ³гµлээ´ин.

    Му²ха –элбэх дьону тµмэ тардар балыктаа´ын биир улахан к³рµ²э буолар. Бу тыл т³рµтµн ырыттахха, Э.К. Пекарскай (1959 с., т. 2, ст. 1632) суруйарынан «мууха», «монхо» диэн эбэ²ки тылыттан киирбит. Оттон чинчийээччи-тунгусовед Г.М. Василевич этэринэн эбэ²килэр му²халыырга сахалартан µ³рэммиттэр. Онон «му²ха» диэн саха тыла диэбит. Оттон учуонай Н.К. Антонов бу тылы тµµр омук тыла диэн бы´аарбыт.

   Историческай докумуоннар к³рд³р³лл³рµнэн, Саха сирэ нуучча государствотыгар холбо´уон инниттэн дьоно-сэргэтэ  илимниир, му²халыыр эбит.  Ол аата му²ха саха норуотун ³бµгэ са±аттан илдьэ кэлбит к³лµ³нэттэн к³лµ³нэ±э бэриллэн и´эр µтµ³ µгэ´э буолар.

Му²ха хас да араастаах:

  1. Сайы²²ы.
  2. Кы´ы²²ы.
  3. £рµс му²хата.
  4. Ат тардар му²хата.

 Му²ха кµ³л уонна ³рµс киэнэ диэ²²э арахсар. Кµ³л му²хатынан дьыл ханнык ба±ар кэмигэр балыктыыллар. £рµс му²хатынан сылаас эрэ кэм²э.

Му²ха элбэх чаастартан турар. Кинилэр хас биирдиилэрэ ааттаахтар уонна туттуллар аналлаахтар.

  1. Килиэс быа – сылгы кылыттан эбэтэр о±ус тириититтэн тэлиллэн о²о´уллубут му²ханы со´ор быа. Кынаттарга баайыллар. Биирдиитэ 20, эбэтэр 25 хаамыы буолар У´уннара тэ²нэр.
  2. Кынат икки буолар. 80 эбэтэр 100 хаамыы усталаахтар. Балык му²ха икки ³ттµнэн куоппатын хааччыйар. У´у²нара тэ² буолар. 10 эбэтэр 13 остуолбаны холбоон биир кынат о²ороллор.
  3. Остуолба  - диэлинэн о²о´уллар. Устата 8 эбэтэр 9 хаамыы, µрдµгэ 2 эбэтэр 2,5 хаамыы буолар.
  4. Диэл – кылынан араас киэ² харахтаах гына му²ха кынаттарын уонна ийэтин баайан о²ороллор.
  5. Кулгаах-кынаттан салгыы кулгаах быата баайыллар. У´уна 4 хаамыы кэри²э. Кулгаах быалара туорай асс икки т³б³тµгэр баайыллаллар. Кулгаах кынат эриллибэтигэр ту´алаах.
  6. Туорай асс икки т³б³тµгэр баайыллыбыт µ³´ээ уонна аллараа ситимнэрэ бииргэ холбонон уктаа (биэтилэ) о²о´уллар, онно килиэс быа у´угар бааллыбыт кыра балты´ах ма´ы уга±ын. Бу му²ха±а килиэ´и тргэнник холбуурга уонна килиэ´и араарарга табыгастаах.
  7. Хото±ос – туо´унан эбэтэр ма´ынан о²ороллор. Хото±остор му²ханы к³бµтэллэр. Биир хаамыыга иккилии хото±о´у баайаллар.
  8. Таастыган – таа´ынан, сµ³´µ муо´унан, сототун у²уо±унан, туйахтарынан о²ороллор. Му²ханы тимирдэр. Таастыганнар икки ардылара биир хаамыы буолар.
  9. Ситим быа – му²ха диэлэ баайыллар быата.. Му²ха µ³´ээ уонна аллараа ситимнэрдээх.
  10. Ыпсаа´ын – кынат уонна ийэ холбонор миэстэтэ. Му²халаа´ын бµттэ±инэ кынаттар ийэттэн ыпсаа´ынынан араарыллаллар.
  11. Ийэ – балыгы хаайар тэрил. Устата 8 хаамыы кэри²э буолар.
  12. Сµµс – му²ха хара±ын µ³´ээ ³тт³
  13. Сэ²ийэ – му²ха хара±ын аллараа ³тт³
  14. Уолук – му²ха ийэтин кынаттары кытта холбуур диэл. Устата 7 эбэтэр 8 хаамыы буолар.
  15. Айах – ийэ айа±а. ¥³´ээ ³тт³ киэ², аллараа ³тт³ кыара±ас.
  16. Уолук хото±о´о – биир хаамыы аайы иккилии хото±ос баайыллар.
  17. Сµµс хото±о´о 9 буолар.
  18. Аан хото±ос – му²ха ийэтин бастакы бэлиэтэ. 5,6 хара±ынан аа±ан алта хото±ос баайыллар.
  19. Орто – хото±ос – орто дьайыы бэлиэлэрэ. Эмиэ 6 хото±ос баайыллар.
  20. Тµгэх дьайаа – тµгэх дьайаа бэлиэлэрэ алта хото±ос.
  21. Ийэ тастыгана – му²ха сэ²ийэтигэр тимирдэр дьаакырдар.
  22. Ийэ ата±а – ийэни тимирдэр дьаакырдар, ийэ икки у´унар баайыллар.
  23. Орто атах – ийэни тимирдэр, ийэ ортотунан тµгэ±эр баайыллар.
  24. Байбара – му²ха аннынан балык куоппатын диэн сиринэн со´улла сылдьар гына эбии сал±аа´ын о²о´уллар.

     Му²ха  кµрэх му²хата уонна туона му²хата диэ²²э арахсар. Кµрэх му²хата – собону нырыылаан му²ха барар сиригэр кµрэтэн илдьэн му²халаа´ын ааттанар. Туона му²хата – халы² муус анныгар сытан,  салгына аччаабыт собону сааскы кэм²э му²халаа´ын ааттанар. Бу му²халар усталарынан атыттар. Кµрэх му²хата кыната быдан у´ун,  ийэтин сабардама эмиэ улахан буолар.

  Кµрэх му²хата алтынньы ый бµтµµтµттэн са±аланан барар. Кµ³л бµтµннµµ муу´унан бµрµллµннэ±инэ, балык б³л³хт³´³р кэмигэр мунхалааьын са5аланар. Былыр хас да кµн инниттэн му²ха ту´унан сурах чугас сытар нэ´илиэктэргэ тар±анара. Уонунан, сµµ´µнэн ки´и му²ха буолар сиригэр то±уору´ан кэлэллэрэ. Кµрэх му²ханы ³сс³ «кµµлэй» му²хата дииллэрэ. Бэйэтэ туспа быраа´ынньык курдук тэриллэн барара.  Ырыа±а-тойукка, сµµрµµгэ-к³тµµгэ кµрэхтэ´эллэрэ. Эдэр дьон билси´эн, ыал буолар да тµгэннэрэ элбэ±э.

¥ксµгэр ³р балыктаабыт кырдьа±ас ки´и му²ханы салайар. Балык ханан элбэ±ин кµ³лµ к³р³³т да эндэппэккэ билэр дьон эмиэ баар буолаллар µ´µ. Му²ханы ханан тµ´эрэллэрин дири²иттэн, уу салахайыттан, кµ³л рельебыттан бы´аараллар. «асср тµ´µµлээх эбэний?» - диэн ыйытар µгэс бара биллэр. Биир эбэ±э 2-3 му²ханы тэ²²э тµ´эриэхтэрин с³п. Ол му²халанар эбэ улаханыттан, т³´³ балык баайдаа±ыттан  тутулуктаах. Ол гынан баран му²халаа´ы²²а бары кыттар дьон тэ²²э, тэрээ´иннээхтик µлэлээтэхтэринэ, элбэх балыгы ылаллар диэн билэр дьон кэпсииллэр.

Бу µтµ³ µгэс аныгы да кэм²э сµппэккэ бэриллэн и´эрэ хай±аллаах бы´ыы-майгы буолар. Сэтинньи 30 – ахсынньы 1 кµннэригэр 2010 сыллаахха Кэбээйигэ «Озёрная культура – 2010»  республика эдэр ыччатын форума буолбута. Манна му²ханы кытта араас кµрэх ыытыллыбыта. Ол курдук, научно-практическай конференция, кы´ы²²ы спортивнай оонньуу к³рµ²нэринэн кµрэх, быыстапка, «Ыал а±атынан», «Ыччат му²хатын Кэрэ Куота – 2010» конкурстар.

 Сыл ахсын кµµлэй му²ха±а сир-сир аайы элбэх ки´и кыттан, к³мµс хатырыктаахтан бэрси´иннэрэн µ³рэн-к³т³н дьиэлиир. Мин а±ам эмиэ кµрэх му²ха±а кыттааччы, анньыы´ыттааччы. Миигин  му²ха±а арыый улааттахпына илдьэ барыах буолар.

2§. Му²ха±а туттуллар сэп-сэбиргэл

   Му²ха балай эмэ уустук о²о´уулаах. Кини элбэх ки´и холбо´он бултуур тэрилэ. Му²ха – икки кынаттаах уонна ортотугар конус бы´ыылаах м³´³³ччµктээх сиэккэ. М³´³³ччµгµн му²ха ийэтэ (мешкообразная мотня) дииллэр. Дири²э 3 м, балык киирэр хайа±а´а 1, 25 м буолуон с³п. Му²ха устата араас, 25 миэтиртэн 500 миэтирэ±э дылы барар.

    Былыр му²ханы сиэли хатан ³р³лл³р³. Оннук му²ха б³±³-та±а, µйэлээх диэн би´ирииллэрэ. Илии му²хата диэн илиинэн тардыллар му²ханы ааттыыллар. Му²ха о²о´уллуута, атыннык эттэххэтаныыта олус сыралаах µлэттэн тахсар.Кырдьа±астар му²ханы та²ыы ки´иттэн мындыр ³йµ, кыра±ы хара±ы, уус тарба±ы, сылайбат сындаа´ыны эрэйэр µлэ диэччилэр. Му²ха балай эмэ кыанар, сэниэ ыалларга баар буолара. Холобура, биир ки´и му²ха ийэтин,, атына кынаттарын бас билэрэ. Нэ´илиэк бары дьахтара сылгы сиэлиттэн, кутуругуттан  ситии хатан ³тµµ о²ороллоро, онтон му²ханы та²аллара.

 Урут му²ха харахтара кынаттарыгар 5 см буолара, ийэтэ 2 см кээмэйдээх харахтардаах о²ороллоро. Билигин айыл±аны харыстыыр сокуоннарга оло±уран, му²ха ханнык ба±ар чаа´ыгар харахтара тэ² буолбут (5 см). Оччо±о быччыкы балык кэлсибэт, балык т³рµ³±э  эстибэт, кµ³ллэрбит, ³рµстэрбит ассра сµтэн-симэлийэн хаалбат.

       Му²ха±а туттуллар сэп-сэбиргэл араа´а: µтµмэх,  сµµр, муус та´аарар хамыйах, к³±³, атырдьах, анньыы, нырыы ура±астара.

  • ¥тµмэх – 10-20 м у´уннаах ура±ас асс, кэнниттэн быа±а му²ха (неводная рель) баайыллар. ¥тµмэх икки буолар. ¥тµмэх му²ханы со´орго аналлаах.
  • Нырыы – хахыйах ма´ы мутугун солон о²о´уллар. Маскын ойбо²²о уган мууска кы´арыйа анньыалаан, тыа´атан, кµ³л аннынаа±ы ³рµкµтэн балыгы кµрэтэллэр.
  • Сµµр – муус µлтµркэйдэрин ыраастыыр сиидэ хамыйах (сетчатый черпак).
  • Атырдьах – ойбонтон ойбо²²о му²ханы со´ор мас (вилы для проталкивания неводной рели).
  • К³х³ - тордуоктаах мас (палка с крючком).
  • Анньыы – муу´у алларар тэрил (пешня).
  • Нырыы ура±астара – муус аннынан тыа´ы µ³скэтэр ура±астар (жерди для производства шума подо льдом).     Нырыы ура±а´ын  эбэ са±атыттан эдэр хаты²нары бы´ан о²ороллор. У´уна 2,5 -.3,5 м тиийэр.  
  • Сµµр – муус µлтµркэйин ба´ар хамыйах (ложка для вынимания измельченного льда).
  • К³х³ эрбэх – быаны тардарга аналлаах тордуохтаах асс ура±ас эрбэх (палка с крючком для вытягивания ремней).
  • Кыл хамыйах – собону ба´арга аналлаах.
  • Кыллыыр мас – му²ха кыната тахсан истэ±инэ буорун-0сыы´ын, отун-ма´ын ыраастыырга, тэбииргэ наадалаах.
  • Лиэкэр – туорайдаах мас. Килиэс, ситим мууска и²нибэтин диэн кыратык аллараа диэки туорай масс балты´а±ынан баттыалыыллар.
  • Туора кµрдьэх – хаар кµрдьэргэ туттуллар.

  Му²ханы тэрийиигэ элбэх ки´и кыттар:

  1. Анньыы´ыттар му²ха тµ´эрэр уонна та´аарар чардааттары аллараллар, ону тэ²э элбэх нырыы ойбонун (кµрэх ойбоно, µтµмэх ойбоно) тэ´эллэр.
  2. ¥тµмэхчиттэр µтµмэ±и муус аннынан ыыталлар, онон му²ханы со´оллор.
  3. К³х³ то´уйааччы - µтµмэх т³б³тµн то´уйар.
  4. Нырыы´ыт – балыгы кµрэтээччи. Нырыы´ыттар тыас та´ааран балыгы кµ³л кытыытыттан му²ха сылдьар ³ртµгэр µµрэллэр.
  5. Быа тардааччылар эрбэх к³м³тµнэн му²ханы тардаллар. Улахан му²ханы ат к³м³тµнэн тардаллар.
  6. Му²ха тµ´эрээччи – му²ханы ууга тµ´эрээччи.
  7. Таа´ааччы – му²ха чардаакка кэллэ±инэ, ону сыыйа тардан муус µрдµгэр та´аарааччы.
  8. Са±алааччы – кынаттар хото±осторун к³нн³р³н саа´ылааччы.
  9. Кыллааччы – кынаттары ууттан тахсарыгар буорун, отун-сыы´ын тэбээччи.
  10. Бэрийээччи – му²ханы сыр±а±а бэрээдэктээн, бэрийэн уурааччы.
  11. Хамыйах тутааччы – кыл хамыйа±ынан балыгы ба´ааччы.
  12. Туона´ыт – му²ха тµ´µрэр сири туона дэнэр. Му²ха тµ´µµтµн, элээн ойбоннорун хайысхатын, тахсар чардааты ыйан-кэрдэн, мээрэйдээн, бэлиэтээн биэрээччи бас-к³с ки´и.

 

3.§. Балыксыт сиэрэ-туома, µгэстэрэ

       £бµгэлэрбит балыктаа´ы²²а сиэри-туому туту´аллара, элбэх µтµ³ µгэстэрдээхтэрэ. Сахалар кµ³л иччитин Туона баай, Кµ³х Боллох тойон диэн ааттыыллара. Сиэри – туому тутуспакка, кэдэрги кэмэлдьилэннэххэ, Эбэни киртиттэххэ, уутун аймаатахха, иччилэри кэлэттэххэ Кµ³х Боллох тойон киэр хайы´ар.                                                                                

      Му²ханы тµ´эриэх иннинэ эбэ иччититтэн к³рд³´³н, саламалаах чэчири анньаллар, арыылаах алаадьынан, таба±ынан кµндµлµµллэр, алгыс этиллэр. Оччо±уна хому´уннаах тыллаах ытык алгысчыттар сиэри-туому тэрийэн, арчылаан, ал±аан  Кµ³х Боллох тойонтон к³мµс хатырыктаа±ыттан к³рд³´³н бэри´иннэрэллэрэ.

Кµ³х далай иччитэ

Э´эм Кµ³х Боллох тойон,

Сµдµ Эбэ Хотун,

¥тµ³нэн, айыынан к³рµ²,

Ыраас тыыннаа±ынан

Малаа´ын б³±³тµн о²орон,

От-мас иччилэрин а´атан,

Аан дойду иччитигэр айах тутан,

Эйиэхэ дьол к³рд³´³

Киирэр кµммµт буолла

       Са²а му²ханы ту´эрэр буоллахха, туспа сиэр-туом оно´уллар. Са²а му²ханы о²орон, та²ан ууга ту´эрии туспа туомнаах, онуоха ыалларын, до±отторун ы²ыран µ³рµµлээх малаа´ын тэрийэллэрэ. Хайаан да сµ³´µ ³л³р³лл³р. Ону сµлµµ, астаа´ын са²а му²ха ийэтин и´игэр оно´уллар. Сµ³´µнµ астаан бутэрэн, хара и´ин бытархай гына кырбыыллар уонна му²халарын кынаттарын сиргэ тэнитэн баран ы´аллар. Ону о±олору мунньан хомуйтараллар. О±олор ис µ³рэтин былдьа´а-былдьа´а хомуйохтаахтар. Ол му²ха±а элбэх балык кэлэн, ки´иэхэ барытыгар тиксэрин ыралыыр эбит. Сµ³´µ этин бу´аран, саламат, арыылаах суорат тардан мустубут дьону а´аталлар.

Иккис кµнµгэр ¥рµ² Ойуун эбэтэр тµ³лбэ ытык кырдьа±а´а икки к³м³л³´³³ччµлээх му²ханы арчылаа´ына са±аланар. Арчылаа´ын тэрилэ, ыытар ньымата тыа булдун иччитигэр о²орор курдук буолар. Арыый атына диэн алгы´а. Ол икки ту´µ³хтээх: 1. Тэрили арчылаа´ын. 2. Кµ³л,уу иччитигэр ту´аайыллар.

Саха итэ±элин чинчийбит В.М.Ионов µлэлэригэр к³ст³рµнэн, бу туом толоруллуутугар му²ха ийэтин бултуу барар кµ³ллэрин диэки хайы´ыннаран, кынаттарын тэнитэ тэлгииллэр. Кынат, ийэ и´игэр мунха±а туттуллар тэриллэрин уураллар. Кынаттар икки ардыларыгар уот уматаллар уонна уу иччитигэр анаан уокка арыылаах суорат, хаа´ы, µµт куталлар, сµ³´µлэрин т³б³тµн уураллар, алгыс этэллэр. Ол кэнниттэн уоту µµттэн о²о´уллубут а´ынан µстэ кутан а´аталлар. Сиэллээх хамыйа±ынан тµ³рэх кэби´эллэр. Му²ханы орпут астарынан ы´аллар. Туом бµтµµтэ эмиэ а´ыыллар, онуоха а´ааччылар былдьа´а-былдьа´а а´ыыр курдук тутталлар-хапталлар.

А´ылык кэнниттэн му²ханы хомуйан тиэйэллэр, µрдµнэн буорунан арчылыыллар. Му²халаах ки´и сиэбит сµ³´µтµн хаба±ар арыы кутан илдьэ барар, ону му²ханы ууга ту´эриэн иннинэ ийэтин айа±ын µ³´ээ ³ттµгэр баайан кэби´эр. Му²ха тахсыытыгар ким сымса, кµµстээх ол хабахтаах арыыны ылыахтаах.

Саха ки´итэ балыктаа´ы²²а элбэх µтµ³ µгэстэрдээх.Кини айыл±аны кытта биир тыыннаах курдук санаан харыстыыр, ара²аччылыыр µгэстээх. Айыл±аны алдьаппакка, ³л³рб³кк³ бэйэтигэр с³бµнэн к³р³н ту´анар.

£рµскэ, µрэххэ, кµ³лгэ аттыгар кэлэн туран аатынан ааттаабаттар, Эбэ дииллэр. Аатынан ааттаатахпытына Эбэ иччитэ кыы´ырыа диэн итэ±эл баар.

  Улахан му²ха±а киирэллэригэр улуу ойууну Эбэ иччититтэн к³рд³´µннэриллэрэ. Эбэ±э анаан бэлэх, ту´ах биэрэллэрэ.

Са²а булт тэрилин о²ордохторуна, дьиэ кэргэн и´инэн кыра малаа´ын тэриллэр, эт бу´араллар, саламат оргуталлар, бары µ³рэ-к³т³ а´ыыллар. Ол кэнниттэн кµ³лгэ киирэллэр. Му²халыыр кµ³лгэ мээнэ улаханнык са²арары, µ³гµлµµрµ, тыа´ыыры боболлоро. Тыастан-уустан булт кµрэнэр дииллэрэ. Му²халаан балыгы ыллахтарына, кэлэрин тухары сомсо турбаттар. С³п буолары ылан баран тохтууллар.

Балык у²уо±ун тµбэ´иэх сиргэ бырахпаттар, у²уо±у тэпсэ сылдьыбаттар,уокка бырахпаттар  – аньыы. Собону сии олорон, мээнэ са²арыма – у²уохха харыан.

Саха дьоно ытык Эбэлэрин к³р³н-харайан ыраастыыллар, ара²аччылыыллар.

£бµгэ µгэстэрин кэ´эн, ууну бырта±ырдыбаттар, ууга ³лµгµ, у²уо±у, кири-ха±ы бырахпаттар, ма´ы силистэри та²нары аспаттар, биилээ±и, у´уктаа±ы ойбо²²о тµ´эрэртэн улаханнык сэрэнэллэрэ. Бэл ойбо²²о умсан тэриллэрин ылар буолаллара..

Сарсыарда хайа кµ³лµ му²халыы баралларын эппэттэр. Сарсын µтµмэх суолун баты´аар диэччилэр.  

Нырыы ма´ын му²халыыр кµ²²эр бы´ыахтааххын, нырыылаабыт маскын иккистээн туттубаккын.

Балыгы мууска э´э турдахха балык, му²ха икки ардынан аа´арын сатаммат, ал±ас аа´ар тµбэлтэ±э, кэлбит суолунан эргитэн т³тт³рµ ыыталлар. Та´аарбыт ки´и тµ³рт б³д³² собону талан ылыахтаах.

Э´эни ³л³рсµбµт ки´и му²ха±а сылдьыбат, онтон Эбэ кириргиир. Му²ханы, кынат остуолбатын бы´а±ынан бы´ыы – аньыы. Тала±ынан ууну та´ыйбаттар. Балык булда ханнар. Кураанах и´иккэ балыгы укпаттар, тµгэ±эр уулаах эрэ буолла±ына угаллар.

Балыгы бултуур тэрилинэн о±ону оонньоппоттор. Булкуттан дьо²²о бэрсэр буол, ки´и наадыйан к³рд³³т³±µнэ балыктыыр тэрилгиттэн уларыс.

       

  1. §. Кэбээйи му²ха´ыттара

      Былыр Кэбээйи дьоно-сэргэтэ µрэх бастарыгар, кµ³ллэр, к³лµйэлэр кырдалларыгар бала±ан туттан, бытанан олорбуттара. Собону, мундуну ха´аанан, ки´и-хара буолбуттара, онон ³рµ´µнэн тыыннаах хаалаллара. Оччолорго дьиэ кэргэн бары да балыксыт этилэр.

Балык бултаа´ынынан ма²най колхозтар дьарыктаммыттара, тэриллэрэ олус м³лт³±³. Биир кµ´µн «Калинин» колхоз балыксыттара Дьяконов Т.П., Дьяконов Ф.И. уонна Мукучуттан сылдьар Маарыйа Бµлµµ ³рµ´µгэр «Хочолоон» хомотугар тыалга тубэьэн то²он ³лбµттэрэ.

1936 с. бастакы балык хаьаайыстыбата «Чочума» диэн сиргэ Ф.Новгородов салалтатынан тэриллибитэ. Онтон 1938 с. балык собуота тэриллибитэ. Сылга 150-250 тонна балыгы бултууллара. Онтон ма²найгы балык артыала «Б³рг³±³» 1939 с. тэриллибитэ. Оччолорго хас биирдии холкуоска балыгы бултуурга былан тµ´эрэллэрэ, оттон собуот бултаммыт балыгы астыыра.

Кэбээйи нэ´илиэгин байанайдаах му²ха´ыттарынан буолаллар:

  • Левин Егор Михайлович
  • Левин Прокопий Семенович - Бырдьыгыныыр
  • Сметанин Прокопий Петрович
  • Софронеев Степан Васильевич
  • Кобяков Егор Егорович
  • Захаров Алексей Дмитриевич
  • Лугинов Илья Григорьевич
  • Захаров Петр Никитич
  • Ноговицын Денис Петрович
  • Левин Иосиф Данилович
  • Данилов Михаил Николаевич
  • Дьяконов Семен Данилович
  • Сметанин Яков Семенович
  • Обутов Никифор Макарович
  • Кобяков Василий Филиппович
  • Сметанин Николай Андреевич

Левин Прокопий Семенович – Бырдьыгыныыр

«Би´иги э´эбит кы´ыннары-сайыннары наар балыктыырын ³йдµµбµн. Кы´ынын му²халаан собо б³±³тµн а±алара. Э´эм о±онньор балыктаабыт балыга былыргы аччык сылларга элбэх ки´и дуу´атын харыстаабыта буолуо диэн эрэнэбин. Э´эм Калинин колхоз балыксыта этэ.» - диэн ахтыытытыгар суруйар сиэнэ Левин Ф.Д.

Софронеев Степан Васильевич

    Степан Васильевич Софронеев Улуннаах кµ³лµн µрдµгэр, сискэ, дьиэ-уот туттан олороро. Кини дьо²²о-сэргэ±э киэ²ник биллэринэр Тооромос диэн ааттаа±а.

   Бу о±онньору Кэбээйигэ улахан кµµстээх ки´и этэ диэн кэпсииллэрэ. Кырдьык, к³ст³р дьµ´µнэ-бодото да±аны астык кырдьа±ас эбит. Б³д³²³-садана, этэ-сиинэ халы²а, киппэтэ, µргµлдьµ моонньо, онно эбии лµ²кµнэс са²ата билигин кэлэн ³йд³³т³хх³ чахчы бухатыыры санатар.

   Кырдьа±ас ³йµнэн-санаатынан да эмиэ киэ²-куо², а´ыныгас µтµ³ ки´и эбит. Кини ту´унан µлэ, тыыл ветерана Лугинов Илья Григорьевич бу курдук ахтар: «Сэрии са±ана этэ. Кµ³л саас хомордоон турар кэмэ этэ. Ыстапаан кэргэнэ Авдотья Семеновна эмиэ у´уну-киэни ³йдµµр, µчµгэй санаалаах эмээхсин этэ. Кини биирдэ о±онньоро хана эрэ ³р буолан кэлбитигэр: «Дьону²-сэргэ² сутан быстаары гыннылар, бу халтай сылдьыахтаа±ар, эбэ±эр му²халаан дьо²²ун быы´ыа эбиккин», - диэбит. Ону о±онньор ³р толкуйдуу барбакка, дьонун-сэргэтин мунньа охсон эбэтигэр Чырыыда±а му²халыы киирбит. Саха µгэ´инэн эбэтиттэн к³рд³спµт-ааттаспыт. Инньэ гынан икки кµн устата элбэх балыгы му²халаан та´аарбыта. Дьэ онно буолбута ³т³рд³³±µтэ буолбатах µ³рµµ-к³тµµ. Сэниэлэрэ быстан му²ха±а киирбэтэх ыалларыгар барыларыгар, «буруолаа±ы» кими да матарбакка ³лµµ собо анаан дьиэлэринэн тµ²эппит.»

     Тооромоос Ыстапаан му²ханы µчµгэйдик та²арынан биллэрэ. Кини та²мыт му²хата куруутун бултаах буолара. О±онньор балык ханна сытарын билэриттэн, мындырыттан дьоно-сэргэтэ с³±³р-махтайар эбит.

    Хор, оннук байанайдаах балыксыт, µтµ³ санаалаах ки´и т³р³³н-µ³скээн ааспыт.

Захаров Алексей Дмитриевич (Орхоо)

   Захаров Афанасий Иванович ахтыытыттан: «£л³кс³й о±онньор т³´³л³³х элбэх собону бултаан дьонун-сэргэтин а´аппыта буолуой? Чугас эргин дьоннорун барыларын собонон хааччыйара. Аччык, ас-туор кэмнэргэ о±онньор элбэх ки´ини а´аппыт µтµ³лээх. Кы´ын наар к³м³лµ³к о´ох сырдыгар илим баайара уонна та²ара. Кытыан ма´ынан таастыган о²ороро, кылынан таа´ын баайара.»

Ноговицын Денис Петрович

   «Кэбээйи» сопхуоска  сµµрбэччэ сыл устата балык биригэдьииринэн µлэлээбитэ. Кини 500-550 миэтирэ усталаах му²ханан балыктыыра. Сыл ахсын 80, 100 тонна балыгы бултуура. Урут му²халамматах кµ³ллэри мастарын ыраастыыра, ууларын мээрэйдиирэ уонна балыктарын туругун илимнээн бэрэбиэркэлиирэ, ыраах кµ³ллэргэ тиийэр суолу солоторо. Кы´ынын ыраах, чугас кµ³ллэргээрдэттэн былааннаан му²халыыра. Биир тµ´µµгэ саамай элбэх балыгы Малыыдаттан, Чырыыдаттан, Ха²ыдаттан 20-25 тонна балыгы бултаабыттар. Му²ха биригэдьиирин бы;ыытынан дьонун дьо±урдарынан, кыахтарынан к³р³н µлэлэтэрэ. (Егор Елисеевич Дьяконов ахтыытыттан)

Лугинов Илья Григорьевич (Э´э Ылдьаа)

     Кинини аатырбыт балыксыт Софронеев С.В. (Тооромос) о±онньору кытта му²ханан балыктаа´ы²²а сы´ыарбыттар. Ол Тооромос о±онньор µ³рэтиитинэн-такайыытынан, онуоха эбии бэйэтэ барыга-бары сыста±ас, дьо±урдаах, мындыр, кыайыылаах-хотуулаах буолан кэлин му²ханы та²ар, салайар, аатырбыт балыксыт буолбута.

    Илья балыксыт бы´ыытынан аатырыан аатырбыта. Кини у´ун сылларга колхуостарга, сопхуостарга балык биригэдьииринэн сылдьан элбэх к³мµс хатырыктаа±ы бултаан колхуостар дохуоттарын ха²атыспыта, государство соруда±ын толорбута. Кини 1961 с. Кэбээйи райпотугар балыксытынан µлэ±э киирбитэ. Райпо±а кэлээт ба´ылаабыт идэтинэн му²ха биригээдэтин салайбыта. Ол сыл Куру² кµ³лэ диэн  эбэттэн биир тµ´µµгэ сµµрбэттэн тахса тонна балыгы ылан, дьону-сэргэни с³хт³рбµтэ. Ол билигин да±аны кэпсэлгэ сылдьар. Алаас, тыа кµ³ллэриттэн онтон элбэх собону му²халаан биир тµ´µµгэ ким да ылбыта биллибэт.

   Кини биригэдьиирдиирин са±ана райпо кы´ын муу´у аннынан му²халаан собону, саас илимнээн тэ²или, собо, сордо² балыктары, бы´ыттаан ньо±ор, кµстэх, кµ´µн уу сылбырхайыгар мунду бултаан нэ´илиэнньэни а´атара. Маны та´ынан райпо балык булдун тэрийэрэ, онно Илья Григорьевич бултуур кэм устата 100 тонна±а тиийэ бултаабыт сыллардаах. (Елизаров Егор Егорович ахтыытыттан)

 

Т¥М¥К

 ¥лэм тµмµгэ:

  1. Му²ха - саха норуотун ³бµгэ са±аттан илдьэ кэлбит µтµ³ µгэ´э аныгы да кэм²э суолтатын сµтэрбэт.
  2. Техника кµµскэ сайдыбыт  кэмигэр ыччакка му²ха  ту´унан билси´иннэрэр электроннай пособие быдан к³дьµµстээх буолуо.
  3. Кэбээйи нэ´илиэгин байанайдаах му²ха´ыттарын ту´унан кыраайы µ³рэтэр улуустаа±ы музей матырыйаалыттан элбэ±и биллим.
  4. Балыксыт сиэрин –туомун, µгэстэрин кытта билистим.
  5. Бу билиим-к³рµµм уол о±о буоларым бы´ыытынан, олохпор ту´алаах буолуо дии саныыбын.
  6. Балык саппаа´ын эспэккэ сиэрдээхтик му²халаан, айыл±абытын, эбэлэрбитин киртиппэккэ кэлэр к³лµ³нэ±э тиэрдии – бы саха ки´итин ытык иэ´э.

ТУЬАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЕРАТУРА:

1 .Васильева М.С. Утум – Дь.: Бичик, 2007. – 224 с.

  1. Кононова Т.С. Саха т³рµт итэ±элигэр сµгµрµйµµ сиэрдэрэ-туомнара: Саха норуотун т³рµт культуратын µ³рэтиигэ к³м³ матырыйааллар. – Чурапчы, 1992. – 32с.
  2. Эверстов С.И. «Рыболовный промысел в историко-культурном наследии народа саха» - Дь., 2009 г.
  3. Музей стендэлэриттэн матырыйааллар;
  4. Павлова М.Е. хаартыска5а туьэриилэрэ.
  5. Кэбээйи балыксыттарын µтµ³ µгэстэрэ. Хомуурунньук. Репин П.Н. – Дь: Бичик, 2013.

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

тест Рыбалка 5 класс

ответить на вопросы по теме "Обработка фартука"...

Спортивное мероприятие "Рыбалка"

Спортивное мероприятия для 2 - 4 классов...

Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)

1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....

"Рыбалка" метапредметная игра (география-биология)

Метапредметная игра "Рыбалка" может использоваться на предметных неделях, внеклассных мероприятиях....

Сочинение по картине К. Н. Кологривовой-Успенской "Не взяли на рыбалку"

Урок русского языка в 5 классе "Сочинение по картине К. Н. Кологривовой-Успенской "Не взяли на рыбалку"...

Географическая рыбалка

Конкурс по географии для 7 класса...

Однодневный поход «Рыбалка»

Воспитание здорового образа жизни...