Кылаас салайааччытын иитэр үлэтин тиһигэ
методическая разработка (7 класс) на тему

Матвеева Венера Борисовна

Мин өйдүүрбүнэн, кылаас салайааччыта диэн оҕону личность быһыытынан үөрэтэн, кэтээн, олоххо табатык үктэнэригэр хайысхалаан биэрэр. Оҕо сайдар сокуонун кэспэккэ туран, хас биирдии оҕо тус бэйэтин уратытын арыйынарыгар, ону сайыннарар суолу булунарыгар көмөлөһөн, хайысхалаан биэрэр аҕа табаарыһа.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kylaas_salayaachchyta_iiter_uletin_tihige.docx25.57 КБ

Предварительный просмотр:

Муниципальнай бюджетнай үөрэхтээһин тэрилтэтэ

«А.И.Притузов аатынан Уулаах  Аан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»

Ханалас улууһа.

Кылаас салайааччыта иитэр үлэтин тиһигэ

Суруйда: Матвеева Венера Борисовна, А.И.Притузов аатынан Уулаах  Аан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала

Уулаах  Аан, 2017 с.

Киириитэ

Мин өйдүүрбүнэн, кылаас салайааччыта диэн оҕону личность быһыытынан үөрэтэн, кэтээн, олоххо табатык үктэнэригэр хайысхалаан биэрэр. Оҕо сайдар сокуонун кэспэккэ туран, хас биирдии оҕо тус бэйэтин уратытын арыйынарыгар, ону сайыннарар суолу булунарыгар көмөлөһөн, хайысхалаан биэрэр аҕа табаарыһа.

Мин, аан бастаан, бу оҕолору кытта үлэлиирбэр кэккэ ыарахаттары көрсүбүтүм. Ол курдук:

  • Кылаас оҕолоро хас да бөлөххө арахсар буоланнар биир санаалаах түмсүүлэрэ суоҕа.
  • Сиэр-майгы сыаннастара утарылаһар буолан бэйэ-бэйэни кытары атааннаһаллара, оҕо оҕону сэнээһинэ, атаҕастыыра көстөрө.
  • Төрөппүттэр кылаас иитэр үлэтигэр кыттыылара мөлтөх курдуга.

Тоҕо маннык проблемалар баалларын быһаараары, мин кылаас туругун үөрэтээри чинчийии араас көрүҥнэрин: кэтээн көрүү; ыйытынньык; анкета толотторуу; бэсиэдэлэһии; ыалларынан сылдьыы уо.д.а. ыыппытым. Бу чинчийиибэр оскуола социальнай педагога, психолога, иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччыта көмөлөспүттэрэ.

Чинчийиим түмүгүнэн бу проблемалар чахчы бааллара чуолкайдаммыта.

Ол курдук,

  • Кылааспар 12 үөрэнээччилээхпин, онтон уола-7, кыыһа-5
  • Медико-педагогическай комиссия быһаарыытынан уопсай сайдыытыгар бытаарыылаах, кэһиллиилээх 3 оҕо үөрэнэр.
  • Үөрэнээччилэр 72,7% ыал кыра уонна соҕотох оҕолоро. Онон хас биирдии оҕо тустаах ураты сыһыаҥҥа наадыйар.
  • 2 оҕо соҕотох ийэҕэ, атыттар толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэллэр.

II

Ыал социальнай туругун ылан көрөр буоллахха:

  • Экономически кыаммат ыал  41,6%
  • Экономически кыанар ыал 16,6%
  • Орто туруктаах ыал  41,6% ылар.

Мантан көстөрүнэн, кылаас улахан аҥара орто уонна экономически кыаммат ыал, ол иһигэр ыарахан олохтоох ыал оҕолоро буолаллар.

Төрөппүт уопсай ахсаана-22 (12 ийэ, 10 аҕа)

Төрөппүттэр үөрэхтэрин таһымын ылан көрөр буоллахха:

  • төрөппүт 86 % орто анал,
  • 16 % орто үөрэхтээх,
  • 8 % үрдүк уонна  6 %  ситэтэ суох үрдүк үөрэхтээх.

Төрөппүт үлэлээх буолуутун көрдөрөр маннык сыыппаралар тахсаллар:

  • Үлэлиир төрөппүт- 17
  • Үлэлээбэт- 3
  • Пенсионердар-2

Мантан сиэттэрэн инники эппит проблемаларым көстөн тахсаллар.

Иитэр үлэм көдьүүстээх буолуо диэммин, кылаас салайааччытын иитэр үлэтин тиһигин оҥорбутум. Онон билигин үлэлии сылдьар темам: «Нэһилиэк араҥаларын хардарыта дьайсыыларыгар олоҕурбут кылаас салайааччытын иитэр үлэтин тиһигэ».

Үлэм сыала: Өй-санаа өттүнэн тирэхтээх, олоххо бэлэмнээх оҕону иитиигэ нэһилиэк араас араҥатын иитэр күүһүн туһаныы.

Үлэм соруктара:

  1. Кылаас түмсүүлээх буоларын ситиһии төрөппүтү кытта бииргэ үлэлээһин.
  2. Төрөппүттэри, оҕолору кытары истиҥ, эрэмньилээх сыһыаны үөскэтии, олоҕурдуу.
  3. Оҕоҕо сиэрдээх быһыыны-майгыны, олоххо тирэхтээх буолууну иитиигэ дьиэ кэргэни, нэһилиэк бары араҥатын түмүү.

Мантан сиэттэрэн кылаас салайааччытын быһыытынан иитэр үлэм көдьүүстээх буоларын туһугар хайысхаларга араардым:

  1. хайысха: Үөрэтии, чинчийии (изучение) – оҕо, дьиэ кэргэн, тулалыыр эйгэ уратыларын үөрэтэн, чинчийэн үлэҕэ туһаныы.
  2. хайысха: Үөрэтии сырдатыы (просвещение) – оҕону иитиигэ төрөппүт билиитин кэҥэтэр үлэни тэрийии. Холобура, төрөппүтү үөрэхтээһини кылаас иһинэн, саастарынан бөлөхтөөн, оскуола, нэһилиэк таһымынан ыытабыт. Бу хайысхаҕа тохтоон ыллахха, мин кылааһым оҕолоро улаатан эрэр оҕолор (подростковай) саастарыгар сылдьаллар. Ол иһин, төрөппүттэргэ оҕо улаатан истэҕин аайы проблемалара элбээн иһэр.Төрөппүттэрбэр көмөлөөх буолуо диэн үөрэхтээһини оскуола социальнай педагогун, психологын кытары араас темаларга ыытабын. Холобур, «Улаатан иһэр оҕо сайдыытыгар бэйэтин личность быһыытынан ылынарын уратыта», «Тулалыыр социальнай эйгэҕэ улаатан эрэр оҕо бодоруһар, алтыһар сыһыаныгар төрөппүт көмөтө» уо.д.а. Бу үөрэхтээһиммит улаатан эрэр саастаах оҕолоох төрөппүттэр сөптөөх иитэр хайысханы булалларыгар көмөлөөх буолуо дии саныыбын.
  3. хайысха: Иһитиннэрии (информирование) – тулалыыр эйгэҕэ оҕо иитиитигэр-үөрэтиитигэр сыһыаннаах буола турар уларыйыылары бириэмэтигэр тириэрдии. Манна оскуола туһааннаах үлэһиттэрин, оскуола, нэһилиэк библиотекарын туһанабын.
  4. хайысха: Үөрэх таһынан оҕо дьарыгын тэрийии (организация внеучебной деятельности) – иллэҥ кэми туһалаахтык, көдьүүстээхтик туһаныы тэрийсии. Оскуолаҕа  баар куруһуоктар, секциялар үлэлэрин таһынан бэйэбит кылааспыт иһинэн араас мероприятиелары тэрийэбит.
  5. хайысха: Оҕо иитиитигэр түөлбэни кытта бииргэ үлэлээһини тэрийии (совместная деятельность) – шефтэһэр тэрилтэни, нэһилиэккэ баар атын үлэ коллективтарын кытта үлэ, тимуровскай көмө, нэһилиэк общественнай олоҕор активнайдык кыттыы. Бу үлэҕэ «Айылгы» культура киинин, шефтэһэр оҕо саадын үлэһиттэрэ, түөлбэҕэ олорор төрөппүттэр күүс-көмө буолаллар.

Үлэм биир улахан сыалынан оҕолорбут айымньылаах үлэлэрэ түмүктээх буоларын ситиһии буолар. Ол курдук, бары тэрийбит үлэбитин сценаҕа таһааран көрдөрөн, бырааһынньыктарга тэрийэн үлэлэтэр араас аралдьытар мероприятияларбытыттан киирбит үппүтүн кылаас иһинэн үлэлэргэ туттабыт. Маныаха бу бэйэбит киллэриммит үппүт-харчыбыт төрөппүттэргэ да көмө курдук буолар, кинилэртэн  кылаас туһатыгар харчы хомуйуута кыччыыр. Холобура, театрга сылдьар билиэппит, мероприятиеҕа туттар бириистэрбит үбүн булунабыт.

 Сүрүн иитэр көрүҥмүнэн концертнай уонна театрализованнай көрдөрүүлэри туруоруу диэн талан үлэлии сылдьабын. Дьэ,  тоҕо бу көрүҥү тутуһан үлэлиигин диир буоллаххытына, бэйэм саха тылын, литературатын, төрүт культуратын учуутала буолабын. Иитэр үлэбин үөрэтэр предмеппин кытта дьүөрэлиибин, оҕолор айымньыны бэйэлэрин нөҥүө аһаралларын ситиһэбин.

  Концертнай уонна театрализованнай көрдөрүүлэри туруорарга:

  • оҕо сайдар эйгэтэ, бэйэтин арыйынар кыаҕа кэҥиир;
  • сиэр-майгы өттүнэн тупсар;
  • тыла-өһө сайдар, атын дьону кытта тутулуга суох кэпсэтэ үөрэнэр;
  • тулалыыр эйгэттэн кэрэни көрө, кэрэхсии үөрэнэр;
  • төрөөбүт норуотун сиэрин-туомун тутуһар, атын норуот культуратын убаастыырга үөрэнэр;
  • коллектив биир сомоҕо буоларыгар бигэ тирэх буолар;
  • төрөппүт уонна оҕо бииргэ үлэлиир кыаҕар үчүгэй сабыдыалы оҥорор.

Бу үлэбэр улахан көмөнү төрөппүттэр оҥороллор. Ол курдук, кинилэргэ декорация оҥоруута, көстүүм тигиитэ сүктэриллэр. Бу 3 сыл иһигэр биһиги кылаас «12 ый» диэн остуоруйаны оҕо саадын оҕолоругар, П.А.Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» кэпсээни, Эллэй  «Чурум-Чурумчуку» остуоруйатын, «Таҥха киэһэтэ» диэн оонньууну инсценировкалаан көрдөрбүппүт, «Кыһыны атаарыы» бырааһынньыгар инсценировкаҕа, концерка кыттыбыппыт. Нэһилиэккэ «Таптыыбын Сахам сирин» диэн концерт туруорбуппут.

Түмүк

Саха киһитэ аан бастаан көрсүбүт киһитин кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын диэн ыйыталаһар үгэстээх. Ол сиэринэн үөрэнээччилэрбин бэйэлэрин утумнарын, төрөөбүт түөлбэлэрин түһэн биэрбэт курдук, атын дьон ыйыталаһар түбэлтэтигэр дьонун-сэргэтин, сирин-дойдутун киэн тутта ааттаан дорҕоонноохтук этиэхтэрин баҕарабын. Бу үлэҕэ түөлбэ, төрөппүт, хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо күүһүн түмэн үлэлиирин ситиһэр соруктаахпын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Доклад на тему "Чабыр5ах иитэр-уорэтэр суолтата"

Чабыр5ах иитэр-уорэтэр суолтатын о5ону иитиигэ туьаныы...

Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 6 кылаас

6 кылааска саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а...

Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 8 кылаас

Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а, 8 кылаас...

Саха тыла уонна литературата. 5 кылаас. Рабочая программа

Программа по якутскому языкуи литературе для 5 классов якутской школы. Рассчитана на 5 часов....

Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа

Ийэ кунугэр аналлаах кылаас чааhа...

А.Е.Варламова-Айысхаана айар үлэтин ырытыы

А.Е.Варламова-Айысхаана айар үлэтин ырытыы. Т.Находкина прозатын кытта ырытыы...