Внеурочка "Мин уонна Тенулу Эбэм"
проект на тему

Дагданча Анастасия Гаврильевна

 

Аан дойду алааскыттан саҕаланар

норуот муудараһа

 

              Төрөөбүт төрүт буор, төрөөбүт Ийэ дойду киһиэхэ күндү, кэрэ. Төрөөбүт үөскээбит, биһиккин ыйаабыт, куорсун анньыммыт, кынат куурдуммут, олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэммит ытык сирбит, айылҕа биир маанылаах дойдута, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Хотун Төҥүлүбүт буолар. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит үлэни өрө тутан, нэһилиэк сайдарыгар күүстэрин-уохтарын ууран үлэлэспиттэрин кэнчээри ыччаппытыгар тириэрдиэхтээхпит. Дойдубут дьоно дьоллоох, байылыат олохтоох, ыччаттара үөрэхтээх, анал идэлээх, туруу үлэһит дьон буолан иитиллэн, сайдан тахсалларыгар, олорор түөлбэбит үүнэ-сайда, тупса-кэҥии турарыгар үлэлэһиэхтээхпит.  

              Оҕо бэйэтин төрөөбүт түөлбэтин кыра сааһыттан билэ-көрө үөрэнэригэр бастатан туран, кини олорор дьиэтэ-уота, төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара сэмэй кылааттарын киллэрэллэр. Оҕо бэйэтин төрүччүтүн, аймахтарын сиһилии билэригэр сүбэ-ама буолуохтаахтар.

Иккиһинэн,  төрөөбүт түөлбэтигэр олорор уулуссата, ыаллара, онтон салгыы көрөр-истэр тэрилтэлэрэ оҕо патриотическай тыыҥҥа иитиллэн тахсыытыгар, төрөөбүт нэһилиэгинэн киэн тутта үүнэригэр тирэх буолар.  

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon dakylaat.doc75.5 КБ

Предварительный просмотр:

  “Мэҥэ-Хаҥалас улууһа” МТ

МБҮӨТ  “Тумул орто үөрэхтээһин оскуолата”

«Мин  уонна  Төҥүлү  эбэм»

(алын кылаас үөрэнээччилэригэр

эбии  дьарык  программата)

Оҥордо: Дагданча Анастасия

Гаврильевна

Тумул орто үөрэхтээһин

оскуолатын

төрүт култуура учуутала

Тумул, 2013 с.  

        Аан дойду алааскыттан саҕаланар

норуот муудараһа

        Төрөөбүт төрүт буор, төрөөбүт Ийэ дойду киһиэхэ күндү, кэрэ. Төрөөбүт үөскээбит, биһиккин ыйаабыт, куорсун анньыммыт, кынат куурдуммут, олох киэҥ аартыгар эрэллээхтик үктэммит ытык сирбит, айылҕа биир маанылаах дойдута, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Хотун Төҥүлүбүт буолар. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит үлэни өрө тутан, нэһилиэк сайдарыгар күүстэрин-уохтарын ууран үлэлэспиттэрин кэнчээри ыччаппытыгар тириэрдиэхтээхпит. Дойдубут дьоно дьоллоох, байылыат олохтоох, ыччаттара үөрэхтээх, анал идэлээх, туруу үлэһит дьон буолан иитиллэн, сайдан тахсалларыгар, олорор түөлбэбит үүнэ-сайда, тупса-кэҥии турарыгар үлэлэһиэхтээхпит.  

        Оҕо бэйэтин төрөөбүт түөлбэтин кыра сааһыттан билэ-көрө үөрэнэригэр бастатан туран, кини олорор дьиэтэ-уота, төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара сэмэй кылааттарын киллэрэллэр. Оҕо бэйэтин төрүччүтүн, аймахтарын сиһилии билэригэр сүбэ-ама буолуохтаахтар.

Иккиһинэн,  төрөөбүт түөлбэтигэр олорор уулуссата, ыаллара, онтон салгыы көрөр-истэр тэрилтэлэрэ оҕо патриотическай тыыҥҥа иитиллэн тахсыытыгар, төрөөбүт нэһилиэгинэн киэн тутта үүнэригэр тирэх буолар.  

Сабаҕалааһын:

        Төрөөбүт түөлбэтин историятын, дьиэтин-уотун, уулуссатын, нэһилиэккэ баар тэрилтэлэрин  кытта  алтыһан, оҕо ис кыаҕын, туругун, уйулҕатын,  бэйэ сатабылын сайыннарар, бэйэтин кэрэтинэн киэн туттар, сахалыы ыраастык саҥарар, санааны сааһылаан этэр үөрэнээччилэри иитии. Эбии  дьарыгы ситиһиилээхтик тэрийэн, оҕо сахалыы тыынынан иитиллэн сайдан тахсарыгар күүс-көмө, тирэх буолуу, айар дьоҕура сайдарыгар, патриотическай тыыҥҥа иитиигэ  олук уурсуу.

Программаҕа саҥаны киллэрии:

Оҕо бэйэтин төрөөбүт дойдутун кэрэтин, историятын  кыра сааһыттан билэ улаатарыгар, дириҥ өйдөбүлү иҥэринэн сайдарыгар дьарыктааһын.

Оҕо бэйэтин дьиэ кэргэнин, бөһүөлэгин, улууһун, республикатын историятын үөрэтэригэр, үөрэнээччи кыра да буоллар, историческай бэлиэ дааталарга олоҕурарын, онно тирэх буоларын билиһиннэрии.     

          Дьарыкка интэриэһи, иэйиини уонна патриотическай иитиигэ улахан болҕомтону ууруу буолар.

         Тулалаан турар эйгэтигэр (социум), дьоно-сэргэтэ хайдах олорбуттарын, тугунан дьарыктаммыттарын, туох итэҕэллээх, сиэрдээх-туомнаах дьон олорон ааспыттарын, билигин тугунан дьарыктаналларын сиһилии көрөн-истэн, ааҕан, инникитин идэтин талынарыгар, сөптөөх суолу тутуһарыгар тирэх буолуу. Оҕону тэрилтэлэр бары биир санаанан тэҥҥэ кыттыһан ииттэхпитинэ, инникитин толору сайдыылаах, сиппит-хоппут, олоххо бэлэмнээх, сахалыы куттаах-сүрдээх, бэйэтин сахабын дэнэр, дойдутугар бэриниилээх кэнчээри ыччата үөскээн тахсыаҕа.

Программа сыала:

-   билиилэрин хаҥатарга ааспыт уонна билиҥҥи олох уратыларын үөрэтэргэ, оҕолорго үчүгэйдик быһаарыы уонна ону иҥэринэллэригэр, ылыналларыгар үөрэтии;

-  дьиэ кэргэн, бөһүөлэк, тэрилтэлэр историяларын, ханна, хайдах, олороллорун  оҕолорго быһаарыы;

-  дьиэ кэргэн, тэрилтэлэр (социум) нэһилиэк историятыгар улахан арахсыспат суолталаахтарын өйдөтүү, эт-хаан өттүнэн, тус биирдии оҕо патриотическай тыыҥҥа иитиллиитин бөҕөргөтүү; 

-  оҕо төрөөбүт норуотун култууратын, өбүгэлэриттэн кэлбит үтүө үгэстэрин сыаналаан, ытыктаан, ону тутуһар буолан иитиллэн тахсыыларыгар болҕомтону ууруу;  

   

   Программа соруктара: 

- дьиэ кэргэн, нэһилиэк историятын, нэһилиэккэ биллэр дьон олохторун, төрөөбүт дойдуларын кытта ыкса сибээстээн үөрэтэллэригэр билиини иҥэрии;

-  оҕо картанан, схеманан, кинигэнэн, хаһыатынан үлэлиир дьоҕурун, сатабылын сайыннарыы;

- оҕо кыра сааһыттан саҕалаан төрөөбүт дойдутун таптыырыгар, ытыктыырыгар, убаастыырыгар, харыстыырыгар патриотическай тыыны иҥэринэн сайдан тахсарыгар иитии;

     Дьарык икки чаастан турар:

  1. Төрүччү
  2. Төрөөбүт бөһүөлэгим историята

       

Дьарык чааһа: 1 кылаас – 33 чаас, теорията – 15 ч, практиката – 18 ч;

                          2 кылаас – 33 чаас, теорията – 8 ч, практиката – 25 ч;

Предметтэри алтыһыннарыы:

- өбүгэ үөрэҕэ;

- история;

- уруһуй;

- тулалыыр эйгэ;

- ырыа уруога;

- технология;

Оҕо дэгиттэр дьоҕурун, сатабылын сайыннарыы:

- болҕомто - сэргээн, сатаан тулуйан истии;

- толкуйдааһын - толкуйдаабыты сааһылаан саҥарыы, тириэрдии;

- уруһуйдааһын - истибити уруһуйдааһын, уруһуй ис хоһоонун быһааран

  кэпсээһин;

- бодоруһуу - бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһыы;

- кэпсэтиһии - атыттар санааларын болҕойон истии, санааны этии;

- ыйытыыга эппиэттээһин - ыйытыыны таба өйдөөһүн, ыйытыыга толору хоруйу   биэрии;

- сэҥээрии - биһирээбити, сөҕүүнү, махталы биллэрии;

- көрбүтү анализтааһын (ырытааһын) - тутан-хабан көрбүтү, интэриэһиргээбити, кэтээн, тэҥнээн көрбүтү, чинчийбити ырытыһыы;

- түмүк оҥостуу - бэйэни сыаналаныы, дьарыкка хайдах кыттыбытын,

  үлэлээбитин бэлиэтээһин;

Туттуллар матырыйааллар:

- презентационнай материаллар;

- дидактическай материаллар;

- кинигэлэр;

- дискэлэр;

- карталар;

Социумна үлэ:

        Биһиги дьаһалтабыт, элбэх сыл устата, нэһилиэкпит тэрилтэлэрин кытта ситиһиилээхтик уонна таһаарыылаахтык биир ситимҥэ  үлэлиир.

Тэрилтэлэрбит: администрация

                           ТХПК «Тумул» 83 1 1

                           Оскуола 24 10

                           детсад “Куоласчаан” 1 4 2 4 1 1

                           сынньанар киин 3, библиотека2, почта1

                           маҕаһыын 3

                           фельдшерскай пуун 2

                           ветеринарнай учаастак 4

                           Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата 14 хачыгаар

3 слесарь  1 начальник учаастак 2 кыра 1

         Тэрилтэлэргэ сылдьан экскурсия оҥоробут, идэлээх дьоннортон бэйэлэрин үлэлэрин сырдаталларыгар, көрдөрөллөрүгэр көрдөһөбүт.  Онтон оҕо бэйэтэ истэн, хараҕынан көрөн элбэххэ үөрэнэр, сайдар, олоҕор туһанар.

Тэрилтэлэри кытта үлэҕэ маннык хайысхалары туһанабын: 

  • Тулалыыр эйгэ сыаннастарын харыстыырга;
  • Тыл-өс култууратын тутуһарга;
  • Бэйэ - бэйэни кытта алтыһыы култууратын билэргэ;
  • Тас  көстүү култууратын билинэргэ; 
  • Күннээҕи  олох-дьаһах  култууратын сыаналыырга; 

Үлэбэр туһанар принциптэрим: 

  • Өбүгэ үөрэҕин өрө тутуу;
  • Сайыннарыылаах  үөрэтиини  баһылааһын;
  • Үлэҕэ айымньылаахтык сыһыаннаһыы;
  • Көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтүү;
  • Оҕону ситиһиигэ тиэрдии;


Көһүтүллэр түмүк:
Оҕолор эбии дьарыкка иитиллэн тахсыыларын көрөбүн:

  • Бэйэтин сааһыгар сөптөөх өйдөөх-санаалаах, сатабыллаах оҕону;
  • Өбүгэ үгэһин ытыктыыр, норуотун культуратын үөрэтэ-билэ сатыыр баҕалаах оҕону;
  • Норуотунан,  дойдутунан киэн туттар оҕону;
  • Бэйэтин ис кыаҕын арыйарга дьулуһар оҕону;
  • Бэйэтин этин-сиинин чэбдигирдэ үөрэнэр оҕону;
  • Дьонно-сэргэҕэ үтүөтүк сыһыаннаһар киһи буолуохтаах;
  • Оҕо кыра сааһыттан патриотическай тыыҥҥа  иитиллэн тахсыахтаах;

Дьарыкка  туттуллар  үөрэх  араас  ньымаларын  туһанан үөрэтии:

  • Сайыннарыылаах  (развивающее обучение) 
  • Араас таһымнаах (разноуровневое обучение)
  • Куолаан үөрэтии (коллективный способ обучения) 
  • Түмэт нөҥүө үөрэтии (проектный метод обучения) 
  • Оонньуу нөҥүө үөрэтии (игровые методы обучения) 
  • Бииргэ буолуу (технология сотрудничества) 
  • Иһитиннэрэр-коммуникационнай (информационно-коммуника-ционные технологии) 
  • Доруобуйа туругун харыстыыр (здоровьесберегающие технологии)
  • Оҕоҕо тус бэйэтигэр туһуламмыт (личностно-ориентированное обучение) 

Сайыннарыылаах  үөрэх туһуланарын маннык көрөбүн:

  • Үөрэх ис-хоһоонун туспата – хас биирдии оҕону дьарыкка үөрэнэргэ үөрэтии;
  • Саҥаны арыйыы үөрүүтүн үллэстии, өй мөккүөрүн, өй алтыһыытын тэрийии;
  • Оҕону сыһыаҥҥа киллэрэн алтыһарга, бодоруһарга үөрэтии;


           Информационнай технологияны  уруоктарга  туһаныы биһирэнэр

            өрүттэринэн буолар:

  1. Оҕо интэриэһин тардар;
  2. Көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаал таһыма үрдүүр;
  3. Үөрэтии хаачыстыбата тупсар;
  4. Айар үлэҕэ табыгастаах усулуобуйа тэриллэр;
  5. Оҕо логическай толкуйа сайдар;
  6. Предметтэр икки ардыларыгар сибээс үөскүүр;
  7. Оҕо кэпсиир дьоҕура сайдар,  хараҕынан көрөн  билбэтин билэр;

         Түмүктээн эттэххэ, сайдыы биир сиргэ турбат. Үөрэтии – иитии ньымалара олох сайдыытын кытта тэҥҥэ сайдар, уларыйар.  Сахаларга туох барыта кыраттан саҕаланар диэн бэргэн этии баар. Оҕо кыра сааһыттан олорор түөлбэтин сиһилии үөрэтэн, бөһүөлэгин историятын билэ улаатар. Бэйэтин улууһун, республикатын  олоҕун-дьаһаҕын интэриэһиргиир, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, араас омугу кытта алтыһан, инникитин аан дойду таһымыгар иитиллэн тахсан бэйэтин норуотунан, түөлбэтинэн киэн туттар, патриотическай өйө-санаата, иитиллиитэ элбэххэ туһалыа диэн эрэнэбин.  



По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Дьиэ кэргэн уонна оскуола – о5ону иитиигэ

Бу улэлэр барыта о5ону иитиигэ суолтата улахана саарба5а суох. О5о иннигэр тереппуттэр, кырдьа5астар эппиэтинэстэрэ урдуур. Бу ытык иэс, утумнааьын, удьуордааьын, туйах хатарааччыны иитии. Оччо5уна эр...

Ох тыллар. Т.Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун"

Т.Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун" айымньытыгар суруйааччы ох тыллара....

Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 6 кылаас

6 кылааска саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а...

Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а. 8 кылаас

Саха тылыгар уонна литературатыгар олимпиада соруда5а, 8 кылаас...

Саха тыла уонна литературата. 5 кылаас. Рабочая программа

Программа по якутскому языкуи литературе для 5 классов якутской школы. Рассчитана на 5 часов....

Саха уонна аангылыйа тыллар майгыннаһар өрүттэрэ

Уруок технологическай картата. Саха тылын уонна аангылыйа тылын майгыннаһар өрүттэрэ...

Урок " Айыл5а уонна литературнай герой уйул5ата."

Уруок сыала:Литературнай герой уобараьын арыйыыга туттуллар ньымалары уерэтии.Айыл5а уонна киьи быстыспат сибээстээхтэрин уерэтии.Киьи майгытын, ис уйул5атын утуетун, сидьинин арааран ейдуургэ иитии.Л...