Букубаар быраһаай!
методическая разработка (1 класс)

Дария Христофорова
Сценарий праздника "Прощай, Букварь!"

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon buukubaar_byrahaay.doc44 КБ

Предварительный просмотр:

И.И.Константинов – Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата

Маҥнайгы кылаас оҕолоругар «Буукубаар, быраһаай!» бырааһынньык сценарийа.

Сценарийы суруйда уонна тэрээһини ыытта:

алын сүһүөх кылаас учуутала:

Христофорова Дария Петровна

Сулҕаччы

Буолар күнэ-дьыла: ахсынньы 16 күнэ. Күнүс 3 чаастан.

Буолар миэстэтэ: оскуола, 15 №-дээх кабинет.

Кыттааччылар: ыытааччы, 1-кылаас оҕолоро, төрөппүттэр, оскуола директора, библиотекарь, 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ.

Туттуллар матырыйааллар: «Буукубаар» Колесова кинигэтэ, «Буукубаар, быраһаай!» суруктаах плакат, оҕолор үлэлэрин выставката, А4 кумааҕы, фломастер, өҥнөөх харандаас, сорудахтаах карточкалар, сүһүөх таблицата, туоһу суруктар, анал ааттар сертификаттара, торт, бириистэр, музыка.

Бырааһынньык хаамыыта

  1. Киирии чааһа. (2 мүнүүтэ)

Күндү оҕолор, төрөппүттэр!

Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн. Биһиги оҕолорбут бастакы ситиһиилэрин, кыайыыларын бэлиэтиибит. Буукубалары барытын үөрэттибит: аахтыбыт, суруйдубут. Онно биһиэхэ «Буукубаар» кинигэбит көмөлөстө. «Буукубаар» биһиэхэ буукубалары эрэ билиһннэрбит буолбатах. Эйэлээх, аһыныгас, үтүө санаалаах, үөрүнньэҥ буоларга эмиэ үөрэттэ. Оҕолор сүрдээҕин долгуйаллар. Тоҕо диэтэргит, кинилэр бүгүн туохха үөрэммиттэрин, тугу билбиттэрин көрдөрүөхтэрэ.

  1. Буукубалар туһунан хоһооннору ааҕыы (5 мүнүүтэ).

Биһиги оҕолорбут бэйэлэрэ сөбүлүүр буукубалардаахтар. Ол туһунан ааҕан иһитиннэриэхтэрэ.

Коля – А

Абрикос, арбуз, алаадьы –

Олус минньигэс тыллар.

Бары А-тан саҕаланаллар.

Дана – К

Куоска кутуйаҕы,

Кыыс күөрчэҕи сөбүлүүллэр,

К буукубаҕа махтаналлар.

Варя, Слава – Д

Дорообо, доҕор,

Олус наадалаах тыллар,

Үтүө киһи буоларга үөрэтэллэр.

Саргы – Ы

Ыт, ынах, ыһыах, ырыа,

Бары Ы-та суох табыллыбаттар,

Ы-та суох өйдөммөттөр.

Вера – В

Вера, Варя, Вова, Ваня –

Улахан буукубаттан суруллаллар,

Нууччалыы ааттар буолаллар.

Күннэй – Ю

Юла, юнга, юбилей

Й, У борҕоонтон саҕаланаллар.

Сөпкө суруйарга көрдөһөллөр.

Гена – Р

Р – дорҕоонтон саҕаланар тылы

Истиэҥ суоҕа сахаларга,

Булуоҕуҥ атын омуктарга.

Света – Н

Ийэм Нина, эдьиийим Наташа ааттара

Н – буукубаттан саҕаланаллар,

Нарыннык иһиллэллэр.

Илья – Я

Яблокоҕа, Янаҕа, Яшаҕа

Инники анньыһыаҕа.

Алфавитка бүтэһик туруоҕа.

  1. Сүһүөхтэри ааҕарга күрэхтэһии (5 мүнүүтэ).

Буукубалартан сүһүөхтэр үөскүүллэр. Биһиги оҕолорбут, ордук уолаттар, сүһүөх таблицаларын сөбүлээн ааҕаллар. Билигин кинилэргэ «Сүһүөҕү түргэнник ааҕааччы» күрэҕи ыытыахпыт. Уолаттар төһө сөпкө ааҕалларын төрөппүттэр бэрэбиэркэлиэхтэрэ (Бурцева О.С., Павлова Н.П., Павлова Е.П., Кутукова М.Т.).

  1. Викторина. Аахпыт кэпсээннэриттэн быһа тардан таайтарыы. (1-2 мүнүүтэ).

- Алтынньы ый бүтэһик күнүгэр Дьокуускайга Намтан дьикти сурах кэлбитэ. («Вася» фламинго);

- Серёжа Жучкатын холоон көрөргө сананна. (Жучка абыраабыта);

- Тураах ити тоҕо тоҥсуйара буолуой? (Ынах уонна тураах);

- Кини бөдөҥ уонна бытархай балыгынан, моллюсканан аһылыктанар.

  1. Физминутка (5 мүнүүтэ).

Биһиги оҕолорбут сынньалаҥнарыгар саҥалаах хамсаныылары оҥороллорун сөбүлүүллэр. Бу эмиэ үөрэхтэн тахсар.

- «Карусели»;

- «Ёжик»;

- «Кто идёт?»

  1. Буукубалары киэргэтии (10 мүнүүтэ).

         Уруһуйдуурун ким сөбүлүүрүй, оҕолоор? Билигин мин эһиэхэ буукубалары түҥэтиэм. Ону төрөппүттэргитин кытта киэргэтиэххит. Туохха майгынныырынан ситэрэн биэрэҕит. (Уруок кэмигэр киэргэппит буукубалар ордуктара). Олус үчүгэй! Бэйэтэ бэлэм алфавит буолан таҕыста.

  1. Саҥа кинигэлэри туттарыы (5 мүнүүтэ).

        Оҕолоор, биһигини ааҕарга-суруйарга үөрэппит бастакы кинигэбитин – Буукубаары кытта арахсар кэммит тиийэн кэллэ. Ол иннинэ тылы биэрэбит оскуола библиотекарыгар (ааҕааччы карточкаларын туттарар, кинигэни көрүү-харайыы туһунан кэпсиир, 6-с кылаас оҕолорун эҕэрдэтэ).

  1. Туоһу суруктары, номинациялары туттарыы (10 мүнүүтэ).

           Оскуолаҕа киириэхпититтэн 3 аҥар ый аааста. Эһиги хайдах үөрэнэ сылдьаргытын оскуолабыт директора куруук интэриэһиргиир, ыйыталаьар. Ситиһиилэргитин истэн үөрэр. Кини эмиэ эһигини эҕэрдэлии кэллэ. (директор эҕэрдэлиир, учуутал бэлэмнээбит номинацияларын туттартыыр). Анал ааттар: Түргэнник ааҕааччы – Иванова Дана, Элбэх кинигэни аахпыт – Тарасов Гена, Ыраастык саҥарааччы – Данилова Саргы, ыраас тэтэрээттээх – Тоскин Слава.  

  1. Түмүк. (5 мүнүүтэ).

        Биһиги оҕолорбут буукубалары үөрэтэн ааҕар, суруйар буолбуттар. Өссө да элбэх кинигэлэри кытта доҕордоһуохтара, саҥаны билэн сайдыахтара. Кинилэргэ ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

       Оҕолоор, манан биһиги бырааһынньыкпыт торжественнай чааһа бүтэр. Салгыы чаепитие, дискотека.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий "Букубаар, быраьаай"

Ханнык багарар бырааьынньыгы ыытарга бэлэм сценарий баара учууталга улахан кеме тирэх буолар. Оголорго бырааьынньыкка анаммыт  сахалыы хоьооннор, ырыалар хомуурунньуктара суога ыарахаттары уксэтэ...

Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В., Флегонтова У.М.)

Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник  «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В.,...

Баьыыба букубаар

Сценарий праздника "Прощай букварь" на Якутском....

конспект урока Букубаар Тема: ҮӨ дор5оон

ҮӨ дорҕоону саҥара, көрө, ааҕа үөрэнэргэ...

Букубаар. Кронникова М.Ф. 1 кылаас. Темата: Сүһүөх

Уруок былаана. Букубаар. 1 Кылаас. Тема Сүһүөх....

"Баьыыба Букубаар!"

Сценарий праздника...

"Букубаар баьыыба"

сценарий мероприятия...