"Баьыыба Букубаар!"
материал (1 класс)
Предварительный просмотр:
Букубаар бырааһынньыга
1 кылаас
Буолар күнэ: кулун тутар 4 күнэ, 13ч, физзал.
Сыала-соруга:
- Дор5ооннору, буукубалары хатылааhын, билиилэрин хаҥатыы, эбии билэргэ туhаайыы.
- Бэйэ-бэйэлэригэр кѳмѳлѳсүhэргэ үѳрэтии
- О5о тылын саппааhын байытыы, тылын-ѳhүн, толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.
Бэлэмнэнии үлэтэ:
- О5олор эрдэттэн уруhуйдаабыт «Бастакы кинигэм – букубаарым» уруhуйдарын быыстапката
- О5олор буукубалар тустарынан хоhооннору нойосуус үѳрэтэллэр
- Э5эрдэ ырыалары бэлэмнээhин
- Физзалы киэргэтии.
Учуутал: Давыдова НьН, букубаар- Васильева Карина, саха тыла – Ефимова И.И, литература ааҕыыта – Готовцева Алекса.
ДНН: Үтүө күнүнэн күндү төрөппүттэр, ытыктабыллаах ыалдьыттар!
Бүгүн биһиэхэ үөрүүлээх күн. Бүгүн биһиэхэ Букубаар бырааһынньыга.
Бүгүн биьиги бу күһүн оскуола боруогун атыллаан үѳрэнээччи буолбут о5олорбут 2 чиэппэр устата үѳрэнэн, А-тан, Б-тан са5алаан буукубалыын билсиһэн, букубаары үѳрэтэн бүтэрэн, атын кыра кинигэлэри аа5ар кыахтаммыт үѳрүүлэрин, ону таhынан улаатан, кыракый да буоллар «Билии» диэн сугэhэрдэнэн дьииңнээх үѳрэнээччилэр буолбут үѳрүүлэрин үллэстэр түгэннэригэр муhуннубут.
-Эһигини, барыгытын бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Билигин сыанаҕа ыҥырарбын көҥүллээҥ, маҥнайгы кылаас үөрэнээччилэрин.
(ырыа Буквы разные писать, оҕолор тахсан иһэллэр)
Блинов Ильдар, Готовцев Максим, Захарова Алёна, Иванова Розана, Иванов Стас, Григорьев Ярослав, Иванова Ньургустаана, Зыков Вова, Терентьева Настя, Павлова Риана, Яковлев Артём, Ефремова Марина, Григорьев Эрхан, Петрова Алина, Дьячковская Куннэй, Васильев Марк.
-Бастакы доҕоргутунан, ааҕарга, суруйарга үөрэппит кинигэҕитинэн Букубаар буолбута. Ханнык баҕарар киһи бу билиигэ-көрүүгэ уһуйбут кинигэтин «Букубаарын» хаһан да умнубат. Эһиги эмиэ үйэ-саас тухары умнубаккыт буолуо диэн эрэнэбин. Букубаар биһиэхэ араас сөбүлүүр кинигэлэрбитин ааҕарбытыгар олук уурда, кыах биэрдэ.
-О5олор, биьиги бугун туохха муьуннубут?
-Букубаар эьигини туохха уорэттэ?
-Оччого бугунну бырааьынньыкпытыгар ким тиийбэтий? Ынырыаххайын, эрэ, о5олоор! (Букубаар, Букубаар!!!)
Букубаар: Күндү оҕолор! Мин эһигини кытта быраһаайдаһаары, эһиги ааҕар, суруйар буолбут үөрүүгүтүн үллэстээри кэллим. Бастатан туран, эһигини мин буукубаларбын барыларын билбиккитинэн, ааҕар, суруйар буолбуккутунан эҕэрдэлиибин. Билигин алфавит буукубаларын төһө билэргитин бэрэбиэркэлиибин. ( оҕолор хоһооннорун ааҕаллар)
ДНН: Бугунну бырааьынньыкпытыгар биьиги бөлөгүнэн арахсан, сорудахтары толоруохпут, сорудахтартан куттаныман, эьиги барытын уорэппиккит , сатыыгыт.
- Бүгүн эһиги саамай чугас дьоңңут төрөппүттэргит кэлэн ыалдьыттыы олороллор, кинилэр эмиэ букубаарынан уорэммиттэрэ кинилэри эмиэ туспа болох онорон кыттыьыннарыахха, уорэппиттэрин тоьо ойдууллэрин коруохпут.
Болохторго араарыы (Ураты бэлиэ) Болохтор аат толкуйданаллар
-О5олоор, болоххо улэлииргэ быраабылаларбытын хатылыаххайын эрэ
(Учуутал дуоска5а знактары иилэн иьэр)
- Бэрээдэги коробут. Болох соруда5ын бутэрдэгинэ хайдах кордорор этэй?
ДНН: О5олоор, билигин биьиги оонньоон ылыахпыт.
«Таьыныахха» оонньуу оонньуохпут.
- Таьыналлар, ким букубаар бырааьынньыгар кэлбит
- Таьыналлар, ким 1 кылааска уорэнэр
-Таьыналлар, ким бологунэн улэлиирин собулуур
- Таьыналлар, ким минньигэстик аьыырын себулуур.
- Таьыналлар, ким биирдэ да5аны уруокка хойутаабатах.
- Таьыналлар, ким каникулы себулуур.
- Таьыналлар, ким уерэнэрин сэбулуур.
- Таьыналлар, ким угугэй настырыанньалаах.
Чэ са5алаатыбыт.
Уопсай ыйытыы. Разминка:
- Хас кылгас аһаҕас дорҕоон баарый?(8)
- Хас дифтонг баарый?(4)
- Ханнык аһаҕас дорҕоону бэлиэтиир буукубалар нууччаттан киирбиттэрий? (я, е, ё, ю)
- Саха алфавита барыта хас буукубалааҕый?(40)
- Бу ханнык сурук бэлиэтэй?(.) Кини ханна турарый? (Этии кэннигэр) Сөп, туочука кэннэ ханнык буукубаттан суруйабытый? (улахан)
ДНН: Бөлөҕүнэн үлэ. Хас соптоох эппиэт аайы Букубаар эьиэхэ фишка биэрэн иьиэгэ.
- Букубаар диэн тылы фишканан суруйун (фишка)
- Мадьыалларга соптоох тылы суруйун - предметы ааттыыр тыл, хайааьыны ааттыыр тыл, предмет бэлиэтин ааттыыр тыл (лиискэ мадьыаллар уруьуйдаммыттар)
- Хас дьуптуон баарый, ханныктарый, суруйун, биир дьуптуоннаах тылла уруьуйдаан кордорун (лиис А4 тунэтии, фломастер, харандаас)
Физминутка
- Бэриллибит этиини суьуоххэ араарын: Биьиги букубаар бырааьынньыгар муьуннубут. (Лиискэ бэчээттэммит этии, харандаастар)
- Ыраастык суруйабыт (Дуоска5а тахсан каллигр сопко буукуб соптоохтук сиэттиьиннэрэн суруйан кордороллор. , мел)
- Викторина (аахпыт айымньыларгытын тоьо билэгит?)
ДНН: Манан сорудахтарбыт бутэллэр, группалар бэрээдэктэрин коробут. Букубаарбыт сорудагын бары даганы сопко онордугут, учугэйдик уорэммиккитин кордордугут, букубаар билигин фишкаларгытын кэрийэн аагыага (Мэдээллэри туттарыы)
Букубаар: Оҕолор маладьыастар! Билигин мин кэннибиттэн ханнык учебниктарынан уорэнэ сылдьагытый? Оччо5о салҕыы мин бырааттарбын ыҥыртыам. (ынырар)
Саха тыла: Мин саха тыла диэммин. Таба суруйарга үөрэтиэм, ылбыт билиигитин чиҥэтиэм, быраабылалары биллэриэм.
Литература ааҕыыта: мин литература ааҕыыта диэммин. Мин страницаларбар элбэх кэпсээни ааҕан билсиэххит, элбэх сонуну, кэрэни билиэххит, таабырын да таайсыахпыт. Онуоха бары иҥнигэһэ суох ааҕаргыт наада. Эһиги биһигини харыстааҥ, алдьатымаҥ, киртитимэҥ.
Саха тыла: оҕолоор, мин эһиэхэ сорудахтаах кэллим. Болҕойон дуосканы көрүҥ эрэ. Серёжа диэн уол эһиги курдук маҥнайгы кылааска үөрэнэр эбит. Учуутала кылаас, түннүк, Юра диэн тыллары суруйарыгар сорудахтаабыт. Серёжа суруйуутугар сыыһа баар буоллаҕына, көннөрүҥ.
( кылас, түнүк, юра) ( оҕолор көннөрөллөр)
Фоновай музыка.
ДНН: Билигин биьиги оголорбут букубаарга анаан бэлэмнээбит эгэрдэлэрин кордоруохтэрэ. (ырыа)
БУКУБААР БЫРАЬААЙ!!!
-Букубаары бутэрбиккитин туоьулуур суруктары туттарыага 1 кылаас салайааччыта Васильева М.Д.
- Тороппуттэр ааттарыттан тыл барар...
ТОРТ, бэлэх
ДНН: Кунду үөрэнээччилэр, өссө кыһанан үөрэнэргитигэр, элбэҕи ааҕар билиигит күн аайы элбээн иһэригэр баҕарабын. Манан бүгүҥҥү мероприятиебыт түмүктэнэр. Биһиги үөрүүбүтүн үллэстэ кэлбиккитигэр , күүс – көмө буолбуккутугар махтанабыт.
Саҥа үйэҕэ үөрэх үрдук чыпчаалын дабайан, саҥалыы санаанан салайтаран , билиигэ-көрүүгэ тардыhыҥ!
Керсүөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий "Букубаар, быраьаай"
Ханнык багарар бырааьынньыгы ыытарга бэлэм сценарий баара учууталга улахан кеме тирэх буолар. Оголорго бырааьынньыкка анаммыт сахалыы хоьооннор, ырыалар хомуурунньуктара суога ыарахаттары уксэтэ...
Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В., Флегонтова У.М.)
Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В.,...
Баьыыба букубаар
Сценарий праздника "Прощай букварь" на Якутском....
конспект урока Букубаар Тема: ҮӨ дор5оон
ҮӨ дорҕоону саҥара, көрө, ааҕа үөрэнэргэ...
Букубаар. Кронникова М.Ф. 1 кылаас. Темата: Сүһүөх
Уруок былаана. Букубаар. 1 Кылаас. Тема Сүһүөх....
"Букубаар баьыыба"
сценарий мероприятия...
Букубаар быраһаай!
Сценарий праздника "Прощай, Букварь!"...