Сценарий воспитательного мероприятия "Времена года" для якутских школ
план-конспект занятия (1 класс)

Старостина Анна Ивановна

Сценарий воспитательного мероприятия "Времена года". В этом мероприятии участвуют дети и родители. Использованы разные игрыю

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл Сценарий Времена года17.25 КБ

Предварительный просмотр:

Сценарий совместного классного часа «Времена года»

Ыытыллар кылааһа : 1 кылаас

Күнэ- дьыла:

Сыала- соруга: оҕолору, тѳрѳппүттэри түмүү, оскуола оҕолоругар интэриэһи үрдэтии, оҕолор үѳрэх дэгиттэр үѳрүйэхтэрин сайыннарыы, улахан дьону кытта  алтыһарга үѳрэтии, киһи барыта үчүгэй хаачыстыбатын сайыннарыахтаах диэн ѳйдѳбүлгэ аҕалыы.

Туттуллар матырыйааллар: методическай литература, эмблемалар, фломастердар, тѳрѳппүттэргэ  аналлаах хаһыат, оҕолор уруһуйдара, сэбирдэхтэр, мээчик,карточкалар.

Кылаас чааһа кыттааччылары 2 бѳлѳххѳ арааран, күрэх быһыытынан ыытыллар.

Хаамыыта:

  1. Киириитэ

-Yтүѳ күнүнэн кылаас чааһын кыттыылаахтара. Барыгытын сандал сааспыт кэлбитинэн эҕэрдэлиибин уонна «Дьыл кэмнэрэ» диэн кылаас чааһыгар кѳхтѳѳх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабын. Бу кэмҥэ, бу түгэҥҥэ оҕолордуун оонньуоҕуҥ, сааскы күннүү сандаарыаҕын диэн туран эһигини 2 бѳлѳххѳ араарабын.

  1. Түһүмэхтэрэ
  1. Психологическай оонньуу «Билсиһии». Биэс тарбахпытыттан кѳрдѳрѳбүт. Барыгыт киэнэ тэҥ буоллаҕына билсиһиини ааһаҕыт.
  2. Хамаанданы билсиһиннэрии. Кэлэн карточка талаҕыт.  Ханнык дьыл кэмэ түбэспитинэн ааттанаҕыт , эмблема уруһуйданаҕыт уонна бэйэҕитин билсиһиннэрэҕит.
  3. Бырааһынньыктар эстафеталара.Оҕолортон ханнык дьыл кэмин ордороҕут  диэн ыйыттахха оҕо эрэ барыта ол дьыл кэмигэр буолар бырааһынньыгы ааттыыр. Холобур, мин кыһыны таптыыбын- Дед Мороз подарок аҕалар дииллэр. Билигин эьиги эһиги кэмҥитигэр буолар бырааһынньык туһунан сценка толкуйдаан кѳрдѳрѳҕүт.

  1. Тѳрѳппүттэр уонна оҕолор экзаменнара.

Тѳрѳппүт психологическай ситуацияҕа эппиэттиир уонна бэйэтэ атын хамаанда о5олоругар эмиэ психологическай ыйытыы биэрэр.

Онтон оҕолор кэлэн таабырын талан ылан бэлэмнэнэн баран доргуччу ааҕаллар. Ону хамаандата тута таайа сатыахтаах. Оҕо элбэхтик аахтаҕын аайы балл түһэр.

  1. Буукубалар, тыллар  күрэхтэрэ:
  • Тыл таһаарыы. Буукубалары сааһылыы ууран түргэнник тыл таһаараҕыт.
  • Тыл толкуйдааһын. Тѳгүрүччү сиэттиһэн турабыт уонна айылҕаҕа сыһыаннаах тыллары бүтэһик буукубаттан толкуйдуубут.Сыыһа эппиттэр туораан иһэбит.

  1. Эстафета.
  • Хаары быраҕыы.
  • Сааскы халаан уутун хаамыскаларынан туорааһын.
  • Күһүҥҥү сэбирдэхтэр. Сэбирдэхтэри хомуйуу.

  1. Музыкальнай марафон. Дьылгыт кэмигэр сыһыаннаах  ырыа 1 куплетын хамаандаҕа бэлэх уунуу.
  1. Түмүктээһин.

Манан биһиги мероприятиебыт түмүктэнэр. Түмүгү иһитиннэрэбин, бастакы миэстэни ылла 1 хамаанда уонна 2 хамаанда. Ол эбэтэр дьыл кэмэ барыта хатыламмат умнуллубат үчүгэйдээх. Холобур сайыны санаатыбыт да5аны, эбэбитигэр сѳтүѳлүүрбүт харахпытыгар кѳстѳр. Ол курдук  биһиги эмиэ ааппытын ааттааталлар эрэ үчүгэйбит эрэ ахтылларын курдук олоруохтаахпыт. Холобур, Игорь диэтэллэр эрэ, эйэҕэс да уол дииллэрин курдук.Сѳбүлэһэҕит дуо?

  • Оҕолор тѳрѳппүттэргитин кытта оонньообуккутун астынныгыт дуо?
  • Ѳссѳ маннык мероприятиелар ыытыллаллара наада дуо?
  • Туоҕу ордук сѳбүлээтигит?
  • Тѳрѳппүттэрбит туох санаалааххыт?

. Бары кэлэн кыттыбыккытыгар, сааскы настарыанньаны бэлэхтээбиккитигэр махтанабын.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий воспитательного мероприятия для начальной школы «Героические страницы летописи Великой Отечественной Войны»

Воспитательное мероприятие проводится в форме устного журнала «Героические страницы летописи ВОВ»"....

Календарно - тематический план по родной речи для 3 класса якутских школ.Автор Готовцева Агафья Степановна.

Календарно-тематические планы по якутскому языку и по родной речи оказывают большую помощь учителю....

план-конспект классного час на тему "Дружба" в якутской школе для начальных классов

Основным средством воспитания являются классные часы, в которых учителю нужно создать необходимые условия для развития обучающихся как личности....

Сценарий воспитательного мероприятия. Конкурсная программа "Школа безопасности"

Материал на занятии подается в игровой, занимательной форме, где детям предлагается сделать правильный выбор в разных жизненных ситуациях, опасных для их жизни и здоровья.  Таким образом, дети ра...

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...

Психологические условия развития орфографических навыков в начальных классах якутской школы

Формировать у учащихся начальных классов орфографическую грамотность – умение правильно употреблять графические средства при письме – является одной из основных целей изучения русского язы...