план-конспект классного час на тему "Дружба" в якутской школе для начальных классов
классный час (1, 2, 3, 4 класс) по теме
Основным средством воспитания являются классные часы, в которых учителю нужно создать необходимые условия для развития обучающихся как личности.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kim_dogordooh_ol_dollooh.docx | 25.81 КБ |
Предварительный просмотр:
Тиэмэтэ: “Ким доҕордоох - ол дьоллоох”
Сыал: Оҕолор доҕордоһуу, эйэ-дьол диэн өйдөбүллэри иҥэрэллэригэр усулуобуйа тэрийии уонна бары биир сомоҕо буолалларыгар өйдөтүү.
Соруктар:
- Оҕо доҕордоһуу сүрүн суолтатын сыаналыырыгар, убаастыырыгар иҥэрии.
- Дьону-сэргэни кытта бодоруһа үөрэтии
- Доҕордоһуу сыаһыаны иитии
Үөрэх түмүктэрэ:
- Бодоруһар сатабыл: тиэмэҕэ сэбээстээх ыйытыы биэрии, атын киһи санаатын истии, бэйэ бэйэни кытта алтыһыы, биир сомоҕо буолан сатаан үлэлээһин, кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар.
- Билэр-көрөр сатабыл:өй үлэтин дьайыыларын сатаан оҥоруу: тэҥнээн көрүү, эйэ туһунан ырытыы, бэйэ санааны дакаастааһын, түмүк оҥоруу, тыл саппааһын байытыы; соругу сөпкө таайыы; доҕордоһуу сыанабылын иҥэрии, түмүк оҥоруу; дьайыылары майгыннатыы
- Бэйэни-салайынар сатабыл: үлэни былааннааһын; сыыһаны көннөрүнүү, хонтуруолланааһын, сыаналаныы; учуутал соругун болҕойон истии; тылын-ѳһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар; дьайыылары туттан-хаптан көрдөрүү, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү;
- Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ: Доҕордоһууну сыаналалыыр, убаастыыр, харыстыыр буолар дьоҕуру сайыннарыы, үөрэнээччилэргэ ытык киһиэхэ ытыктабылы иҥэрии. “Ким доҕордоох – ол дьоллоох” диэн ис-хоһоону иҥэрии. Доҕордоһуу сүрүн суолтатын иҥэрии
Сүрүн санаа : Эйигиниин тэҥҥэ үллэстэр, эйигиниин тэҥҥэ үөрэр дьон – бу дьиҥнээх доҕоттор, истиҥ доҕотторун буолаллар.
Сүрүн өйдөбүллэр: Доҕор, эрэл, дьиннээх доҕор, сомоҕо, бары бүттүүн, эминньэхтэр.
Туттуллар тэрил: күн сардаҥалара, сурук, ИКТ, Видео.
№ п/п Этап | Бириэмэтэ (мин.) | Үлэ ис хоһооно | Туттуллар ньымалар, алтыһыы формата | Түмүгэ | |
Учуутал дьарыга | Үөрэнээччи дьарыга | ||||
1 Тэрээһин чааһа | 3 | Үтүө күнүнэн күндү сайдам санаалаах үөрэнээччилэр!
| Үтүө күнүнэн! Оҕолор алгыстарын этэллэр: Бүгүҥҥү күн биэһиэхэ ыраас - чэбдик буол, Араҥаччылыыр аан ийэ дойдум Ыраас тыыҥҥынан уһуктаан Сайаҕас санаата биэр! Дом!Дом!Дом! | Кэпсэтии Быһаарыы Бары бүттүүн | Бүгүҥҥү кылааснай чааска бэлэм буолуу. Тиэмэҕэ бэлэм буолуу. |
2. Сүрүн чааһа |
“
|
(Биир оҕо суругу ааҕар уоннааҕылар болҕойон истэн таабырыны таайаллар). Сорук: Өс-хоһоону салҕаа уонна Остуоруйа сиригэр айаннаа. “Ким доҕордоох - ......”?
(Оҕолор күн сардаҥаларын ыланннар, бэйэлэрин ааттарын суруйаллар уонна дускаҕа баран биир күнү оҥороллор)
| Кэпсэтии, ыйытыыга эппиэтээһин, өйдөтүү, кэпсээһин, демонстрация. Бары бүттүүн. | Бодоруһар сатабыл: тиэмэҕэ сэбээстээх ыйытыы биэрии, атын киһи санаатын истии; бэйэ бэйэни кытта алтыһыы; Билэр-көрөр сатабыл: соругу сөпкө таайыы; Бэйэни-салайынар сатабыл: үлэни былааннааһын; хонтуруолланааһын, учуутал соругун болҕойон истии; Ытык өйдөбүлү иҥэринии: “Ким доҕордоох – ол дьоллоох” диэн ис-хоһоону иҥэрии. | |
Сүрүн чаас |
Үрүмэччи: Дорооболорун оҕолоор! Мин бу “Доҕордоһуу” дойдутугар олоробун, Туйаарыма диэн ааттаах үрүмэччибин. Мин эһиэхэ араас ыйытыктары бэлэмнээбитим ону эһиэхэ сөп түбэһэр ыйытыылар баар буоллахтарына эһиги “Ити мин, ити мин уонна биһиги бары” – диэн саҥарыахтааххыт, оттон сөпсөспөт буоллаххытына тугу да саҥарбаккыт. Үрүмэччилэр ыйытыктара:
Үрүмэччилэр: Маладьыастар! Эһиги дьиннэх доҕоттуулар эбиккит!
(Видео көрдөрүү).
*Учуутал оҕолорго дьайыылары этэр* - байыаннай; - Саппыкыта ыга тутар киһи; - Наһаа тотто аһаабыт киһи; - Түүҥҥү ойуурга соҕотох хаалбыт киһи; - Подиумунан хааман иһэр мадыал; - Икки сыананы ылбыт үөрэнээччи; - Кирпииччэлээх дьааһыгы тэппит киһи; - Тоҥо олорор киһи онтон тиритэр; - Сиэркилэҕэ көрүнэ турар кыыс; - Ийэтигэр масыына оонньуур ыллын диэн көрдөһөр оҕо;
| Оҕолор болҕойон истэллэр, слайда көрөллөр. *Оҕолор, ыйытыктарга эппитэттииллэр, сөпсөһөр буоллахтарына “Ити мин, ити мин уонна биһиги бары” – дииллэр онтон сөпсөспөт буоллахтарына саҥарбаттар*
-....
*Оҕолор болҕомтолоохтук көрөллөр* *Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр, тугу көрбүттэрин, билбиттэрин ырыталлар* *Оҕолор, параннан арахсаллар уонна кылгас инсценировка көрдөрөллөр* Х-р: Чебурашка уонна крокодил Гена инсценировкалаан көрдөрөллөр. *Оҕолор икки хамаандаҕа арахсаллар уонна учуутал ирдэбилин болҕойон истэллэр* *Оҕолор хамаандаларынан, бу дьикти-сиргэ бэйэлэрин оҥостунан саҥарар, туттар сатабылларын көрдөрөллөр* *Оҕолор, бэйэ бэйэлэрин сыаналаналлар* | Кэпсэтии, Демонстрация, өйдөтүү, ыйытыыга эппиэтээһин. Бары бүттүүн. Иллюстрация, Кэпсэтии, Өйдөтүү, ырытыы, ыйытыыга эппиэтээһин, Паранна үлэ. Бөлөҕүнэн үлэ, демонстрация, өйдөтүү, ырытыы, хайҕабыл. | Бодоруһар сатабыл: Атын киһи санаатын истии, бэйэ бэйэни кытта алтыһыы, биир сомоҕо буолан сатаан үлэлээһин; Бэйэни-салайынар дьаһанар сатабыл: Сыыһаны көннөрүнүү, хонтуруолланааһын, сыаналаныы; учуутал соругун болҕойон истии; Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ: Доҕордоһууну сыаналалыыр, убаастыыр, харыстыыр буолар дьоҕуру сайыннарыы. Билэр-көрөр сатабыл: эйэ туһунан ырытыы, бэйэ санааны дакаастааһын, дьайыылары майгыннатыы Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: хонтуруолланааһын, учуутал соругун болҕойон истии; кэпсииргэ дьулуһар; дьайыылары туттан-хаптан көрдөрүү. Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ: Доҕордоһуу сүрүн суолтатын иҥэрии Бодоруһар сатабыл: бэйэ бэйэни кытта алтыһыы, биир сомоҕо буолан сатаан үлэлээһин, кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Билэр-көрөр сатабыл: бэйэ санааны дакаастааһын, түмүк оҥоруу, тыл саппааһын байытыы; соругу сөпкө таайыы;түмүк оҥоруу; дьайыылары майгыннатыы; Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: дьайыылары туттан-хаптан көрдөрүү; | |
- Дьинээх доҕор хайдах хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый? - Билигин эминньэхтэргэ ол хаачыстыбалары суруйуоххут уонна “Доҕордоһууну бэлиэтиир сибэкки” онорон таһарыахпыт. - Чэ биһиги дьикти сирбитигэр айаммыт түмүктэнэн эрэр. | *До5ордоһуу туһунан ырыа истэллэр* *О5олор эмминньэхтэргэ до5ор хаачыстыбыларын суруйаллар уонна сибэкки онорон таьараллар* | Ыйытыыга эппиэтээһин, Кэпсэтии, Иллюстрация, өйдөтүү, Бары бүттүүн. | Бодоруһар сатабыл: тиэмэҕэ сэбээстээх ыйытыы биэрии, атын киһи санаатын истии. Билэр-көрөр сатабыл: эйэ туһунан ырытыы, бэйэ санааны дакаастааһын, тыл саппааһын байытыы; доҕордоһуу сыанабылын иҥэрии, түмүк оҥоруу; Бэйэни-салайынар сатабыл: үлэни былааннааһын; хонтуруолланааһын, сыаналаныы; учуутал соругун болҕойон истии; | ||
| - Куруутун бары бииргэ доҕордоһуох. Доҕор таҥараттан бэриллибит күндү киһи буолар. Доҕордоһууну сыаналыыр буолаххына, ханнык баҕар баҕан туолуо! Баҕарыам этэ барыгытыгар эрэллээх, үчүгэй доҕору! Кот Леопольд эппитин курдук: “Ребята, давайте жить дружно!” 1.Бугуҥҥу күҥҥэ тугу биллибитий? 2.тугу интириэһиргээтигит? 3. уруокка төһө көхтөөхтук кыттыбыккын смайликтарбытынан сыаналан (көхтөөхтук кыттынным- от-күөх. Соччо кыттыбатым-араҕас, олох кыттыбатым- кыһыл) | Тугу билбиттэрин ырытыы. Оҕолор төһө көхтөөхтук кыттыбыттарын сыаналаналлар | Кэпсэтии, өйдөтүү, ыйытыыга эппиэтээһин. Бары бүттүүн. | • Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ: Доҕордоһууну сыаналалыыр, убаастыыр, харыстыыр буолар дьоҕуру сайыннарыы, үөрэнээччилэргэ ытык киһиэхэ ытыктабылы иҥэрии. “Ким доҕордоох – ол дьоллоох” диэн ис-хоһоону иҥэрии. Доҕордоһуу сүрүн суолтатын иҥэрии. Бэйэ сыаналаныы |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
План-конспект родительского собрания "Трудности обучения письму и чтению в первом классе начальной школы и пути их преодоления"
План-конспект родительского собрания...
План -конспект родительского собрания "Трудности обучения письму и чтению в начальной школе"
ПЛАН - КОНСПЕКТ РОДИТЕЛЬСКОГО СОБРАНИЯ«ТРУДНОСТИ ОБУЧЕНИЯ ПИСЬМУ И ЧТЕНИЮ В НАЧАЛЬНОЙ ШКОЛЕ». Письмо и чтение – базовые школьные навыки, без эффективного владения которыми обучение з...
План –конспект урока русского языка по теме "Антонимы" по во 2 классе("Начальная школа 21 века")
Тема урока "Антонимы" по во 2 классе("Начальная школа 21 века") с использованием здоровьесберегающей технологии...
План -конспекты уроков русского языка по русскому язык(№1 - 9) 4 класс "Начальная школа 21 века"
конспекты уроков по русскому языку 4 класса "Начальная школа 21 века"(первые 9 уроков)...
План-конспект открытого классного часа в 1 классе по теме: «Они были первыми»
Этот материал позволяет познакомить учащихся с этапами развития космонавтики, с первыми космонавтами;воспитывать патриотизм, чувство гордости за достижения человеческого разума и за достижен...
План-конспект урока К.Г. Паустовский "Кот-ворюга" ("Школа-2100", 3 класс)
План-конспект урока по теме Г.К, Паустовский "Кот-ворюга" составлен для 3 класса, УМК "Школа-2100"...
План - конспект урока музыки по теме: Конспекты уроков музыки в начальной школе
Здесь вы найдете конспекты уроков музыки в начальной школе!...