Сценарий новогоднего утренника на якутском языке
классный час (3 класс)
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sanga_dylla5y_stsenariy.docx | 34.74 КБ |
Предварительный просмотр:
Саҥа дьыллаа5ы начаальнай кылаастарга бырааhынньык сценарийа.
Оонньуур дьоно:
Дьэгэ-Бааба икки кыыhынаан- Прокопьева Н.К, Карамзина Анастасия, Хурасева Надежда
Бөтүүк – Тихонова Светлана
Суор – Васильева Майя
Тымныы о5онньор –Прокопьев Н.Д.
Хаарчаана - Тихонова Инна Владимировна, ыт о5олоро – ыт сылын бэлиэлэрэ;
2 чааhа.
Саҥа дьыллаа5ы музыка тыаhыыр.
(Ёлка аттыгар саҥа дьыл символлара ыт о5олоро оонньуу сылдьаллар. Дьэгэ бааба кыргыттарынаан кэлэн ыт о5олорун уоран илдьэ бараллар)
Хаар үҥкүүтүнэн бырааhынньык са5аланар.
I көстүү.
1 ыытааччы :
- Өр да кэтэстим бу күнү
Өр да тулуйа сырыттым.
Дьэ, бүгүн ол күн тосхойдо,
Саҥа дьыл биhиэхэ кэллэ.
2 ыытааччы:
- Ойуу, киэргэл бө5өтүн мин
Харыйабар ыйаары мустум.
Тымныы о5онньор сиэнинээн
Киирэн кэлэрин кэтэстим.
1: - Үтүө күнүнэн күндү о5олор, төрөппүттэр, учууталлар уонна ыалдьыттар! Дьэ, күүтүүлээх саҥа дьылбыт тиийэн кэллэ!
2: - О5олоор, биhиги бүгүн 2018 сылы көрсөбүт. Кини кытай халандаарынан Ыт сыла буолар. Ол гынан баран саҥа сылы көрсүөхпүт иннинэ биhиги ааспыт дьыл бэлиэтин атаарыахпытын наада. 2017 сыл – туох сыла этэй?
- Бөтүүк.
1: - Саамай сөп, оччо5о биhиги билигин Бөтүүгү ыҥырыахайыҥ!
- Ку-Ка- Ре-Ку, Ку-Ка-Ре-Ку!
(Бөтүүк киирэр)
Бөтүүк: - Дорооболоруҥ, о5олоор, эhиги миигин ыҥырдыгыт дуо?
2: - Дорообо, Бөтүүк! Бу сыл наhаа үчүгэйдик ааста, элбэх ситиhиилэр, үөрүү-көтүү бө5ө буолла, биhиги эйиэхэ махтанабыт уонна эйигин атаарабыт.
Бөтүүк: - О5олоор, бу кэлэр сыл үчүгэйдик ааhыан ба5ара5ыт дуо?
1: - Ээ, оннук бө5ө буолла5а дии. Онно тугу гыныахха нааданый?
Бөтүүк: - Дьэ, бу аптаах шарик бө5өтүн а5аллым. Ити шариктарга мин сыл үчүгэй эрэ түгэннэрин хомуйан уктум. Шариктаргытын үчүгэйдик тутан олоруҥ. Саҥа дьыл кэллэ5инэ эрэ шариктаргытын тэhээрин, оччо5о сылы быhа дьоллоох буолуоххут!
(Хаар кыырпахтара-кыргыттар зал иhигэр көрөөччүлэргэ түҥэтэллэр)
2: - Оо, наhаа да үчүгэйдик толкуйдаабыккын, Бөтүүкчээн. Эн биhиэхэ үчүгэй да5аны бэлэх оҥордуҥ! Махтал, эйиэхэ, Бөтүүкчээн!
Б: - Баhаалыста. Чэ, мин барар кэмим буолла – покааларыҥ! Саҥа дьылга барыгытыгар дьолу ба5арабын!
1: - Көрсүөххэ дылы! (Бөтүүк тахсар)
2: - Билигин дьэ, саҥа дьылы көрсүөхэйиҥ!
II көстүү.
(Долгутуулаах (тревожная) музыка, омуннаахтык а5ылаан-мэҥилээн суор көтөн кэлэр)
Суор: ( рупорга саҥарар)- Бол5ойон истиҥ! Бол5ойон истиҥ! Саҥа дьыл буолбат үhү! Биричиинэтэ биллибэт! Бол5ойон истиҥ! Бол5ойон истиҥ! Саҥа дьыл буолбат үhү! Кар-Кар-Карррр! (тахсар)
1: - Хайдах ол буолбат? Туох буолла?
(Телефоҥҥа смс кэлэр тыаhа)
– Оо, смс кэллэ дии. Чэ, эрэ о5олор, смс-та аа5ыахайыҥ эрэ.
(Экраҥҥа смс-суругу аа5аллар): «Саҥа дьыл бэлиэтэ ыттарым сүттүлэр. Көрдөөтүм да булбатым. Пока кимҥэ да этимэҥ. Ыт бэлиэтэ суох саҥа дьыл буолбат. Тымныы о5онньор.»
1: - Таак, ыттар сүппүттэр… О5олоор, туох дии саныыгытый, ыттар бэйэлэрэ куоппатахтара буолуо дии.. Ханна бааллара буолуой?
(О5олор этэллэр)
2: - Чэ, эрэ оччо5о Дьэгэ–баабаттан ыйытыаххайыҥ эрэ.
III көстүү
(Дь-бааба кыргыттарынаан киирэн кэлэр): - Дорооболорун, о5олоор! Хайа, хайдах-туох олордугут, туох нуомас-кэпсээн баар?
1: - Биhиги иhиттибит: Тымныы о5онньорго туох-эрэ буолбут.
Дь-Б: - hэ-hэ! Туох эрэ буолбут буолан. Онтон кинилэри үчүгэйдик көрүө этэ буо!
2: - Кимнээ5и эттиҥ ол кинилэри диэн?
- Ыттарын. Кини ыттара куоппуттар буолбат дуо?
- Ону эн хантан биллиҥ? Ыттар куоппуттар диэн?
- hа, эhиги бэйэ5ит эттигит буолбат дуо?
- Суох, биhиги ол туhунан тугу да этэ иликпит.
- Ол аата онтон кимтэн эмит иhиттэхпит дии.
- Ити туhунан эhиги кимтэн да истибэтэххит. Тымныы о5онньор ону кистэлэҥҥэ туппута, ким да билбэт. Ол аата эhиги дьыала5ыт буолла5а дии.
-Чэ-чэ, бэйэтэ буруйдаах. Ыттарын үчүгэйдик көрүө этэ буолла5а дии.
Аччыктаабыттара буолуо дии санаатахпыт дии. Ол иhин ылаттаабытым. Чэ, билигин биир-биир кэлиэхтэрэ. Билигин элбээх-элбэх ыттар тахсан үҥкүүлүөхтэрэ, онно баара буолуо.
(Танец учащихся 2 класса)
Дь-Б: - Оо, бу баар биир символгыт.
(1 символы ылан ёлка аттыгар туруораллар)
1: - Оттон өссө сорох ыттарбыт ханна баалларый?
Дь-Б: - Мин эhиэхэ таах булан биэриэм дуо, саҥа дьыллаа5ы викторината таайыҥ эрэ.
(Викторина в приложении)- проводят родители
Дь-Б: Оо, сүрдээхтик да викторина таайар эбиккит, өйдөөх да о5олоргут. Билигин Мальвиналаах, Буратино 1 символ ыты а5алыахтара.
(Дьэгэ-Бааба кыргыттарынаан уора-көстө саhан залынан күрээн хаалаллар)
(Танец 3 класса)
IV көстүү.
1: - Саҥа дьылбыт буолара чугаhаата. Онтон биhиги 3-с символбытын була иликпит дии.
2: - Дьэ, хантан булабыт? Саатар, Дьэгэ –Баабабыт кыргыттарынаан күрээн хаалбыт дии.
1: - Ээ, чэ патрульлартан ыйытыахха ээ. «Щенячий патруль» диэн баар үhү дии..
- ЭЭ, кырдьык да5аны! Маҥнайгы кылаас о5олоро ону үчүгэйдик билэллэр.
(1 кылаас үөрэнээччилэрин толоруутугар үҥкүү)
1: - Оо, хата ыттарбытын барытын буллубут. Тымныы О5онньорго биллэрэ охсуохха.
2: - Тохтоо эрэ, доо. Тымныы О5онньор утуйа сытта5ына, куhа5ан Аптаах о5онньор аан дойдуга баары барытын уларытан кэбиспит үhү. Оччо5о Тымныы о5онньорбут бэргэhэтин уонна хаатыҥкатын, Хаарчаанабыт – кокошнигын , са5ынньа5ын, онноо5ор кинилэр көмөлөhөөччүлэрэ Снеговик биэдэрэ-бэргэhэтин уонна моркуоп-муннун булбаттара буолуо!
1: - Ээ, ол иhин баарыын аптаах үтүө санаалаах фея сорудах биэрбит эбит дии. Бу ыhыллан хаалбыт пазл–лар бааллар, ону хомуйдахтарына, ол о5онньор куhа5аны оҥорбута ааhар диэбитэ.
2: Чэ, эрэ о5олор! Пазлынан Тымныы О5онньору, Хаарчаананы уонна Снеговигы хомуйан оҥоруоххутун наада.
(Музыка тыаhыыр, ол бириэмэ5э биирдии пазл-га иккилии о5о тахсан хомуйаллар).
1: -Оо, маладьыастар, о5олоор. Чэ, билигин Тымныы О5онньорбутун ыҥырыахайыҥ!
(О5олор Тымныы о5онньору ыҥыраллар)
V көстүү.
(Тымныы О5онньор Хаарчааналыын киирэллэр)
Д.М: - Дорооболоруҥ, о5олоор! Наhаа да үөрдүм, ыттарбын булбуккут. (Ыттарын имэрийтэлиир). Дьэ, саҥа Дьылбыт кэллэ5э буолуохтун!
Хаарчаана: - О5олоор, бары үөрэн-көтөн бырааhынньыктыахайыҥ.
Саргылаах саҥа дьылбыт салаллан кэлбитинэн!
(3 Символ ыттар музыканан круг оҥороллор уонна тахсан бараллар)
1:- 2018 сыл – Ыт сыла. (Ыт сылыгар туох биллэриллибитин этэбит)
Саха сиригэр 2018 сыл – нэhилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сыла
( нууччалыы эттэххэ – год занятости), онтон Россия5а – ис сүрэхтэн салайтаран волонтерство5а ананыллар (Год волонтера и добровольчества)
2: - Саҥа дьыл – Ыт сыла кэлбитинэн эhигини э5эрдэлииллэр 4 кылаас уолаттара.
(Танец долматинцев – 4 кылаас)
Хаарчаана: - О5олоор, баарыын Бөтүүк аптаах шарик хаалларбыт буолуохтаах дии. Хаалларбыта дуо?
-Аптаах бириэмэ тиийэн кэллэ. Бары ол шариктарбытын ылабыт. Илиибитигэр тутабыт. Бу шариктар истэригэр Бөтүүк сылыгар мунньуллубут үтүө санаалар, саамай кэрэ кэмнэр бааллар. Онон шариктарбытын тэстэхпитинэ – ол үтүө санаалар, саамай кэрэ кэмнэр бу ыт сылыгар эмиэ баар буолуохтара. Чэйиҥ эрэ, о5олоор, ыт сылыгар эмиэ дьоллоох түгэннэр элбээтиннээ-ээ-ээр! (О5олор шаригы тэhэллэр)
Тымныы Моруос: - Чэ, барыта олус үчүгэй – туох барыта үчүгэйинэн түмүктэннэ5инэ! Саҥа кэлбит сылынан э5эрдэээ-ээ! Мин о5олорбор анаан кэhии а5алтаабытым. Ону туттарарбын көҥүллээҥ.
Бу кэhиилэрбин харыйа анныгар уурталаабытым. О5олоор, кэhиибин кэлэн ылыаххытын сөп. (Харыйа анныгар кэhиилэрэ суо5ун көрөн олус соhуйар).
Хайаа, кэhиилэрим суохтар дии.
2: - Ээ, эмиэ Дьэгэ-баабаларбыт үлэлэрэ буолуо. Били «Щенячий патрульлар баар этилэр дии. (2-3 о5ону залтан ыҥыран ылабын). Баран биир эмэ Дьэгэ баабаны (эбэтэр барыларын дуу) булан а5алыҥ эрэ.
(Ыт о5олоро коридортан Дь=Б тутан а5алаллар)
1: - Хайа, кэм да быракааhа суох буолбатыгыт дуу? О5олор подарактарын ханна гынныгыт?
-Дьэгэ- Бааба: - Өйдөөх буоллахтарына буллуннар ээ. Биhиги дьээбэбит дэлэ дуо? Ылан эhиги подаракторгытын кистэтэлээбиппит. Ону бу манна баар суругу өйдөөтөхтөрүнэ – булуохтара. «Зашифрованное письмо»
(Сцена5а кылаастан биирдии о5ону ыҥырар)
Д.М:- Биhиги барар кэммит кэллэ. Подаракторгытын булаттаарын. Эhиил 2019 сылга көрсүөххэ дылы о5олоор!
(Тымныы О5онньор уонна Хаарчаана тахсан бараллар)
1: - Сана кэлбит сылынан!
2: - Бука барыгытын э5эрдэлиибит!
10-15 мүнүүтэнэн Лоторея ыытыллыа5а.
- Номердар быыстарыгар оонньуулар. (в приложении)
- Лотерея ыытыллар.
- Кафетерий үлэлиир
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий новогоднего утренника "Новогодний карнавал"
Разработка новогоднего утренника для учащихся 3-4 классов...
Авторская разработка.Сценарий новогоднего утренника "Новогодняя сказка"
Очень интересный сценарий, в котором задействованы герои добрых русских сказок....
Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения».
Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения»....
Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения».
Сценарий новогоднего утренника: «Новогодние приключения»....
Сценарий новогоднего утренника для начальной школы:" Новогодняя сказка".
Сценарий новогоднего утренника для начальной школы....
Сценарий новогоднего утренника "Приключения у новогодней ёлки"
Цель: создать условия для развития творческих способностей у младших школьников через активную деятельность при подготовке к новогоднему празднику.Задачи:развитие творческих способностей,во...
Сценарий новогоднего утренника на эрзянском языке
При составлении сценария новогоднего утренника использованы стихи эрзянских поэтов с опорой на сказку в стихах "Кокоркине" С.М.Люлякиной...