Доклад “Мин хос эбээм – уран тарбахтаах норуот маастара”
творческая работа учащихся на тему
Бу улэ5э оло5уран Давыдова М.П. айар улэтигэр интэриэhи уэскэтэр эйгэни тэрийии, удьуор дьо5урун, сатабылын билии. Ол тэруттэрин бэйэни сайыннарыыга сэптээх хайысханы булан туьаныы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
min_hos_ebeem_-_uran_tarbahtaah_noruot_maastara_-_doklad_nikolaeva_ivanna.docx | 17.85 КБ |
Предварительный просмотр:
С.Д.Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата
Доклад
“Мин хос эбээм – уран тарбахтаах норуот маастара”
Толордо: С.Д.Флегонтов аатынан
Хадаар орто оскуолатын
1 кылааhын уэрэнээччитэ
Николаева Иванна
Үрүҥ Күөл, 2017 с.
Тема: Мин хос эбээм – уран тарбахтаах норуот маастара.
Сыалым: Хос эбэм оло5ун, улэтин, дьарыгын уэрэтии, утумнааьын.
Соруктарым:
- Хос эбээм Давыдова Мотрена Прокопьевна оноhуктарын, дьарыгын сырдатыы.
- Кини аатын, оло5ун уйэтитии.
Актуальноhа: Кэлуэнэлэр утумнарын сайыннарыы, уйэтитии.
Сананы киллэрии: Бу улэ5э оло5уран Давыдова М.П. айар улэтигэр интэриэhи уэскэтэр эйгэни тэрийии, удьуор дьо5урун, сатабылын билии. Ол тэруттэрин бэйэни сайыннарыыга сэптээх хайысханы булан туьаныы.
Олоххо туhата: хос эбээм норуот маастарын быhыытынан ыччат дьону уhуйуута.
Мин хос эбээм Давыдова Мотрена Прокопьевна – тыыл ветерана, кэhэруллуу кыттыылаа5а, «Материнская слава» орден кавалера, норуот маастара. Кини 1928 сыллаахха от ыйын 7 кунугэр Хайахсыкка Соппуруон алааhа диэн сиргэ кун сирин кэрбутэ. А5ата Степанов Прокопий Афанасьевич, ийэтэ Степанова Татьяна Лукична. Бэhис о5онон тэрээбут. Ийэтэ эмп-томп суох буолан эдэр сааhыгар сэтэл ыарыыттан элбут. Бииргэ тэрээбуттэрэ бары кыра сылдьан суох буолбуттар. Мин хос эбээм со5ото5ун, иринньэх ба5айы да буоллар ордубут. 5 саастаа5ар а5ата Сул5аччы Амматыттан Михайловтар диэн икки о5олоох ыалтан кыыстарын Харитона Федоровнаны кэргэн ылар. Бу ииппит ийэтэ кыыhы бэйэтин о5отун курдук маанылаан иитэр. Хос эбээм ойуоккалыыр о5о сааhа сэрии сылларыгар тубэhэн сут-кураан сыллары, кэhэруллууну этинэн-хаанынан билбитэ. 1942 сыл куhунугэр хоту кэhэруллуугэ Эдьигээннэ Наатара5а тиийэллэр. Онно ийэлээх а5атын кытта балыка улэлииллэр. А5ата ыарыhах, инбэлиит эбит. Ону иипит ийэтэ улэни-хамнаhы кыайар буолан тыыннаах ордубуттар. Эдьигээннэ туэрт сыл олорбуттар. Кэhууттэн кэлэн баран Хадаарга олохсуйбйттар. А5ата 1957 сыллаахха, ийэтэ 2000 сыллаахха 93 сааhыгар кун сириттэн барбыттар.
1951 сыллаахха Хадаар уолугар Давыдов Николай Ивановичка кэргэн тахсыбыта, 8 о5оломмуттара. Хос эhээм тракторист, Коммунистическай улэ ударнига этэ. Кин эдэр сааhыгар 1966 с элбутэ. А5ыс о5олоох хаалбыт со5отох ийэ5э о5олорун атахтарыгар туруорар олус ыарахан этэ. Билигин о5олоро этэннэ ыал буолан, о5олонон-урууланан олороллор, бэйэлэрэ эhээ-эбээ дэтэллэр. Дьиэлээхтэр-уоттаахтар,улэлээхтэр-хамнастаахтар, хаhаайыстыбалаахтар. 18 сиэннээх, 17 хос сиэннээх.
Мотрена Прокопьевна колхозка, совхозка улэлээбитэ. Улэтиттэн, о5олорун кэруутуттэн-харайыытыттан быыс булан сэбулуур дьарыктардаа5а. ол курдук, быысапкалыыра, баайара, уруhуйдуура, иистэнэрэ. Эдэр эрдэ5инэ куруhуба баайарын, быысапкалыырын олус сэбулуур эбит. Кыргыттарыгар, кийиитэригэр былаат баайталаабытын билигин да бааналлар. Кэлин остуол, дьыбаан, телевизор сабыыларын быысапкалаабыта. Сахалыы танас соччо дэлэйэ илигинэ бэйэтигэр тиктэн таннар буолбут.
Пенсия5а тахсан баран ордук уруhуйунан улуhуйбутэ. Уруhуйга санаатын уурбута ырааппыт эбит. Улэтин аан бастаан сиидэс танастан, тимэх кырааскаттан са5алаабыт, ойууну утуктэн онорор эбит. Кини наар сайын улэлиирэ. Хартыыналарыгар айыл5а кэрэтин, кыыллары, сибэккини, тэрээбут алааhын дьуhуйбутэ. Хос эбээм илиитинэн онорбут 50-ча хартыыналаах.
Ат чаппараа5а, сахалыы сон, бэргэhэ, ырбаахы, хаhыаччык, утулук тикпитин киhи эрэ сэ5э кэрэр.
1980 сылтан дьонно-сэргэ5э тахсарга сананан маассабайдык уруhуйдуур буолбута. Улууска, нэhилиэк иhигэр ыытыллар мероприятиеларга наар кыттар буолбута, миэстэлэhэр этэ. Улэтин туоhутунан грамоталар буолаллар. Эрилик Эристиин 100 сааhынан 1 степеннээх диплом ылбыта. 1999 сыллаахха оскуола экспериментальнай «Бэйэни ииттинии» научнай-практическай конференция5а быыстапка туруоран Портнягин Иосиф Семенович учуонай илии баттааhыннаах кинигэтин бэлэхтээбитэ. 1986 сыллаахха Дьокуускай телевидениетыгар солуннарга кэпсээн тураллар. Чурапчы «Маарыкчаан» телестудията Хадаарга тахсан устан улус нэhилиэктэригэр телевизорынан кэрдэрбуттэрэ.
О5олоро, нэhилиэгэ эйээннэр 1998 сыллаахха муус устар 19 кунугэр республиканскай «Уран» быыстапка саалатыгар 40-ча хартыынатынан быыстапка туруоран норуот маастарын аатын ылбытын олус долгуйан туран ахтара. Бу кун хос эбээм туhугар этиллибит утуэ санаалар, алгыс тыллар салгыы айар улэтигэр кынат буолбуттара. Норуот маастарын аатын биэрэллэригэр грамотанан, Б.Ф.Неустроев «Саха туоhа» кинигэтинэн на5араадалаабыттара. Ону таhынан хос эбээм нэhилиэк бастын чабыр5ахсыта, сцена ветерана этэ.
Эбээлэрин талаанын батан о5олоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ уруhуйга дьо5урдаахтар. Кыыhа Теренкова Зинаида Николаевна тигэр, уруhуйдуур. Улахан сиэнэ Дьячковская Туйаара Иннокентьевна уруhуй, технология учуутала идэлээх.сиэнэ Давыдова Светлана Николаевна оскуола5а уэрэнэр кэмигэр сэруэтэ Республиканскай выставка5а бастаан «Орленок» лаа5ырга барар путевканан на5араадаламмыта. Мин эмиэ уруhуйдуурбун олус сэбулуубун.
Хос эбээм 2011 сыллаахха суох буолбута, 84 сааhыгар диэри олорбута.
Мотрена Прокопьевна аатын уйэтитэргэ, кини сырдык аатыгар анаан о5олоро «Кэрэни кэрэхсээ» диэн искусство, уруhуй конкурсун тэрийбиттэрэ. Сурун тэрийээччинэн кыыhа Зинаида Николаевна Теренкова буолар. Бу конкурс маннай 2013 сыллаахха Хадаарга тэриллибитэ. Ол кэнниттэн 2014 сылтан ыла улус таhымнаах буолбута. Быйыл кулун тутар 17 кунугэр «Тускул» норуот айымньытын дьиэтигэр уhус тэгулун ыытылынна. Куонкуруска 15 кыттааччы уопсайа 61 улэни туруорбуттара. Манны таhынан кэрээччулэргэ анаан хос эбээм 17 хартыыната, тэрэппут уола, мин эhээм, Давыдов Н.Н., кыыhа, эдьиийим Зинаида Николаевна уруhуйдара, дьиэ кэргэммит оноhуктара, иистэрэ турбуттара. Дьууллуур субэ5э П.Н.Слепцова, Т.И.Дьячковская, С.Ф.Софронова улэлээбиттэрэ. Тумуккэ харандааhынан уруhуйга 1 миэстэ – Н.А.Иванова (Дирин), 2 миэстэ И.И.Адамов (Чакыр), 3 миэстэ – Н.А.Окоемова (Бахсы); анималистическай жанр кэрунэр 1 миэстэ – П.И.Терентьева (Дьокуускай), 2 миэстэ – Д.В.Харатаала – Тарбахова (Нам), 3 миэстэ – Т.Н.Егоров (Урэх- Куэрэ); Пейзаж 1 миэстэ – Н.И.Собакина (Хадаар), 2 миэстэ Ф.В.Никонова (Хадаар), 3 миэстэ – А.Н.Петрова (Арыылаах); акварельга 1 миэстэ – М.И.Иванов (Арыылаах), 2 миэстэ – А.Н.Петрова (Арыылаах), 3 миэстэ – В.С.Тарбахова (Хадаар); Тематическай уруhуй кэрунэр 1 миэстэ – П.И.Орлова (Хадаар), 2 миэстэ – М.Е.Васильева (Дирин), 3 миэстэ А.М.Птицына (Чакыр). Гран-при Хадаар олохтоо5ор Собакина Н.И. тиксибитэ. Ити курдук, мин хос эбээм Мотрена Прокопьевна, аата уйэтитиллэн дьону-сэргэни кэрэ5э угуйа турар.
Мин хос эбээм оло5унан киэн туттабын, удьуор дьо5урун, сатабылын, оло5ун сиэрин биллим. Дэгиттэр дьо5урдаах эбэм уйэлээх угэhэ утумнанан сал5аннын!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Доклад доклад на тему: «Формирование культуры семейных отношений».
Семья - один из шедевров природы (Дж. Сантаяна, философ)Семья - основанная на брак...
Презентация для 4 класса "Планета Уран"
Презентация для уроков окружающего мира в 4 классе...
Чабыр5ах - саха тылынан уус - уран айымньытын иитэр - уерэтэр суолтата.
С этим докладом мои ученицы стали дипломантами 3 степени в республиканской научно - практической конференции "Искусство и наука".Рассказывали о жанре якутского фольклора Чабыр5ах. ...
Рабочая программа кружка "Уран аа5ыы"
Пояснительная записка...
Саха народнай суруйааччыта Николай Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах 10 региональнай уус – уран дьүһүйүү торума
Сценарий на тему «Сүдү талааннаах суруйааччы - оҕолорго» по произведениям писателя Н.Г.Золотарева - Якутскай. Сценарий разработан для учащихся начальных классов, где вошли 3 произведения п...
Норуот тылынан уус-уран айымньыта
Кыра о5олорго норуот тылынан уус-уран айымньыларын үөрэтэргэ аналлаах хомуурунньук....
Буряад уран зохёолой хэшээлдэ эдэбхитэй арга барим хэрэглэлгэ (буряад арадай онтохонуудые Yзэлгын Yедэ.)
Технология критического мышления на уроках бурятской литературы...