Сценарий внеклассного мероприятия "Обугэлэрбит оонньуулара"
классный час ( класс) на тему
Өбугэлэр оонньууларын, олохторун-дьаьахтарын билиhиннэрии.
Төрөөбут тылга болҕомтону тардыы.
Омук быhыытынан уратытык билиниини, киэн туттууну иҥэрии..
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ebugelerbit_oonnuulara.docx | 27.4 КБ |
Предварительный просмотр:
Министерство образования Республики Саха (Якутия)
Муниципальное учреждение «Муниципальный орган управления образования»
МКООУ СТ «Сунтарская санаторная школа – интернат им. Герасимрва М.И.»
Өбүгэлэрбит оонньуулара
Алексеева Т.М.
СУНТААР
Өбүгэлэрбит оонньуулара (2 кылаас)
Ыытыллар кунэ:
Туттуллар тэрил: проектор, экран, өс хоьоонноро суруллубут карточкалар, жетоннар, 2 остуол – сахалыы астаах, иҺиттээх - хомуостаах.
Сыала: - Өбугэлэр оонньууларын, олохторун-дьаьахтарын билиhиннэрии.
- Төрөөбут тылга болҕомтону тардыы.
- Омук быhыытынан уратытык билиниини, киэн туттууну иҥэрии..
О5олор түөлбэнэн олороллор
- Ырыа _____________________
АТМ: Былыргы дьыл мындаатын, Быдан нөҥүө өттүгэр,
Аныгы уйэ ар5аьын, Адьас анараа сиксигэр
Олорбуттара эбитэ үҺү урааҥхай сахалар…
- ол ааспыт дьыллар быыстарын, о5олоор, сэгэтэн көрүөҕүҥ!
ДСП: - БиҺиги бары билэбит - өбугэлэрбит алаас алааҺынан олорбуттара. Ол иҺин бүгүн биҺиги эмиэ түөлбэнэн олоробут.
АТМ: -Саха дьоно былыр-былыргыттан иллэҥ кэмнэрин оонньоон – көрүлээн атааралларын астыналлара. КыҺыммыт кылгас күннээх, уҺун түүннээх буолан, күнү-дьылы кылгатаары, түүн хойукка диэри оонньуу арааьын тэрийэллэрэ. Ордук ыраахтан хоноҺо кэлэн хонноҕуна, оҺоххо сыалаах эт дыргыччы буҺан, остуолга хоторулуннаҕына, ирэ-хоро кэпсэтэ-кэпсэтэ, аҺаан сиэн бутэн баран, араас уҺуйээннэри кэпсэтэн, өбугэлэрин оонньууларын санатыҺар эбиттэр.
ДСП: - Бу киэҺэ биҺиги өбүглэрбит оонньоон ааспыт оонньууларын оонньоон-көрулээн көрүөхпүт!
ӏ. Хамаандалар бэйэлэрин билиҺиннэриилэрэ
1 хамаанда: Күрэс былдьаҺа, күөн көрсүҺэ кэллибит ИЛИН ЭҥЭЭР хорсун хоодуоттара! Бүлүү сүнньүттэн сылдьар мүлдьү бөҕөлөргө УРУЙ – АЙХАЛ!!!
2 хамаанда: Бүтэй Бүлүү сүнньүттэн өркөн өйдөөхтөр, кус быҺыйдар күөн көрсүҺэ тиийэн кэллибит. КИМ КЫАХТААХ ОЛ КЫАЙДЫН!!!
АТМ: I. ТААБЫРЫННАР: таабырын – өй гимнастиката. Былыр саха омук таабырын таайсарын олус сэргиирэ. ТаабырыннаҺаары гыннахтарына маҥнай «Таабырын төрдө таам – татахай баар үҺү» дииллэр эбит. Дьэ эрэ, бол5ойуҥ!
Холобур: Турдарбын халлааҥҥа тиийиэм диир баар уҺу (суол)
1. Тиистээхпин да, тиниктээбэппин (тараах)
2. Түөс –маас саҥарбыт, тэлиэс – былаас дайбаабыт баар үҺү. (тураах)
3. Төкүнүк - мөкүнүк түү мээчик буолбатах, түүннэри - күннэри эргийэр баар үҺү. (сир)
4. Күүтэллэр – күүтэллэр даҕаны кэллэхпинэ куотан хаалаллар диир баар үҺү. (ардах)
5.Кынаттаахпын да көппөппүн, харахтаахпын да халлааны көрбөппун диир үҺү. (Балык)
6. Мацан тацастаах, мацан эттээх, барыга туттуллар Майбары тойон баар уЬу. (Хатыц)
ДСП: II. Оҕустар харсыьыылара.
АТМ: III. Күнү – дьылы билгэлээҺин. Саха дьоно күн – дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтаа5ын кэтээн көрөллөрө, билгэлиииллэрэ. Сахалар былыргы билгэҺиттэрэ ый – күн, сулустар, дьыл ханнык кэмигэр хайдах балаҺыанньаҕа тубэҺэллэринэн, алтыҺыыларынан быҺаараллара. Ордук күн-ый, сулустар хайдах уларыйалларынан, көтөр-сүүрэр майгытынан, кэлиитинэн-барыытынан кэтииллэрэ. Онон хаҺан хаар, самыыр, тыал, куйаас түҺэрин билэллэрэ.
С О Р У Д А Х: билгэлээҺини ситэр -
ХОЛОБУР: КыҺын сулустар чаҕылыстахтарына – (халлаан тымныйар)
1 хам: Куобах эрдэ маҥхайда5ына (хаар эрдэ түҺэр)
2 хам: КыҺын халлааҥҥа дьукээбил оонньоотоҕуна (халлаан тымныйар)
3 хам: Сайын сарсыарда сиик туспут буолла5ына (бугун ардах туспэт)
4 хам: Хараҥаччы үөҺэнэн көтөр буолла5ына (кураан буолар)
С О Р У Д А Х: хас биирдии түөлбэ билгэлээҺиннэ этиҥ.
(- Хаардаах кыhын сайына ардахтаах; Оҥоойук, кумаар элбэх буоллаҕына сир аhа элбэх буолар.)
ДСП: IV. Оҕус уонна чөҥөчөк.
АТМ: V. Өс хоhооно – өбүгэ номоҕо. Өс хоhооно диэн тугу ааттыыбытый? Олох-дьаҺах, быҺыы-майгы туҺунан тγмγктэммит ѳйγ͟-санааны аҕыйах тылынан дьγһγннээн этии өс хоҺооно диэн ааттанар. Кини дьүөрэлии тылынан оӊоҺуллар. Ѳс хоҺооно уус-уран, киэбэ сытыы, дьэнкэ буолан киҺи өйүгэр тутуллумтуо уонна олоххо киэӊник тэнийимтиэ.
С О Р У Д А Х: Хас биирдии түөлбэҕэ тыллары биэрэбин, ону сааҺылаан өс хоҺоонун таҺаарыахтааххын уонна суолтатын быҺаараҕыт:
1 хам: Үөрэх баар – бараммат баай.
2 хам: Сугэ кыайбатаҕын субэ кыайар.
ДСП: VI. Тутум эргиирэ.
АТМ: VII. «Тарбах таайсыы». Биир киҺи тарбах таайтарааччы буолар, ортоку тарбаҕын булларбат гына тарбахтарын быыстарыгар араастаан кыбытан кистиир. Атын илиитинэн тарбахтарын төбөтө көстөр гына бобо тутар. Онон тарбахтар төбөлөрө эрэ көстөр. Таайааччы сөмүйэтинэн, ортоку тарбах бу буолуо диэн, биир тарбах төбөтүн баттыыр. Таайтарааччы сөмүйэни төлөрүппэккэ эрэ, бобо туппут илиитин ыҺыктан, кистээбит тарбахтарын саратан көрдөрөр. Тарбаҕы имигэс илиилээхтэр үчүгэйдик кистииллэр.
ДСП: VIII. О5устар харсыhыылара.
АТМ: IX. Эбугэбит аҺа:
С О Р У Д А Х:
Былыр сахалар тугунан аҺаан – сиэн олорбуттарай?
-Түөлбэнэн биир – биир ааттаталааҥ.
- Бүгүҥҥү эҺиги остуолгутугар ол астан туох баарый?
ДСП: Х. Хомуур хапса5ай.
Тумук:
АТМ:- Ханнык баҕарар киҺи бэйэтин төрөөбут дойдутун өбүгэлэрин, норуотун үгэстэрин билэр уонна ытыктыыр эрэ буоллаҕына үтүө киҺи буола улаатар.
ДСП: - Хайа ба5арар омук бэйэтэ тыллаах-өстөөх, ураты угэстэрдээх, онон кини киэн туттуохтаах уонна сайыннарыахтаах
- диэн туран бүгүҥҥү тэрээҺиммитин түмүктүүбүт!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарий внеклассного мероприятия – праздника по теме:«Все работы хороши, выбирай на вкус»
Сценарий внеклассного мероприятия – праздника по теме: «Все работы хороши, выбирай на вкус». ...
Сценарий внеклассного мероприятия "Чаем угощаем"
Внеклассное мероприятие о традициях русского гостеприимства поможет детям ответить на такие вопросы: "Откуда чай попал в Россию?", "Как раньше приготавливали чай?", "Как правильно заваривать этот бодр...
Сценарий внеклассного занятия.
Предлагаемый сценарий "Своим здоровьем ты займись, чистить зубы не ленись" создан для проведения внеклассного занятия. (Тема - здоровьесбережение). Дополнительной длительной подготовки учи...
Сценарий внеклассного мероприятия по экологии для начальной школы "Всё меньше окружающей природы, всё больше окружающей среды!
Сценарий мероприятия для 3-4 классов экологической направленности....
Сценарий внеклассного материала "Прощай, начальная школа"
Этот сценарий для выпускников 4классов. Ведущие праздника- старшеклассники. Гости праздника родители и учителя. По сценарию главные герои - выпускники. Ребята танцуют, поют песни, читают стихи. Одним ...
Сценарий внеклассного мероприятия "Спасибо тебе, АЗБУКА!"
Сценарий праздника АЗБУКИ для ребят 1 класса с участием сказочных героев и игровой программой....
Технологическая карта открытого внеклассного мероприятия к 23 февраля для 2-4 классов «Вперед, мальчишки!» Сценарий внеклассного турнира - викторины к 23 февраля .
Данное мероприятие способствует воспитанию у учащихся любви к Родине, уважения к ее защитникам, стремления служить Отечеству; формирование позитивного нравственного климата в коллективе....