Алгыс сиэрэ - туома мастер - класс
учебно-методический материал

Сценарий торжественного обряда встречи гостей

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл algys_siere_-_tuoma.docx18.58 КБ

Предварительный просмотр:

Уоту - аьатыы сиэрэ - туома, ыалдьыттары керсер алгыс сценарийа.    2021 сыл.

Москуба куораттан бырайыакка үлэлэһэр үрдүк сололоох ыалдьыттары көрсүүгэ, Дьокуускай куорат 10 нүөмэрдээх оскуолатыгар сахалыы аал уоту оттон эҕэрдэ сиэрин-туомун толоруу.

Кыттааччылар:  оскуола 2 «Ж» кылааһын оҕолоро: 7 кыыс (Стеша, Каралина, Ай Куота, Милана, Лиза, Лилия, Мия); 6 уол (Ньургун, Илья, Сахаян, Леня, Егор, Артур). Алгысчыт Каратаева И.С. (төрөппүт), тэрийээччи кылаас салайааччыта Попаова ВН

Атрибутика: уолаттар дэйбиир, кыргыттар чороон. Алгыска холумтан, алаадьы, быырпах. Ситии тутааччы кыргыттар икки өттүнэн сэлэлии тураллар. Ыалдьыттарга быырпаҕынан уонна алаадьынан айах тутан көрсүү. Бары сахалыы таӊастаахтар.

Буолар миэстэтэ: оскуолаҕа киирэр параднай лестница.

Музыканан киэргэтии: Клавдия, Герман Хатылаевтар композициялара «Үрүӊ Тунах» .

Лестница хаӊас өттүттэн алгысчыт битииһиттэрин батыһыннаран киирэр. Сыана ортотугар холумтан турар. Алгысчыт:

Аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дайдым

Арҕаһыттан тэһииннээх аһыныгас санаалаах

Айыы хаан аймахтарыгар,

Көхсүттэн тэһииннээх көмүскэс санаалаах

Күн улууһун дьонноругар,

Сахалыы сайаҕас, эдэрдии эйэҕэс Нөрүөн-Нөргүй, Уру-Айхал!

Үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ хотунум Туймаадатын хочотугар

Дьокуускай куоракка II төгүлүн ыытыллар «Саахымат – оҕолорго» бырайыак республикатааҕы научнай- практическай конференция аатын ааттаан,

анаан-минээн  үлэлэһэр үтүө-мааны үрдүк сололоох, Улуу Москуба куораттан

Ыӊырыллан кэлбит ытык-мааны ыалдьыттарбытын

Сахалыы сиэринэн - аал уоту оттон

Арыылаах алаадьынан алы гынан аһатар туомунан,

Алгыстаах  тылларынан айхаллаатаҕым буоллун!

Кымыстаах чороонунан айах тутан

Үйэлээх үлэлэрин уруйдаатаҕым буоллун!

Аал уотум иччитэ

Күл тэллэх, Көмөр сыттык,

Көбүөрүнньүк суорҕан, Саалыр чанчык,

Бырдьа бытык, Кыырык төбө,

Кырдьаҕас эһэбит -

Хатан Тэмиэрийэ

Умай, умай, умай,

Үөр-көт, һук! Һук! Һук!

Үөһэ туттар кэӊсигим, аллараа туттар кэӊэрдиим,

Маӊан сылгы сиэлинэн

Күөмэй тутан эрэбин.

Бу туох туһуттан көрдөһөр-ааттаһар диэтэргин,

Дьокуускай куоратым биир бастыӊ оскуолатыгар

Түһүлгэлээн ыытыллар «Саахымат-оҕолорго» диэн бырайыак кэмпириэнсийэтэ

Үрдүк таһымнаахтык тэриллэн, сайдыы суолун тэллин диэн

Көрдөһөн-ааттаһан эрэбин.

Аал уотум иччитэ – Хатан Тэмиэрийэ,

Ытык дьиэм иччитэ - Дьиэрдэ бахсыына,

Бэттэх буолуӊ, үөрүӊ-көтүӊ, мичик гыныӊ

Анаан астаабыт арыылаах алаадьыбынан күндүлээтэҕим буоллун!

Сирим – дойдум иччилэрэ үөрүӊ – көтүӊ,

Күлүм аллайыӊ, мичик аллайыӊ,

Хороҕор муостаах ынаҕым үүтүттэн көөнньөрүллүбүт

Айыы аһынан быырпаҕынан - айах тутан эрэбин!

Аал уотум иччитэ Хатан Тэмиэрийэ нөӊүө

Үөһээ Үрдүк айыыларбар сүгүрүйэн

Кэмпириэнсийэ сүрүн соругун ситиһиитэ -

Кэнчээри ыччат саахымат сайыннарар эйгэтин

этигэр-хааныгар иӊэринэр күүһэ

Үйэлээҕи түстээтин диэн

Күүс-көмө көрдөһөн күммэр

Айыы киһитэ амсайбатах арыылаах саламаатынан

Айыыларбын, иччилэрбин аһаттаҕым буоллун!

Дьэ-буо! Дьэ-буо! Дьэ-буо!

Бу үөрүүлээх күн

Үрдүк арҕаһыгар үктэнэн тураммын

Үчүгэйгэ туойдаҕым буолуохтун!

Саахымат хараҕа оҕо-аймах мындыр өйүн сытыылыыр,

Тобуллаҕас дьоҕурун сайыннарар бырайыак,

Кэнчээри ыччат сөбүлээн оонньуур

Киэӊ эйгэлээх сайдыы суолун түстээтин!

Кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыьынан айах тутуу, сахалыы танастаах Варвара Николаевна, Андрей Иванович кундулууллэр, агыйах ого эмиэ кэннилэриттэн батыьаллар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Мастер-класс по технологии. Изготовление поделки "Весёлая обезьянка". Мастер-класс предназначен для детей начальных классов

Мастер-класс по созданию поделки из разных материалов "Весёлая обезьянка" в форме презентации...

Мастер-класс урока окружающего мира по теме "Про воздух". Мастер-класс урока окружающего мира по теме "Про воздух".

Одна из основных задач педагогов -  разработать и показать урок в рамках реализации нового образовательного стандарта.Тип урока – урок изучения и первичного закрепления новых знаний. Е...

Презентация мастер - класса "Стань мастером активного целеполагания"

Любая деятельностоь начитается с цели. Без четкого понимания цели невозможна любая деятельность....

Мастер класс "Формирование и развитие универсальных учебных действий младших школьников в учебной деятельности"Мастер

Мастер класс предназначен для учителей начальных классов. Цель мастер класса:продемонстрировать способы формирования универсальных учебных действий;научить определять и находить универсальные уче...

сценарий внеклассного мероприятия с элементами мастер-класса "Пряничные мастера"

Занятие предназначено для детей 6-8 лет. Дети знакомятся с историей появления тульского пряника, рецептом приготовления и способами росписи пряников. Также в мероприятии могут принять участие и родите...