Технологическая карта урока по родному языку на тему: "Даҕааһын"
план-конспект урока (3 класс)
Цель урока родного языка: обобщение , систематизация и закрепление знаний, полученных учащимися при изучении раздела "Имя прилагательное".
Дать детям представления о грамматических признаках имени прилагательного, формировать умения безошибочно писать и находить имя прилагательное в предложение и текстах.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
3_kl_dagaahyn.docx | 23.51 КБ |
da5aahyn.pptx | 1.45 МБ |
Предварительный просмотр:
Предмет: Саха тыла Кылаас: 3 Уруок тиэмэтэ: Даҕааһын аат Уруок сыала соруга:. Оҕо толкуйдуур тылын таба-туттар үөрүйэхтэрин сатабылларын иҥэрии. Уруок соруктара: Үөрэтэрсоруктар:Үөрэнээччи атын оҕо тылын өһүн болҕойон истэр алҕаһын сыыһатын көннөрөр үөрүйэҕин сайыннарыы. Дэгиттэр үөрэнэр үөрүйэхтэри ситиһии: О5о бэйэтин дьоҕурун сайыннарыы; саҥа тиэмэҕэ болҕомтолорун ууруу, элбэҕи билэ сатыыр, бэйэ санаатын арыйыы, интэриэһин сайыннарыы. Сатабылы инэрии сыала. Сөптөөх чуолкай эппиэти биэрэр, атын оҕо алҕаһын сөпкө көннөрөр. Тылы табатык ырытыы, билиини сатабыллаахтык иҥэрии. Тус бэйэ үөрүйэхтэрэ: Бэйэ дьоҕурун туһанан билиини ыларга дьулуһуу, болҕомтолоох, элбэх билиини, быһаарыныыны ыларга бэлэм буолуу. Салайынар үөрүйэхтэр:Билии ыларга үлэни былааннааһын, сыыһалары учуоттаан көннөрүнэргэ ситиһии, үлэ инники түмүгүн сабаҕалааһын. Бодоруһар үөрүйэхтэр: Бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыан, атын үөрэнээччилэри, учууталы кытта сөпкө алтыһыы, интириэһиргээбит түгэннэрин туоһулаһалларын ситиһии. |
Уруок хаамыыта
Уруок этаптара | Бириэмэтэ | Учуутал дьайыыта | Уөрэнээччи дьайыыта | Дэгиттэр үөрүйэҕи сайыннарыы |
| 1 мүн | -Көнөтук турдубут, уруок саҕаланна. Үтүө кунунэн! О5олоор! бугун саха тылын уруогун мин ыытыаҕым. Аатым Варвара Федосеевна. Олордубут. | Учууталы көрсүү, уруокка болҕомтолоохтук олорууга бэлэмнэнии. | Сатабылы иҥэрии (уруокка туттуллар маллары сөпкө талыы) |
| 3 мүн | Презентацияннан. Хоһоон. Быраабыланы кытта билсиһиннэрии. Предмет бэлиэтин көрдөрөр саҥа чааһа. Ханнык? Хайдах? диэн боппуруоска эппиэттиир. Даҕааһын аат биһиги төрөөбүт тылбытын киэргэтэр, тылбыт баар-суох баайа буолар. Даҕааһын ааты туттан мин эһиэхэ ханнык баҕарар предмети ойуулаан таайтарыахпын сөп. Холобур, синньигэс, маҥан, кыра кылааска туттуллар баар үһү. | Оҕолор быраабыланы ааҕаллар. Мел. | Билэр көрөр сайдыы. Бодороһуу. |
| 3 мүн | Бары 66 сирэйи астыбыт, 1-кы эрчиллиини көрдүбүт. (презентация). Даҕааһын ааттары тэтэрээккэ үчүгэй буочарбытынан суруйуохха. | ||
| Салгыы 2 эрчиллиини көрүөххэйин. Бу бэриллибит даҕааһын ааттарга аат тыллары булуохтаахпыт. (Оҕолор билбэт тылларын кытта билиһиннэрии). Көпсөркөй- чиҥэ суох сахсархай. Көмүрүө- кыһыҥҥы хаар алын өттө мууһурбута, бөдөҥ муус кристалларга кубулуйбута. 3 эрчиллии. Тыллары хартыынанан көрдөрүү. (презентация). Маарыннаһар суолталаах тыллар, биир өйдөбүллээхтэр. Оннук тыллар синоним диэн ааттаналлар. Өйдөммөт тыллары быһаарыы, тэтэрээккэ суруйуу.
4 эрчиллии. Утарыта суолталаах даҕааһын ааттары булан, тыл ситимин оҥоруу. Утарыта суолталаах тыллары антоним диэн ааттыыллар. Хартыыналарынан көрүү. (презентация) Улахан киһи Чараас кинигэгэ Бытархай балык Хатыылаах ук Хараҥа түүн. Бу тыл ситимнэрин толкуйдаан этиитэ толкуйдаан. 5 эрчиллии. Хоһоону | Улахан киһи- кыра киһи. Чараас кинигэгэ- халыҥ кинигэ Бытархай балык- бөдөҥ балык. Хатыылаах ук- Хараҥа түүн- сырдык түүн. | Тус бэйэни сайыннарыы. Билэр-көрөр сайдыы, Бодороһуу | |
Сынньалаҥ мүнүүтэ | Чэйиҥ эрэ, харахтаргыт сылайбыттара буолуо. Бары турдубут. Харахтарбытын эрчийиэххэйин. | Учууталы үтүктэллэр | Бодуруһуу. | |
Карточканан үлэ | Карточканан үлэ. Презентациянан. 1 сорудах Бэриллибит тыллартан предмет өҥүн көрдөрөр тыллары булун: Борон, элбэх, маҥан, саҥа, кыһыл, ыраас, чараас, улахан, күөх. 2 сорудах Көтүтүллүбүт даҕааһын ааттары этиигэ турор: 1) ........киһи баай киһитээҕэр эйэҕэс буолар. 2) Сайын куобах .........өҥнөөх буолар. 3) Кыһын таһырдьа ынырык .........буолар. 4) Сайын хонуу ......... өҥнөөх буолар. 5) ....... дьыл ахсынньы 31 күнүгэр буолар. 6) Быһах олус ........ буолар. 7) Сайын таһырдьа олус .........буолар. 8) Кутуйах куобахтааҕар олус.........буолар. 9) Чанчарык диэн .......... киһини этэллэр. 3 сорудах Тыл көппүт буукубатын сөпкө туруор: а) Будьу.хай б) И.чэҕэй в) Хо.сун г) Быта.хай д) Ма.ан е) Ичч.тэх ж) Кө.дөй з) Дьа.аҥы 4 сорудах Да5ааьын тыллар + предмет: 1) манан, куттас, кыра а) киьи 2) учугэй, у8рэхтээх, эйэ5эс б) кинигэ 3) сана, халын, ойуулаах в) сибэккии 4) кэрэ, кыьыл, тэтэркэй г) куобах бэрэбиэркэ | -Борон, маҥан, кыһыл, күөх. -Дьдаҥы -Сиэрэй -Тымныы -Күөх -Саҥа -Сытыы -Куйаас -Кыра -Кирдээх а) Будьурхай б) Инчэҕэй в) Хорсун г) Бытархай д) Маҥан е) Иччитэх ж) Көҥдөй з) Дьадаҥы 1) манан, куттас, кыра г)куобах 2) учугэй, у8рэхтээх, эйэ5эс а)киьи 3) сана, халын, ойуулаах б)кинигэ 4) кэрэ, кыьыл, тэтэркэй в)сибэккии | ||
| - Бүгүҥҥү уруоктан туох саҥаны биллигит? - Бүгүҥҥү уруокка тугу сөбүлээтигитий? Тоҕо? - Туохха ыарырҕаттыгытый? Тоҕо? - Оҕолоор бүгүн бары көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтал! -Бары турдубут, уруок манан түмүктэнэр, көрсүөххэ дылы! | Тус бэйэни сайыннарыы. Сатабыл. Билэр-көрөр сайдыы. Бодороһуу. |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
А марах- аһыныгас
Б астыҥ- туйгун
Мөкү- куһаҕан
Т үргэн- сыыдам
И ҥсэлээх- оботтоох
Быыкаан- кып-кыра
С эмэй- көрсүө
Ы раас- чэнчис
Э лбэх- үгүс
К үндү- кэрэ
Б эриллибит тыллартан предмет өҥүн көрдөрөр тыллары булун Б ороҥ, элбэх, маҥан, саҥа, кыһыл, ыраас, чараас, улахан, күөх.
Көтүтүллүбүт даҕааһын ааттары этиигэ турор : 1________________киһи баай киһитээҕэр эйэҕэс буолар . 2) Сайын куобах_____________________ өҥнөөх буолар . 3) Кыһын таһырдьа ынырык _______________буолар . 4) Сайын хонуу ____________ өҥнөөх буолар . 5) __________ дьыл ахсынньы 31 күнүгэр буолар . 6) Быһах олус ______________ буолар . 7) Сайын таһырдьа олус _______________буолар . 8) Кутуйах куобахтааҕар олус_______________буолар . 9) Чанчарык диэн _________________ киһини этэллэр . Кыра, саҥа, куйаас , дьадаҥы, кирдээх , күөх,сиэрэй, сытыы , тымныы .
Даҕааһын тыллар + предмет: 1) маҥан , куттас , кыра а) киһи 2) ү чүгэй , үөрэхтээх , эйэҕэс б) кинигэ 3) саҥа , халыҥ , ойуулаах в) сибэкки 4) кэрэ , кыһыл , тэтэркэй г) куобах
Тыл көппүт буукубатын сөпкө туруор : а) Будьу.хай б) И. чэҕэй в) Хо.сун г) Быта.хай д ) Ма.ан е) Ичч.тэх ж) Кө . дөй з ) Дьа.аҥы
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
технологическая карта урока по русскому языку по теме: "Перенос слова"
технологическая карта урока по русскому языку 1 класс, по теме: "Перенос слова"...
Технологическая карта урока по русскому языку по теме "Обобщение знаний о глаголе" во 2 классе по программе "Школа России"
Урок русского языка с применением интерактивной доски...
Технологическая карта урока по родному языку
Технологическая карта урока буква "Y"...
Технологическая карта урока по родному языку (татарский) в 4 классе
Урок повторения по теме "Дусларым". Повторяется и закрепляется лексический и грамматический материал по данной теме....
Технологическая карта урока по родному языку
Кичээлдин темазы: Чуве аттарынын падежтерге оскерлири. Тиви: чаа тема ооренирСорулгалары: :Чуве адынын падежтерге оскерлиринин дугайында эге билигни алыр. Состернин шын бижилгезинге ш...
Технологическая карта урока по родному языку на тему "Тамырдаш сүзләр"
Дәреснең максаты сүзнең тамырын билгеләү, тамырга кушымчалар ялгап тамырдаш сүзләр ясарга өйрәнү; укучыларның уйлау, фикерләү сәләтен, иҗади активлыгын, дөрес язу күнекмәләрен үстерү...
Технологическая карта урока по родному языку (русскому) в 1 классе по теме: "Смыслоразличительная роль ударения"
Технологическая карта урока по родному языку (русскому). Цель урока: создать условия для формирования умения определять смыслоразличительную роль ударения в словах....