Рабочая программа по родному языку 1 класс
рабочая программа (1 класс) на тему
Программы по родному языку для национальных общеобразовательн средних школ с родным языком обучения, утвержденная Министерством образования Республики Саха (Якутия).
- Примерные учебные планы и примерные программы в соответствии с требованиями федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования и на основе научных исследований ФГБНУ «Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)».
Уерэнэр кинигэ: М.Ф. Кронникова , Букубаар 2015 «Бичик»
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
rabochaya_programma_po_rodnomu_yazyku_1_klass.docx | 66.17 КБ |
Предварительный просмотр:
Программы по родному языку для национальных общеобразовательн средних школ с родным языком обучения, утвержденная Министерством образования Республики Саха (Якутия).
- Примерные учебные планы и примерные программы в соответствии с требованиями федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования и на основе научных исследований ФГБНУ «Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)».
Уерэнэр кинигэ: М.Ф. Кронникова , Букубаар 2015 «Бичик»
С.С. Семенова, Н.Н. Васильева, Төрөөбүт тыл 1 кылаас 2015 «Бичик»
М.Е. Охлопкова, Е.Н. Охлопкова, Букубаарга суруллуулар (пропись). 2011 «Бичик»
Л.В. Захарова, В.А. Тимофеева уо.д.а , Саха тыла. 1 кылаас (экспериментальнай учебник) 2005 «Якутия».
А.П.Колесова, Саха тыла 1 кылаас, 2006 «Бичик»
Дополнительная литература: - А.А.Семенова, Н.Е.Хаптасова Алын кылаастарга диктант, изложение хомуурунньуга.
- Материалы авторского проблемного курса А.П.Колесовой.
- Сахалыы араас кылгас тылдьыттар
- И.И. Иванов-Чопчу Уйбаан «Сунтаарым таабырыннара» Дьокуускай 2014
Төрөөбүт тыл
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)
Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.
Төрөөбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этитэр кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр.
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөи түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершен- ствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-көрүүнү кэнэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньык- тартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаал- ларын («Кэскил», «Чуораанчык» о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр- көрөр, үөрэҕэр, чинчийэр, айар үлэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуһан, көхтөөхтүк кыттар.
Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.
Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуо- буйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оҥорор. Бэриллибит модел-га тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал коррекгорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделы- нан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруһар сатабыл
Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыырт (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаан- данан о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүс- тээхтик үлэлиир үөрүйэхтээнэр (продуктивное сотрудничество).
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ыльшар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тьшга киирсибэт буолар төрүөгтэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөбөнҥүк тобулар.
Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.
Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааһылаан, дьонҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийим- тиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.
Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэ- тии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.
Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар,
чочуйар, тупсарар.
Үөрэх предметин ис хоһооно
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтин уоисай үөрэхтээһин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үөрэх уобалаһыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үөрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоһооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга төрөөбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үөрэтиини кытта алтыһыннаран- ситимнээн торумнанар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруһарга үөрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үөрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» саҥа аатынан үөрэтиллэр. Бу кэмҥэ үөрэх былааныгар төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы предметтэрэ тус- туспа үөрэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тыл предметин сүрүн ис хоһоонун тиһикгээхтик үөрэтии саҕаланар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
1) Бодоруһуу култуурата.
- Саҥа көрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
- Тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
- Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
- Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоһоонноро начаалынай оскуола үөрэнээччитин сааһын уратытын, өйүн-санаатын кыаҕын, билэр-көрөр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодоруһуу култуурата
Дьону кытта бодоруһуу араас көрүҥэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү. Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саҥа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу.
Санааны сааһылаан саҥарар үөрүйэх
(Дорҕоонноох саҥа уонна суругунан саҥа)
Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тема, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас туттулук (функциональнай) истииллээх тиэкистэри холкутук саҥарар-суруйар (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, толкуй сурук, сыанабыл, реферат, дакылаат, тезис, докумуон арааһа о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттыыр, наадалаах түгэҥҥэ табыгастаах эпиграф талар (ох тыл, өс хоһооно, цитата). Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун),
тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), микротемаларга бытарытар.
Араас истиилгэ тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма-лары, тыл баайын (богатство речи), үөрэх, наука тиэрмин- нэрин, дьыала-куолу тылын-өһүн сөпкө туттар (уместность речи).
Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу
Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туһааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, анал бэлиэлэри туһанан, ис хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.
Ааҕыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этиллиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы. Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүҥүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр ааҕыы, сорудахтаах ааҕыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интона- циятын, туонун сүрүн санааҕа сөп түбэһиннэрэн таба тайаныы.
Саҥарыы (дорҕоонноох саҥа). Кэпсэтии сиэрин, саҥарыы культуратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕүлээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүкгээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп түбэһэр сахалыы тылы-өһү, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) тоҕоостоохтук тут- туу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойон-нооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүһүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһо- ҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.
Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук-бичик культуратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан, ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таһынан аахпыт айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсияҕа, выставкаҕа сырыытын туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан үлэҕэ сомоҕо домоҕу, синоним тыллары, онтон да атын сахалыы ойуулуур- дьүһүннүүр ньымалары тупуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.
Тыл үөрэҕэ
Төрөөбүт тылбыт - саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла — түүр тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтата.
Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Саҥа дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон арааһын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (уһун-кылгас аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, дифтон- нары, һ, нь, мурун ҕ дорҕооннору), арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратыларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, сомоҕо тыллар, метафоралар) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тыдцьыттан булан быһаарыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһүн. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүл-лэри (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпабыыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн, тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус
туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик культурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу; тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии; олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ — тыл культуратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис арҕам-тарҕам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-сорукгаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тема, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарар-суруйар (истэн суру- йуу, өйтөн суруйуу о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттыыр. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түм-үгэ), былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик темаларга бытарытар. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма- лары, тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).
1 чиэппэр: 45 ч
2 чиэппэр: 35 ч
3 чиэппэр: 30 ч
4 чиэппэр: 21 ч
Тематическай былаан:
Бодоруһарга үөрэнэбит (төрөөбүт тыл, саҥа уонна сурук култуурата) (10 чаас)
Тыл туһунан бастакы өйдөбүл (10 ч)
Дорҕоон (14 ч)
Букубаар кэмэ (40 ч)
Букубаар кэннинээҕи кэм (6 ч)
Тиэкис (10 чаас)
Этии (6 ч)
Диалог (2 ч)
Тыл. Лексика (5 ч)
Лингвистическэй бырайыак (4 ч)
Айар бырайыактар (8 ч)
Тыл састааба, үөскээһинэ уонна тыл уларыйыыта. Саҥа чааһа (16 ч)
Календарнай-тематическай былаан
№ | Тема | Тыл уерэ5ин тиэмэлэрин уерэтии сурун ис хоьооно | Стр | Уерэнээччи улэтин сурун керуцнэрэ | Чаас | Буолар күнэ | |||
Был. | Факт. | ||||||||
I – II чиэппэр (80 чаас) | |||||||||
Бодоруһарга үөрэнэбит (төрөөбүт тыл, сана уонна сурук култуурата) (10 чаас) | |||||||||
1 | Ийэ дойдубут | Ийэ дойду, төрөөбүт дойду, төрөөбүт сир | 5 | Быьаарыы. Ийэ дойду, тереебут дойду, тереебут сир киьи оло5ор суолтатын ейдуур, быьаарар. | 1 | 1.09 | |||
2 | Төрөөбүт дойдубут | 8 | 1 | 4.09 | |||||
3 | Төрөөбүт сирим. Төрөөбүт тылбыт – саха тыла | 10-11 | 1 | 5.09 | |||||
4 | Бодоруһуу диэн тугуй? Оскуолаҕа бодоруһуу | Бодоруһуу култуурата киһи олоҕор суолтата Бииргэ уерэнэбит – бодоруьабыт. Бодоруьууга тас керун суолтата. Бодоруьууга кэпсэтии сиэрэ. Бодоруьууга туттуу-хаптыы суолтата. Бодоруьууга истии суолтата. Бодоруьууга санарыы суолтата. Бодоруьууга суруйуу суолтата. Бодоруьууга аа5ыы суолтата. Бодоруьууга анал бэлиэ суолтата. | 12-13 | Быьаарыы. Бодоруьуу култууратын киьи оло5ор суолтатын араас холобурдары туьанан быьааран кэпсиир. Истии културатын тутуьуу. Бодоруьууга истии културатын тутуьар. Дьон тугу этэрин бол5ойон истэргэ кыьаллар. Сэнээрэн, сэргээн истэрин туттуу-хаптыы бэлиэтинэн таба кердерерге уерэнэр. Ыйытыыны сепке биэрэргэ, сана уллэстэргэ, истибитин сиьилии кэпсииргэ эрчиллэр. Санарыы култууратын тутуьуу. Бодоруьууга кэпсэтии сиэрин, санарыы култууратын тутуьар. Дьону кытта табан кэпсэтэргэ кыьаллар. Санарар кэмигэр истэр дьонун ытыктыырын биллэрэр: биир санааны, тылы хос-хос этэн дьону сылаппат курдук санатын хонтуруолланар. Истэр дьон санаатын сэнээрэргэ, сэргииргэ, учуоттуурга, ыйытыыларга чопчу хоруйдуурга эрчиллэр. Санара кэмигэр куолаьын дэгэтин (интонациятын) сепке биэрэргэ кыьаллар, бэйэтин хонтуруолланар. Туттуу-хаптыы бэлиэтин сепке, то5оостоохтук туттарга уерэнэр. Кэпсэтии сиэрин тутуьуу. Кэпсэтии сахалыы угэстэрин куннээ5и оло5ор дьону кытта бодоруьууга туьанарга дьулуьар. Кэтээн керуу. Дьон-сэргэ истии уонна санарыы култууратын хайдах тутуьалларын кэтээн керер, ал5астары булар, бэйэ култууратын сайыннарарга кыьаллар. Кэпсэтии сиэрин дьон хайдах туьанарын кэтээн керер, таба туьанарга эрчиллэр. Тылы сайыннарыы. Кэпсэтии сиэрин анал тылларын (дорооболоьуу, билсиьии, быраьаайдаьыы, кердеьуу, бырастыы гыннарыы, буойуу, телепуенунэн кэпсэтии, о.д.а.) дьону кытта бодоруьарыгар таба туьанарга эрчиллэр. Туттан-хаптан бодоруьууну бэлиэтиир сахалыы тыллары таба туьанарга эрчиллэр. Кэпсээьин. Истибитин кэпсииргэ, айан кэпсииргэ, хартыына ис хоьоонун кэпсииргэ эрчиллэр. Тус оло5уттан, атын дьон бодоруьар угэстэрин кэтээн кербутуттэн, бодоруьуу тугэннэрин кердерер хартыыналар ис хоьооннорун арыйан сиьилии кэпсиир. | 1 | 6.09 | |||
5 | Тас көрүҥ уонна бэрээдэк. Кэпсэтии сиэрэ | 14-15 | 1 | 7.09 | |||||
6 | Сирэйи туттуу. Хамсаныы бэлиэтэ. Туттуу-хаптыы | 17-19 | 1 | 8.09 | |||||
7 | Истии. Саҥарыы | 20-23 | 1 | 11.09 | |||||
8 | Суруйуу | 24-25 | 1 | 12.09 | |||||
9 | Ааҕыы | 26 | 1 | 13.09 | |||||
10 | Анал бэлиэ. Хатылааһын | 27-29 | 1 | 14.09 | |||||
Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит (70 ч) | |||||||||
Тыл туһунан бастакы өйдөбүл (10 ч) | |||||||||
11 | Тыл уонна саҥа | Үлэ. Үлэ үөрүүтэ. Ситиһии төрүөтэ Тыл уонна сана. Тыл уонна предмет. Предмети ааттыыр тыллар. Хайааьыны ааттыыр тыллар. Предмет бэлиэтин ааттыыр тыллар. Этэр сана кэрчигэ уонна этии. | 4 | Быьаарыы. Санарар сана тыллар ситимнэьиилэриттэн турарын билэр. Тыл предмети, хайааьыны, предмет бэлиэтин ааттыырын быьааран билэр. Этии хас тылтан турарын этэр. Истии. Истии култууратын тутуьар. Атын киьи тугу этэрин сэнээрэн истэр. Ыйытыыны сепке биэрэр. Атын киьи санарар кэмигэр быьа туспэт буоларга кыьаллар. Санарыы. Санарыы култууратын тутуьар. Улаханнык, чуолкайдык, бутун этиинэн, киьи барыта истэр гына доргуччу санарарга кыьаллар. Кэпсээьин. Истибитин кэпсииргэ кыьаллар, хартыына ис хоьоонун кэпсиир. Бэриллибит предмет туьунан кэпсиир. Тэцнээьин. Тылы уонна предмети утарыта туруортаан уратыларын этэр, быьаарар. Суруйуу. Паарта5а сатаан олорор, суруйарга тэтэрээти бэйэ иннигэр сепке уурар, уруучуканы сатаан тутар. Бэриллибит холобуру утуктэн кэрчиктээьин ойууну тэтэрээккэ онорор, ере-тацнары сурааьыннары оцорор. Киэпкэ киллэрии (моделирование). Тыл исхиэмэтигэр оло5уран, предмети, хайааьыны, предмет бэлиэтин ааттыыр тыллары булар, бэриллибит тыллар исхиэмэлэрин онорор. Этии са5аланыытын, бутуутун исхиэмэ5э сатаан бэлиэтиир. Этиини суруйуу алгоритмын билэр. Бэриллибит этии исхиэмэтигэр оло5уран этии толкуйдуур, истибит этиитин исхиэмэтин онорор. Араарыы. Предмети, хайааьыны, предмет бэлиэтин ааттыыр тыллары араарар. Тыл беле5уттэн этиини араарар. Тумээьин. Бэриллибит тыллары тугу ааттыылларынан керен белеххе тумэр. Тылы сайыннарыы. Бэриллибит тугэннэ сеп тубэьиннэрэн, санаатын сааьылаан этии толкуйдуур. Бэриллибит тылга суолтатынан, дьуерэлэьэр угэьин тутуьан араас тыл ситимин уескэтэр. Тыл ситимиттэн этии толкуйдуур. Ал5аьы булуу уонна кеннеруу. Этии тутулугар тахсыбыт ал5аьы булар, кеннерер. Кэпсэтии сиэрин тутуьуу. Ал5аьы булууга, ырытыыга дьон санаатын бол5ойон истэр, кэпсэтии сиэрин тутуьар. Дьону кытта бииргэ уерэнии, улэлээьин. Беле5унэн, пааранан улэ5э бэйэтигэр бэриллибит оруолун сепке толорор. Дьону кытта уерэнэргэ, улэлииргэ бодоруьуу култууратын тутуьар. | 1 | 15.09 | |||
12 | Тыл модела. Тыынар уонна тыыммат предметтэр өйдөбүллэрэ | 5 | 1 | 18.09 | |||||
13 | Биридимиэти ааттыыр тыллар | 6 | 1 | 19.09 | |||||
14 | Хайааһыны ааттыыр тыллар | 7 | 1 | 20.09 | |||||
15 | Хайааһыны ааттыыр тыллар | 8 | 1 | 21.09 | |||||
16 | Тыл уонна этии. Этии моделын оноруу | 9 | 1 | 22.09 | |||||
17 | Биридимиэт бэлиэтин ааттыыр тыллар | 10 | 1 | 25.09 | |||||
18 | Биридимиэт бэлиэтин ааттыыр тыллар | 11 | 1 | 26.09 | |||||
19 | Этэр сана кэрчигэ уонна этии | 12 | 1 | 27.09 | |||||
20 | Этэр сана кэрчигэ уонна этии | 13 | 1 | 28.09 | |||||
Дорҕоон (14 ч) | |||||||||
21 | Дорҕоон. Саҥарар саҥаҕа дорҕоону үөскэтии | Дор5оон. Санарар сана5а дор5оону уескэтии. Тыл дор5оонунан тутула. Сахалыы терут дор5оон арааьа, уратыта. Тыл хас дор5оонноо5ун арааран истии. Кылгас, уьун аьа5ас дор5ооннор. Дифтонг. Аьа5ас дор5оон наарданыыта. Илин уонна кэлин аьа5ас дор5ооннор. Киэн уонна айах аьа5ас дор5ооннор. Бутэй дор5оон. Ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннор. Маарыннаьар бутэй дор5ооннору арааран истии уонна таба санарыы: Тыл ортотунаа5ы бутэй дор5ооннор (дь-ч, й-нь), Тыл кэлин еттунээ5и бутэй дор5ооннор (к-г-х-5), Мурун бутэй дор5ооннор (н-н). хоьуласпыт бутэй дор5ооннору арааран истии уонна таба санарыы (кк, лл, нн, пп, тт, мм, нн, ннь). Сэргэстэспит бутэй дор5ооннору арааран истии уонна таба санарыы (ст, кт, пт, хс, хт, мп, мс, рт, рб, рд, йс). Аьа5ас дор5оон суьуе5у уескэтэр суолтата. Тылы суьуеххэ араарыы. Аьа5ас суьуехтээх тыллар. Сабыылаах суьуехтээхтыллар. Хоьуласпыт бутэй дор5оонноох тыллар. | 14 | Быьаарыы. Тыл дор5оонтон турарын, дор5оон аьа5ас уонна бутэй дор5ооннорго арахсарын билэр. Тылга ханнык дор5оон иьиллэрин, хаста иьиллэрин чопчу этэр. Дор5оону таба санарыы ейдебулун, суолтатын быьаарар. Аьа5ас дор5оон уескуур ньыматынан икки араастаа5ын быьаарар. Уьун аьа5ас дор5оон, дифтонг саха тылын терут аьа5ас дор5оонноро буолалларын билэр. Бутэй дор5оон уескуур ньыматынан ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннорго арахсарын билэр, быьаарар. Тылы суьуеххэ араарар. Суьуеххэ араары анал бэлиэтин билэр, туьанар. Суьуех аьа5ас дор5оонун ааттыыр. Аьа5ас дор5оон суьуе5у уескэтэр суолтатын билэр. Тылы суьуеххэ арааран дор5оонун састаабынан ырытар. Бэриллибит суьуех исхиэмэтинэн тылы булар. Истии. Тылга аьа5ас уонна бутэй дор5ооннору арааран истэр. Биир дор5оон тылга хаста иьиллэрин бол5ойон истэр. Биир дор5оон тылга хаста иьиллэрин бэриллибит исхиэмэ5э булан бэлиэтиир. Уьун уонна кылгас аьа5ас, ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннору утарыта туруортаан сатаан арааран истэр. Санарыы. Тылга хас биирдии дор5оону чуолкайдык, таба санарар. Тылга уьун аьа5ас, хоьуласпыт бутэй дор5оону санарарыгар бол5ойор. Ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннору сепке санарар. Суруйуу. Буукуба элимиэннэрин утуктэн суруйар. Маннай пунктирнай сурааьын устун, кэлин бэйэтэ эмиэ туьуу сурааьыны чуолкайдык тардар. Тэцнээьин. Уьун уонна кылгас аьа5ас дор5ооннору, ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннору тэцнээн, уратыларын быьаарар. Ырытыы. Аьа5ас уонна бутэй дор5ооннору уескуур ньымаларынан ырытар. Быьаарар. Белехтееьун. Аьа5ас, бутэй дор5ооннору наардыыр, белехтуур. Араарыы. Аьа5ас, бутэй дор5ооннор уратыларын арааран быьаарар. Киэпкэ киллэрии (моделирование). Сурукка дор5оону анал бэлиэнэн (фишканан) бэлиэтиир. Уьун уонна кылгас аьа5ас дор5ооннору, дифтону, ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннору септеех фишканан бэлиэтиир. Тыл дор5оонунан састаабын фишаканан ханнык дор5оон иьиллэрин быьаара-быьаара бэлиэтиир. Тылы суьуеххэ араарыы анал бэлиэтин билэр, туьанар. Бэриллибит суьуех исхиэмэтинэн тылы булар. Этии са5аланыытын уонна бутуутун исхиэмэ5э анал бэлиэнэн кердерер. Бэриллибит исхиэмэнэн этии онорор. Уларытыы. Тылга аьа5ас дор5ооннорун уларытан, тыл ис хоьоонун уларыйыытын бол5ойор. Тылга ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бутэй дор5ооннору уларытан тыл ис хоьооно уларыйыытын бол5ойор. Ханыылатыы. Маарынныыр бутэй дор5ооннору быьаарар, уратыларын быьаарар. Ал5аьы булуу уонна кеннеруу. Сахалыы таба санарыы нуорматын кэьии тубэлтэтин (дор5оон кылгаан-уьаан, чуокайдык, чуолкайа суох этиллиитэ, дор5оону уларытыы, уьун аьа5ас дор5оону, хоьуласпыт бутэй дор5оону симэлитии, дифтону нууччалыы охсуулаах аьа5ас дор5оонунан солбуйуу) ейдеен истэр, кеннерер, тупсарар, бэйэтин санатын хонтуруолланар.
| 1 | 29.09 | |||
22 | Бүтэй дорҕоон. Ньиргиэрдээх уонна ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннор | 15 | 1 | 2.10 | |||||
23 | Кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннор | 16 | 1 | 3.10 | |||||
24 | Дифтонг | 17 | 1 | 4.10 | |||||
25 | Аһаҕас дорҕоон сүһүөҕү үөскэтэр суолтата. | 18 | 1 | 5.10 | |||||
26 | Тылы сүһүөххэ араарыы | 18 | 1 | 6.10 | |||||
27 | Хоһуласпыт дорҕоон өйдөбүлэ | 19 | 1 | 9.10 | |||||
28 | Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору арааран истии уонна таба саҥарыы | 19 | 1 | 10.10 | |||||
29 | Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннор. Тыл ситимэ | 20 | 1 | 11.10 | |||||
30 | Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннор. | 21 | 1 | 12.10 | |||||
31 | Ньиргиэрдээх бүтэй дорҕооннор | 22 | 1 | 13.10 | |||||
32 | Этии туһунан өйдөбүл | 23 | 1 | 16.10 | |||||
33 | Ситимнээх саҥа уруога | 24 | 1 | 17.10 | |||||
34 | Билиини бэрэбиэркэлээһин | 1 | 18.10 | ||||||
Букубаар кэмэ (40 ч) | |||||||||
35 | А, а, Ы, ы буукубалар. [а], [аа], [ы], [ыы] дорҕооннор | Буукуба. Улахан, кыра буукубалар. Аьа5ас дор5оону бэлиэтиир буукубалар. Бутэй дор5оону бэлиэтиир буукубалар. Сурук-бичик-сана култуурата. Сахалыы сурук-бичик нуормата: таба суруйуу. Тыл этиллиитэ уонна суруллуута. Сурук бэлиэтэ- сурук-бичик култууратын сор5ото. Сурук бэлиэтин араастара, суолталара. Сурук бэлиэтэ этэр сана ис хоьоонун чуолкайдыыр, суругу-бичиги тупсарар, санарыы дэгэтин бэлиэтиир суолтата. Сурук бэлиэтин быраабылалара. Этии. Анал ааттар. Этии араастара. Устуу. Истэн суруйуу. Аа5ыы. Буукубалары холбоон суьуехтэри аа5ыы. Суьуехтэри холбоон тылы таьаарыы – аа5ыы ньыматын тутаа5а. аа5ыы тематиката. Аа5ыы уеруйэхтэрэ. Тиэкиьи кытта улэ. Кылаас таьынан аа5ыы. | 25 | Быьаарыы. Дор5оону сурукка фишканан бэлиэтиир табыгаьа суо5ун, буукуба – дор5оон табыгастаах бэлиэтэ буоларын быьаарар. Саха тылын хас биирдии дор5ооно (ьун, бутэй) ханнык буукубанан бэлиэтэнэрин билэр. Кылгас аьа5ас, бутэй дор5ооннор биир буукубанан , уьун аьа5ас дор5оон, дифтонг, (дь) (нь) бутэй дор5ооннор икки буукубанан бэлиэтэнэллэрин билэр. Тылы суруйуу алгоритмын билэр. Этиини суруйуу алгоритмын билэр. Бутэй дор5оон хоьулаьыытын икки дор5оон бииргэ силлиьиннэрии этиллиитин курдук билэр. Таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин суолтатын быьаарар. Истии. Дор5оону таба истэн, буукубатын сепке быьаарар. Бодоруьууга истии култууратын тутуьар. Дьон тугу этэрин бол5ойон истэргэ кыьаллар. Ыйытыыны сепке биэрэргэ, сана уллэстэргэ дьулуьар. Санарыы. Буукубалары сепке ааттыыр. Кэпсэтэригэр, быьаарарыгар судургу этии интонациятын тутуьан санарар. Санарар кэмигэр. Истэр дьонун ытыктыырын биллэрэр: биир санааны, тылы хос-хос этэн дьону сылаппат курдук санатын хонтуруолланарга дьулуьар. Истэр дьон санаатын сэнээрэргэ, сэргииргэ, учуоттуурга, ыйытыыларга чопчу хоруйдуурга эрчиллэр. Туттуу-хаптыы бэлиэтин сепке, то5оостоохтук туттарга уерэнэр. Кэпсэтии сиэрин тутуьуу. Кэпсэтии сахалыы угэстэрин куннээ5и оло5ор дьону кытта бодоруьууга туьанарга дьулуьар. Тылы сайыннарыы.Аахпыт тиэкиьигэр суолтатын билбэт тылын булар, кэпсэтии кэнниттэн суолтатын ейдуур, быьаарар, санарар санатыгар туттар. Аа5ар матырыйаалы кытта сибээстээн, судургу ес хоьооннору уонна таабырыннары билэр. Дьону кытта бииргэ уерэнии, улэлээьин. Араас ньыманы туьанан (паранан, беле5унэн о.д.а.), биир сыаллаах-соруктаах тапсан бииргэ уерэнэргэ, улэлииргэ дьулуьар. Дьону кытта ейдеьерге, уопсай тылы буларга кыьаллар, дьон санаатын бол5ойон истэргэ, учуоттуурга эрчиллэр. Араарыы. Буукуба бэчээтинэйин уонна суруллуутун араарар. Сурук бэлиэтин арааьын араарар, этиигэ сепке туттарга эрчиллэр. Суруйуу. Улахан уонна кыра буукубалар суруллууларын билэр. Тылы уонна этиини суруйууга буукубалар ситимнэьэр элэмиэннэрин таба холбуур. Илиини араарбакка биир тэн тэтимнээхтик суруйар. Буукубалар суруллууларын уонна кинилэр ситимнэьиилэрин сепке тутуьан ыраастык суруйар. Устуу. Бэчээтинэй уонна илиинэн суруллубут тыллары, этиилэри устар. Устуу алгоритмын хардыытын тутуьан таба, ыраастык суруйар. Таба суруйуу. Этиилэрин курдук суруллар тыллары уонна оннук тыллартан оноьуллубут кылгас этиилэри учуутал тылыттан истэн суруйар. Киьи, кыыл анал ааттарыгар уонна этии са5аланыытыгар улахан буукубаны суруйар. Этии бутуутугэр сурук бэлиэтин (? ! .) таба туруорар. | 1 | 19.10 | |||
36 | У, у, О, о буукубалар. [у], [уу], [о], [оо] дорҕооннор | 26 | 1 | 20.10 | |||||
37 | Ыа, Уо дифтоннар. [ыа], [уо] дорҕооннор | 27 | 1 | 23.10 | |||||
38 | С,с буукубалар. [с] дорҕоон | 28 | 1 | 24.10 | |||||
39 | Л, л, Р, р буукубалар уонна дорҕооннор | 29 | 1 | 25.10 | |||||
40 | М, м Н, н буукубалар уонна дорҕооннор | 30 | 1 | 26.10 | |||||
41 | Хоһулаһар сс, лл, мм, нн дорҕооннор | 31 | 1 | 27.10 | |||||
42 | Б,б буукубалар уонна дорҕоон | 32-33 | 1 | 6.11 | |||||
43 | И, и, Э, э, иэ буукубалар уонна дорҕооннор | 34-35 | 1 | 7.11 | |||||
44 | Т, т буукубалар уонна дорҕоон | 36 | 1 | 8.11 | |||||
45 | Тт дорҕоон хоһулаһыыта | 37 | 1 | 9.11 | |||||
2 чиэппэр | |||||||||
1 | Ү, ү, ө, үө буукубалар уонна дорҕооннор | Буукуба. Улахан, кыра буукубалар. Аьа5ас дор5оону бэлиэтиир буукубалар. Бутэй дор5оону бэлиэтиир буукубалар. Сурук-бичик-сана култуурата. Сахалыы сурук-бичик нуормата: таба суруйуу. Тыл этиллиитэ уонна суруллуута. Сурук бэлиэтэ- сурук-бичик култууратын сор5ото. Сурук бэлиэтин араастара, суолталара. Сурук бэлиэтэ этэр сана ис хоьоонун чуолкайдыыр, суругу-бичиги тупсарар, санарыы дэгэтин бэлиэтиир суолтата. Сурук бэлиэтин быраабылалара. Этии. Анал ааттар. Этии араастара. Устуу. Истэн суруйуу. Аа5ыы. Буукубалары холбоон суьуехтэри аа5ыы. Суьуехтэри холбоон тылы таьаарыы – аа5ыы ньыматын тутаа5а. аа5ыы тематиката. Аа5ыы уеруйэхтэрэ. Тиэкиьи кытта улэ. Кылаас таьынан аа5ыы. | 38-39 | Аа5ыы. Аа5ыы гигиенатын сурун быраабылаларын билэр. Кинигэни кытта улэлиир култууратын билэр. Араас суьуехтэри холбоон тыллары суьуе5унэн, бутун тылынан аа5ар. Хоьуласпыт бутэй дор5оону суьуехтуургэ икки аныы арааран аа5ар, оттон уьун аьа5ас дор5оон, дифтонг биир дор5оон буоларын билэр, онон араарбакка аа5ар. Кыра, чэпчэки тиэкистэри намылхайдык, сыыьата суох суьуехтээн эбэтэр бутун тылынан аа5ар. Аа5арга этии кэннигэр турар бэлиэлэргэ тохтобулу онорор. Кэпсээьин. Аа5ыллыбыт этии, кэпсээн уонна хартыына туьунан ыйытыыларга эппиэттиир. Истибит, аахпыт айымньытын ис хоьоонун ситимнээхтик кэпсиир. Аахпыт айымньытын ордук ейге хатанар тубэлтэни тылынан ойуулуур. Тэцнээьин. Улахан, кыра буукубалар суруллууларын тэцнээн атылыы элэмиэннэрин булар, уратыларын быьаарар. Айымньы аатын ис хоьоонун кытта тэцнээн керер. Ырытыы. Тылы буукубатын састаабын ырытар. Белехтееьун. Буукубалары араастык араартаан белехтуур (аьа5ас дор5оон буукубалара, бутэй дор5оон буукубалара). Ал5аьы булуу уонна кеннеруу. Таба суруйууга, сурук бэлиэтигэр ал5аьы булар, ырытар, кеннерер, таба суруйарга эрчиллэр. Тиэкиьинэн тэцнээн керен уонна тыл дор5ооннорун (суьуехтэринэн) ырытан суруйбуту бэрэбиэркэлиир. Сыанабыл. Истибит, аахпыт айымньытын туьунан бэйэ санаатын судургутук этэр. | 1 | 10.11 | |||
2 | К, к буукубалар уонна дорҕоон | 40 | 1 | 13.11 | |||||
3 | кк дорҕоон хоһулаһыыта | 41 | 1 | 14.11 | |||||
4 | Х, х буукубалар уонна дорҕоон | 42 | 1 | 15.11 | |||||
5 | Хх дорҕоон хоһулаһыыта | 43 | 1 | 16.11 | |||||
6 | Д, д буукубалар уонна дорҕоон | 44 | 1 | 17.11 | |||||
7 | Маарыннаһар д, т дорҕооннор | 45 | 1 | 20.11 | |||||
8 | Й буукуба уонна дорҕоон | 46-47 | 1 | 21.11 | |||||
9 | Г, г буукубалар уонна дорҕоон | 48 | 1 | 22.11 | |||||
10 | Маарыннаһар г, к дорҕооннор | 49 | 1 | 23.11. | |||||
11 | П, п буукуба уонна дорҕоон | 50 | 1 | 24.11 | |||||
12 | Маарыннаһар б, п дорҕооннор | 51 | 1 | 27.11 | |||||
13 | Ҕ буукуба уонна дорҕоон. Маарыннаһар х, ҕ дорҕооннор | 52-53 | 1 | 28.11 | |||||
14 | Ч, ч буукуба уонна дорҕоон | 54 | 1 | 29.11 | |||||
15 | Чч дорҕоон хоһулаһыыта | 55 | 1 | 30.11 | |||||
16 | Һ буукуба уонна дорҕоон | 56 | 1 | 1.12 | |||||
17 | Маарыннаһар һ, с дорҕооннор | 57 | 1 | 4.12 | |||||
18 | Дь, дь буукубалар уонна дорҕоон. Маарыннаһар дь, ч дорҕооннор | 58-59 | 1 | 5.12 | |||||
19 | ҥ буукуба уонна дорҕоон ҥҥ дорҕоон хоһулаһыыта | 60-61 | 1 | 6.12 | |||||
20 | Нь, нь буукубалар уонна дорҕоон. ннь дорҕоон хоһулаһыыта | 62-63 | 1 | 7.12 | |||||
21 | Я, ю, е, ё буукубалар уонна дорҕооннор | 74-75 | 1 | 8.12 | |||||
22 | я [йа], ю [йу] | 76 | 1 | 11.12 | |||||
23 | е [йэ], ё [йо] | 77 | 1 | 12.12 | |||||
24 | В, ф буукубалар уонна дорҕооннор | 78 | 1 | 13.12 | |||||
25 | Ж, ш буукубалар уонна дорҕооннор | 79 | 1 | 14.12 | |||||
26 | Щ, щ буукуба, дорҕоон | 80 | 1 | 15.12 | |||||
27 | Ц, ц буукуба, дорҕоон | 81 | 1 | 18.12 | |||||
28 | З, з буукуба уонна дорҕоон | 82 | 1 | 19.12 | |||||
29 | Ь, Ъ бэлиэлэр | 83 | 1 | 20.12 | |||||
Букубаар кэннинээҕи кэм (6 ч) | |||||||||
30 | Буукубалары дорҕооннор араастарынан наардааһын | Буукубалары дор5оон араастарынан наардааьын таблицата. Сахалыы алпаабыт. Тургэнник аа5ыы ньымалара. | 64 | Быьаарыы. Буукубалары дор5оон араастарынан наардыыр, таблица5а турар миэстэлэрин быьаарар. Сахалыы алпаабыкка буукубалар миэстэлэрин билэр. Сааьылаан ситимнээьин. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билэр. Алпаабыт бэрээдэгинэн испииьэк онорорго эрчиллэр. | 1 | 21.12 | |||
31 | Саха төрүт дорҕоонун бэлиэтэ | 65 | 1 | 22.12 | |||||
32 | Ыам ыйа. Кэҕэ. Хатыҥ. Күһүн Ситиһиибин бэрэбиэркэлэнэбин (нууччалыыттан киирбит аһаҕас дорҕоон) | 84 | 1 | 25.12 | |||||
33 | Кыстык хаар. Тоҥсоҕой. Ситиһиибин бэрэбиэркэлэнэбин (нууччалыыттан киирбит бүтэй дорҕоон, Ъ,Ь) | 85 | 1 | 26.12 | |||||
34 | Сахалыы алпаабыт. Оттоку олук алгыһа | 86 | 1 | 27.12 | |||||
35 | Кэпсээннэри ааҕыы | 92-93 | 1 | 28.12 | |||||
3 чиэппэр (30 ч) | |||||||||
Тиэкис (10 чаас) + айар бырайыак (1 ч) | |||||||||
1 | Тиэкис сүрүн өйдөбүлэ | Тиэкис ейдебулэ уонна сурун бэлиэтэ. Тиэкис тиэмэтэ. Тиэмэни арыйыы уонна тиэмэттэн туорааьын. Тиэкис тутула (киириитэ, сурун чааьа, тумугэ). | 35 | Тылы сайыннарыы. Санааны утуу-субуу сааьылаан этэргэ эрчиллии. Аа5ыы. Тэттик кээмэйдээх уус-уран айымньылары, о5лор суруйууларын сэргээн аа5ар. Санарыы. Бэйэтин сахалыы санатын тереебут тыл уйэлээх угэьигэр тирэ5ирэн, саха тылын литературнай нуорматын тутуьан чуолкайдык санарарга кыьаллар. Кэпсээьин. Истибитин кэпсииргэ, айан кэпсииргэ, хартыынанан кэпсииргэ эрчиллэр. Кэпсииригэр тиэкис тутулун тутуьарга кыьаллар. Суруйуу. Бэриллибит этиилэри сааьылаан, ал5аьа суох устан, тэттик тиэкис таьаарар. Быьаарыы. Тиэкис ейдебулун сурун бэлиэтигэр тирэ5ирэн бэйэтин тылынан быьаарар. Тиэкис тиэмэтин чопчулуур. Тиэмэттэн туорааьын баар тубэлтэтин булар. Тэцнээьин. Табыллыбыт уонна табыллыбатах тиэкистэри тэцнээн уратыларын булар. Ырытыы. Тиэкис сурун чаастарын булар. Сааьылааьын. Бэриллибит этиилэри сааьылаан тиэкис онорор. | 1 | 12.01 | |||
2 | Тиэкис сүрүн бэлиэтэ | 38 | 1 | 17.01 | |||||
3 | Тиэкискэ этиилэргэ ситимнээһин | 40-41 | 1 | 18.01 | |||||
4 | Тиэкис тиэмэтэ уонна аата | 42-44 | 1 | 19.01 | |||||
5 | Тиэкис тутула | 46-47 | 1 | 24.01 | |||||
6 | Тиэкис тутула | 48-51 | 1 | 25.01 | |||||
7 | «Тиэкис» тиэмэни хатылааһын | 52-53 | 1 | 26.01 | |||||
8 | Бэрэбиэркэлиир диктант | 1 | 31.01 | ||||||
9 | Айар бырайыак «Мин доҕорум» | 53 | 1 | 1.02 | |||||
10 | Ситиһиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 54-55 | 1 | 2.02 | |||||
11 | Алҕаска үлэ | 1 | 7.02 | ||||||
Этии (6 ч) + айар бырайыак (1 ч) | |||||||||
12 | Этии өйдөбүлэ. Этии тутула | Этии ейдебулэ. Этии тутула. Туьаан уонна кэпсиирэ. Этиигэ тыл бэрээдэгэ. Саха тылыгар уонна нуучча тылыгар этиигэ тыл бэрээдэгин уратыта. Этии тиибэ. Этии интонацията уонна сурук бэлиэтэ. | 58-61 | Тылы сайыннарыы. Бэриллибит тылтан суолтатынан, дьуерэлэьэр угэьин тутуьан, араас тыл ситимин уескэтэр. Тыл ситимиттэн этии арааьын толкуйдуур. Истии. Этиини истэн тиибин быьаарар. Санарыы. Этии араас тиибин интонациятын тутуьан санарарга эрчиллэр. Суруйуу. Истибит этиитигэр тиибиттэн керен сурук бэлиэтин таба туруорарга эрчиллэр. Быьаарыы. Тыл ситимин уонна этии ейдебулун бэйэтин тылынан быьаарар. Тэцнээьин. Этии ситимин уонна этиини, этии араас тиибин, сахалыы уонна нууччалыы тутуллаах этиилэри тэцнээн уратыларын быьаарар. Белехтееьун. Бэриллибит тыл ситимнэрин, этиилэри, араас тииптээх этиилэри сорудах быьыытынан белехтуур. Киэпкэ киллэрии. Сахалыы уонна нууччалыы этиилэргэ этии бэрээдэгин уратытын киэпкэ киллэрэн кердерер. | 1 | 8.02 | |||
13 | Этии тиибэ | 62-63 | 1 | 9.02 | |||||
14 | Этии интонацията уонна сурук бэлиэтэ | 64-65 | 1 | 14.02 | |||||
15 | Айар бырайыак «Саха сирин отонноро» | 66-67 | 1 | 22.02 | |||||
16 | Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии | 68-71 | 1 | 23.02 | |||||
17 | Этиигэ тыл бэрээдэгэ | 72-73 | 1 | 28.02 | |||||
18 | Ситиһиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 80-81 | 1 | 1.03 | |||||
Диалог (2 ч) + айар бырайыак (1 ч) | |||||||||
19 | Диалог өйдөбүлэ | Диалог ейдебулэ. Диалогка интонация суолтата. Кэпсэтии сиэрэ. Диалогка сурук бэлиэтин туруоруу уратылара. | 76-77 | Тылы сайыннарыы. Икки эбэтэр хас да буолан кэпсэтиигэ, ордук меккуердээх тугэни быьаарсарга, анал тыл-ес култууратын тутуьар. Истии. Истибит тиэкиьигэр диалог баарын арааран быьаарар. Аа5ыы. Тиэкискэ диалог баар тубэлтэтигэр интонацияны таба туруоран аа5ар. Суруйуу. Диалогка сурук бэлиэтин таба туруорарга эрчиллэр. Быьаарыы. Диалог ейдебулун бэйэтин тылынан быьааран кэпсиир. Ал5аьы булуу уонна кеннеруу. Диалогка сурук бэлиэтэ ал5ас турбутун сатаан кеннерер. | 1 | 2.03 | |||
20 | Кэпсэтии сиэрэ. Диалогка сурук бэлиэтин уратылара | 78-79 | 1 | 7.03 | |||||
21 | Айар бырайыак «Кинигэ туһунан» | 81 | 1 | 8.03 | |||||
Тыл. Лексика (5 ч) + айар бырайыак (1 ч) | |||||||||
22 | Тыл этиллиитэ уонна суолтата | Норуот тылын туьунан уопсай ейдебул. Терут уонна киирии тыллар. Эргэрбит тыллар. Сана тыллар. Тыл лексическэй суолтата. Хомуур суолталаах тыллар. | 85-88 | Тылы сайыннарыы. Саха сирин айыл5атын уонна култууратын араас кестуутун бэлиэтиир, саха терут дьарыгар туттуллар тыл беле5ун хомуур суолталаах тылга тирэ5ирэн ситэрэр, ааттыыр, суолталарыгар сеп тубэьиннэрэн этии толкуйдуур. Истии. Олоцхоттон быьа тардыыны, тэттик уус-уран тиэкистэри диктор (о5о, артыыс) аа5ыытын истэн, айымньы ис хоьоонун, тылын-еьун сэргэ сахалыы сана интонациятын, тэтимин, терут дор5оон этиллиитин бол5ойор. Санарыы. Бэйэтин сахалыы санатын тереебут тыл уйэлээх угэьигэр тирэ5ирэн, саха тылын литературнай нуорматын тутуьан чуолкайдык санарарга кыьаллар. Аа5ыы. Сааьыгар сеп тубэьэр тэттик уус-уран тиэкистэри (хоьоон, кэпсээн, норуот тылынан уус-уран айымньыта, сонун информация) айымньы ис хоьоонун арыйан, сахалыы сана интонациятын, терут дор5оон этиллиитин тутуьан аа5арга эрчиллэр. Таба суруйуу. Терут уонна киирии тыллар таба суруллууларын уратытын бол5ойор, таба суруйарга эрчиллэр. Быьаарыы. Норуот тыла, терут уонна киирии тыл, тыл лексическэй суолтата диэн ейдебуллэри бэйэтин тылынан быьаарарга холонор. | 1 | 9.03 | |||
23 | Тыл баайа | 89-91 | 1 | 14.03 | |||||
24 | Төрүт уонна киирии тыллар | 92-95 | 1 | 15.03 | |||||
25 | Айар бырайыак «Мин аҕам» | 100-102 | 1 | 16.03 | |||||
26 | Хатылааһын | 103-105 | 1 | 21.03 | |||||
27 | Ситиһиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 106-107 | 1 | 22.03 | |||||
Бырайыактар (3 ч) | |||||||||
28 | Лингвистическэй бырайыак «Мин аатым суолтата» | Мин аатым суолтата (дьону кытта бэсиэдэлэьии, биир ааттаах дьонун кытта кэпсэтии, аат суолтатын быьаараары информацияны булуу, о.д.а.) (дьиэтээ5и бырайыак). | Кластер технологиятын баьылыыр | 1 | 23.03 | ||||
29 | Бырайыак көмүскээһинэ. Чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай үлэ | 1 | 5.04 | ||||||
30 | Алҕаска үлэ. Айар бырайыак (Хартыынанан үлэ ) | 1 | 6.04 | ||||||
4 чиэппэр (21 ч) | |||||||||
Тыл састааба, үөскээһинэ уонна тыл уларыйыыта. Саҥа чааһа (16 ч) + бырайыактар (5 ч) | |||||||||
1 | Предмети ааттыыр тыл дьиктитэ | Тылга ыйытыыны сепке туруоруу суолтата. Ыйытыы арааьа. Сана чааьын туьунан уопсай ейдебул. | 110-111 | Тылы сайыннарыы. Сана чаастарынан саха терут дьарыгар туттуллар тыл беле5ун хомуур суолталаах тылга, тыл кэккэтигэр тирэ5ирэн ситэрэр, ааттыыр, суолталарыгар сеп тубэьиннэрэн этии толкуйдуур. Истии. Олоцхоттон быьа тардыыны, тэттик уус-уран тиэкистэри диктор, (о5о, артыыс) аа5ыытын истэн, айымньы ис хоьоонун, тылын-еьун сэргэ сахалыы сана интонациятын, тэтимин, терут дор5оон этиллиитин бол5ойор. Санарыы. Бэйэтин сахалыы санатын тереебут тыл уйэлээх угэьигэр тирэ5ирэн, саха тылын литературнай нуорматын тутуьан чуолкайдык санарарга кыьаллар. Аа5ыы. Сааьыгар сеп тубэьэр тэттик уус-уран тиэкистэри (хоьоон, кэпсээн, норуот тылынан уус-уран айымньыта, сонун информация) айымньы ис хоьоонун арыйан, сахалыы сана интонациятын, терут дор5оон этиллиитин тутуьан аа5арга эрчиллэр. Таба суруйуу. Терут уонна киирии тыллар таба суруллууларын уратытын бол5ойор, таба суруйарга эрчиллэр. Быьаарыы. Сахалыы тыл састаабын, уескуур уонна уларыйар уратытын туьунан бэйэтин тылынан кэпсиир. Тэцнээьин. Сана чаастарынан бэриллибит тыллары уескуур чыьыарыыларынан, грамматическай халыыптарынан тэцнээн наардыыр. Ырытыы. Тылы састаабынан (тыл оло5о, тылы уларытар уонна уескэтэр чыьыарыы) ырытар. Белехтееьун. Араас тылы суолталарынан, грамматическай халыыптарынан (сыьыарыыларынан) белехтуур. Ханыылатан ситэрии. Ыйытыы халыыбыгар, тылы уларытар уонна уескэтэр чыьыарыылар халыыптарыгар сеп тубэьиннэрэн, ханыылатан тыл арааьын уескэтэр уонна уларытар. Киэпкэ киллэрии. Тылы састаабынан киэпкэ киллэрэн кердерер (тыл оло5ун, уларытар уонна уескэтэр сыьыарыылары анал бэлиэнэн кердерер) Ал5аьы булуу уонна кеннеруу. Сахалыы тылы суруйарга тахсыбыт ал5аьы булан кеннерер. | 1 | 11.04 | |||
2 | Предметин бөлөҕүн ааттыыр тыл | 112-113 | 1 | 12.04 | |||||
3 | Предмети ааттыыр тыл ыйытыыта | 114-116 | 1 | 13. 04 | |||||
4 | Айар бырайыак «Таабырыннар» | 1 | 18.04 | ||||||
5 | Хайааһын уонны тыл | 117-120 | 1 | 19.04 | |||||
6 | Хайааһыны ааттыыр тыл ыйытыыта | 121-123 | 1 | 20.04 | |||||
7 | Айар бырайыак «Саха сирин көтөрдөрө» | Тыллары сурун бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) белехтееьун. Сана чааьын ейдебулэ. Сана чааьын беле5е. Ааттар (аат тыл, ахсаан аат, солбуйар аат, да5ааьын аат). Тус туохтуур. | 1 | 25.04 | |||||
8 | Предмет бэлиэтин ааттыыр тыл | 124-126 | 1 | 26.04 | |||||
9 | Бэрэбиэркэлиир диктант | 1 | 27.04 | ||||||
10 | Предмет ахсаанын ааттыыр тыл | 127-128 | 1 | 2.05 | |||||
11 | Предмет ахсаанын ааттыыр тыл ыйытыыта | 129-132 | 1 | 3.05 | |||||
12 | Бэрэбиэркэлиир диктант | 1 | 4.05 | ||||||
13 | Хатылааһын | 133 | 1 | 10.05 | |||||
14 | Айар бырайыак «Дьыл кэмнэрэ» | Сурук култуурата. Мин суруйарга уерэнним. Кыраьыабайдык суруйуу куонкуруьа. | 1 | 11.09 | |||||
15 | Ситиһиибин бэрэбиэркэлэнэбин | 134-135 | 1 | 16.05 | |||||
16 | Алҕаска үлэ | 1 | 17.05 | ||||||
17 | Лингвистическэй бырайыак «Мин суруйарга үөрэнним» | «Кластер» технологиятын баьылыыр. | 1 | 18.05 | |||||
18 | Лингвистическэй бырайыак «Кыраһыабайдык суруйуу конкуруһа» | 1 | 23.05 | ||||||
19 | Сыллааҕы хатылааһын | 136-137 | 1 | 24.05 | |||||
20 | Сылы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ | 1 | 25.05 | ||||||
21 | Алҕаска үлэ | 1 |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа по родному языку для 3 класса.
Рабочая программа по учебно - методическому комплекту "Күңелле татар теле" 3 класс....
Рабочая программа по родному языку для 2 класса по программе "Планета Знаний"
Рабочая программа по родному (русскому) языку для 2 класса по программе"Планета Знаний"...
Рабочая программа по родному языку (тувинский язык) 2 класс
Рабочая программа по родному языку (тувинский язык) 2 класс...
Рабочая программа по родному языку (русскому языку). 3 класс
Курс реализуется наряду с обязательным курсом русского языка. «Учебный предмет «Русский родной язык» не ущемляет права тех обучающихся, кто изучает иные (не русский) родные языки. По...
Рабочие программы по родному языку и литературному чтению на родном языке 4 класс
Рабочие программы по родному языку и литературному чтению на родном языке 4 класс...
Рабочая программа по родному языку (литературное чтение ) 1 класс с КТП на основе авторской программы М. Н. Ходаковской к курсу «Региональная литература» для 1-4 классов общеобразовательных учреждений
Рабочая программа разработана в соответствии с законом «Об образовании РФ», с основными положениями федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования, ...