Саха олоҥхоһут суруйааччыта П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото.
статья (3 класс) на тему
Сыала-соруга: .
1. П.А.Ойуунускай – олоҥхоһут суруйааччы.
2. Олоҥхо өйдөбүлүн иҥэрии.
3. Оҕо саҥарар үөрүйэҕин сайыннарыы.
Хаамыыта:
- Киирии.
Уһун тускул туттум,
Уруй-айхал эттим –
Кэннибэр кэхтибэт
Кэрэ кэскил кэллэ...(оҕолорго ааҕар кэмнэригэр мэтириэт көстөн кэлэр).
- Бу кими? Билэҕит дуо?
- Саха норуотун чулуу уола, общественнай-политическай, государственнай деятель, учуонай, фольклорист, илбистээх тыллаах суруйааччы, олоҥхоһут П.А.Слепцов – Ойуунускай буолар. Кини туһунан кылгастык билсиэххэйиҥ.(Ойуунускай туһунан матырыйаал слайдынан көстөр).
- Оттон, оҕолор, бу туох көстөрүй? (“Ньургун Боотур Стремительный” олоҥхо 1975 уонна 2007 сыллаахха тахсыбыт кинигэлэрэ көстөр).
- П.А.Ойуунускай улуу олоҥхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур”. Бу олоҥхону В.В.Державин нууччалыы тылбаастаан П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай премияны ылбыта. Оттон кинигэ иллюстрациятын Ю.Вотяков, В.Карамзин, АОсипов, Э.Сивцев уруһуйдаабыттара. Бу этиллэр олоҥхо саха норуотун чулуу айымньыта буолар. Манна саха мындыр өйө-толкуйа, бараммат баай тыла-өһө көстөр. П.А.Ойуунускай улуу олоҥхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 2005 сыллаахха ЮНЕСКО билиниитинэн бүтүн аан дойду чулуу айымньыта буолбута, ол туоһута бу көстөр (ЮНЕСКО диплома көстөр).
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
saha_olonghohut_suruyaachchyta_p.a.oyuunuskay_duluruyar_nurgun_bootur_olonghoto.docx | 20.69 КБ |
Предварительный просмотр:
Тимофеева Л. П., алын сүһүөх кылаас учуутала,
23 №-дээх орто оскуола, Дьокуускай куорат
Темата: Саха олоҥхоһут суруйааччыта П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото.
Сыала-соруга: .
1. П.А.Ойуунускай – олоҥхоһут суруйааччы.
2. Олоҥхо өйдөбүлүн иҥэрии.
3. Оҕо саҥарар үөрүйэҕин сайыннарыы.
Хаамыыта:
- Киирии.
Уһун тускул туттум,
Уруй-айхал эттим –
Кэннибэр кэхтибэт
Кэрэ кэскил кэллэ...(оҕолорго ааҕар кэмнэригэр мэтириэт көстөн кэлэр).
- Бу кими? Билэҕит дуо?
- Саха норуотун чулуу уола, общественнай-политическай, государственнай деятель, учуонай, фольклорист, илбистээх тыллаах суруйааччы, олоҥхоһут П.А.Слепцов – Ойуунускай буолар. Кини туһунан кылгастык билсиэххэйиҥ.(Ойуунускай туһунан матырыйаал слайдынан көстөр).
- Оттон, оҕолор, бу туох көстөрүй? (“Ньургун Боотур Стремительный” олоҥхо 1975 уонна 2007 сыллаахха тахсыбыт кинигэлэрэ көстөр).
- П.А.Ойуунускай улуу олоҥхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур”. Бу олоҥхону В.В.Державин нууччалыы тылбаастаан П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай премияны ылбыта. Оттон кинигэ иллюстрациятын Ю.Вотяков, В.Карамзин, АОсипов, Э.Сивцев уруһуйдаабыттара. Бу этиллэр олоҥхо саха норуотун чулуу айымньыта буолар. Манна саха мындыр өйө-толкуйа, бараммат баай тыла-өһө көстөр. П.А.Ойуунускай улуу олоҥхото “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 2005 сыллаахха ЮНЕСКО билиниитинэн бүтүн аан дойду чулуу айымньыта буолбута, ол туоһута бу көстөр (ЮНЕСКО диплома көстөр).
- Дьэ оччоҕуна, оҕолор, бүгүҥҥү уруокпут туох туһунан буоларый?
- Темаҕа киирии.
2.1 - Олоҥхо туһунан тугу билэҕитий, тугу истибиккитий, тугу көрбүккүтүй?
Олоҥхо – бухатыырдар хорсун-хоодуот охсуһууларын кэпсиир уус-уран айымньы. Олоҥхоҕо үс дойду кэпсэнэр: үөһээ дойду, онно айыы бухатыырдара бааллар, кинилэр биһигини – орто дойду дьонун көмүскүүр аналлаахтар, аллараа дойду бухатыырдара – абааһылар, сиэмэхтэр (Ойуу көстөр).
- “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо геройдара араастар. Ол туһунан бэлэмнэммит оҕолор иһитиннэриилэрин истиэҕиҥ.
А). Дьулуруйар Ньургун Боотур – айыы бухатыыра, кини балта Айталы –Куо, эдьиийэ – Айыы Умсуур Удаҕан. Аҕата – Айыы Сиэр Тойон, ийэтэ – Айыы Нуоралдьын Хотун, убайа – Мүлдьү Бөҕө, быраата – Үрүҥ Уолан.
Б). Туйаарыма Куо- айыы кыыһа, кини убайа – Күн Дьирибинэ, кинилэр аҕалара – Саха Саарын Тойон, ийэлэрэ – Сабыйа Баай Хотун. (Оҕолор кэпсиир кэмнэригэр хартыыналар көстөллөр).
- - Онтон аллараа дойду бухатыырдарын ааттарын бэриллэр ойууларынан көрөн суруйуоххайыҥ: Тимир Ыйыста Хара, Арсыан Дуолан Буор Маҥалай – кини аҕата. Тимир Дьэһинтэй бухатыыр, Уот Уһутаакы, Ап Төрдө Алып Хара бухатыыр.
- Олоҥхону истии (Саха сирин үтүөлээх артыыһа Г.Колесов толоруута).
- Олоҥхону истэргитигэр интонацияны болҕойуҥ.
- “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо тылыттан ааҕан истиэҕиҥ. (экрантан ааҕыы).
Айыы бухатыырын дьүһүнэ-бодото.
Үрдүгэ – үрдүк тиити
Төргүү мутугунан холобурдаах,
Биэс былас биэкэгэр бииллээх,
Алта былас дараҕар сарыннаах,
Уһун ньондоҕор сотолоох,
Эриллэҕэс тиит курдук илиилээх,
Субуллаҕас муруннаах,
Суруллаҕас хаастаах,
Эрилкэй харахтаах,
Оллороот-боллороот уостаах,
Түҥнэри соҕус дьүһүннээх,
Сөрүөстүгэс соҕус майгылаах.
- Тылдьытынан үлэ.
Төргүү мутук – тиит алларааҥы ордук уһун лабаата.
Былас – киһи илиитин туора ууннаҕына, биир илиитин уһугуттан нөҥүө илиитин уһугар диэри уста кээмэйэ.
- Көстөрүн курдук олоҥхо тыла-өһө сүрдээх ыарахан. Ол эрээри олоҥхо уус-уран тылын өйдүүр туһуттан тылдьыты туһанан олоҥхо баай тылын билиэххэ сөп. Олоҥхо тыла – саха омук баай дьикти тыллааҕын туоһута буолар. Онон төрөөбүт тылбытын харыстаары олоҥхону ааҕа, өйдүү үөрэнэбит.
- “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо мультфильмын көрүү (А.П.Решетникова – проект салайааччыта, А.Шамаева – художник мультипликатор. 2011 сыл).
- Ханнык мультфильмы көрдүбүт?
- Мультфильм сүрүн геройдара кимнээҕий?
- Мультфильмҥа саамай нарын-намчы кимий?
Куо – түүр тыла. Сахалыы өйдөбүлэ - кэрэ.
- Кэрэ диэн тылы хайдах өйдүүгүтүй?
- Оттон олоҥхоҕо саамай кэрэ кимий?
- Кыыс - орто дойду кэрэтэ, олоҕу салҕыыр аналлаах кэрэ киһи буолар. Ол курдук биһиги ийэлэрбит олохпут саамай кэрэ дьонноро. Онон ийэлэрбитин, эбээлэрбитин, бииргэ үөрэнэр кыргыттарбытын, эдьиийдэрбитин, балтыларбытын олоҥхо бухатыырын курдук харыстыах көмүскүөх тустаахпыт. Ону уолаттар, олоххут тухары өйдөөҥ!
3.Түмүк.
- Бүгүҥҥү уруокка туох саҥаны биллигит?
- П.А.Ойуунускай диэн кимий?
- Олоҥхо туһунан тугу өйдөөтүгүт?
- Олоҥхо тыла хайдах эбитий?
- Олоҥхо биһигини туохха үөрэтэрий?
Үс саха төрүөҕэр,
Үөрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа...-
диэн П.А.Ойуунускай суруйан хаалларбыт тылларын этэн туран уруокпутун түмүктүүбүт.
Дьиэҕэ сорудах: олоҥхолуу олорор киһини уруһуйдааҥ?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Роль и значение якутской лошади в жизни народа саха
Якутская лошадь обладает высокими качествами для жизнеобеспечения человека. Его используют в сельскохозяйственных работах, употребляют в пищу, изготавливают одежду, различные вещи и др. Потому ч...
"Дьулуруйар Ньургун Боотур" электронная игра для детей младшего школьного возраста
Цель игры - вызвать интерес детей к олонхо Константина Оросина "Дьулуруйар Ньургун Боотур". Игру можно организовать по группам или индивидуально. Нажимая на солнышки выбирают вопрос и отвечают....
Cаҥа көлүөнэ стандарт олоххо киирэр кэмигэр үөрэнээччи сиэрдээх киһи буола улаатарыгар П.А.Ойуунускай айымньыларын үөрэтии суолтата
АаҕааччыгаСаха норуотун чулуу уола, айар талаан чаҕылхай холобура буолбут улуу киһибит, П.АСлепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтээтибит. Саха литературатыга...
Саха сирин хоту уонна киин улуустарын айыл5ата
Биһиги Сахабыт сирэ сүрдээх киэн сиринэн тайаан сытар. Сахабыт Республиката иэнинэн Россия Федерациятын саамай улахан субъега буолар. Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутун үөрэтиитэ дьоһун суолтала...
Саха народнай суруйааччыта Николай Золотарев – Якутскай төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах 10 региональнай уус – уран дьүһүйүү торума
Сценарий на тему «Сүдү талааннаах суруйааччы - оҕолорго» по произведениям писателя Н.Г.Золотарева - Якутскай. Сценарий разработан для учащихся начальных классов, где вошли 3 произведения п...
ВУД "Боотур"
Внеурочная деятельность "Бооту"...
«Хотите – не хотите ли, но все мы потребители…»
Цель: познакомить учащихся с правовым статусом потребителя в российском государстве, воспитывать грамотного потребителя, показать, каким образом в повседневной жизни защищаются права и законные интере...