Амма Аччыгыйа «Тоӄус төгүл «тоӄо?» айымньытынан айан.
план-конспект урока (1 класс) на тему

Босикова Айталина Владимировна
Амма Аччыгыйа «Тоӄус төгүл «тоӄо?» айымньытынан айан.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл otkrytyy_urok.docx24.4 КБ

Предварительный просмотр:

Аһаӄас уруок

Уруок тиэмэтэ: Амма Аччыгыйа «Тоӄус төгүл «тоӄо?»  айымньытынан айан.

Буолар күнэ: 18.10.2016с

Кылаас: 2

Сыала:

1.  Амма Аччыгыйын айымньытын билиһиннэрии, айымньы ис хоһоонун ырытыы.

2. Оӄо сааһылаан саҥарар, айымньыга сыана биэрэр, толлугаһа суох саҥарар-иҥэрэр дьоӄурун сайыннарыы:

3.  Айымньы  ис хоһоонугар олоӄуран, оӄону сиэр-майгы өттүнэн иитии, аһыныгас, амарах, үтүө санааӄа угуйуу.

Туттуллар тэрил: проектор, экран, презентация, карточкалар.

Хаамыыта

  1. Тэрээһин чааһа.
  • Үтүө күнүнэн, күндү оӄолор, ыалдьыттар! Бэйэ – бэйэбитигэр мичээрдэ бэлэхтэһиэӄиҥ.

Кыраны-кырдьаӄаһы ытыктыыр,

Ийэни-аӄаны убаастыыр,

Ыарахантан толлубат,

Үлэттэн чаӄыйбат,

Күн киһитин курдук көмүскэс,

Айыы киһитин курдук аһыныгас

буола улаатыҥ! –

диэн  уруокпутун саӄалыыбыт.

  1. Ситиһии түгэнин тэрийии.
  • Бүгүн биһиги саха норуотун уһулуччулаах суруйааччытын Амма Аччыгыйын "Тоҕус төгүл "тоҕо?" диэн айымньытынан интэриэһинэй, элбэххэ үөрэтэр айаҥҥа айанныахпыт.
  1. Үөрэнэр соругу туруоруу
  • Ханнык баӄарар айымньынан суруйааччы тугу эрэ этиэн баӄарар, Амма Аччыгыйа тугу санаан олорон, бу айымньыны суруйбутун билэбит дуо?
  • Ким билэр? Суруйааччы санаата тугуй? Суруйааччы санаатын билээри ханнык хаамыыны оҥоробут?
  1. Үлэ былаана:
  • ааӄабыт:
  • тэҥниибит:
  • түмүк оҥоробут. (дуоскаӄа суруйар)
  1. Ааӄыыга эрчиллии.
  • Онтон билигин түргэнник уонна сөпкө ааӄарга эрчиллэр үлэбитин ыытыахпыт. (Хас биирдии оӄоӄо сүһүөхтэрдээх карточкалары түҥэтии, аахтарыы араас көрүҥүн туттуу: биирдиилээн искэ, бары бииргэ таска)

ыл      ыыл

ла         лар

түҥ

ал       аал

ло        лор

тэҥ

ол      оол

ра         рар

таҥ

үл      үүл

сэ          сэс

тоҥ

ил      иил

су         сус

һыҥ

эл       ээл

сө         сөс

һүҥ

өл      өөл

сы         сыс

һаҥ

  • Массыыналарбытыгар олордубут,  айаннаатыбыт. (музыка тыаһыыр)
  1. Үөрэнэр дьайыы.
  1. Бастакы тохтобул.  

Айымньыны кытта билсиһии. Суруйааччы туһунан аан тыл (презентация көстөр. Слайд 1 - 7)

Саха Республикатын народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов  -  Амма Аччыгыйа 1906 с.тохсунньу 6 кунугэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Аҕата Дьөгүөрдээн. Ийэтэ Сөдүөччүйэ. Эһэтэ Ноноох Миитэрэй, хос эһэтэ Лэглээрэп Баһылай  - бары быстар дьадаҥы дьон эбиттэр. Аҕалара кыһынын баайдарга таһаҕас таһыытыгар сылдьар, сайынын эмиэ баайдарга улахан уолун Ньукулайы илдьэ сылдьан от оттуур эбит. Биир ынахтаах, элбэх оҕолоох ыал бултаан-алтаан, балыктаан-мундулаан аһыыллара. Амма Аччыгыйа айар үлэтин 21 саастааӄар “Ийэ” хоһоонунан саӄалаабыта. Оттон “Сааскы кэмэ” нууччалыы, украиналыы, чехтии, венгердии тылбаастаммыта.  Амма аччыгыйа оӄолору олус сөбүлүүрэ. Кини оӄолор сөбүлээн ааӄар “Бэлэм буол” хаһыаттарыгар өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Оӄолорго анаан элбэх хоһооннору, кэпсээннэри, остуоруйалары суруйбута. Бүгүн биһиги "Тоҕус төгүл "тоҕо?"  диэн айымньыны кытта билсиэхпит, ааҕыахпыт уонна бу тэттик кэпсээннэр биһигини туохха үөрэтэллэр эбит диэн ырытыы оҥоруохпут.

  1. Иккис тохтобул.
  • Бастакы "тоҕо?".  Учуутал ааҕар. Тоӄо хоргуттаӄай?  Ваня сыыһатын көрөбүт.  Сымыйалыыр куһаҕан. Слайд 8
  1. Үһүс тохтобул.

 Иккис "тоҕо?".  (Учуутал ааӄар).Тоӄо таӄыста Катя? Катя дьиҥнээх доҕор эбит. Ким истиҥ доҕордоох – ол дьоллоох. Слайд 9

  1. Төрдүс тохтобул.

Үһүс"тоҕо?".  (Учуутал ааӄар). Тоӄо ылбата Миша массыынаны? Биэрэр да араастаах. Бэлэҕи ис дууһаҕыттан биэриэхтээххин, көҥөс буолар куһаҕан. Слайд 10

  1. Сынналаҥ.
  1. Бэһис тохтобул.

Төрдүс"тоҕо?".   (Айсен ааӄар) Тоӄо барда Коля? Сеня туох сыыһаны оҥордо? Доҕоргун итэҕэйиэхтээххин, икки сирэй буолар соччото суох. Слайд 11

  1. Алтыс тохтобул.

Бэһис "тоҕо?". (Варя ааӄар). Тоӄо кыыһырда Мария Васильевна? Кырдьаҕаһы убаастыахтааххын. Слайд 12

  1. Сэттис тохтобул.

Алтыс "тоҕо?". (Люда ааӄар). Тоӄо куотта Хабырыыс? Общественнай баайы харыстыахтааххын. Слайд 13

  1. Ахсыс тохтобул.

Сэттис"тоҕо?". (Полина ааӄар).  Артур тоӄо барбата? Биһиги сүрүн үлэбит – үөрэх. Үөрэххэ кыһаллан үөрэн. Слайд 14

  1. Тохсус тохтобул.

Ахсыс "тоҕо?". (Учуутал ааӄар). Тоӄо бары кэлэйдилэр? Бэйэмсэх буолума. Слайд 15

  1. Онус тохтобул.

Тохсус "тоҕо?". (Учуутал ааӄар).  Тоӄо ити курдук эттэ Кэтириис? Сыалгын хайаан да ситиһиэхтээххин. Слайд 16

Бу кэпсээннэртэн үөрэнээччи быраабылата тахсан кэлэр: Слайд 17

  1. Сатаан доҕордос.
  2. Сымыйалаама.
  3. Көҥөс буолума.
  4. Кырдьаҕаһы убаастаа.
  5. Доҕоргун хомотума, итэҕэй.
  6. Общественнай малы харыстаа.
  7. Туруоруммут сыалгын ситис.
  8. Үөрэххэр кыһан.
  1. Тэҥнээһин, ырытыы.
  • Чэ эрэ, аахтыбыт. Аны тэҥнээһиҥҥэ киирэбит. Эһиги олоххутугар манна маарынныыр түгэннэр буолбуттара дуо?
  1. Түмүк оҥоруу.
  • Суруйааччы бу айымньытынан биһиэхэ тугу этиэн баӄарбытый? Санааӄытын этиҥ.
  1. Бэйэни сыаналаныы.
  • Туох саҥаны биллиҥ?
  • Тугу сөбүлээтиҥ?
  • Бу уруокка төһө үчүгэйдик үлэлээтиҥ?
  • Эйиэхэ уруокка ким көмөлөстө?
  • Ким мэһэйдээтэ?
  • Бэйэҥ үлэӄин сыаналан.
  1. Дьиэӄэ үлэ.
  • Онус “Тоӄону?” боруобалаан суруйан, уруһуйдаан кэлиҥ


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Биллибэт планеталарга айан

Внеклассное мероприятие ко Дню космонавтики для учащихся 1-2 классов на якутском языке...

Классный час на первое сентября "Билии устун айан"

Классный час расчитан для первоклассников. Сценарий на якутском языке. Игра по станциям. Учащиеся проходят все станции и торжественно становятся учениками первого класса....

«Айымньы түһүлгэтигэр айан».

Аа5ыы уэруйэхтэрэ: -Ойдобуллээхтик, табатык ааҕыы. - аа5ыы, ыйытыы, соруйуу, күүһүрдүү этии интонациятын тутуьар. Тиэкиьи кытта улэ уэруйэхтэрэ: -Тиэкис ис хоьоонунан ыйытыы эппиэтин кинигэттэн ...