Классный час на первое сентября "Билии устун айан"
классный час (1 класс)

Классный час расчитан для первоклассников. Сценарий на якутском языке. Игра по станциям. Учащиеся проходят все станции и торжественно становятся учениками первого класса.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл bilii_doydutun_ustun_ayan.docx28.69 КБ

Предварительный просмотр:

“Билии дойдутун устун айан”

 Балаҕан ыйын 1 күнүгэр аналлаах тэрээһин.

Ыытыллар күнэ, чааһа: 01.09.2017 сыл, 11 ч 00 м

Тэрээһин сыала: Оҕолорго бырааһынньык  эйгэтин тэрийии, оскуоланы, учууталы, бииргэ үөрэнэр оҕолорун  кытта билиһиннэрии.

Тэрээһин соруктара: Билии дойдутун боруогун аан бастаан атыллаан кирбиттэринэн эҕэрдэлээһин, оскуолалаҕа үөрэнэ кэлэр  баҕа санааны  үөскэтии, бииргэ үөрэнэр оҕолору кытта бодоруһуу, эйэҕэс сыһыаннаах буолууга үөрэтии.

Тэрилэ: Билии күнүгэр аналлаах плакаттар, күнчээн ойуута , А-4 форматтаах лиистэр, фломастер, харандаас, кыптыый.

Тэрээһин хаамыыта:

Үтүө сарсыарданан кырачаан кыргыттар уонна уолаттар!

Оҕолоор, олус да элбэххит уонна наһаа кыраһыабайдаргыт дии.

Бүгүн эһиэхэ дьикти уонна умнуллубат күн – эһиги аан бастаан оскуола боруогун атыллаан  үөрэниэхтээх кылааскытыгар киирэн олороҕут. Тула өттүгүтүн үчүгэйдик өйдөөн көрүҥ эрэ. Кылааспыт кыра соҕус да буоллар сүрдээх ыраас, тупсаҕай. Төрөппүттэргит наһаа кырасыабай гына оҥорон кэбиспиттэр. Бу кылааска эһиги 4 сылы быһа үөрэнэ кэлиэххит. Онон кылаастарын ыраастык тутуохтара, малын-салын харыстыахтара диэн биһиги учууталлар уонна төрөппүттэр эһиэхэ эрэнэбит.

Бүгүн оҕолор,  мин эһиги кырачаан илиилэргитин, тапталлаах төрөппүттэргититтэн бэйэм илиибэр ылан, сиэтиспитинэн Билии дойдутун устун уһун, ыарахан айаҥҥа сирдээн илдьиэм.

Бу дьикти  айаммыт устата биһиги бары  ааҕарга, суруйарга, суоттуурга, бэйэ-бэйэни кытта доҕордоһорго, иллээх – эйэлээх буоларга, үгүс интэриэһинэйи күнтэн – күн билэн иһэргэ үөрэниэхпит. Билии дойдута биэрэр сүдү баайа биһигини олох суолун устун сөптөөх хайысханы тутуһан айанныырбытыгар көмөлөһүө. 

- Оҕолоор, этиҥ эрэ! Билии дойдутун устун айан чэпчэки буолуо ду ыарахан ду?  Саамай ыарахана туох буолуой?  

Билии дойдутун устун айаммыт олус ыарахан буолуо, үгүс элбэх мэһэйдэр баар буолуохтара, сорох ардыгар  ол мэһэйдэртэн эһиги чаҕыйыаххытын  да сөп. Ол эрэн куттанымаҥ, эһиги таскытыгар  мин өрүү баар буолуом уонна куруук көмөҕө кэлиэм диэн эрэннэрэбин.

- Онтон бүгүҥҥү күммүт ситиһиилээх айаммыт саҕаланыыта буоллун.

- Сөп?

- Чэ, эрэ оччоҕо бастакы айаммытыгар  турунабыт.

Билии дойдутун аана аһылын!

Нөрүөн – нөргүй!

- Онтон айаммытыгар тугунан барарбытын таабырыны таайан билиҥ эрэ:

Бары бииргэ сиэттиһэн,

Субуруһан айаннаан,

Буруо тараа таһааран

Тимир суолу батыһа

Айаҥҥа  туруннубут.

- Тугунан барар эбиппитий, оҕолор? /Поеһынан(паровозик) - Вагоннар тиһиктэринэн/.

- Маладьыастар!  

- Бүгүн бырааһынньык дии, оҕолор бары үөрдүбүт эрэ. Көрүҥҥүтүүй биһиги күнчээммит хайдах курдук үөрбүтүй. Наһаа үчүгэйдик мичээрдээбит дии.

Турдубут. Илиибитин  токуруттубут. Вагоннарбыт тиһиктэрэ айаннаата. /музыканнан хамсаныы.../

Оҕолоор, бастакы тохтобулга кэллибит. /Оҕолор олороллор/

1.«Билсиһии»

Айаҥҥа турунарга оҕолор, хас биирдии пассажир туһунан машинист билиэхтээх.

Мин аатым Ефросинья Давыдовна.  Хатылаан этиҥ эрэ......Мин эһигини үөрэтэр учууталгыт буолабын.

- Бу күнчээни мин билигин эрээтинэн ыытыам, эһиги күнчээни туттугут да ааккытын этээрин.

- Сөп.

- Бары билсистибит. Махтал.

- Машиниспыт оҕолор, биһиги кылааспытыгар хас кыыс баарын билиэн баҕарар. Кыргыттар баһаалыста туруҥ эрэ. Чэ, эрэ уолаттар хас кыыс баарын ааҕыҥ эрэ. /2 кыыс/.

- Онтон уолаттар турдубут. Кыргыттар ааҕын эрэ. /4 уол/

- Маладьыастар!

Салгыы айаннаатыбыт. Вагоннарбыт тиһиктэрэ айаннаата. /музыканнан олороорон хамсаныы.../

Иккис тохтобулга кэллибит.

2. “Таайбараҥ”  тохтобула.

Биир наһаа интэриэһинэй таабырын баар. Таайыаххытын баҕараҕыт? Болҕойон истиҥ эрэ:

Саҥа дьиэни, мин бүгүн

Сүгэн кэллим кылааспар.

Олороллор ол дьиэҕэ,

Тэтэрээт, уруучука, кинигэ.  /портфель- үөрэнээччи  суумката/.

Эһиги эмиэ бары наһаа үчүгэй сабыс – саҥа суумкалардааххыт. Онтон суумкаҕыт иһигэр туох баарый?  Чэйиҥ эрэ. Оҕолор, үөрэнэр суумкабытын бэриниэххэ. Мин эһиэхэ предмет көрдөрөбүн, ону үөрэнээччи суумкатыгар киириэхтээх суумкатыгар таһынаҕыт, ол эбэтэр үөрэххэ сыһыана суох предмекка атаххытынан битийэҕит.

Харандаас

Тэтэрээт

Оонньуур

Косметика

Альбом

Ручка

Ложка

Помада

Азбука

Резинка

Ведерко

Линейка итд. Итп.

Наһаа элбэх туһалаах мал бөҕөтө баар эбит. Ити барыта үөрэх тээбириннэрэ. Ыраастык, бэрээдэктээхтик  уонна харыстаан туттуохха наада.

Ол эрэн эһиги суумкаҕытыгар саамай наадалаах мал пока суох. Ол туох буолуой?  Таайыҥ эрэ.

Мин барытын билэбин,

Барыларын үөрэтэбин,

Ол эрэн, кыайан,

Саҥарбаппын, мин!

Миигин кытта ким,

Доҕордоһуон баҕарар,

Сатыан наада кини –

Ааҕары, суруйары! (кинигэ)

Эһиги аан бастакы илиигитигэр ылар кинигэҕит аата БУКУБААР. Манна араас элбэх хартыыналардаах, кэпсээннэрдээх, таайбараҥнардаах. Ону барытын күнтэн күн билии эбинэн ааҕан иһиэххит. Кини үгүс элбэх табаарыстардаах:

- Математика

- Русский язык

-Литературное чтение

- Окружающий мир. / учебниктары көрдөрүү/.

Кинигэни хайдах оҥорон таһааралларын туһунан биһиги өссө билсиһиэхпит. Бу олус уһун уонна ыарахан үлэ. Хас биирдии киһи кинигэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах.

Турдубут. Илиибитин  токуруттубут. Вагоннарбыт тиһиктэрэ айаннаата. /музыканнан хамсаныы.../

3.Тохтобулбут аата «Чуораанчык». 

Чуораанчык оҕолор тоҕо тыаһыыра буолуой? Чуораанчык оскуолаҕа хамандыыр. Кини тыаһаатаҕына уруоктар саҕаланаллар,  чуораанчык перемена/сынньалаҥ/ буоларын эмиэ биллэрэр.

Онтон бүгүн чуораанчыкпыт эһиги хоһоон ааҕаргытын истиэн наһаа баҕарар ол иһин чугдаарыйа тыаһыыр. / Оҕолор хоһооннорун ааҕаллар/

- Маладьыастар. Баһыыбаларыҥ!

4. Тохтобул «Ахсаан».

Экраны көрөбүт, сорудахтары суоттуубут, сөптөөх хоруйу биэрэбит.

Салҕыы айанныыбыт.

6. Бүгүҥҥү тэрээһиммит саамай бүтэһик тохтобулугар тиийэн кэллибит.

«1 кылаас».

Үөрэнээччи, кэс тыла.

Төрөппүт, кэс тыла.

Билии дойдутун устун бастакы  айаммыт умнуллубат түгэн буоларын наадатыгар, бу лиистэргэ харандаастарбытын ылан, кыракый илиилэрбитин ууран баран, үтүктэн ылыаҕыҥ. Иһигэр ааккытын суруйуҥ, билэр буукубаларгытын, сыыппаралларгытын оҥоруҥ, киэргэтин.  Ким бүппүт кырыйаарыҥ. Аны түөрт сылынан бу бастакы үлэлэргитин мин эһиэхэ бэлэх уунуоҕум.

Оҥорбут үлэлэргитин дуоскаҕа таһааран ыйыыбыт. Көрүҥҥүтүүй,  эһиги Баҕадьа  сүрүн оскуолатын 1 кылааһыгар кэлбиккитигэр маннык кырасыабай кылаас дьиэ кэргэнин маһа тэтэрчи үүнэн таҕыста. 4 сылы быһа бары бииргэ иллээх дьиэ кэргэн буолан үөрэниэхпит, бэйэ-бэйэбитин өйөһүөхпүт.

ТҮМҮК

Билии дойдутугар ситиһиилээхтик салгыы айаннааҥ диэн алгыс тылбын этэн туран эһиэхэ маннык кырачаан билии күлүүстэрин бэлэх уунабын.

Куруук ситиһиилээх. Бэрээдэктээх. Туйгун үөрэнээччи буоларга кыһаллыҥ! /Төрөппүттэр оҕолорун эҕэрдэлээн «Первоклассник» диэн  ленталары кэтэрдэллэр уонна шарик бэлэхтииллэр/

 Бүгүн оҕолор эһигини кытта тэҥҥэ  дьиэ кэргэҥҥит барыта үөрэр – көтөр, долгуйар.

Күндү маҥнайгы кылаас төрөппүттэрэ! Бүгүн эһиги кырачаан оҕоҕут маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ диэн үрдүк ааты сүкпүтүнэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибин. 4 сыл устата эһиги оҕолоргутун билии суолун устун арыаллыырбыттан мин эмиэ долгуйабын, үөрэбин, киэн туттабын. Хас биирдии күммүт  ситиһиилээх уонна үгүс үтүмэн үөрүүлээх буоллун.

4 сыл устата бэйэ – бэйэбитин өйдөһөн, бииргэ түмсэн  үлэлиэхпит диэн эрэнэбин. / көмө ыйынньыктары туттарар/

СОВЕТЫ РОДИТЕЛЯМ ПЕРВОКЛАССНИКОВ.

  1. Будите ребенка спокойно. Проснувшись, он должен увидеть  вашу улыбку и услышать ласковый голос. Не подгоняйте его с утра, не дергайте по пустякам, не укоряйте за ошибки и оплошности, даже  если «вчера предупредили».

  1. Не торопите, умение рассчитать время – ваша задача, и если это вам плохо удается, то вины ребенка в этом нет.

  1. Не отправляйте ребенка в школу без завтрака; до школьного завтрака ему придется много поработать.

  1. Не прощайтесь, предупреждая и направляя: «смотри не балуйся», «веди себя хорошо», «чтобы сегодня не было  плохих отметок» и т.п. Пожелайте ему удачи, подбодрите, найдите несколько ласковых слов. У него впереди трудный день.

  1. Забудьте фразу «Что ты сегодня получил?». Встречайте ребенка после школы спокойно, не обрушивайте на него тысячу вопросов, дайте расслабиться ( вспомните, как вы сами чувствуете себя после тяжелого рабочего дня, многочасового общения с людьми). Если же ребенок чересчур возбужден, если жаждет поделиться чем-то, не отмахивайтесь, не откладывайте на потом, выслушайте, это не займет много времени.

  1. Если видите, что ребенок огорчен, но молчит, не допытывайтесь, пусть успокоится, тогда и расскажет все сам.

  1. Выслушав замечание учителя, не торопитесь устраивать взбучку и постарайтесь, чтобы ваш разговор с учителем происходил без ребенка.

  1. После школы не торопите садиться за уроки, необходимо 2-3 часа отдыха (а в первом классе хорошо бы часа полтора поспать) для восстановления сил. Лучшее время для приготовления уроков с 15 до 17 часов. Занятия вечерами бесполезны, завтра придется все начинать сначала.

  1. Не заставляйте делать все уроки в один присест, после 15-20 минут занятий необходимы 10-15-минутные  «переменки».

  1. Во время приготовления уроков не сидите «над душой», дайте возможность ребенку работать самому, но уж если нужна ваша помощь, наберитесь терпения. Спокойный тон, поддержка («не волнуйся, все получится», «давай разберемся вместе», «я  тебе помогу»), похвала ( даже если не очень получается) необходимы. Не акцентируйте  внимание на оценках.

  1. В общении с ребенком старайтесь избегать условий. «Если ты сделаешь, то…». Порой условия становятся невыполнимыми вне зависимости от ребенка, и вы можете оказаться в очень сложной ситуации.

  1. Найдите (постарайтесь найти) в течение дня хотя бы полчаса, когда вы будете принадлежать только ребенку, не отвлекайтесь на домашние заботы, телевизор, общение с другими членами семьи.  В этот момент важнее всего его дела, заботы, радости и неудачи.

  1. Выбирайте единую тактику общения  всех взрослых в семье с  ребенком, свои разногласия по поводу педагогической тактики решайте без него. Если что-то не получается, посоветуйтесь с учителем, врачом, психологом, не считайте  лишней литературу для родителей, там вы найдете много полезного.

  1. Будьте внимательны к жалобам ребенка на головную боль, усталость, плохое состояние. Чаще всего это объективные показатели утомления, трудности учебы.

  1. Учтите, что даже «совсем большие» дети (мы часто говорим «Ты уже большой» 7-8-летнему ребенку) очень любят сказку перед сном, песенку и ласковое поглаживание. Все это успокаивает их, помогает снять напряжение, накопившееся за день, и спокойно уснуть. Старайтесь не вспоминать перед сном неприятностей, не выяснять отношений, не обсуждать завтрашнюю контрольную и т.п.

Хаартыскаҕа түһүү, линейкаҕа тахсыы.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Классный час в первом классе "МЫ ПАССАЖИРЫ"

«МЫ – ПАССАЖИРЫ»Классный час в начальной школе Разработала учитель начальных классов Багаутдинова Т.П.Цели классного часа:1. Рассмотреть причины ДТП (несоблюдение пассажирами правил поведения в трансп...

Классный час "Праздник первого десятка"

Методическая разработка по математике для 1 класса....

Классный час "Мой первый урок"

Данное внеклассное занятие для первого класса, которое проводится 1 сентября....

Видео сопровождение к классному часу "Мой первый класс"

Презентация к классному часу , посвященному выпуску из начальной школы. ...

Классный час "Наша первая отметка"

Каждый ученик мечтает хорошо учиться в школе. Во многом это зависит от родителей, самих ребят и конечно учителя. Но как получить хорошие отметки? Об этом и многом другом узнают ребята, а также их роди...

Классный час "В первый класс, первый раз!"

Классный час "В первый класс, первый раз!", это первый урок в День Знаний. Здесь учитель знакомится с учениками и дети друг с другом, задаётся настрой на учёбу. Сказочные герои путешествуют с детьми п...