Обобщающий урок на тему "Звуки" по якутскому языку
план-конспект урока (3 класс) по теме

Филиппова Арабелла Гаврильевна

Урок проходит в конце темы "Звуки" в форме игры-конкурса на якутском языке в третьем классе.

 

Уруок сыала: Дорђоон арааҺын туҺунан өйдөбүлү түмэн көрдөрөр дьарыгы тэрийии,

дорђооннор уратыларын тэңнээн көрөллөрүгэр, сөптөөх түмүгү оңороллоругар усулуобуйа тэрийии.

Соруктара:

Yөрэтэр: дорђооннор майгыннаҺар уонна уратылаҺар өрүттэрин наардаан түмүү уонна чиңэтии.

Сайыннарар: тыл дорђоонун чопчу холобурдартан булан арааран наардааҺын, киирии дорђоонноох тыллары арааран истии.

Иитэр: бэйэ-бэйэни истии,  кэпсэтии култууратын иитии.

Yрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иңэрии:

    Бэйэни дьаҺанар-салайынар сатабыл

-чопчу сорудађы толоруу  сыалын туруорууну ситиҺии;

-бэйэ уонна атын ођо үлэтин түмүгүн ырытар, сыаналыыр үөрэйэђи сайыннарыы;

     Билэр-көрөр сатабыл

-саныыр санааны сааҺылаан атыттарга өйдөнүмтүтүк этэр үөрүйэђи сайыннарыы;

-табыгастаах ньыманан туруоруллубут сорудађы толоруу.

    БодоруҺар сатабыл

-кэпсэтии сиэрин тутуҺан үлэлээҺин.

 

Уруок хаамыыта

1.Тэрийэр чааҺа.

Бүгүн уруокка «Дорђоон» теманы түмүктүүбүт. Көмүс күҺүн аптаах киистэлэринэн таарыйбыт сирдэринэн күүлэйдиэхпит, поэттар күҺүнү хоґуйбут хоҺооннорун аађыахпыт.

 

2.Проблема туруоруу. (1 слайд)

-Хайа бу тугуй? Салгыы хайдах күүлэйдиибит, ођолоор?

-Дьэгэ-Бааба туох диэбитий?

-Хайдах үлэлиибит?

-Yлэлэрбитин хайдах сыаналыыбыт?

(Ођолор экраңңа баар мэҺэйи туоруурга былаан оңостоллор, бөлөђүнэн эбэтэр пааранан үлэлииргэ түмүккэ кэлэллэр. Сөп эппиэти биэрбит бөлөххө эбэтэр паарађа сэбирдэх биэрэргэ диэн түмүккэ кэлэллэр.)

 

3.Билбити түмүктээҺин.

1-кы сорудах (2 слайд)

Сыала: чопчу холобурунан көрөн сорудађы таайыы уонна сөпкө толоруу (аҺађас дорђоон арааҺын - кылгас, уҺун аҺађас дорђоонноох, дифтоннаах тыллары булан наардааҺын).

 

 

  Сорудађы  таайың  уонна  толоруң.

Хомуур,  туорах, ођуруот,  дулђа, түөлбэ, кыстык, кэбиhии,  күүдээх, хомуур.

 

(Бөлөхтөрүнэн үлэлииллэр. Yлэ түмүгүн биир-биир дуоска иннигэр тахсан көмүскүүллэр. Сөп эппиэт иҺин сэбирдэх ылаллар.)

 

2-с сорудах: (3 слайд)

Сыала: уҺун, кылгас аҺађас дорђооннору булан туруоруу, паараларын булуу.

 

  Сорудађын таай уонна толор.

Эбэм ынахтарын бааҺынађа _ рд _ л _ р.

Балтым оскуолађа к _ р _ р.

ЭҺэм аах отторун к _ ст _ л _ р.

Эмискэ ыттарбыт _ рд _ л _ р.

Ыт уңуођу к _ р _ р.

Ођолор ууну к _ ст _ л _ р.

 

(Бөлөхтөрүнэн үлэлииллэр. Yлэ түмүгүн биир ођо дуоска иннигэр тахсан көмүскүр. Сөпкө үлэлээбит бөлөх, паара  эмиэ сэбирдэх ылар.)

 

3-с сорудах (4 слайд)

Сыала: схемађа сөп түбэҺиннэрэн дифтоннаах тыллары булуу.

Ким элбэх тылы булар?

 

(Бөлөхтөрүнэн үлэлииллэр. Yлэ түмүгүн биир - биир аађаллар. Элбэх тылы толкуйдаабыт бөлөх, паара  эмиэ сэбирдэх ылар.)

 

Сынньалаң.  Хамсаныылаах оонньуу «Көтөрдөр» (5 слайд)

 

4-с сорудах (6 слайд)

Сыала: киирии тыллары таба суруйар дьођуру бэрэбиэркэлээґин.

«Аукцион»

Тыллар бары биир темађа сөп түбэҺэр гына айанныыр көлө ааттарын суруйуң.

Биир - биир дуоскађа тахсан айанныыр көлө аатын суруйаллар. СыыҺа суруйбут ођо туоруур, атын ођо ол тылы таба суруйдан салгыыр. Элбэх тылы таба суруйбут паара, бөлөх сэбирдэх ылар.

 (самолет, вертолет, ракета, трамвай, троллейбус, легковой массыына, грузовой массыына, автобус, микроавтобус, катер, пароход уо.д.а.)

 

5-с сорудах (7 слайд)

Сыала:киирии тыллары таба суруйууну өйдүүр дьођуру сайыннарыы.

   Алђас суруллубут тыллары булан  көннөр.

1.Москва              4. Райа                       7. Экскурсия

2. хаңкы               5. таһырдьа                8. Сонньа

3. парашут            6. Бэнидиэнньик        9. докумуон                    

 

 

(Сөпкө ааттаабыт ођолор сэбирдэх ылаллар)

(8 слайд)

 

4. КүҺүн туҺунан поэттар хоҺооннорун аађыы. (9, 10, 11 слайд)

Айымньы аатын, авторын таайыы.

 

5. Рефлексия.

Элбэх сэбирдэђи хомуйбут ођолорго сыана туруоруу, санааларын истии.

- Бэйэбит үлэбитин сыаналанабыт. Ким тугу этиэн бађарарый? (Ођолор санааларын этэллэр.)

- Ханнык сорудађы ордук билэр эбиккитий?

- Онтон ађыйах сэбирдэђи хомуйбут ођолор тугу этиэххит этэй?

 

5. Түмүк.

-Дорђоону таба истии туохха наадалаах эбитий?

-СыыҺата суох суруйарга тугу билиэххэ нааданый?

 

 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл prezentatsiya_k_uroku_sakha_tyla_-_zvuki.pptx277.29 КБ
Файл sakha_tylyn_uruoga_1.docx25.27 КБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Сорудахтарбын толордоххутуна салгыы айанныаххыт .

Слайд 2

Сорудахпын таайың уонна толоруң Хомуур , туорах , ођуруот , дулђа , түөлбэ, кыстык , кэби h ии , күүдээх, хомуур .

Слайд 3

Соруда ђ ын таай уонна толор . Эбэм ынахтарын баа h ына ђ а _ рд _ л _ р. Балтым быйыл оскуола ђ а к _ р _ р. Э h эм аах отторун бэрт сотору к _ ст _ л _ р. Эмискэ ыттарбыт _ рд _ л _ р. Ыт у ң уо ђ у к _ р _ р. О ђ олор ууну к _ ст _ л _ р.

Слайд 4

Ким элбэх тылы булар ?

Слайд 5

Физминутка «Көтөрд өр »

Слайд 6

Ааспыт сайыны саныахпын , дьиэ биттэн ыраах айанныахпын , араас көлө ааттарын суруйан куотала h ың . Тыллар бары биир үөрэппит темађытыгар сөп түбэ h эр буолуохтаахтар . Ким элбэ ђ и билэрий ?

Слайд 7

Алҕас суруллубут тыллары булан көннөр. 1.Москва 4. Райа 7. Экскурсия 2. хаҥкы 5. таһырдьа 8. Сонньа 3. парашут 6. Бэнидиэнньик 9. докумуон

Слайд 8

Маладьыастар !

Слайд 9

Ха h ың тү h эн сарсыарда Хатың чараң кырыарда . Сэбирдэхтэр туруттан Сиргэ дайан түстүлэр . Кустар хоту дойдуттан Ку h угуруу көттүлэр. Эриэн ситии быа хатан Эймэннилэр үөр хаастар . «К ү h үн » Михаил Тимофеев

Слайд 10

К өмүс кү h үн, күндү кү h үн Күлэн – үөрэн тиийэн кэллэ . Отон , тэллэй олус дэлэй , Отоннуохха , тэллэйдиэххэ , Дьоммутугар ту h алыахха . «К ү h үн » Мария Обутова-Эверстова

Слайд 11

Алаастарга , үрэххэ, Айгыр – силик күөх тыађа Бөлүүн кэлэн үктэммит Ха h ың хаардаах атађа . Күнүс сүрдээх ылааңы. Күлүмүрдээн кө h үннэ Арыы хатың чараңым Алтан , көмүс дьү h үнэ. «К ү h үн » Баал Хабрыыс



Предварительный просмотр:

Саха тылын уруога 3 кылаас

Учуутал: Филиппова Арабелла Гаврильевна, Амматаађы академик Л.В.Киренскэй аатынан лицей алын сүҺүөх кылааҺын учуутала

КылааҺа: 3 кылаас

Уруок тиэмэтэ: «Дорђоон» салаађа түмүктүүр уруок.

Уруок тиибэ: барбыты түмүктүүр уруок.

Уруок көрүңэ: көрүү-күрэх

Учебник: И.И.Каратаев, Н.С.Попова «Саха тыла» 3 кылаас

Дидактическай материал: карточкалар.

Уруок сыала: Дорђоон арааҺын туҺунан өйдөбүлү түмэн көрдөрөр дьарыгы тэрийии,

дорђооннор уратыларын тэңнээн көрөллөрүгэр, сөптөөх түмүгү оңороллоругар усулуобуйа тэрийии.

Соруктара:

Yөрэтэр: дорђооннор майгыннаҺар уонна уратылаҺар өрүттэрин наардаан түмүү уонна чиңэтии.

Сайыннарар: тыл дорђоонун чопчу холобурдартан булан арааран наардааҺын, киирии дорђоонноох тыллары арааран истии.

Иитэр: бэйэ-бэйэни истии,  кэпсэтии култууратын иитии.

Yрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иңэрии:

    Бэйэни дьаҺанар-салайынар сатабыл

-чопчу сорудађы толоруу  сыалын туруорууну ситиҺии;

-бэйэ уонна атын ођо үлэтин түмүгүн ырытар, сыаналыыр үөрэйэђи сайыннарыы;

     Билэр-көрөр сатабыл

-саныыр санааны сааҺылаан атыттарга өйдөнүмтүтүк этэр үөрүйэђи сайыннарыы;

-табыгастаах ньыманан туруоруллубут сорудађы толоруу.

    БодоруҺар сатабыл

-кэпсэтии сиэрин тутуҺан үлэлээҺин.

Уруок хаамыыта

1.Тэрийэр чааҺа.

Бүгүн уруокка «Дорђоон» теманы түмүктүүбүт. Көмүс күҺүн аптаах киистэлэринэн таарыйбыт сирдэринэн күүлэйдиэхпит, поэттар күҺүнү хоґуйбут хоҺооннорун аађыахпыт.

2.Проблема туруоруу. (1 слайд)

-Хайа бу тугуй? Салгыы хайдах күүлэйдиибит, ођолоор?

-Дьэгэ-Бааба туох диэбитий?

-Хайдах үлэлиибит?

-Yлэлэрбитин хайдах сыаналыыбыт?

(Ођолор экраңңа баар мэҺэйи туоруурга былаан оңостоллор, бөлөђүнэн эбэтэр пааранан үлэлииргэ түмүккэ кэлэллэр. Сөп эппиэти биэрбит бөлөххө эбэтэр паарађа сэбирдэх биэрэргэ диэн түмүккэ кэлэллэр.)

3.Билбити түмүктээҺин.

1-кы сорудах (2 слайд)

Сыала: чопчу холобурунан көрөн сорудађы таайыы уонна сөпкө толоруу (аҺађас дорђоон арааҺын - кылгас, уҺун аҺађас дорђоонноох, дифтоннаах тыллары булан наардааҺын).

  Сорудађы  таайың  уонна  толоруң.

Хомуур,  туорах, ођуруот,  дулђа, түөлбэ, кыстык, кэбиhии,  күүдээх, хомуур.

(Бөлөхтөрүнэн үлэлииллэр. Yлэ түмүгүн биир-биир дуоска иннигэр тахсан көмүскүүллэр. Сөп эппиэт иҺин сэбирдэх ылаллар.)

2-с сорудах: (3 слайд)

Сыала: уҺун, кылгас аҺађас дорђооннору булан туруоруу, паараларын булуу.

  Сорудађын таай уонна толор.

Эбэм ынахтарын бааҺынађа _ рд _ л _ р.

Балтым оскуолађа к _ р _ р.

ЭҺэм аах отторун к _ ст _ л _ р.

Эмискэ ыттарбыт _ рд _ л _ р.

Ыт уңуођу к _ р _ р.

Ођолор ууну к _ ст _ л _ р.

(Бөлөхтөрүнэн үлэлииллэр. Yлэ түмүгүн биир ођо дуоска иннигэр тахсан көмүскүр. Сөпкө үлэлээбит бөлөх, паара  эмиэ сэбирдэх ылар.)

3-с сорудах (4 слайд)

Сыала: схемађа сөп түбэҺиннэрэн дифтоннаах тыллары булуу.

Ким элбэх тылы булар?

        

(Бөлөхтөрүнэн үлэлииллэр. Yлэ түмүгүн биир - биир аађаллар. Элбэх тылы толкуйдаабыт бөлөх, паара  эмиэ сэбирдэх ылар.)

Сынньалаң.  Хамсаныылаах оонньуу «Көтөрдөр» (5 слайд)

4-с сорудах (6 слайд)

Сыала: киирии тыллары таба суруйар дьођуру бэрэбиэркэлээґин.

«Аукцион»

Тыллар бары биир темађа сөп түбэҺэр гына айанныыр көлө ааттарын суруйуң.

Биир - биир дуоскађа тахсан айанныыр көлө аатын суруйаллар. СыыҺа суруйбут ођо туоруур, атын ођо ол тылы таба суруйдан салгыыр. Элбэх тылы таба суруйбут паара, бөлөх сэбирдэх ылар.

 (самолет, вертолет, ракета, трамвай, троллейбус, легковой массыына, грузовой массыына, автобус, микроавтобус, катер, пароход уо.д.а.)

5-с сорудах (7 слайд)

Сыала:киирии тыллары таба суруйууну өйдүүр дьођуру сайыннарыы.

   Алђас суруллубут тыллары булан  көннөр.

1.Москва              4. Райа                       7. Экскурсия

2. хаңкы               5. таһырдьа                8. Сонньа

3. парашут            6. Бэнидиэнньик        9. докумуон                    

(Сөпкө ааттаабыт ођолор сэбирдэх ылаллар)

(8 слайд)

4. КүҺүн туҺунан поэттар хоҺооннорун аађыы. (9, 10, 11 слайд)

Айымньы аатын, авторын таайыы.

5. Рефлексия.

Элбэх сэбирдэђи хомуйбут ођолорго сыана туруоруу, санааларын истии.

- Бэйэбит үлэбитин сыаналанабыт. Ким тугу этиэн бађарарый? (Ођолор санааларын этэллэр.)

- Ханнык сорудађы ордук билэр эбиккитий?

- Онтон ађыйах сэбирдэђи хомуйбут ођолор тугу этиэххит этэй?

5. Түмүк.

-Дорђоону таба истии туохха наадалаах эбитий?

-СыыҺата суох суруйарга тугу билиэххэ нааданый?        


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

интегрированный бинарный урок "Игрушечная страна" английский + якутский языки

Интегрированный урок отличается от традиционного использованием межпредметных связей. Такой урок позволяет реализовать один из важнейших принципов дидактики – принцип системности обучения, создает опт...

урок якутского языка 3 класс

материал к уроку по якутскому (родному) языку...

технологическая карта урока 3 класс якутский язык

технологическая карта урока 3 класс якутский язык тема урока "Этии"...

План урока по литературному чтению на якутском языке. Тема урока: Николай Якутскай «Дьукаахтыылар».

План урока  по литературному чтению на якутском языке.  Н.Г. Золотарев-Якутский "Дьукаахтыылар"...

Технологическая карта урока по родному (якутскому языку) на тему "Аат тыл"

ТЕХНОЛОГИЧЕСКАЯ КАРТА УРОКА ПО РОДНОМУ (ЯКУТСКОМУ)ЯЗЫКУ Уруок темата: «Тереебут терут тылым – мин быстыбат быйаным»Уруок формата: урок-эстафетаУруок сурун сыала: эрдэ барбыты ха...