Олонхо тылын уруога
план-конспект урока (2 класс) по теме

Олонхо тылын уруога

Тема: Сулус

Учитель: Халыева Г.Ф.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon sulus.doc57 КБ

Предварительный просмотр:

        Олонхо тылын уруога

Учуутал: Халыева Галина Федотовна

Кылааьа: 2

Уруок тиэмэтэ: Сулус.

Уруок сыала-соруга:

- Сулус туьунан олорхо олуктарын аа5ыы, уорэтии;

- сулустар сахалыы ааттарын билии;

- сулус туьунан наука5а коруу;

- толкуйдуур, айар дьо5уру сайыннарыы.

Туттуллар тэриллэр: «Олонхо тыла-оьо», «Мин дойдум – олонхо дойдута», «Улуу куйаар уонна сир» кинигэлэр, «Большая детская энциклопедия», сулустаах халлаан ойуулара, хаартыскалара, интерактивнай дуоска.

Уруок былаана:

  1. Тэрээьин чааьа, ааспыт уруогу санатыьыы.

– Аламай манан кунунэн! ууммут кун утуо буолуохтун!

- Ааспыт уруокка туох туьунан кэпсэттибит этэй? (Ый)

- Ый туьунан этиилэргитин истиэ5ин. (Сеня: «Харана халлаанна сырдык ый коурэйэн та5ыста.»; Айша: «Туунну халлаанна саспат манан ый сандааран та5ыста.»; Володя: «Айыы дьоно олорор орто туруу дойду сарсынныта сарданарар саьар5алаах ыйдаах эбит.»; Валерия: «Кыьынны киэьэ таьырдьа тахсаммын кэтээн киирэр килбиэн ыйы короммун олус уордум»…)

2. Сана тиэмэни быьаарыы.

- Дуоска5а баар таабырыны таайыа5ын.

Хантан да аа5ын – уларыйбаппын,

Инниттэн-кэнниттэн син биирбин,

Харана5а дьиримниибин,

Халлааны киэргэтэбин.

- Бугунну уруокка СУЛУС туьунан кэпсэтиэхпит. Сулус туьунан бу курдук бэйэбит таабырынна айан коруо5ун.

(Халлаанна тыьыынчанан о5уруолар ыйаммыттар уьу. Куйаара биллибэт киэн нэлэмэн муора5а тыьыынчанан кубалар усталлар уьу. Халлаанна комус о5уруолар ыьыллыбыттар уьу.)

- Сулус туьунан тугу билэ5ит? Ханнык сулустары билэ5ит? (Сулус наьаа ыраах баар. Сулус диэн уот… Сулуска кун тыгар, ол иьин туун сырдаан костор. Большая медведица..)

3. Сулустар сахалыы ааттара. Научнай быьаарыыта.

- Халлаан куйаарыгар киьи аа5ан сиппэт элбэх сулуьа баар. Обугэлэрбит Сиртэн чуолаан биир бодон сулуьу короллоро. Ону халлаан сиигэ дииллэрэ. Итэ5элгэ, угэскэ соп тубэьиннэрэн, сахалар болох сулустары тас коруннэринэн корон ааттаталаабыттар. Былыр сахалар Ара5ас сулус туорт улахан сулуьун – тайах, ус кутурук сулуьу – ыт, булчут, таьа5асчыт киьи курдук ойуулаан короллоро. Барыта хас сулуьуй? (7). Туохха маарынныырый? (хомуоска). Кинилэр ара5ас сулуьу хайысха оностоллоро.

        Сулустар Кун систиэмэтиттэн олус ыраах буоланнар, кыратык кыламныыллар. Оттон сир кунтэн чугас буолан сырдык уонна итии. Кунтэн ыраатан истэххэ сырдык уонна итии лаппа а5ыйыыр. (слайдалары коруу)  

- Халлаан эттигин уорэтэр наука ханныгый? (астрономия)

(«Большая детская энциклопедияттан» телескобу, сулустары коруу, о5олор санааларын истии, ырытыы, соптоо5ун быьаарыы)

4. Кинигэттэн олонхо олуктарын аа5ыы, тылдьытынан улэ.

«Олонхо тыла-уьу» кинигэ5э 24-25 сирэй.

«Кыыс Дэбилийэ», «Уолэн Хардааччы» олонхоттон олуктары ааыы:

   Элбэх сулус эркиннээх,

   Угус сулус уурбэлээх,

   Дьэллэнэ сулус бэлиэлээх

   Орто аан ийэ дойду.

                       «Кыыс Дэбилийэ»

    Ара5ас сулус

    Арыалдьыттаах эбит,

    Ургэл сулус

    Уруолдьуттээх эбит.

                        «Уолэн Хардааччы»

  1. Ойдообут тылларгыт бааллар дуо?

Уурбэ – биир киьи уурэригэр соптоох сулус ахсаана. Манна: угус сулус тулалаах диэн ойдобулгэ этиллэр.

Дьэллэнэ сулус – а5ыйах, уба5ас; манна: онон-манан сулустаах халлаан.

Ара5ас сулус – сулус боло5о, уоьэ диэки иэ5иилээх, уктаах хомуоска маарынныыр сэттэ сулус, биир болох. (Инники этиллибити хатылатыы)

Арыалдьыт – сирдээччи, кими эмэ кытта сылдьар киьи.

Ургэл сулус – сулус боло5о.

5. Сынньаланна олонхо хамсаныылара:

Эрчиллиигэ бэлэмнэнии (турукка киирии)

Ойон тахсар куннээх,

Охтон баранар мастаах,

Уолан бутэр уулаах

Орто туруу дойду

Оноьуллубута эбитэ уьу. 

Орто дойду айыллыыта:

- Иннэ-кэннэ биллибэт        - Сиьи коноток туттан

  Киэн куйаар ортотугар        туруу, тобону уна,

  Биир кыракый таас о5ото      ханас эргитии.

  Токунуйэ-бокунуйэ

  Сылдьыбыта уьу.

- Ол таас урдук             - Икки илиинэн улахан

  айыылар ыйаахтарынан        тогурук оноруу.

  Сараадыйа уллэн

  Билинни киэбигэр

  диэри улаатан

      Сир шара буолбут.

        - Ол сири ойо5олоон тахсар    - Уна-ханас иннэри

          Уоттаах кун сылыппыт.         туьуу.

        - Курулуу-харылыы суурдэр     - Тарбахтары холбоон

          Конус урэхтэр суурбуттэр.     долгун оноруу.

        - Улускэннээх сууруктээх      - Илиини быластаан

          Утуо орустэр устубуттар.      долгун оноруу.

        Олонхо5о айыл5а костуутэ:

        - Тунал5ан манан               - Илиини уоьэ уунан

          Килбиэн халлаан,             атах тоботугэр туран

          Урдук мэнэ                   чиккэйии.

          Добун халлаан.

        - Куннэтэ куорэйэр             - Тобону уна-ханас

          Кунду манан кун,               кыннатыы.

          Курэнэн корботох

          Кулум-ча5ыл кун.

        - Урун былыт уордустэ        - Икки илиини быластыы

          Хонор былыт холбосто.   уунуу, иннигэр холбооьун,

          Маҥан былыттар            икки илиини кэккэлэьин-

          Бараалаһан кэлбиттэр.            нэрэ хамсатыы.

6. Дор5оон дьуорэлэьиитин курун, олонхо олуктарын ойго хатааьын.

- «Кыыс Дэбилийэ», «Уолэн Хардааччы» олонхолор олуктарыгар ханнык дор5ооннор дьуорэлэстилэр? (Дуоска5а тыллар дьуорэлэьэр дор5ооннорун аннынан тардан иьии). Холобур:

Элбэх сулус эркиннээх,

Угус сулус уорбэлээх,

Дьэллэнэ сулус бэлиэлээх

Орто аан ийэ дойду.

                       «Кыыс Дэбилийэ»

Интерактивнай дуоска5а туунну халлаан костор. О5олор олонхо олуктарын аа5аллар, ойго хатыырга курэхтэьэллэр. Билбит о5о ойтон этэр уонна ыраас халлаанна бэйэтин сулустарын анньан иьэр. Бары сопко эттэхтэринэ туунну харана халлаанна элбэх сулус дьиримнии оонньуохтаах.

7. Тэтэрээккэ улэ. «Мин дойдум – олонхо дойдута» кинигэ5э 13 с.

- Коппут тыллары туруор:

Элбэх сулус ____________

Угус сулус ____________

Дьэллэнэ сулус ___________

Орто аан ийэ дойду.

Коппут тыллар: уорбэлээх, бэлиэлээх, эркиннээх.  

- Ойтон сулустаах халлаан туьунан этиитэ толкуйдаан суруй.

8. Тумук. Рефлексия.

- Бу уруок туьунан тугу этиэххит этэй?

   


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Саха тылын уруога 2 кылаас А.П.Колесова учебнига

Урок якутского языка по учебнику А.П.Колесовой...

Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В., Флегонтова У.М.)

Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник  «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В.,...

Саха тылын уруога

УМК: Колесова А.П....

Саха тылын уруоктара

Саха тылын уруоктара....

Саха тылын уруога

САХА ТЫЛАУРУОК ТИЭМЭТЭ: ТЫЛЛАРЫ НААРДААҺЫН Кылаас, оскуола:2 «в» кылаас, МСОШ №1 им В.П.ЛарионоваПредмет :Саха тылын уруогаУруок тиэмэтэ:Тыллары наардааьынУМК (учебник аата, автора)Саха тыла 2 кы...

Саха тылын уруогар кеме матырыйаал

Саха тылын уруогар кеме матырыйаал...

Саха тылын үлэлиир бырагырааммата

Быһаарыы сурукҮлэ бырагырааммата Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран уонна Саха тылын 4 кылаас үөрэнээччилэрин кинигэтигэр, Л.В.Захарова, С...