Халыева Галина Федотовна

сайт учителя начальных классов

учи, пока учатся

Профессия: учитель начальных классов

Профессиональные интересы: технологии в обучении

Увлечения: пение, спорт

Страна: Россия

Регион: Республика Саха(Якутия)

Населенный пункт: село Кыйы, Таттинский район

Место работы: Тыарасинская средняя школа

Звание, ученая степень: нет

Навигация

Ссылка на мой мини-сайт:
https://nsportal.ru/halyeva-galina-fedotovna
Дети - наше светлое будущее
ССК

 

Каждый учитель при обучении и воспитании школьников ставит перед собой определённую цель. Моя цель в работе с учениками начальных классов заключается в воспитании всесторонне развитой личности; учить детей быть честными, добрыми, отзывчивыми, т.е. быть настоящим человеком.

О себе

 

Ф.И.О. учителя: Халыева Галина Федотовна

Место работы: МБОУ «Тыарасинская СОШ им. М.Н.Турнина» МР «Таттинский улус».

Должность: учитель начальных классов.

Образование: высшее

- Вилюйское педучилище им. Н.Г.Чернышевского – 1986 г.

- Якутский Государственный Университет им. М.К.Аммосова, факультет ПиМНО – 2006 г.

Общий трудовой стаж: 26 лет

Книги, которые сформировали мой внутренний мир

энциклопедии разного уровня

Мой взгляд на мир

горжусь развитием всего

Мои достижения

 

2008 г. – Лексекун Дима, улусная НПК «Первые шаги»-Гран-при.

2009 г. – Игнатьев Коля, улусная НПК «Первые шаги»-3 место.

2009 г. –Игнатьев Коля, региональ. НПК «Петровские чтения»-3м.

2010 г. – Игнатьев Коля, республиканская НПК-2 место.

2011 г. – Алексеев Володя, улусная НПК «Первые шаги»-1 место.

2011 г. – Григорьева Люда, улусная НПК «Первые шаги»-участие.

2011 г. – Алексеев Володя, рег. НПК «Петровские чтения»-1 место.

2012 г. – Егоров Проня, улусная НПК «Первые шаги»-1 место.

2012 г. – Можаров Женя, улусная НПК «Первые шаги»-участие.

2012 г.–Слепцова Анжелика, улусная НПК «Первые шаги»-участие.

2012 г. – Алексеев Володя, улусная НПК «Первые шаги»-1 место.

2012 г. – Григорьева Люда, респ. НПК «Черосовские чтения»-1 м.

2012 г. – Егоров Проня, респ. НПК «Черосовские чтения»-1 м.

2012 г. – Литвинцев Ваня, респ. НПК «Черосовские чтения»-2 м.

2012 г. – Алексеев Володя, респ. НПК «Черосовские чтения»-2 м.

2012 г. –Халыева Уйгууна, респ. НПК «Черосовские чтения»-3 м.

 

    
 image image

 

Моё портфолио

 

Проект «Кыра кылаас о5отун олонхо уран тылыгар уhуйуу» в рамках  темы опытно-экспериментальной работы школы  «Использование системы педагогики олонхо для формирования компетентной личности в условиях села» (Приказ МО РС(Я) №01-08/1787 «О республиканских экспериментальных площадках» от 29 октября 2010 г.)

       ОлоІхону этигэр-хааныгар иІэринэн, дууґатыгар ылына улааппыт о±о, уус-уран тыла сайдарын таґынан, сиэр-майгы іттµнэн иитиилээх, µчµгэй-мікµ ірµттэри сыаналыыр, анааран кірір, ыраа±ы толкуйдуур, кэтээн кірір дьо±урдаах, тулалыыр айыл±атын, эйгэтин убаастыыр киґи буола улаатар.

       О±о толкуйун сайыннарар, ійµн эрчийэр, тылын саппааґын байытар, быґатын эттэххэ, кыра кылаас µірэнээччитин олоІхо эйгэтигэр киллэрэр араас кірµІнээх µлэни тэрийии билиІІи кэмІэ улахан актуальнай боппуруос.

Этаптара:

1 кэрдиис. Бэлэмнэнии кэмэ. 2001-2002

·        Литература булуу, мунньунуу;

·        ОлоІхону аа±ыы ис хоґоонун µірэтии.

·        Ґлэ хаамыытын толкуйдааґын.

2 кэрдиис. Олоххо киллэрии, холонон кірµµ.

·        Кыра кылаас о±ото олоІхону тіґі сэІээрэрин чинчийии (2001 сылтан);

·        ОлоІхо уруоктара (2004 сылтан);

·        ОлоІхо иитэр ірµттэрин туґаныы;

·        Тіріппµтµ кытта µлэ (бэсиэдэ, ыйытык, тест о.д.а.);

·        Маастар-кылаастары ыытыы, семинардарга, конференцияларга кыттыы.

3 кэрдиис. Тµмµктµµр этап. 2006-2007 сс.

·        Матырыйаалы тµмµµ, ырытыы;

·        Тµмµктээґин, опыты тар±атыы.

4 кэрдиис. СаІа таґымІа тахсыы. 2008 сылтан

·        Ґлэ хаамыытын толкуйдааґын;

·        О±о олоІхону тіґі сэІээрэрин салгыы кэтээн кірµµ;

·        ОлоІхо тылын уруогун ыытыы;

·        Ґлэни кэІэтии (олоІхону истии, толоруу, айарга холонуу,  интеллектуальнай оонньуулары ыытыы, олоІхо персонажтарыгар оІоґуктары оІоруу о.д.а.)

 

       Олоҥхоттон киһи ордук истэ сөҕөрө уус-уран тыла, тылын баайа. Олоҥхо уустаан-ураннаан хоһуйар, сахалыы сатаан сааһылаан саҥарар, сиһилии ымпыктаан быһааран сэһэргиир, дьону кытта кэпсэтэр, бодоруһар сатабылы иҥэрэр кыахтаах сүдү айымньы.

          Алын сүһүөх оскуолаҕа үөрэх былаанын сөпкө аттаран, оҕону олоҥхоҕо сыһыарарга, уруок таһынан дьарыктарга  үөрэтэр табыгастаах. Оҕону олоҥхоҕо тардар, аахтарар, толкуйдатар, өссө ырытыыны оҥорторор уустук, үгүс сыранан ситиһиллэр. Кыра саастаах оскуола оҕото ону чэпчэкитик ылынарын курдук оонньуу ньыматынан ыытыахха сөп.

          Олоҥхону оскуолаҕа үөрэтиигэ төһө кыах бэриллэринэн, үөрэтии ньымаларын сыымайдаан, байытан, толкуйу түмэн, кини киэҥ киэлитигэр ыччаты тиэрдэр, киллэрэр суолу-ииһи тобулуу олус наадалаах. Учуутал үлэ, ньыма араас көрүҥнэрин киллэрэн утумнаахтык үлэлэстэҕинэ эрэ түмүктээх буолуон сөп. Манна учуутал баҕата, баай фантазията, сатабыла, дьоҕура улахан оруолу ылар.

          Олоҥхо эйгэтин тэрийии үгүс уустуктардаах. Ол курдук билиҥҥи кэмҥэ олоҥхоһут даҕаны, толорооччу даҕаны суох. Олоҥхо тыла-өһө мэлдьи иһиллибэт, анал тус эйгэтэ олохтоммот, кини абылыыр күүһэ-уоҕа түөлбэҕэ суох кэриэтэ. Иккис уустуга -  олоҥхону, киһини тардар гына, ойуулаан-дьүһүннээн кинигэ оҥорон таһаарыы аҕыйах. Үсүһүнэн, олоҥхо ырыатын-тойугун, тыаһын-ууһун, өҥүн-дьүһүнүн, омунун-төлөнүн тутуһуу дэбигис кыаллыбат. Оттон театр туруорар оонньуута тарҕаммат.

          Оҕо кыра сааһыттан олоҥхо тылын-өһүн, ырыатын-тойугун истэ үөрэннэҕинэ, кини кутугар-сүрүгэр истибит дорҕооно, саҥата-иҥэтэ иҥэн хаалар. Ол сиэринэн, улааттаҕына олоҥхону истэр, ырытар, толкуйдуур дьоҕурданар. Билиҥҥи үйэҕэ оҕо олоҥхону дьиэҕэ-уокка, анал эйгэҕэ олорон истэрэ уустук. Оттон оскуолаҕа, үгүс оҕо түмсэр сиригэр, ити кыаллыан сөп.

          Алын сүһүөх оскуолаҕа, программанан эрэ муҥурдаммакка, кылаас таһынан үлэҕэ, уруоктарга олоҥхону үөрэтиини ситимнээхтик киллэрэбит. Оҕо олоҥхону оҕо саадыгар үөрэппитин оскуолаҕа салгыы сайыннарар, үлэ ис хоһооно кэҥиир, дириҥиир.

          Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхо тыыннаах тылын иһитиннэрэр олус уустук. Ол иһин аныгы кэм араас тэрилин туһанар ордук. Кыаллар буоллаҕына, олоҥхоһуту (олоҥхону толорооччуну) ыҥыран иһитиннэрэр эмиэ табыгастаах ньыма. Олоҥхо кыра оҕону сылаппат курдук тэттик соҕус буоларын көрөр наада. Оҕо истибитин үтүктэр, ыллаан-туойан оҕолор бэйэ-бэйэлэрин үөрэтиһэллэр, уһуйсаллар.

          Кыра кылаас оҕотугар сөптөөх олоҥхо кинигэлэрин билиһиннэрии, ис хоһоонун ырытыһыы, уруһуйдааһын, оруолларынан туруоруу, тыл оонньуута, ойууну өҥнөөһүн курдук үлэлэр алын сүһүөх оскуолаҕа утумнаахтык ыытыллаллар. Бу барыта оҕону олоҥхо ойуулуур-дьүһүннүүр, уус-уран тылыгар уһуйар.

          Оҕо олоҥхону төһө истибитин, аахпытын, олоҥхонон туруоруллубут дьүһүйүүнү, испэктээги төһө көрөрүн, олоҥхону төһө сэҥээрэрин 2001 сылтан кэтээн кірµµ, чинчийии ыытыллар.

          4 хайысханан ырытан оҥорбуппут: 1) Олоҥхоһуту истэр.

2) Олоҥхону тастан истэр: 3) олоҥхо кинигэтин ааҕар; 4) олоҥхо испэктээгин көрөр; 5) олоІхону толорор; 6) олоІхо тылын туттар.

          Оҕо олоҥхону төһө сэҥээрэрин 3 таһымынан быһаарыллар: мэлдьи, арыт, суох. Бу чинчийэр үлэҕэ төрөппүтү эмиэ кытыннарбыппыт. Төрөппүт оҕото олоҥхону төһө сэҥээрэрин дьиэҕэ-уокка кэтээн көрөр уонна сыл бүтүүтэ анкета толорор.

          Алын сүһүөх оскуола оҕото олоҥхо олуктарын үөрэтэн кэпсэтэр тылыгар киллэрэр, уус-уран сурукка туһанар, иэйиитин эгэлгэлээн этэригэр тыл дэгэтин туһанарга холонор. Олоҥхо кылгас кэрчигин бэйэтэ таларга үөрэнэр. Онон олоҥхоҕо кэрэхсэбилэ күүһүрэр, санаата эрчимирэр, киһи быһыытынан сайдарыгар олук охсуллар.

          Билигин олоҥхону саҥа таһымҥа салгыы таһаарар, иитэр-үөрэтэр суолтатын үрдэтэр сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. Үлэлиир темабыт «Кыра кылаас оҕотун олоҥхонон уран тылга уһуйуу». Үлэҕэ кытталлар: учуутал, үөрэнээччи, төрөппүт, психолог, социальнай педагог, дуогабардаах тэрилтэ (коррекционнай оскуола). Хас биирдиилэрэ үлэлиир тус эбээһинэстээхтэр.

          “Олоҥхо тыла”  куурус 2004 сылтан кыра кылаастарга уруогу таһынан үлэттэн 1 чааһы ылан ыытыллар.  Билигин Федеральнай государственнай үөрэх стандарда киирбитинэн уруок таһынан дьарыкка 10 чаас көрүллэр. Итини, хас биирдии оҕо сайдарын туһугар, көдьүүстээхтик аттаран, араас кулууптары, студиялары, театрдары, секциялары тэрийэн ыытыллар. Дьарыгы таларга оҕо уонна төрөппүт баҕата учуоттанар, маныаха төрөппүт сүрүн болҕомтону ылар. Оскуолаҕа үөрэххэ бэриллэр чааһы сөпкө аттаран, тылы сайыннарарга олоҥхону киллэрэр табыгастааҕын биллибит.

Мои публикации:
Добавить грамоту в портфолио
Мои альбомы