Саха тылын үлэлиир бырагырааммата
рабочая программа (4 класс)
Быһаарыы сурук
Үлэ бырагырааммата Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран уонна Саха тылын 4 кылаас үөрэнээччилэрин кинигэтигэр, Л.В.Захарова, С.А.Баснаева, С.Е.Потапова, Н.С.Олесова “Саха тыла. 4 кылаас”, уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэнэр кинигэ 2 чаастаах, Дьокуускай, «Бичик», 2017с. Саха Республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппит босуобуйатыгар тирэҕирэн сурулунна, (“Саха оскуолата” систиэмэ).
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
saha_tyla.docx | 33.13 КБ |
Предварительный просмотр:
Быһаарыы сурук
Үлэ бырагырааммата Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар, үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран уонна Саха тылын 4 кылаас үөрэнээччилэрин кинигэтигэр, Л.В.Захарова, С.А.Баснаева, С.Е.Потапова, Н.С.Олесова “Саха тыла. 4 кылаас”, уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэнэр кинигэ 2 чаастаах, Дьокуускай, «Бичик», 2017с. Саха Республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппит босуобуйатыгар тирэҕирэн сурулунна, (“Саха оскуолата” систиэмэ).
Үөрэх предметин сыала уонна соруга
Төрөөбүт тылы үөрэтии сыала:
- үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай били быстыспат сорҕотун быһыытынан иӊэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
- үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕи, саӊа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сорото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэҕирэн, саӊа (тыл) араас көрүӊэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
- үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иӊэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы үөрэтии соруктара:
- дьону-сэргэни кытта бодоруһар саӊа (тыл) сүрүн көрүӊнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иӊэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
- тыл (саӊа) – бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн сайыннарыы;
- тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саӊарарын уонна суруйарын ситиһии;
- тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иӊэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
- төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.
Үөрэх предметин өйдөбүлэ
Төрөөбүт тыл – көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ.
Төрөөбүт тыл – оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕытык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиӊник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин утумнуур сүрүн эйгэтэ. Начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэӊ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтаах, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саӊа булгуччулаах ирдэбили – үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иӊэриэхтээх.
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предметтэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иӊэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.
Үөрэх былааныгар үөрэх биридимиэтин миэстэтэ
Үөрэх былаанынан алын сүһүөх оскуолаҕа «Саха тыла» биридимиэти үөрэтиигэ 4 кылааска барыта 102 чаас көрүллэр, нэдиэлэҕэ 3 чаас.
Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии оҕоҕо ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иӊэриигэ улахан суолталаах. Киһи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөӊөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруһуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айылҕа, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көӊүл, кырдьык, үтүө сана, киһи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (Личностные)
- Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп;
- Төрөөбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр;
- Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этитэр кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр;
- Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр;
- Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр;
- Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (Метапредметные)
- Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.
- Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.
- «Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөи түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
- Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
-Хонтуруолланыы. Бэйэ санатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии (Предметные)
- Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.
- Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.
- Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).
- Саныыр санаатын сааһылаан, дьонҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийим- тиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.
- Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.
- Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэ- тии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.
- Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.
«Саха тыла» биридимиэт ис тутула:
№ | Бас аата | Тиэмэ аата | Чаас ахсаана |
1 | Хатылааһын (4) | Хатылааһын. Аһаҕас дорҕоон арааһа: илин, кэлин | 1 |
Хатылааһын. Нуучча тылын буукубалара, дорҕоонноро | 1 | ||
Хатылааһын. Саҥа чааһа | 1 | ||
Хатылааһын. Тиэкис | 1 | ||
2 | Аат тыл (19) | Аат тыл суолтата | 1 |
Аат тыл аат тылтан үөскээһинэ | 1 | ||
Аат тыл туохтууртан үөскээһинэ | 1 | ||
Тардыылаах аат тыл | 1 | ||
Аат тыл түһүктэниитэ | 1 | ||
Төрүт түһүк. Араарыы түһүк | 1 | ||
Сыһыарыы түһүк | 1 | ||
Туохтуу түһүк | 1 | ||
Таһаарыы түһүк | 1 | ||
Туттуу түһүк | 1 | ||
Холбуу түһүк | 1 | ||
Тэҥнии түһүк | 1 | ||
Аат тыл түһүктэниитигэр бэрэбиэркэлиир үлэ | 1 | ||
Аат тыл элбэх ахсаанын түһүктэниитэ | 1 | ||
Аат тыл элбэх ахсаанын түһүктэниитигэр бэрэбиэркэлиир үлэ | 1 | ||
Хонтуруолунай үлэ Аат тыл | 1 | ||
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
3 | Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ (5) | Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ | 1 |
Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ | 1 | ||
Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитигэр бэрэбиэркэлиир үлэ | 1 | ||
Хатылааһын. Аат тыл | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
4 | Даҕааһын аат (15) | Даҕааһын аат суолтата | 1 |
Даҕааһын аат үөскээһинэ | 1 | ||
Даҕааһын аат аат тылтан үөскээһинэ | 1 | ||
Хатылааһын. Даҕааһын аат аат тылтан үөскээһинэ | 1 | ||
Даҕааһын аат туохтууртан үөскээһинэ | 1 | ||
Даҕааһын аат даҕааһынтан үөскээһинэ | 1 | ||
Хонтуруолунай устуу Хаар | 1 | ||
Нууччалыы суруллар даҕааһын аат | 1 | ||
Хатылааһын. Даҕааһын аат | 1 | ||
Хатылааһын. Даҕааһын аат үөскээһинэ | 1 | ||
Аахпыттан суруйуу Куоска ууга харбыыра буолуо дуо? | 1 | ||
Хатылааһын. Даҕааһын аат | 1 | ||
Хонтуруолунай үлэ Даҕааһын аат | 1 | ||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
5 | Ахсаан аат (5) | Ахсаан аат суолтата | 1 |
Кэрискэ ахсаан аат | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||
6 | Солбуйар аат (5) | Солбуйар аат суолтата | 1 |
Сирэй солбуйар аат | 1 | ||
Солбуйар аат сирэйдэниитэ | 1 | ||
Ыйар, ыйытар солбуйар аат | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
7 | Туохтуур (29) | Туохтуур суолтата | 1 |
Туохтуур билиҥҥи кэмҥэ | 1 | ||
Туохтуур билиҥҥи кэмҥэ | 1 | ||
Аахпыттан талан суруйуу | 1 | ||
Туохтуур ааспыт кэмҥэ | 1 | ||
Туохтуур ааспыт кэмҥэ | 1 | ||
Графическай дьыктаан | 1 | ||
Туохтуур кэлэр кэмҥэ | 1 | ||
Туохтуур кэлэр кэмҥэ | 1 | ||
Тылдьытынан үлэ | 1 | ||
Паараласпыт туохтуур | 1 | ||
Көҥүл дьыктаан | 1 | ||
Туохтуур соруйар киэбэ | 1 | ||
Хонтуруолунай устуу | 1 | ||
Көмө туохтуурдар | 1 | ||
Талан дьыктаан | 1 | ||
Хайааһыны дьүһүннүүр туохтуурдар | 1 | ||
Истэн дьыктаан | 1 | ||
Буолар буолбат халыып | 1 | ||
Туохтуур үөскээһинэ | 1 | ||
Өйтөн суруйуу | 1 | ||
Тылынан дьыктаан | 1 | ||
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||
Хатылааһын. Туохтуур | 1 | ||
Хатылааһын. Туохтуур уларыйыыта | 1 | ||
Хонтуруолунай үлэ Туохтуур | 1 | ||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
8 | Сыһыат (5) | Сыһыат суолтата | 1 |
Сыһыат | 1 | ||
Сыһыат | 1 | ||
Хатылааһын. Саҥа чааһа | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
9 | Этии (9) | Этии суолтата | 1 |
Саҥа уларыйыыта – интонация | 1 | ||
Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии | 1 | ||
Этии ойоҕос чилиэннэрэ | 1 | ||
Этии ойоҕос чилиэннэрэ | 1 | ||
Этии биир уустаах чилиэннэрэ | 1 | ||
Туһулуу | 1 | ||
Сирэй саҥа | 1 | ||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||
10 | Түмүктүүр уруоктар (6) | Аат тыл | 1 |
Даҕааһын аат | 1 | ||
Туохтуур | 1 | ||
Солбуйар аат | 1 | ||
Сыллааҕы түмүктүүр хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||
Сыыһаҕа үлэ. Түмүктүүр уруок | 1 | ||
Уопсайа: | 102 |
Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһыма:
- Этии биир уустаах чилиэннэрин булар, сурукка биир уустаах чилиэннэргэ соппутуойу туруорар;
- Аат, даҕааһын, туохтуур үѳскээһинин быһаарар;
- Саха тылын падежтарын ыйытыынан булар, быһаарар;
- Тохтуур кэмнэрин быһаарар, дакаастыыр;
- Солбуйар ааты булар, дакаастыыр;
- Ахсаан ааты булар, дакаастыыр;
- Тэнийбэтэх этиини тэнитэр;
- Туһулууну уонна сирэй саңаны быһаарар буолуохтаах.
Тиэмэтическэй былааннаһын
№ | Бас, тиэмэ аата | Чаас ахсаана | Уопсай ахсаантан | ||||
уруок | Бэрэбиэркэлиир үлэ | Тылы сайыннарыыга үлэ | Талан толорор үлэ | Экскурсия | |||
1 | Хатылааһын | 4 | |||||
2 | Аат тыл | 19 | |||||
3 | Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ | 5 | |||||
4 | Даҕааһын аат | 15 | |||||
5 | Ахсаан аат | 5 | |||||
6 | Солбуйар аат | 5 | |||||
7 | Туохтуур | 29 | |||||
8 | Сыһыат | 5 | |||||
9 | Этии | 9 | |||||
10 | Түмүктүүр уруоктар | 6 | |||||
Уопсайа | 102 |
Халандаарнай-тематическай былаан
№ | Бас аата | Тиэмэ аата | Чаас ахсаана | Ыытыллар күнэ | |
былаан | дьиҥ | ||||
1 | Хатылааһын (4) | Хатылааһын. Аһаҕас дорҕоон арааһа: илин, кэлин | 1 | ||
Хатылааһын. Нуучча тылын буукубалара, дорҕоонноро | 1 | ||||
Хатылааһын. Саҥа чааһа | 1 | ||||
Хатылааһын. Тиэкис | 1 | ||||
2 | Аат тыл (19) | Аат тыл суолтата | 1 | ||
Аат тыл аат тылтан үөскээһинэ | 1 | ||||
Аат тыл туохтууртан үөскээһинэ | 1 | ||||
Тардыылаах аат тыл | 1 | ||||
Аат тыл түһүктэниитэ | 1 | ||||
Төрүт түһүк. Араарыы түһүк | 1 | ||||
Сыһыарыы түһүк | 1 | ||||
Туохтуу түһүк | 1 | ||||
Таһаарыы түһүк | 1 | ||||
Туттуу түһүк | 1 | ||||
Холбуу түһүк | 1 | ||||
Тэҥнии түһүк | 1 | ||||
Аат тыл түһүктэниитигэр бэрэбиэркэлиир үлэ | 1 | ||||
Аат тыл элбэх ахсаанын түһүктэниитэ | 1 | ||||
Аат тыл элбэх ахсаанын түһүктэниитигэр бэрэбиэркэлиир үлэ | 1 | ||||
Хонтуруолунай үлэ Аат тыл | 1 | ||||
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
3 | Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ (5) | Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ | 1 | ||
Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитэ | 1 | ||||
Нууччалыы суруллар аат тыл түһүктэниитигэр бэрэбиэркэлиир үлэ | 1 | ||||
Хатылааһын. Аат тыл | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
4 | Даҕааһын аат (15) | Даҕааһын аат суолтата | 1 | ||
Даҕааһын аат үөскээһинэ | 1 | ||||
Даҕааһын аат аат тылтан үөскээһинэ | 1 | ||||
Хатылааһын. Даҕааһын аат аат тылтан үөскээһинэ | 1 | ||||
Даҕааһын аат туохтууртан үөскээһинэ | 1 | ||||
Даҕааһын аат даҕааһынтан үөскээһинэ | 1 | ||||
Хонтуруолунай устуу Хаар | 1 | ||||
Нууччалыы суруллар даҕааһын аат | 1 | ||||
Хатылааһын. Даҕааһын аат | 1 | ||||
Хатылааһын. Даҕааһын аат үөскээһинэ | 1 | ||||
Аахпыттан суруйуу Куоска ууга харбыыра буолуо дуо? | 1 | ||||
Хатылааһын. Даҕааһын аат | 1 | ||||
Хонтуруолунай үлэ Даҕааһын аат | 1 | ||||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
5 | Ахсаан аат (5) | Ахсаан аат суолтата | 1 | ||
Кэрискэ ахсаан аат | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||||
6 | Солбуйар аат (5) | Солбуйар аат суолтата | 1 | ||
Сирэй солбуйар аат | 1 | ||||
Солбуйар аат сирэйдэниитэ | 1 | ||||
Ыйар, ыйытар солбуйар аат | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
7 | Туохтуур (29) | Туохтуур суолтата | 1 | ||
Туохтуур билиҥҥи кэмҥэ | 1 | ||||
Туохтуур билиҥҥи кэмҥэ | 1 | ||||
Аахпыттан талан суруйуу | 1 | ||||
Туохтуур ааспыт кэмҥэ | 1 | ||||
Туохтуур ааспыт кэмҥэ | 1 | ||||
Графическай дьыктаан | 1 | ||||
Туохтуур кэлэр кэмҥэ | 1 | ||||
Туохтуур кэлэр кэмҥэ | 1 | ||||
Тылдьытынан үлэ | 1 | ||||
Паараласпыт туохтуур | 1 | ||||
Көҥүл дьыктаан | 1 | ||||
Туохтуур соруйар киэбэ | 1 | ||||
Хонтуруолунай устуу | 1 | ||||
Көмө туохтуурдар | 1 | ||||
Талан дьыктаан | 1 | ||||
Хайааһыны дьүһүннүүр туохтуурдар | 1 | ||||
Истэн дьыктаан | 1 | ||||
Буолар буолбат халыып | 1 | ||||
Туохтуур үөскээһинэ | 1 | ||||
Өйтөн суруйуу | 1 | ||||
Тылынан дьыктаан | 1 | ||||
Чиэппэрдээҕи хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||||
Хатылааһын. Туохтуур | 1 | ||||
Хатылааһын. Туохтуур уларыйыыта | 1 | ||||
Хонтуруолунай үлэ Туохтуур | 1 | ||||
Сыыһаҕа үлэ | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
8 | Сыһыат (5) | Сыһыат суолтата | 1 | ||
Сыһыат | 1 | ||||
Сыһыат | 1 | ||||
Хатылааһын. Саҥа чааһа | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
9 | Этии (9) | Этии суолтата | 1 | ||
Саҥа уларыйыыта – интонация | 1 | ||||
Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии | 1 | ||||
Этии ойоҕос чилиэннэрэ | 1 | ||||
Этии ойоҕос чилиэннэрэ | 1 | ||||
Этии биир уустаах чилиэннэрэ | 1 | ||||
Туһулуу | 1 | ||||
Сирэй саҥа | 1 | ||||
Ситиһиибитин сыаналанабыт, билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит | 1 | ||||
10 | Түмүктүүр уруоктар (6) | Аат тыл | 1 | ||
Даҕааһын аат | 1 | ||||
Туохтуур | 1 | ||||
Солбуйар аат | 1 | ||||
Сыллааҕы түмүктүүр хонтуруолунай дьыктаан | 1 | ||||
Сыыһаҕа үлэ. Түмүктүүр уруок | 1 | ||||
Уопсайа: | 102 |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Олонхо тылын уруога
Олонхо тылын уруогаТема: СулусУчитель: Халыева Г.Ф....
Саха тылын уруога 2 кылаас А.П.Колесова учебнига
Урок якутского языка по учебнику А.П.Колесовой...
Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В., Флегонтова У.М.)
Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В.,...
Саха тылын уруога
УМК: Колесова А.П....
Саха тылын уруоктара
Саха тылын уруоктара....
Саха тылын уруога
САХА ТЫЛАУРУОК ТИЭМЭТЭ: ТЫЛЛАРЫ НААРДААҺЫН Кылаас, оскуола:2 «в» кылаас, МСОШ №1 им В.П.ЛарионоваПредмет :Саха тылын уруогаУруок тиэмэтэ:Тыллары наардааьынУМК (учебник аата, автора)Саха тыла 2 кы...
Саха тылын уруогар кеме матырыйаал
Саха тылын уруогар кеме матырыйаал...