Авторская программа по краеведению
материал (1 класс) на тему
Предварительный просмотр:
Алын суһуех кылаас о5олоругар Кыраайы уерэтии куруЬуогун программата
Быһаарыы сурук.
Билиҥҥи кэмҥэ биhиги оҕолорбут төрөөбүт дойдуларын, улуустарын, кинилэр биллиилээх дьоннорун туhунан билиилэрэ-көрүүлэрэ татым, кыараҕас. Ону сырдатар, үөрэтэр сыал-сорук турар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт дойдутун уратытын, кини айылҕатын дьиктилэрин, баайын-дуолун туhунан элбэҕи билэр, кэрэхсиир, дьонунан киэн туттар эрэ буоллаҕына дьоҥҥо-сэргэҕэ убаастабыллаахтык сыhыаннаhар, кыаммакка-кырдьаҕаска көмөлөhөр, олорор сирин-уотун харыстыыр, итэҕэлин тутуhар сиэрдээх киhи иитиллэн тахсыа. Итинэн сибээстээн кыраайы үөрэтэр куруhуок программата оҕоҕо төрөөбүт дойдутун историятын, дьонун-сэргэтин, үлэти-хамнаhын, айылҕатын туhунан бастакы өйдөбүллэри биэрэр сыаллаах.
Куруhуок үлэтин сүрүн сыалынан - өбүгэбит абыычайдарын үйэтитии, олохторун-дьаhахтарын, традицияларын эдэр көлүөнэҕэ тиэрдии, төрөөбүт дойдутун ааспыт историческай көрүүлэрин, өбүгэлэр олохторун-дьаhахтарын, сиэри-туому үөрэтии. Онон кыраайы үөрэтии куруһуога оҕо төрөөбүт дойдутун туһунан билиитин кэҥэтэр, киниэхэ тапталы иитэр, гражданскай өй-санаа үөскэтэр сыаллаах.
Кыраайы үөрэтии куруһуок соруктара:
- оҕону сиэр-майгы төрүттэригэр, норуот олорон ааспыт олоҕун үөрэтэн, ийэ-аҕа ууһун үтүө үгэстэригэр уһуйуу;
- төрөөбүт айылҕаҕа харыстабыллаах сыhыаны иитии;
- төрөөбүт дойдутун историятыгар интэриэһи үөскэтии, кимтэн-кииннээҕин, хантан-хааннааҕын туһунан өйдөбүлү биэрии;
- дойду,нэһилиэк, оскуола олорон ааспыт олоҕун өйдөөн-дьүүллээн көрөргө үөрэтии;
- төрөөбүт дойдутун туһунан тылынан уус-уран айымньыны, публицистическай матырыйааллары билиһиннэрии, сөптөөх билиини иҥэрии.
Программа алын сүһүөх кылаастарга 4 сылга ананан оҥоhулунна, бастакы сылыгар1 кылаас үөрэнээччилэрин куруhуокка ылыллар. Уонна бу оҕолор бу куруhуокка 4 сыл дьарыктаналлар. Дьарык нэдиэлэҕэ биир чаас ыытыллар.
Маннык принциптэргэ олоҕуран оҥоһулунна:
- Олоҕу кытта сибээс. Программа үөрэх дьылын 9 ыйыгар аттарыллан, суолталаах событиеларга сөп түбэһиннэрэн 9 темаҕа араарылынна. Алтынньы ыйга – «Абаҕа герой пионердара», ыам ыйыгар – «Аҕа дойду Улуу сэриитэ».
- Научнай төрүккэ олоҕуруу. Үөрэтии музей матырыйаалларыгар, краеведтар үлэлэригэр, публицистическай суруйууларга, уус-уран айымньыларга олоҕурар.
- Оҕоҕо тиийимтиэтэ. Үөрэнээччи сааһынан уратыларыгар олоҕуран уопсай, чугас өйдөбүлтэн саҕалаан, программаны бүтэрэллэригэр оҕолор бу темаҕа бэйэлэрин санааларын үллэстэн, айымньылаахтык үлэлииллэрин ситиһии.
- Утумнаахтык үөрэтии. Yөрэтиллэр темалар киэҥнэр. Онон 4 сыл устата сыл аайы биирдии ыйга аттарыллан оҥоhулунна. 3-4 дьарыкка бу темаҕа кэпсэтэн баран бүтэн хаалбакка, кэнники сылларга өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн үөрэтиллэр.
- Көрдөрөр матырыйаал. Музейга сылдьыы, историческай миэстэлэринэн экскурсиялар, хаһыат матырыйаалларын, хаартыскалары, планшеттары, альбомнары, кинигэлэри туттуу.
Үөрэтии ньымалара: учуутал кэпсээнэ, бэсиэдэ, музейга сылдьыы, экскурсия, көрсүһүүлэр, айымньылары ааҕыы, ырытыhыы, докладтары суруйуу.
Туттуллар тэриллэр: альбомнар, хаартыскалар, планшеттар, стендэлэр, музей матырыйааллара, кинигэлэр, карталар, схемалар.
Оҕо бэйэтин дьарыга: уруһуй, өйтөн суруйуу, ахтыы хомуйуу, карта, схема оҥоруу, ырыа, хоһоон үөрэтии, доклад суруйуу, ааҕыыларга кыттыы, уо.д.а.
Төрөппүтү кытта үлэ: оҕо кэтээн көрөр үлэтигэр төрөппүт сүбэтэ, доклад суруйуутугар матырыйаалын, литературатын буларыгар көмөтө, төрдү-ууhу үөрэтиигэ, ахтыы хомуйуутугар бииргэ үлэлээhинэ уо.д.а.
Кыраайы үөрэтии куруhуокка дьарыктанан оҕо билиэхтээх, сатыахтах:
- төрөөбүт нэһилиэгин историятын, дьонун-сэргэтин туhунан уопсай өйдөбүлү ылыахтаах;
- нэһилиэк тэрилтэлэрин үлэтин-хамнаhын, идэлэр тустарынан билиэхтээх;
- бэйэтин төрдүн-ууhун ырытыахтаах;
- төрөөбүт дойдутун сирин-уотун ааттарын, айылҕатын, баайын-дуолун туhунан бастакы өйдөбүлү ылыахтаах;
- төрөөбүт дойдутун туhунан тылынан уус-уран айымньылары кытта билсиэхтээх;
- бэйэтин санаатын үллэстэ үөрэниэхтээх, билиитин атыттарга тиэрдиэхтээх;
- бэйэтигэр сөптөөх чинчийэр үлэни сатыыр буолуохтаах;
- төрөөбүт дойдутунан, кини дьонунан-сэргэтинэн киэн туттуохтаах.
Түмүкпэр, саха ыччата кыра сааhыттан норуотун төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт буоруттан толору куттаах-сүрдээх, сахатын норуотун салгыыр киhи буолан тахсарыгар кыhаллыаҕыҥ. Бэйэтин төрөөбүт норуотун духовнай уонна материальнай культуратыгар кыра оҕо сааhыттан уhуйуллан улааппыт эрэ оҕо, атын норуот культуратын убаастыыр, өйдүүр кыахтанар. Саха оҕотун сахалыы иитиэххэ-үөрэтиэххэ диэн билигин сыал-сорук турар. Бу иитии-үөрэтии бэйэ дьиэтин, тиэргэнин, түөлбэтин үтүө үгэстэригэр олоҕуран үөрэттэххэ ордук өйдөнүмтүө, тиийимтиэ буолуохтаах.Оҕо бэйэтин төрдүн-ууһун, төрөөбүт сирин иҥэн-тоҥон билбэт, үгэстэрин тутуспат, ытыктаабат буоллаҕына үтүө киһи буолара саарбах.
Кыраайы үөрэтии куруhуок программата.
Күнэ-дьыла | Раздел | Уопсай соруктар | Дьарык темалара | Ыытыллар көрүҥэ |
балаҕан ыйа | Абаҕа оскуолата. (16 чаас) | Үөрэнэр оскуолаларын ытыктыырга, кининэн киэн туттарга, кини традицияларын тутуһарга иитии. Оскуола олоҕун тэриллиититэн саҕалаан, сайдан испит суолун үөрэтии. Абаҕа оскуолатыгар үлэлээн ааспыт дьону ахтан-чиэстээн ааһыы. Оскуолаҕа үөрэммит төрөппүттэр ахтыыларын хомуйуу. | Бастакы сыл (4 чаас) | |
Мин үөрэнэрэ оскуолам | экскурсия | |||
Оскуолаҕа үөрэнии, тутта-хапта сылдьыы бэрээдэгэ | ||||
Мин оскуолаҕа үөрэнэр доҕотторум | кэпсэтиhии | |||
Оскуолаҕа туох саҥаны, интэриэhинэйи биллим | уруhуй | |||
Иккис сыл (4 чаас) | ||||
Оскуола урукку дьиэлэрэ | экскурсия | |||
Оскуолаҕа үөрэммит оҕолор ахтыылара | ||||
Оскуола мин иккис дьиэм | үлэ | |||
Мин оскуолам 21 үйэҕэ | уруhуй | |||
Үhүс сыл (4 чаас) | ||||
Оскуола тэриллиитин историята | музейга сылдьыы | |||
Мин төрөппүттэрим бу оскуолаҕа үөрэммиттэрэ | ахтыы хомуйуу | |||
Оскуола традициялара | ||||
Мин оскуолам хайдах буолуон баҕарабын | өйтөн суруйуу | |||
Төрдүс сыл (4 чаас) | ||||
Абаҕа оскуолатын сайдан испит суоллара | музейга сылдьыы | |||
Оскуолаҕа үлэлээн ааспыт дьоннор | альбомнары ырытыы | |||
Оскуола тупсарыгар мин кыттыым | үлэ | |||
Алын сүhүөх кылаастарга үөрэммит сылларым | өйтөн суруйуу | |||
алтынньы | Абаҕа герой пионердара. (12 чаас) | Абаҕа пионердарын хорсун быһыыларын билиһиннэрии, герой пионердарга анаммыт айымньылары үөрэтии, экскурсия, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга иитии. | Бастакы сыл (3 чаас) | |
Абаҕа пионердарын хорсун быһыылара | музейга сылдьыы | |||
Сэрии буолбут сирдэринэн экскурсия. | экскурсия | |||
Абаҕа пионердарын сэриитэ | уруhуй | |||
Иккис сыл (3 чаас) | ||||
Абаҕа пионердарын салҕааччылар буолабыт | ||||
Абаҕа пионердарын ааттарынан киэн туттабыт | архыып матырыйаала | |||
Ганя Старостин | экскурсия | |||
Үhүс сыл (3 чаас) | ||||
Герой пионердар кимнээхтэрий? | музейга сылдьыы | |||
Н. Дмитриев Эдэр сэрииһиттэр | библиотечнай уруок | |||
Абаҕа пионердарын пааматынньыга | экскурсия | |||
Төрдүс сыл (3 чаас) | ||||
Мин пионер буоларга бэлэмнэнэбин | ||||
Герой пионердар тустарынан матырыйааллар | музейга сылдьыы | |||
Н.Дмитриев «Красногалстучный бастион» | библиотечнай уруок | |||
сэтинньи | Киэн туттар дьоммут (12 чаас) | Абаҕа оскуолатыгар үөрэммит биллиилээх дьоннору билиһиннэрии. Суруйааччылар, мелодистар, артистар олохторун, кинилэр айымньыларын билсиһии. | Бастакы сыл (3 чаас) | |
К. Туйаарыскай |
| |||
О. Иванова | музейга сылдьыы | |||
К. Туйаарыскай айымньылара | библиотекаҕа сылдьыы | |||
Иккис сыл (3 чаас) | ||||
Күннүк Уурастыырап |
| |||
Х. Максимов | музейга сылдьыы | |||
Күннүк Уурастыырап айымньылара | библиотекаҕа сылдьыы | |||
Үhүс сыл (3 чаас) | ||||
Е. Захарова | ||||
Ф. Потапов | библиотекаҕа сылдьыы | |||
Кэпсээн суруйуу | айар дьарык | |||
Төрдүс сыл (3 чаас) | ||||
К. Еримеев | библиотекаҕа сылдьыы | |||
У. Нохсоров | музейга сылдьыы | |||
Хоhоон айыы | айар дьарык | |||
ахсынньы. | Абаҕа нэһилиэгин тэрилтэлэрэ. (16 чаас) | Абаҕа тэрилтэлэрин үлэтин-хамнаһын, тэрилтэ историятын билсиһии. Араас идэлэри билсиһии. | Бастакы сыл (4 чаас) | |
Абаҕа нэһилиэгин тэрилтэлэрэ | ||||
Детсад | экскурсия | |||
Оҕо айар дьиэтэ | экскурсия | |||
«Мин дьонум үлэлиир сирдэрэ» | уруhуй | |||
Иккис сыл (4 чаас) | ||||
Маҕаһыын | экскурсия | |||
Почта | экскурсия | |||
Библиотека | ||||
Мин туох үлэhит буолуомуй | уруhуй | |||
Үhүс сыл (4 чаас) | ||||
Кулууп | экскурсия | |||
Спортивнай зал | экскурсия | |||
Музыкальнай оскуола | ||||
Үлэ барыта үчүгэй | өйтөн суруйуу | |||
Төрдүс сыл (4 чаас) | ||||
Балыыһа | ||||
Аптека | экскурсия | |||
Администрация | ||||
Үчүгэй үлэhит буоларга туох нааданый? | өйтөн суруйуу | |||
тохсунньу. | Абаҕа үлэһит дьоно. (12 чаас) | Абаҕа колхоһун историятын үөрэтии. Колхоз үлэтин-хамнаһын билиһиннэрии.Сүөһү, сылгы иитиитин, бурдук, оҕуруот аһын үүннэрии туһунан уопсай өйдөбүлү биэрии. | Бастакы сыл (3 чаас) | |
Колхоз диэн тугуй? | ||||
Ферма үлэтэ | ||||
Аҕам от үлэтигэр | уруhуй | |||
Иккис сыл (3 чаас) | ||||
Колхоз бүгүҥҥү үлэтэ-хамнаһа. | ||||
Сүөhүнү иитии | ||||
Колхоз бастыҥ үлэһиттэрэ. | музейга сылдьыы | |||
Үhүс сыл (3 чаас) | ||||
Колхоз тэриллиитин историята. | ||||
Сылгыны көрүү-истии | ||||
Орденнаах үлэhиттэр | музейга сылдьыы | |||
Төрдүс сыл (3 чаас) | ||||
Колхоз бөдөҥсүйүүтэ | ||||
Бурдук, оҕуруот аhын үүннэрии | ||||
Мин дьонум колхоз үлэтигэр. | ахтыы хомуйуу | |||
олунньу | Амма улууhа (16 чаас) | Амма улууhун туhунан үөрэтии. Амма улууhа киминэн, тугунан аатырарын билиhиннэрии. Төрөөбүт дойду туhунан айымньылары ааҕыы. | Бастакы сыл (4 чаас) | |
Амма айылҕата | ||||
Амма – Саха сирин улууhа | ||||
Амма туhунан айымньылар | библиотечнай уруок | |||
Мин Аммам айылҕата | уруhуй | |||
Иккис сыл (4 чаас) | ||||
Амма улууhун нэhилиэктэрэ | ||||
Амма дэриэбинэтэ | ||||
Абаҕа Амма улууhугар суолтата | ||||
Мин Аммам | өйтөн суруйуу | |||
Үhүс сыл (4 чаас) | ||||
Биллиилээх культура үлэhиттэрэ | ||||
Биллилээх спортсменнар | ||||
Амма геройдара | музейга сылдьыы | |||
Амматтан төрүттээх суруйааччылар | библиотекаҕа сылдьыы | |||
Төрдүс сыл (4 чаас) | ||||
Амма улууhун төрүттэниитэ | ||||
Аммаҕа буругу ыhыы | музейга сылдьыы | |||
Амма улууhун колхозтара | ||||
Амма улууhун билиҥҥитэ | библиотечнай урууок | |||
кулун тутар. | Саһыл Сыһыы обороната. (12 чаас) | Саха сиригэр гражданскай сэрии кэмин туһунан кэпсээһин. Саһыл Сыһыы оборонатын туһунан билиһиннэрии. Саһыл Сыһыы оборонатыгар анаммыт айымньылары ааҕыы. | Бастакы сыл (3 чаас) | |
Саһыл Сыһыы алааhа | ||||
Муустаах осада | музейга сылдьыы | |||
Саһыл Сыһыы | уруhуй | |||
Иккис сыл (3 чаас) | ||||
Саһыл Сыһыы сирэ-уота | ||||
Саһыл Сыһыы обороната | музейга сылдьыы | |||
Саһыл Сыһыы туhунан хоhооннор | ||||
Үhүс сыл (3 чаас) | ||||
Саһыл Сыһыыга кимнээх олорбуттара | ||||
И.Я.Строд «В якутской тайге» | библиотечнай уруок | |||
Саһыл Сыһыы | өйтөн суруйуу | |||
Төрдүс сыл (3 чаас) | ||||
Саһыл Сыһыы оборонатыгар кыттыбыт дьон | музейга сылдьыы | |||
В.Н.Чемезов «Строд» | ||||
Саһыл Сыһыы туhунан мин санааларым | өйтөн суруйуу | |||
муус устар. | Абаҕа сирэ-уота. (16 чаас) | Абаҕа сирин-уотун, сирдэр ааттарын билиһиннэрии. Көтөрүн-сүүрэрин, маһын-отун үөрэтии. Айылҕаҕа сыһыан, харыстааһын туһунан кэпсэтиһии. Төрөөбүт дойдуга тапталы иитии. | Бастакы сыл (4 чаас) | |
Мин дэриэбинэм | ||||
Мин уулуссам | ||||
Мин ыалларым | ||||
Амма өрүскэ сөтүөлүүбүн | уруhуй | |||
Иккис сыл (4 чаас) | ||||
Абаҕа дэриэбинэтэ | ||||
Абаҕа уулуссалара | ||||
Үhүйээннэр | ||||
Биhиги сир аhын хомуйар сирбит | уруhуй | |||
Үhүс сыл (4 чаас) | ||||
Абаҕа дэриэбинэтин картата | ||||
Сайылыктар | ||||
Сир-дойду аата | ||||
Биhиги оттуур сирбит | өйтөн суруйуу | |||
Төрдүс сыл (4 чаас) | ||||
Абаҕа сирин-уотун картата | ||||
Ытык сирдэр | ||||
Абаҕа үрэхтэрэ. | ||||
Мин нэhилиэгим инники кэскилэ | өйтөн суруйуу | |||
ыам ыйа | Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат. (12 чаас) | Аҕа дойду улуу сэриитин история тын үөрэтии. Сэрии, тыыл ветераннарын билиһиннэрии, ахтыы хомуйуу. | Бастакы сыл (3 чаас) | |
Аҕа дойду улуу сэриитэ. | ||||
Абаҕа сэрии сылларыгар | музейга сылдьыы | |||
Кыайыы күнэ | уруhуй | |||
Иккис сыл (3 чаас) | ||||
Кинилэр кыайыыны уhансыбыттара | музейга сылдьыы | |||
Сэрии кыттыылаахтарыгар анаммыт панорама | экскурсия | |||
Аҕа дойду улуу сэриитэ | уруhуй | |||
Үhүс сыл (3 чаас) | ||||
Сэрии ветераннара | ||||
Тыыл ветераннара. | альбомнары кɵрүү | |||
Сэрии туhунан мин санааларым | ɵйтɵн суруйуу | |||
Тɵрдүс сыл (3 чаас) | ||||
Абаҕа сэрии сылларыгар | ||||
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат | ||||
Мин дьонум, аймаҕым сэрии сылларыгар | ахтыы хомуйуу |
Туhаныллар литература:
- Абагинские пионеры. Амга, 1990
- Алексеев М. В. Аммаҕа физкультура уонна спорт сайдыыта /Дьокуускай, 1998
- Алексеев М. В. Сахаачча /Якутскай, 1998
- Гаврильев Д. Н. θйдөбүнньүк / Дьокуускай, 1987
- Гаврильев Д. Н. Абаҕа нэһилиэгин колхозтара / Дьокуускай, 1999
- Гаврильев Д. Н. Амма 1652 – 1917 / Амма, 1993
- Гаврильев Д. Н. Амма өйдөбүнньүк кинигэтэ / Дьокуускай,1995
- Гаврильев Д. Н. Көмүс көлөһүн / Дьокуускай, 1997
- Гаврильев Д. Н. Кралин Алексей Евсеевич / Амма, 1993
- Давыдов А. Х. Аҕа дойду сэриитигэр/Амма,2005
- Дмитриев Н. С. Красногалстучный бастион / Якутск, 1974
- Дмитриев Н. С. Эдэр сэрииһиттэр / Якутскай, 1986
- Еремеев К. Кустук өҥнөөх бөтүүкчээн / Дьокуускай, 1995
- Еремеев К. Тохсунньу оһуора /Дьокуускай, 1995
- Жирков М. П. Амма кэскилин, дойду көҥүлүн туһугар / Амма, 2004
- Караканов П. И. Алгыстаах Амма Абаҕата / Дьокуускай, 2002
- Караканов П. И. Амма бурдуга /Якутскай, 1996
- Кралин А. Е. Дирбиэн-дарбаан күннэргэ / Якутскай, 1976
- Онуфриева С. П. Амгинский улус / Якутск, 1997
- Потапов Ф. Ахтылҕан / Дьокуускай, 1995
- Протопопова Н. И. Долгун курдук куугунаан / Якутскай, 1982
- Строд И.Я. В якутской тайге / Якутск, 1973
- Туйаарыскай К. Аҕа алгыьа / Якутскай, 1986
- Туйаарыскай К. Току-току ньээм-ньээм / Якутскай, 1998
- Уурастыырап К. Прошлых лет воспоминание /Якутск, 1985
- Уурастыырап К. Сааскы күөх сарсыарда / Якутскай, 1996
- Федоров В. В. История Амгинского улуса в датах / Якутск, 1996
- Чемезов В. Н. Строд / Якутск, 1972
- 110 лет Абагинской школе /Якутск, 1996
МОУ « Абагинская средняя общеобразовательная школа имени А.Е.Кралина»
Амгинского улуса Респиблики Саха (Якутия).
Программа кружка краеведения
для учащихся начальной школы
Составлена учительницей
начальных классов Шергиной Т.А.
2011 год
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Авторская программа по краеведению "Родная земля Волгоградская".
Данная программа является дополнением к основному курсу по изучению окружающего мира. Программа составлена для учащихся 1-4 классов.В работе решаются следующие задачи:*познакомить обучающихся с -...
авторская образовательная программа по краеведению "Родимая сторона - мать" для начальных классов
Программа патриотического воспитания школьников на основе изучения истории и культуры родного края служит решению образовательных и воспитательных задач современной школы.Программа призвана обог...
Авторская программа по краеведению Пирожковой Н. В. "Истоки"
Авторская программа по краеведению Пирожковой Наталии Владиславовны "Истоки"...
Авторская рабочая программа по краеведению "География родного края" для учащихся коррекционной школы VIII вида
краеведческая работа...
Авторская программа внеурочной деятельности по краеведению «Моя малая Родина»
Программа внеурочной деятельности «Моя малая Родина » разработана для учащихся 1-4 классов. Структур...
Авторская программа по курсу "Краеведение"
Изучение курса "Краеведение" направлено на духовно-нравственное воспитание личности школьника,которое является одним из важнейших направлений в рамках новых образовательных стандартов....
Авторская программа " Школа краеведения"
Рекомендована для учащихся 3-4 классов...