Агрохайысхалаах задачалар 1-2 кылаас
методическая разработка ( класс) на тему

Саввинова Надежда Иннокентьевна

         Үөрэх дэгиттэр дьайыыларынан нөӊүө задачалары суоттааһын
ФГҮөС оскуолаҕа киириэҕиттэн үөрэх-иитии үлэтигэр элбэх уларыйыылар киирдилэр.
Начальнай үөрэхтээһин тиһигэр чопчу предмети үөрэтэр эрэ буолбакка, үөрэх дэгиттэр дьайыыларын сайыннарыы соруга турар:
Тус суолталаах дьайыы (личностные УУД);
Бэйэни салайынар-дьаһанар дьайыы (регулятивные УУД);
Билиини-көрүүну ылар дьайыы  (познавательные УУД);
Бодоруһа үөрэнэр дьайыы (коммуникативные УУД).
Математика программатыгар задачаны суоттааһын биир сүрүн миэстэни ылар. Биһиги 4 сыл устата элбэхтик үлэлиибит эрээри, үөрэнээччилэр задачаны суоттуурга ыарырҕаталлар, задачаны үчүгэйдик суоттуур оҕо ахсаана аҕыйах буолар.
Биричиинэтэ: суоттатар задачабытын оҕоттон таба суоттуурун эрэ ирдиибит. Хас биирдии оҕоҕо бэйэтигэр сыһыары тутан, олоҕу кытта сибээстээн, саха оҕотун ис туругар, уйулҕатыгар сөп түбэһиннэрэн, олохтоох матырыйаалга олоҕуран задачалары сааһылаан үлэбитигэр киллэрдибит. 
Агрооскуола буоларбыт быһыытынан алын сүһүөх оскуола оҕото төрүт дьарык туһунан сөптөөх билиини, сатабылы ыларын туһугар уруоктарбытыгар агрокомпоненнары киллэрэбит, үлэ араас көрүӊнэрин көрдүүбүт. Математика уруогар задачаны суоттааһыӊӊа агрохайысха тиэмэтигэр сөп түбэһэр  задача хомуурунньуга оӊордубут. Ол курдук, ынах-сүөһү, сылгы, дьиэ көтөрө, от үлэтэ, оҕуруот аһа туһунан задачалар талыллан киирдилэр. 
Задачаны суоттааһын этаптарын биири да көтүппэккэ ыытыы хайаан да барыахтаах:
1. Задача ис хоһоонун ырытыы.
2. Задача ис хоһоонун математика тылынан араас ньыманан кылгастык суруйуу.
3. Задачаҕа  биллэр кэриӊнэр уонна ыйытыы  сыһыаннарын булуу.
4. Задачаны суоттааһыӊӊа былаан оӊоруу.
5. Былаан быһыытынан задачаны суоттааһын.
6. Задача суотун, эппиэтин бэрэбиэркэлээһин уонна бэйэни хонтуруолланыы.
1. Задача ис хоһоонун ырытыы сатабылларын баһылааһын:
1 кылааска «задача диэн тугуй?»  өйдөбүлү ылыы. Задача ис хоһоонун, ыйытыытын арааран билии. Задачаҕа  туох туһунан этиллэрин булуу (объекты),  объектар кэриӊнэригэр хас предмет киирэрин быһаарыы.
2 кылааска задачаҕа хас объект кыттыһарын булуу.
3, 4  кылаастарга задача ис хоһоонун схема, таблица  көмөтүнэн ырытыы. Ол курдук 2 кылааска атыыга задачалар киирэллэр уонна сыаната, ахсаана, төһөҕө турара өйдөбүллэри үөрэнээччи чопчу өйдүүрүн ситиһиэхтээхпит. 3,4 кылаастарга үлэҕэ аналлаах задачаларга үлэ онорумтуота, үлэ бириэмэтэ, үлэ барыта, айан задачаларыгар түргэнэ бириэмэтэ, ырааҕа өйдөбүллэри үөрэнээччи задачаны ааҕан баран  текст ис хоһоонуттан арааран булара улахан оруоллаах.
2. Текстовой задачаны математика тылыгар көһөрүү:
1-гы кылааска хаһынан эрэ элбэх, аҕыйах, хаһынан элбэҕий, аҕыйаҕый диэн задачалары схеманан онорорго үөрэтэбит.
2-с кылааска  хас төгүл элбэҕин, аҕыйаҕын схемаҕа таба көрдөрөр сатабыллары билиэхтээх.
3 кылааска задача кылгас ис хоһоонун таблицаҕа толорор үөрүйэҕи билиэхтээх. Таблица хас столбигынан оӊоһулларын, задача көрүӊүттэн көрөн ханнык тыллар, формула туттулларын, хас объект, хайааһын түһүмэҕин быһааран,  хас строканан сурулларын сөпкө быһаара үөрэнэрин ситиһиэхтээхпит.
4 кылааска айаӊӊа задачаларга утарыта, биир туһаайыыга, икки аӊы хайысхаҕа айаӊӊа чертеһу таба оӊорор үөрүйэҕи үөрэтэбит.
3. Задачаҕа биллэр чыыһылалар уонна ыйытыы сыһыаннарын таба булуу.
1 кылаас. Задача 3 бэйэ-бэйэлэрин кытта ис хоһоонунан сибээстээх кэриӊнэртэн турар.  Манна биир кэриӊ биллибэт. Икки биллэр кэриӊнэр сыһыаннарын булан үһүс биллибэт кэриӊи арифметическай дьайыынан суоттаныллар. 1-гы кылааска хаһынан эрэ элбэх, аҕыйах, хаһынан элбэҕий, аҕыйаҕый диэн задачаларга кэриӊнэр сыһыаннарын таба булан эбиинэн, көҕүрэтиинэн суоттанарын таба булларабыт. Хаһынан эрэ элбэх буоллагына эбэбит…
2-с кылааска  хас төгүл элбэҕин, аҕыйаҕын төгүл, түӊэтии дьайыынан суоттуурун быһаарыахтаах.
3 кылааска уустук задачаларга бэйэ бэйэлэрин кытта сибээһи буллара үөрэтэбит. Хас судургу задачаттан турарын  сибээстэһэр 3-үү кэриӊнэри булларан быһааттарабыт. Көнө пропорциональнай сыһыаннардаах задачаларга кэриӊнэр сыһыаннаһыыларын булларабыт.
4 кылааска төттөрү пропорциональнай сыһыаннардаах задачаларга үлэлиибит.
4. Задача ханнык көрүӊүн быһаарыы.
1-гы кылааска сыалайы, чааһы булууга, тэӊнээһиӊӊэ (хаһынан эрэ элбэх, аҕыйах, хаһынан элбэҕий, аҕыйаҕый) диэн задача көрүӊнэрин суоттуубут.
2-с кылааска  хас төгүл элбэҕин, аҕыйаҕый диэн задачалар киирэллэр. Икки дьайыылаах уустук задачалары суоттааһын, ханнык судургу задачалартан туралларын быһааттарабыт.
3 кылааска 2,3 дьайыынан суоттанар уустук задачалар киирэллэр.
4 кылааска утарыта, биир туһаайыыга, икки аӊыы хайысхаҕа аналлаах айаӊӊа задачалар киирэн биэрэллэр.
5. Задачаны былаанннаан суоттааһын.
1 кылааска задача элеменнэрин  ойуунан, знагынан солбуйан дьайыыны оноруу.
2-скэ задачаны дьайыынан арааран, хас биирдии дьайыытын быһааран суруйуу.
3 кылааска задачаны хас да ньыманан суоттааһын.
4 кылааска задачаны араас ньыманан суоттаан баран саамай табыгастааҕын булуу, туһаныы.
6. Суоттаабыт задачаны бэрэбиэкэлээһин.
1 кылаас: сыалай, чаас, эбии, көҕүрэтии сибээстэрин туһанан төттөрү дьайыынан суоттаан хонтуруоллата үөрэтии. Судургу  задачаҕа төттөру задачаны оӊотторуу.
2 кылаас: Уустук задачаларга төттөру задачалары оӊотторуу.
3 кылаас. Хас да ньыманан суоттаан баран саамай табыгастааҕын булуу.
4 кылаас: Суоттуу үөрэммит табыгастаах ньыматынан быһаарыы.
Бу хомуурунньук Таатта улууһун Харбалаах орто оскуолатын начаальнай кылааһын учуутала Иванова С.Р. дидактическай матырыйаалыгар уонна пособиетыгар олоҕуран оӊоһулунна.

 

Скачать:

Предварительный просмотр:

Предварительный просмотр:

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Статья «Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыhыаран сайыннарыы»

«Кыра кылаас о5отун терут дьарыкка сыьыаран сайыннарыы»Яковлева Е.Г. , М.Н. Турнин аатынан Тыараґа орто оскуолатын алын суьуех оскуола учуутала.        Норуот педаг...

Николай Якутскай "Дьукаахтыылар" остуоруйа. Аа5ыы уруога 3 кылаас

Аа5ыы уруогаУруок темата: Николай Якутскай «Дьукаахтыылар»(остуоруйа) УМК (учебник аата, автора): Захарова Л. В., Избекова Л. К. «Кустук». 3 кылааска аа5ар кинигэУруок тиибэ:Учуутал сыала: Николай Яку...

Алын кылаас о5отун олонхону аа5арга уьуйуу

Билинни кэмнэ о5олорбутугар телевизор, компьютер, видео, сотовай телефон сабыдыала улаатан иьэр. Бу аныгы тэриллэргэ аралдьыйан о5о сахалыы уус–уран кинигэлэри аахпат, фольклору билбэт буолан иьэр, са...

Саха тылын уруога 2 кылаас А.П.Колесова учебнига

Урок якутского языка по учебнику А.П.Колесовой...

Агрохайысхалаах диктант хомуурунньуга

Оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтиигэ болҕомто билигин хаһааӊӊытааҕар да күүһүрэрэ наада диэн тыл үөрэхтээхтэрэ сөпкө бэлиэтииллэр. Үөрэнээччи барыта, маӊнайгы кылаастан саҕалаан, маннык кэрэ, баай төрөөб...

Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В., Флегонтова У.М.)

Саха тылын уруогар календарно-тематическай былаан. 1 кылаас (1-4) учебник  «Букубаар» автор (Кронникова М.Ф.), «Төрөөбүт тыл» (Семенова С.С., Васильева Н.Н.), «Литература ааӄыыта» (Захарова Л.В.,...

Олонхо педагогиката: алын кылаас о5олорун олонхонон иитии- уерэтии . (Алын кылаас учууталларын методическай холбоhугун улэтинэн).

Төрөөбүт тыл-киhи үөрэ5и билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө санаата туругурар, майгыта сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар,өлбөт үйэлээ5и айар- тутар дьо5ура тобуллар айыл5аттан бэриллибит эйгэт...