Конспект урока по математике на тема:«Число 0. Цифра 0.» 1 класс
план-конспект урока по математике (1 класс) на тему

Ноева Сата Ивановна

Тема:«Число 0. Цифра 0.»

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл matematika.docx24.76 КБ

Предварительный просмотр:

                                                          Технологическая карта урока по математике.

Класс: 1

Тема:«Число 0. Цифра 0.»

Тип урока: Урок открытия новых знаний.

Цель урока:Создать условия для формирования представления о числе 0 и обозначения его цифрой 0.

Обучающий аспект:Формировать представление  о числе 1, цифре 1, его месте в натуральном ряду чисел; на основе наблюдения, сравнения вывести свойства числа 0.

Развивающий аспект:Учить сравнивать и обобщать; формировать умение ставить цель.

Воспитательный аспект:Формировать культуру поведения при фронтальной и индивидуальной работе.

Планируемые результаты.

Личностные УУД:проявляют самоорганизованность, самодисциплинированность, самоконтроль; имеют целевую установку на отработку математических навыков.

Метапредметные:

Регулятивные:определяют и формилируют цель деятельности на уроке с помощью учителя, высказывают свое предположение (версию) на основе работы с иллюстрацией учебника.

Познавательные:добывают новые знания: находят ответы на вопросы, используя учебник, свой жизненный опыт и информацию, полученную на уроке.

Коммуникативные:умеют вступать в речевое общение, допускать существование различных точек зрения, строить монологическое высказывание; владеют диалогической формой речи и способами совместной деятельности в группе.

Предметные:знают: число 0 – пустое множество, начало отсчета на числовом отрезке; умеют: писать цифру 0, характеризовать 0 как пустое множество, выпольнять сложение и вычитание в пределах 9.

Уруок хаамыыта:

Уруок этаптара

Учуутал дьарыга

Үөрэнээччи дьарыга

1 этап. Тэрээhин чааhа

- Бары турдубут, дорооболорун!

- Бүгүннү математика уруогун мин ыытыам аатым Анна Сергеевна диэн.

 Уонна бүгүн биhиэхэ ыалдьыттыы учууталлар кэлэн олороллор.

- Эhиги о5олоор, бастакы кылаас о5олоро буоларгытынан , уруокка олоруу ханнык быраабылаларын билэ5итий?

- Ким билэрий?

- Маладьыастар.

Дорооболоһоллор.

Туох быраабыланы билэллэрин бэйэлэрэ кэпсииллэр.

2этап. Эрдэ барбыкка тирэ5ирэр үлэ

  • О5олоор, ханнык чыыһылалары кытта билсиспиккитий?
  • Саамай кыра ханнык чыыһыланы билэ5ит?
  • Онтон саамай улахан?
  1. – Бу, дуоска5а чыыһылалар бааллар . Билигин манна 2 о5о дуоска5а тахсар.

Соруда5а:1 о5о – чыыһылалары улахантан са5алаан кыччаан иһэр бэрээдэгинэн уура5ын.

2 о5о – төттөрү кыраттан са5алаан улаатан иһэр бэрээдэгинэн уурун.

  • Маладьыастар!
  • 5 чыыһыла аттыгар ханнык чыыһылалар туралларый?
  • 8 чыыһыла кэнниттэн ханнык чыыһыла турарый?
  • 3 чыыһыла иннигэр ханнык чыыһыла турарый?
  • Ким инник ыйытыан ба5арарый?

  1. Оонньуу  “Сыыһаны бул” (хамаанданан)
  • Билбэтчэй уруокка мэниктии олорон сыыһа толорбут сорудахтарын көрө5үт. Ону эһиги булан көннөрүөхтээхит:

5+1=6            10-1=9             3-2=1    4-1=5

7-1=8             2+2=5              6-2=8    1+3=2

3<7  5>1                                10<5     9<8

6+4=2+6        2+3<5           8-1>6    7-1>7+1

  1. “Цепочки” эрчиллии
  • Сал5ыы баран иһэбит. Аны билигин дуоска5а баар суоту өйбүтүгэр суоттуубут. Уонна сөптөөх эппиэти этэбит.

9-1-1-2+3+1=9

7+2-4-1-2+3=5

  • Маладьыастар! Ыарахан эбит даа?

О5олор эппиэттэрэ.

1.Икки о5о дуоска5а тахсан соруда5ы толороллор. Ыһыллан турар чыыһылалары улахантан са5алаан кыччаан иһэр бэрээдэгинэн уураллар, онтон төттөрү кыраттан са5алаан улаатан иһэр бэрээдэгинэн уураллар.

Эппиэтэ 4 уонна 6

Эппиэтэ 9

Эппиэтэ 2

О5олор бэйэ бэйэлэригэр боппуруос бэрсэллэр

Дуоска5а турар холобурдары иккилии буолан тахсаннар сыыһалары буланнар туора уураллар.

О5олор дуоска5а суруллубут суоту өйдөрүгэр эбэн кө5үрэтэн баран эппиэтин таһааран этэллэр.

3 этап. Сана теманы чопчулааһын

1. - Бу ойууну көрөн баран туох диэн этиэхпитин сөбүй?

Туох көстөрүй? Хайаабытый?

  • Күн көрбүтүгэр тутатына ууллубут дуо? Оччо5о?
  • Бүтэһик уруһуйга хас шарик хаалбытый? Ону манна суруйабыт дуо?

  1. – о5олоор, Хадаар оскуолатын бастакы кылааһын о5олоро

эһигиттэн боппуруос ыйыппыттар.

  • О5олоор, математика5а ханнык эрэ чыыһыла “хас да буолбатах” диэн тылы солбуйар эбит. Ол ханнык чыыһыла буолуой дии саныыгытый?
  • Эһиги санаа5ытыгар 0 чыыһыла ханна туруой?
  • Ол аата бүгүннү уруокка ханнык чыыһыла туһунан кэпсэтиэхпитий?

  • Бу уруокка туохха үөрэниэхпитий, тугу билиэхпитий?
  • Маладьыастар!

О5олор уруһуйу көрөннөр бэйэлэрэ кэпсээн онороллор, боппуруостарга эппиэттииллэр.

Биирдии о5о тахсан уруһуй анныгар точканнан бэлиэтиир.

Слайдка көрөннөр о5олор ыыппыт боппуруостарыгар эппиэттииллэр.

Ыйытыыга о5олор эппиэттииллэр.

Уруок тематын бэйэлэрэ булан таһаараллар.

0 чыыһыланы буларга уонна суруйарга.

4 этап. Сана билиини арыйыы.

  1. –О5олоор, 0 чыыһыла туохха майгынныырый?

Мээчик диэн ааттыахпытын сөп,

Ба5ардаххына хайа5ас да диэххэ сөп,

Кини халаачыкка да майгынныыр,

Шарикка да майгынныыр,

Колобокка да майгынныыр,

Ол эрэн кинини хайдах да ааттаатарбыт,

Кини 0 диэн бэйэтэ ааттаах

-Оннук да о5олоор?

2. - Бу тугуй о5олоор?

- Көрүн, 0 диэн чыыһыла ханан турарый?

- Биһиги 0 диэн чыыһыланы хайдах буллубут?

3. Суругунан үлэ

- 0 сыыппара ханнык геометрическэй фигура5а майгынныырый?

- 0 хантан суруйан са5алыыбытый?

- Клеткабыт уна диэки үөһэттэн са5аланан 6 сыыппараны онорорбут курдук ханас өттүгэр улахан овал анарын оноробут, аллараа клетка ортотун таарыйабыт, салгыы линиябыт үөһээ тахсар клеткабыт (үөһээ) уна истиэнэтин таарыйар уонна са5алаабыт точка-р а5алан холбоон кэбиһэ5ит.

- Миигин кытта тэннэ салгынна онорон көрүөххэ.

- Тэтэрээппитин ылабыт уонна бары тэннэ быраабыла хатылыыбыт:

Тэтэрээппин аһаммын куруук сөпкө уурабын. Уруучукабын маннык тутарбын,

кимтэн да кистээбэппин,

Паарта5а көнөтүк олороммун, үлэлииргэ бэлэммин.

-Маладьыастар!

-Ким бүппүт, уруучукатын уурар, илиитин көтө5өн атыттары кэтэһэр.

                          “Сынньалан мүнүүтэ”

-Чэйин, эрэ о5олоор, бары бииргэ до5оттоор,

Хаар устун биһиги шарик онорон барабыт

-Шарикпыт улаатта, хаар киһи буолла

-Кини мичээрэ наһаа сырдык...

-2 харахтаах, муннулаах, бэргэһэлээх уонна минньиктээх...

-Онтон күн күүскэ сылыйда5ына

-Хомойуох иһин...

-Хаар киһибит ууллан хаалыа5а

0 чыыһыла туохха майгынныырын бэйэлэрин санааларыгар оло5уран эппиэттииллэр.

числовой отрезок

1 чыыһыла иннигэр

1тэн 1ри кө5үрэтэн

Овал

Үөһэттэн

Салгынна суруйаллар.

О5олор учууталы кытта быраабыла үөрэтэллэр.

Салгыы суругунан үлэлииллэр.

шарик онорон бараллар

салгынна хаар киһини онорон көрдөрөллөр.

бэйэ бэйэлэригэр мичээрдииллэр

салгынна онорон көрдөрөллөр

үөһээ күн диэки көрөллөр

илиилэринэн сирэйдэрин тутталлар

төнкөйөн олороллор

5 этап. Ылбыт билиини инэрии

1. -сынньанныбыт, салгыы дуоска5а ойууну көрөбүт.

-Бу ойуу туһунан ким кэпсиэй?

-Сөп, ону дуоска5а тахсан суруйар...

-Атыттар тэтэрээккэ суруйабыт.

-Сал5ыы

-Маладьыастар

2. -Ол аата ханнык түмүккэ кэлэбитий?

 -Ханнык ба5арар чыыһыла5а 0 эптэхпитинэ эбэтэр кө5үрэттэхпитинэ чыыһыла бэйэтэ хаалар

-Оттон чыыһыланы чыыһылаттан кө5үрэттэхпитинэ 0 буолар.

3. Биһиги олохпутугар араас түбэлтэлэр сөп дии. Онно эмиэ 0 чыыһылабыт сүрдээх улахан суолталаах эбит. Ол курдук:

01 диэн нүөмэргэ биһиги ханна эрийэбит

02 (полиция)

03 (скорая помощь)

04 (аварийная служба газа)

Дуоска5а баар ойууну көрөннөр кэпсээн толкуйдууллар, онтон биир о5о тахсан суотун онорор. Атыттар тэтэрээккэ үлэлииллэр.

О5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр, дуоска5а формулатын суруйаллар.

01,02,03,04 диэн нүөмэрдэр олоххо ханнык түгэннэргэ туһаныллыахтаахтарын быһаараллар.

6 этап. Рефлексия

-Бүгүннү уруоктан туохха үөрэннигит?

-Тугу сөбүлээтигит?

-Ханнык чыыһыланы кытта билистигит?

-Манна кылааска 0 чыыһыла5а эппиэттиир туох баарый?

-Маладьыастар!

Ким бу уруоктан сана билиини ыллым диэбиттэр, хаар киһи истин мичээрин уруһуйдаан.

Бу уруокка о5олор тугу билбиттэрин, туохха үөрэммиттэрин, тугу сөбүлээбиттэрин, санааларын этэллэр.

О5онньор, крокодил.

Ылбыт билиилэрин хаар киһи мичээринэн уруһуйдаан көрдөрөллөр.

7 этап. Түмүк

-Манан биһиги уруокпут түмүктэнэр. Аныгыс уруокка көрсүөххэ диэри. Көхтөөх кыттыыгыт иһин махтал!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект урока по математике по программе "Школа 2100", 3 класс. "Составные уравнения"

 Познакомить учащихся с решением нового вида составных уравнений, развивать мыслительные операции, такие как анализ, классификация, сравнение, обобщение, отработка навыка правильного чтения выражений ...

Конспект урока по математике на тему: «Прямой угол» (2 класс).

Цель урока: познакомить учащихся с понятием «прямой угол».Задачи:  формировать практические навыки определения прямого угла при помощи  чертежного треугольника; продолжить работу по со...

Конспект урока по математике с мультимедийным приложением в 3 классе на тему:"Площадь прямоугольника"

Данный урок разработан для учащихся 3 класса по программе "Школа России"  М.И.Моро...

Конспект урока по математике "Многоугольник и его элементы".2 класс.

Конспект урока математики во 2 классе. УМК "Начальная школа 21 века"....

Конспект урока по математике «Число пять и цифра 5»

Тема урока:  «Число пять и цифра 5»Цель урока:Сформировать представление о числе 5, его составе, графическое, печатное и письменное обозначение числа 5, изображение его на числовом отрезке....