Открытый урок по математике "Биэс чыыhыла. Параллелепипед, куб, пирамида"
методическая разработка по математике (1 класс) по теме

Кириллина Елена Афанасьевна

Сценарий урока математики для первых классов. Повторение состава числа 5. познакомление новыми геометрическими телами.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kopiya_aha5as_uruok.docx26.74 КБ

Предварительный просмотр:

Аhа5ас уруок «Биэс чыыhыла састааба. Параллелепипед, куб, пирамида.» 1 кылаас.

Кириллина Елена Афанасьевна алын кылаас учуутала.

Уруок сыала: Саңа геометрическэй эттиктэри  кытта билсиhии.

Уруок соруктара:

Иитии: Коллективнай үлэ кэмигэр бэйэ санаатын этии, атын дьон этэрин истии, эйэлээхтик биир санаанан үлэлээhин;

Үөрэх:  Үөрэнээччи билэр ньыматын туhанан барбыты чиңэтии;

Сайыннарыы: бол5омтону, толкуйу, сатаан истэр, сана атастаhар сатабылы сайыннарар усулуобуйаны тэрийии;

Уруок тэрилэ:

– учебник Л.Г. Петерсон; наглядные материалы: “Геометрические тела”, карточки с цифрами, остуоруйа геройа “Билбэтчэй”,  уруокка презентация, компьютер, проектор, экран.

Образовательные технологии:

– ИКТ-технология, деятельностнай технология.

Методы и приемы:

– бэсиэдэ, бөлө5үнэн үлэ.

Уруок хаамыыта

Тэрээhин чааhа:  Күүтүүлээх чуораан тыаhаата. Уруокпут са5аланна. О5олор, бүгүн биhиэхэ ураты үөрэх күнэ буолар. Уруокпутугар ыалдьыт бө5өтө кэллэ, ыалдьыттарбыт диэки хайыстыбыт, мичээрбитин бэлэхтиэххэйиң  уонна тыаhа суох олордубут. Кинилэр эhиэхэ уруокка көхтөөхтүк кыттан, элбэх билиини ыларгытыгар ба5араллар.

- О5олоор, бүгүн биhиги хайдах үлэлиир эбиппитий? Онно хайдах үлэлиэхтээхпитий?

- Маладьыастар.

Бу кимий?:

Кини остуоруйа5а сүрүн герой,

Кини элбэх до5ордоох,

Кини дьээбэлээх-хооболоох,

Кини улахан күөх сэлээппэлээх,

Кини элбэ5и билиэн ба5арар,

Ол эрээри тугу да сатаабат. (Билбэтчэй)

- Бүгүңңү уруокпутугар биhиэхэ Билбэтчэй көмөлөһүө5э.  (Слайд3, рисунок)

Киниэхэ сорудах биэрбиттэрин кыайан оңорботох уонна эhигини көмөлөһүн диэн ыңырар.

Өйгө суот:

6 –тан кыра уонна 2-тэн улахан хас чыыhыла баарый? (Слайд 4) (Дети: 5, 4, 3, 3)

– Ханнык чыыhыла кэлэрий? 2? 5? 7? (Дети: 3, 6, 8)

-  4? 6? 9? Иннигэр ханнык чыыhыла турарый? (Дети: 3, 5, 8)

- 3, 7, 9 чыыhыла ыала ханныгый?. (Дети: 2 и 4, 6 и 8, 8 и 10)

- 1 и 3? 5 и 7? 8 и 10? Чыыhылалар икки ардыларыгар ханнык чыыhыла турарый? (Дети: 2, 6, 9)

– Туох тахсарый өскөтүн 2-ни 1-нэн улаатыннардахха?                 2-нэн? (Дети: 3, 4)

– 4-дү 3-нэн куччаттахха хас тахсарый?, 2-нэн, 1-нэн? (Дети1,2,2)

– Тыа са5атыгар 3 харыйа үүммүт. Хас харыйа ахсын 3-түү дьаабылыка үүммүт. Барыта хас дьаабылака үүммүтүй? (Слайд5) (Дети: харыйа5а дьаабылыка  үүммэт)

Суоттаа:  4-3+1+2=     1+2+2-3=     5-3-1+4=     1+3-2-1= (Слайд 6)

- Үчүгэйдик үлэлээтибит, билигин кыратык сынньана түhүөххэ.

Физминутка Лягушки (Слайд 7)

Сыалы уонна соругу билиhиннэрии. Бөлө5үнэн үлэ.

- Ханнык сыыппаралар тиийбэттэрий? (Слайд 8)

- О5олоор бүгүн биhиги тугу кытта билсэбитий? (Дети: состав числа 5, будем решать примеры)

- Сөп. Биhиги 5 чыыhыла састаабын  хатыылыахпыт, холобурдары суоттуохпут, саңа геометрическэй  эттиктэри кытта билсиэхпит. (Слайд9)

Саңа тема:

- Ханнык геометрическэй эттиктэри кытта билсибиппитий? (Дети: шар, конус, цилиндр) (Слайд10)

- Манна  ханнык геометрическэй фигуралары көрө5үтүй? (Слайд 11) (Дети: треугольник, квадрат, прямоугольник)

- Бу фигура то5о үс муннук дэнэрий? (Дети: У этой фигуры три угла и три вершины)

- Ханнык фигура көнө муннук дэнэрий? (Дети: У которой 4 прямых угла)

- О5олоор, өскөтүн биhиги 4 үс муннугу оройуттан холбуу туттахпытына маннык эттиги ааттанар эбит пирамида диэн. (Слайд 12)

- Ханна  көрүөхпүтүн сөбүй пирамиданы? Тулалыыр эйгэ5э пирамида5а туох майгынныырый? (Слайд 13) (Дети: елка, пакет молока)

- онтон квадраты инник холбуохха сөп дуо? Оннук эттик ааттанар эбит куб. ханна көрүөххэ сөбүй?  (Слайд 14-15) (Дети: кубик, коробка)

- Итинник көнө муннуктары холбоотохпутуна параллелепипед диэн эттик тахсар.  Кинини тулалыыр эйгэ5э көрүөххэ сөп дуо? Ханна?  (Слайд 16-17) (Дети: холодильник, двери)

- Мин эhиэхэ бу Билбэтчэй кыайан толорботох соруда5ын а5аллым. Онно ким этиэй бу сорудахха тугу гынабытый? (Дети: надо раскрасить геометрические тела. Пирамиду в синий цвет, куб в красный цвет, параллелепипед в зеленый цвет)

Физминутка “Харахха гимнастика” (Слайд 18)

Суоттуур дьо5урдарын чиңэтии уонна 5 чыыhыла састаабын хатылааhын (учебнигынан үлэ с. 42 № 1)

- Экраны көрдүбүт эрэ. Туох уруhуйдаммытый? (Слайд 19, 20)

- Ким этиэй тугу гынабытый? (Дети:бөлөххө араарабыт, этиллиилэри ситэрэн биэрэбит.)

- сөп, этиллиилэри ситэрэбит. Уонна ханнык бөлөххө араарабытын өйдүөхтээхпит.

 Учебникка үлэ.

С. 42-43 № 4-6

№ 4 дуоска5а быhаарыы. (слайд 21)

- Туох уруhуйдаммытый? Чыыhылалаах кэрчик туохха нааданый?  (Дети:чыыhылалаах кэрчик суоттуурга көмөлөhөр, чыыhыланы бэрээдэгинэн аа5арга көмөлөhөр).

- Чырыпааха хантан хаампытый? (Дети: с цифры 2)

- Хас хардыыны оңорбутуй? (Дети: Она сделала 3 шага)

- Этиллиини хайдах суруйабытый? (дуоска5а карточка көмөтүнэн оңороллор) (2+1+1+1=5)

- Өссө хайдах ити этиллиини атыннык суруйуохха сөбүй(2+3=5)

По аналогии разбираем № б (Слайд 22)

- Чырыпааха хантан хаампытый? (Дети: с цифры 5)

- Хас хардыыны оңорбутуй? (Дети: Она сделала 2шага)

- Этиллиини хайдах суруйабытый? (дуоска5а карточка көмөтүнэн оңороллор) (5-1-1=3)

- Өссө хайдах ити холобуру атыннык суруйуохха сөбүй(5-2=3)

Самостоятельнай үлэ.

- № 5-6 с. 43

10. Рефлексия: (слайд 23)

-Бүгүңңү уруокка туох саңаны биллибиттий? (Дети: познакомились с новыми геометрическими телами: пирамида, куб, параллелепипед)

- Туохха үөрэннибиттий? (учились решать примеры, находить новые фигуры на рисунках)

- Ким тугу өйдөөбөтө? Ким ыарыр5аттым дии сананна? Бүгүңңү уруокка сыалбытын ситистибит дуо?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Открытый урок по математике "Биэс чыыhыла. Параллелепипед, куб, пирамида"

Сценарий урока математики для первых классов. Повторение состава числа 5. познакомление новыми геометрическими телами....

Конспект урока: "Формула объема прямоугольного параллелепипеда"

Цели урока: углубить и расширить знания детей о применении формул в математике, познакомить с формулами объема прямоугольного параллелепипеда и куба; повторить, в чем заключается отличие плоской фигур...

Открытый урок по математике 2 класс Перспектива ФГОС " Объём прямоугольного параллелепипеда"

Эврика! Произнёс Архимед, когда нашёл способ  нахождения объёма тел.Ребята  2 М класса с учителем Вальщиковой О.О. в игровой форме, в поисковой и исследовательской деятельности  вывели ...

открытый урок по математике 4 класс "Пирамида"

открытый урок по математике 4 класс "Пирамида" УМК "Начальная школа 21 века"...

Открытый урок по математике 4 класс Пирамида

Материалы к открытому уроку...

План конспект открытого урока по математике 4 класс Пирамида

Материалы кк открытому уроку по математике 4 класс Пирамида...