Открытый урок по якутской литературе в 4 классе
план-конспект урока по чтению (4 класс) на тему
Метапредметный урок по произведению "Куерэгэй"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
liter.chtenie._rodnaya_lit.docx | 17.51 КБ |
Предварительный просмотр:
Литературнай ааҕыыга аһаҕас уруок
4 кылаас
Дата: 15.04. 2016 сыл
Уруок тиибэ: оонньуу-уруок
Учуутал : Докторова С.П.
Уруок тиэмэтэ: «Тыл оонньуута»
«Саха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэ5ин курдук сиэдэрэй» диэн Амма Аччыгыйын тылларынан бүгүҥҥү уруокпутун саҕалыырбын кɵҥүллээҥ.
Саха норуота, баай, кэрэ кэпсээннээх, уус-уран тыллаах омук быһыытынан биллэр. Ол үтүɵ холобурунан, бүтүн аан дойду билиниитин ылбыт олоҥхобут буолар. Онон, бүгүҥҥү уруокпут оонньуу бэрээдэгинэн барыаҕа. Икки хамаандаҕа арахсан оонньуохпут. Сɵпкɵ эппиэттээбит оҕоҕо маннык фишканы биэриэм. Оонньуу бүтүүтэ элбэх фишкалаах хамаанда кыайыылаах тахсыаҕа. Саамай элбэх боппуруоска эппиэттээбит оҕо «Тɵрɵɵбүт тылы таптааччы» анал ааты ылыаҕа.
1 түһүмэх. Семен Андреевич Новгородов - саха I алпаабытын тɵрүттээччи.
- С.А.Новгородов хана, хас сыллаахха тɵрɵɵбүтэй? (1892с, Чурапчыга)
- Новгородов тɵрɵɵбүт норуотун кэрэ кэскилигэр анаан суруйбут хоһооно? (Тɵрɵɵбүт соругум)
- 1972с. Тахсыбыт ɵҥнɵɵх букубаар ааптардара?
(С.Омоллоон, М.Е Охлопкова)
2 түһүмэх. Хоһоон ходуһата.
- Эппэр ийэм үүтүн кытта
Иҥмит эбит, быһыыта,
Кустук ɵҥнɵɵх кымыс сыттаах
Сахам мандар саҥата. ( Сем.Данилов. «Саха саҥата»
- Тɵрɵɵбүт тɵрүт тыл
Сɵрүүн сүɵгэй курдук
Сүрэҕи – быары сылаанньытар. (Күндэ. Тɵрɵɵбүт тыл)
- Мин тылым-мин тохтор тойугум,
Мин тылым- мин туойар хомуһум,
Кэриэһим кэннибэр хааларым
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым. (П.А.Ойуунускай)
3 түһүмэх. Псевдонимнар кистэлэҥнэрэ.
Амма Аччыгыйа-
Ойуунускай -
Далан –
Тобуруокап –
Алампа –
Кындыл –
4 түһүмэх - ϴс хоһооннору ситэрии.
- Кулгаах ырааҕы истэр, (харах чугаһы кɵрɵр)
- Норуот күүһэ - кɵмүɵл күүһэ.
- Аҕыйах тыл минньигэс , элбэх тыл сымсах.
- Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин.
- Тоҥтон толлубат . ириэнэхтэн иҥнибэт.
- Сүгэ кыайбатаҕын , сүбэ кыайар.
- Үтүɵ майгыҥ - кɵтɵр кынатыҥ.
5 түһүмэх – Эриирдээх ыйытыылар.
- Инниттэн-кэнниттэн биирдик этиллэр киһи органнара.
(хабах, харах, хоннох, сис, сүүс)
- Дохсун ардах хайдах кутарый? (ыа5астаах уунан)
- Акаарыны киһини сахалар хайа кɵтɵргɵ холуулларый? (улар мэйии)
- Оттон ɵйдɵɵх киһини? (тииҥ мэйии)
- Кыра кɵтɵргɵ холуур саха кээмэйэ? (чооруос тумсун саҕа)
- Тэҥ буукуба икки ардыгар кыра аты туруордахха ханнык дойду аата тахсарый? (Япония)
- Ханнык арыы бэйэтин мыынарый? (Ямал)
6 түһүмэх – Анаграмма. ОРАУЙОСТУ
( остуоруйа, суор, туруйа, туос, ай, суруй, туой, тур, уор, тар, туора, турус, суорат, сотор, суот, утуй, туус, ой, уойар,уой, сотуо, сот, уос, уол, ас, уус, уур, уот, олор.)
Оонньуу түмүгүн таһаарыы.
Бүгүҥҥү уруоктан туох саҥаны биллигит?
Тугу сɵбүлээтигит?
Тугу ыарырҕаттыгыт?
Оҕо бэйэтигэр сыана туруорунуута.
Манан уруокпут түмүктэнэр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект открытого урока-путешествия по литературе для проведения в 1 классе "Путешествие в страну Чукоккола"
Конспект открытого урока по литературе....
Конспект открытого урока по башкирской литературе для 3 класса
Урок был проведен на конкурсе "Учитель года башкирского языка и литературы"...
рабочая программа по якутской литературе 3 класс
Рабочая программапо предмету «Родная литература» для 3 класса начального общего образования...
Рабочая программа по якутской литературе 4 класс (Захарова Л.В.)
Рабочая программа по предмету якутская литература составлена на основе Примерной программы начального общего образования по предмету "Литература аа5ыыта", в соответствии с требованиями ФГОС НОО второг...
Открытый урок по татарской литературе (Әлифба) для 1 класса
Дәрес татар телендә белем алучы балалар белән үткәрелде. УМК "Перспектива"...
Открытый урок по чувашской литературе в 6 классе по рассказу Ф.Павлова "Поющие стекла"
Открытый урок по чувашской литературе в 6 классе по рассказу Ф.Павлова "Поющие стекла"...
Открытый урок литературного чтения 3 «В» класс Тема: «Переводная литература для детей. К 140 – летию К.И. Чуковского»
Урок литературного чтения в 3 классе, посвященный к 140 - летию К. И. Чуковского....