Рабочая программа по якутской литературе 4 класс (Захарова Л.В.)
рабочая программа (4 класс) по теме
Рабочая программа по предмету якутская литература составлена на основе Примерной программы начального общего образования по предмету "Литература аа5ыыта", в соответствии с требованиями ФГОС НОО второго поколения и ориентирована на работу для 4 класса.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Календарно-тематический план | 149.5 КБ |
Рабочая программа | 33.69 КБ |
Предварительный просмотр:
VII. Литературнай аа5ыы уруогар календарнай-тематическай былаан.
Ньургуһун (1-4) Л.В.Захарова, 2013с.
Нэдиэлэ5э 2 чаас, сылга 68 чаас
№ | Күнэ | Туолбут күнэ | Уруок темата | Үлэ ис хоһооно | Үөрэнээччи үлэтин көрүҥэ | Чаас | Хос быһаарыы |
1 чиэппэр (18 ч.) | |||||||
Норуот тылынан уус-уран айымньыта. Норуот ыра санаата – остуоруйа (6ч.) | |||||||
1 | 02.09. 2015 | Муммут уолаттар (Саха остуоруйата) Соломуон Муударас (Саха остуоруйата) | Норуот тылынан уус-уран айымньытын истии: сүрүн сюжета. Остуоруйа дьоруойун өйдөбүлэ. Дьоруойу ойуулааһын. | Истии. Учуутал, үөрэнээччи, уус-уран тыл маастарын аа5ыыларын, үөрэх тиэкиһин истэр. Истии култууратын тутуһар. Айымньы ис хоһоонун, тылын-өьун, сана интонациятын болӄойон истэр. Эппиэттээһин. Айымньы ис хоһоонунан ыйытыыга кылгатан, сиһилии эппиэттиир. Тылы сайыннарыы. Айымньы биһирэмнээх эбэтэр омсолоох дьоруойун быһаарар тыллары өйдөөн истэр. Билбэт тылын быһаарыылаах тылдьыттан булар. Сыаналааһын. Айымньы ис хоһоонун уонна бэйэ иэйиитин алтыһыннаран истэр. Билбэт тылын быһаарыылаах тылдьыттан булар. Быһаарыы. Үөрэх сыалын, истибитуус-уран айымньы уратытын, айымньы көрүҥүн, сюжет сайдыытын быһааран истэр. Тэринии. Үөрэх дьарыгын, сорудагын толоруу хаамыытын истэн тэринэр. Тэҥнээһин. Бэйэ уонна атын оӄо эппиэтин тэҥнээн истэр. Ааӄыы Таска ааӄыы. Сүһүөӄү, тылы, этиини таба ааӄар. Сурук бэлиэтин тутуһан тиэкиһи интонациялаахтык ааӄар Искэ ааӄыы. Айымньы араас көрүҥүн өйдөөн, сүрүн чааска арааран ааӄар. Олонхо тиэкиһин ааӄыллар уратытын болӄойон истэр. Тылы сайыннарыы. Айымньыттан күлүүс, тирэх тыллары булар, өйдөөн ааӄар. Билбэт тылын быһаарыылаах тылдьыттан булар Искэ ааӄыы. Айымньы араас көрүҥүн өйдөөн, сүрүн чааска арааран ааӄар. Аа5ыы керуннэрин тутуьан хоһоонноохтук ааӄарга эрчиллэр. Быһаарыы. Тиэкис тутулун, ис хоһоонун өйдөөн быһаарар. Тиэкис аатынан, тиэмэтинэн, ойууларынан ис хоһоонун быһаарар. Айымньы сүрүн санаатын, тиэмэтин, көрүҥүн өйдүүр. Араарыы. Тиэкистэн көннөрү этиилэр хомуурдарын араарар. Тиэкис уратытын, тутулун, көрүҥнэрин араарар, сөпкө туһанар. Сабаӄалааһын. Тиэкис аатынан, тиэмтинэн, ойууларынан ис хоһоонун сабаӄалыыр. Дакаастааһын. Тиэкистэн ааптар иэйиитин. Санаатын булан этэр, быһаарар. Тэҥнээһин. Тиэкистэри (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай) тэҥниир. Айымньылар тиэмэлэрин, Россия норуоттарын айымньыларын уратыларын ырытан тэҥниир. Тылы сайыннарыы. Уус-уран айымньылар уратыларын, тиэкис уус-уран ньымаларын ырытарга эрчиллэр, кэпсииригэр туһанар. Ойуулуур-дьүһүннүүр тыллар суолталарын быһаарыылаах тылдьыттан булан туһанар. Талыы. Учуутал уонна үөрэнээччилэр эппиэттэриттэн кинигэӄэ, айымньыга аат булар. Былааннааһын. Тиэкиһи чаастарга үллэрэр, чаастары ааттыыр, тирэх тыллары бэлиэтиир. Кэпсээһин. Айымньыны сиһилии, кылгатан, талан кэпсиир. Кэтээн керуу. Ойуулары көрөн, тиэкис сюжетыгар сөп тубэһиннэрэр, ааттыыр. Ырытыы. Тиэкиһи ойууларынан кэпсииргэ тирэх тыллары булар. Былааннааһын. Тиэкиһи хартыынанан кэпсииргэ былаан оҥорор. Тылы сайыннарыы. Кэпсээнтэн тирэх тыллары булан туһанар. Быһаарыы. Кинигэ тутулун быһаарар(таһа, титульнай илииһэ, ойуута, иһинээӄитэ). Араарар. Үөрэх кинигэтэ, уус-уран, ыйынньык, хомуурунньук, периодическай бэчээт диэн араарар. Талыы. Библиотекаӄа бэриллибит испииһэгинэн, каталогунан сирдэтэн талар. Суруйуу. Аахпыт кинигэ туһунан кылгас сыанабылы суруйарга кыһаллар. Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ. Быһаарыы. Айымньы көрүҥнэрин: кэпсээни, хоһоону, остуоруйаны, өйдөөн быһаарар. Литературоведение терминнэрин өйдүүр. Кэпсээһин. Кыра кээмэйдээх норуот тылынан уус-уран айымньыларын, көрүҥнэрин уратыларын арааран кэпсиир. Тэҥнээһин. Биир тиэмэлээх, көрүҥнээх араас норуот остуоруйаларын тэҥнээн ырытар. Араас көрүҥнээх уус-уран айымньы уратытын быһаарар. Эбии матырыйаалы туһаныы. Литература терминин тылдьытыттан уус-уран ньыма арааһын: тэҥнээһин, сирэйдээһин, метафора, омуннаан-дарбатан этии өйдөбүллэрин булар. Айар үлэ. Айымньыны туруоруу. Уус-уран айымньыны чаастарынан, оруолларынан туруорууга кыттар. Араас уус-уран ньымалары туһанан, көрөөччүгэ дьоруой уобараһын, ааптар уонна айымньы сүрүн санааларын туһанан, истээччигэ тиэрдэр. Суруйуу. Бэриллибит тиэмэӄэ өйтөн айан суруйар. Иһитиннэрии. Айар үлэтинэн кылааска, атын да тэрээһиннэргэ тыл этэр.
| 1 | ||
2 | 05.09. | Кэ5э (Эбэңки остуоруйата) | 1 | ||||
3 | 09.09 | Эһэни бултааһын (Чукча остуоруйата) | 1 | ||||
4 | 12.09 | Балыксыт о5онньор уонна Суор (Долган остуоруйата) | 1 | ||||
5 | 16.09 | Карнайдаах уол (Узбек остуоруйата) | 1 | ||||
6 | 19.09 | Үс кыһыл көмүс статуэтка (Индия остуоруйата) | 1 | ||||
Ча5ылхай тыллаах, имигэс этиилээх – чабыр5ах (1 ч.) | |||||||
7 | 23.09 | Сылгы. О5о чабыр5а5а | Хоһоонунан айымньыны истиигэ иэйии туруга. | 1 | |||
Сэргэ тердчгэр сэьэн (5 ч.) | |||||||
8 | 26.09 | Ханнык үйэлэр баалларый? | Научнай –популярнай тиэкиһи ылынныыга сыалы, сорудахтар тиһиктэрин өйдөөһүн. Таска сүһүөӄү ааӄыыттан, этиини сөптөөхтүк ааӄыы. Айымньы араас көрүҥүн искэ ааӄыы | 1 | |||
9 | 30.09 | Тыгын Дархан | 1 | ||||
10 | 03.10 | Майа5атта Бэрт Хара | 1 | ||||
11 | 07.10 | Дьала5ай Киилээн Маһары ыһыа5ар сылдьыыта | 1 | ||||
12 | 10.10 | Манчаары Хаппар уолугар аат биэрбитэ. | 1 | ||||
Саха о5уһун мииннэ да – ырыаһыт (3 ч.) | |||||||
13 | 14.10 | Киэһэ. Кыыллаах арыы. | Айымньы араас көрүҥүн искэ ааӄыы Кэпсээнинэн уонна хоһоонунан айымньынын доргуччу ааӄыы. Саҥа тиэмпэтин, куолаһы оҥорон, тохтобулу тутуһан ааӄыы. | 1 | |||
14 | 17.10 | Ат ырыата. Биһик ырыата. | 1 | ||||
15 | 21.10 | Бүлүүлүү оһуокай. Найахы оһуокай. | 1 | ||||
Уһун түүннээх олоңхо (3 ч.) | |||||||
16 | 24.10 | Нуо5алдьын Кугас аттаах Тойон Дьа5арыма бухатыыр (Күннүк Уурастыырап олоңхотуттан быһа тардыы) | Айымньы араас көрүҥүн искэ ааӄыы Кэпсээнинэн уонна хоһоонунан айымньынын доргуччу ааӄыы. Саҥа тиэмпэтин, куолаһы оҥорон, тохтобулу тутуһан ааӄыы. | 1 | |||
17 | 28.10 | Нуо5алдьын Кугас аттаах Тойон Дьа5арыма бухатыыр | 1 | ||||
18 | 31.10 | Нуо5алдьын Кугас аттаах Тойон Дьа5арыма бухатыыр | 1 | ||||
2 чиэппэр (14 ч.) | |||||||
Билии-көрүү түннүгэ – таабырын (1 ч.) | |||||||
19 | 11.11 | Таабырыннар | Айымньы араас көрүҥүн искэ ааӄыы Саҥа тиэмпэтин, куолаһы оҥорон, тохтобулу тутуһан ааӄыы. | 1 | |||
Саха оһо5ун иннигэр – бөлүһүөк (1 ч.) | |||||||
20 | 14.11 | Өс хоһоонноро | 1 | ||||
Уус-уран литература. Хомо5ой тыллаах хоһоон барахсан | |||||||
21 | 18.11 | А.Софронов. Мин. Дорообо, дойдум. | Хоһоону өйтөн ааӄыы. Тиэкис тиэмэтин бастаан учуутал көмөтүнэн, салгыы бэйэ быһаарыыта. Тиэкис тиэмэтин быһаарыы. Тиэкис сүрүн санаата. Айымньы сүрүн санаатын, ааптар тугу этиэн баӄарбытын ырытыһыы. Ааптар иэйиитин тиэрдэр тыл, тыл ситимэ. Тиэкис былаанын оҥоруу. Тиэкиһи чаастарга арааран, тиэмэлэрин быһаарыы. Тиэкис чаастарын ааттааһын. | 1 | |||
22 | 21.11 | Эллэй. Үөрэх ыңырыыта. Өкүлүүн | 1 | ||||
23 | 25.11 | Күннүк Уурастыырап. Күөрэгэй. Этиңнээх ардах. | 1 | ||||
24 | 28.11 | Семен Данилов. Ырыа туһунан. | 1 | ||||
25 | 02.12 | Попов Л.А. Тус хоту үөскээбит буоламмын. | 1 | ||||
26 | 05.12 | Гоголев И.М.. От үлэтэ. Тапталлаах ийэккэм. | 1 | ||||
27 | 09.12 | Ефимов М.Д.. Саха сирин ыччата. | 1 | ||||
28 | 12.12 | Данилов Сем.П.. Арыылаахха | 1 | ||||
29 | 16.12 | Руфов С.Т. Албынчыктар. | 1 | ||||
30 | 19.12 | Пушкин А.С. Хаайыылаах. Кыһыңңы суол. | 1 | ||||
31 | 23.12 | Лермонтов М.Ю. Былыттар. Баарыс. | 1 | ||||
32 | 26.12 | Кылааһы таһынан аа5ыы. Хатылааһын | 1 | ||||
3 чиэппэр (20 ч.) | |||||||
Кэрэ кэпсээн, сэргэх сэһэн. (6ч.) | |||||||
33 | 13.01. 2016 | Эрилик Эристиин. Кумалааңңа барыы | Кэпсээһин тыллара, этиилэрэ. Тиэкиһи кылгатыы. Кылгатан кэпсээһин. Талан кэпсээһин. Айымньы дьоруойун өйдөбүлэ, дьоруойга сыһыаннаах тыллар, этиилэр. Тыллары талан тиэкис оҥоруу. Тиэкиһи кэпсээһин. Кылгатан эбэтэр быһан кэпсээһин. Быһа тардан кэпсээһин. | 1 | |||
34 | 16.01 | Амма Аччыгыйа. Куйуур | 1 | ||||
35 | 20.01 | Сметанин Т.,Стручков Я.. Куһу ура5аһынан да бултуурбут. | 1 | ||||
36 | 23.01 | 1 | |||||
37 | 27.01 | Николай Якутскай. Хотой до5оро. | 1 | ||||
38 | 30.01 | Дьүөгэ Ааныстыырап. Бытык. | 1 | ||||
39 | 03.02 | 1 | |||||
40 | 06.02 | Габышев Н.А. Өлүөскэ. | 1 | ||||
Мүччүргэннээх сырыылар (4 ч.) | |||||||
41 | 10.02 | Неустроев Н.Д. Куттаммыт. | Кэпсээһин тыллара, этиилэрэ. Тиэкиһи кылгатан кэпсээһин. Талан кэпсээһин. Былаанынан дьоруой туһунан кэпсээһин. Буолар сирин, кэмин, саӄаланыытын, тыҥааһыннаах түгэни көрдөрөр тыллары, этиилэри талыы. | 1 | |||
42 | 13.02 | Чооруоһап М. Эһэ өрүһүйбүтэ. | 1 | ||||
43 | 17.02 | Толстой Л.Н. Акула. | 1 | ||||
44 | 20.02 | Горькай М.А. Барабыай о5ото | 1 | ||||
Фантастика (1 ч.) | |||||||
45 | 24.02 | Сметанин Т., Стручков Я. Төбөбөр кус сымыыттаабыта, өлөр суолтан Бөрө быыһаабыта. | Былаанынан дьоруой туһунан кэпсээһин. Буолар сирин, кэмин, саӄаланыытын, тыҥааһыннаах түгэни көрдөрөр тыллары, этиилэри талы. | 1 | |||
Поэма (2 ч.) | |||||||
46 | 27.02 | Руфов С.Т. Валерка со5уруу дойдуга. | Кэпсээһин тыллара, этиилэрэ. Айымньы дьоруойун өйдөбүлэ, дьоруойга сыһыаннаах тыллар, этиилэр. Тыллары талан тиэкис оҥоруу. Кылгатан эбэтэр быһан кэпсээһин. | 2 | |||
47 | 02.03 | Руфов С.Т. Валерка со5уруу дойдуга. | |||||
Үгэ (4 ч. + 1ч.)) | |||||||
48 | 05.03 | Күн Дьирибинэ. Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс. | Хартыынаны учуутал көмөтүнэн ырытыы. | 1 | |||
49 | 09.03 | Ба5атаайыскай Р.Д. Эһэлээх куобах. | 1 | ||||
50 | 12.03 | Тобуруокап П.Н. Попугай араатар. | 1 | ||||
51 | 16.03 | Крылов И.А. Куба, Сордоң уонна Рак. | 1 | ||||
52 | 19.03 | Кылааһы таһынан аа5ыы. Хатылааһын | 1 | ||||
4 чиэппэр (17 ч.) | |||||||
4 чиэппэр Автор остуоруйата (7 ч.) | |||||||
53 | 02.04 | Федосеев И.Е. Чэрэс уонна Чөрөс. | Кэпсээһин тыллара, этиилэрэ. Тиэкиһи кылгатыы. Кылгатан кэпсээһин. Талан кэпсээһин. Айымньы дьоруойун өйдөбүлэ, дьоруойга сыһыаннаах тыллар, этиилэр. Тыллары талан тиэкис оҥоруу. Тиэкиһи кэпсээһин. Кылгатан эбэтэр быһан кэпсээһин. Быһа тардан кэпсээһин | 2 | |||
54 | 06.04 | Федосеев И.Е. Чэрэс уонна Чөрөс. | |||||
55 | 09.04 | Тобуруокап П.Н. Чаңый Ча5аан. | 2 | ||||
56 | 13.04 | Тобуруокап П.Н. Чаңый Ча5аан. | |||||
57 | 16.04 | Андерсен Г.Х. Куһа5ан кусчаан. | 3 | ||||
58 | 20.04 | Андерсен Г.Х. Куһа5ан кусчаан. | |||||
59 | 23.04 | Андерсен Г.Х. Куһа5ан кусчаан. | |||||
Автор чабыр5а5а (2 ч.) | |||||||
60 | 27.04 | Петрова Т.И. Былтас сирэй. | Норуот тылынан уус-уран айымньытын истии: сүрүн сюжета. Куолаһы оҥорон, тохтобулу тутуһан ааӄыы | 1 | |||
61 | 30.04 | Матахова М. Эн сымыйа – мин сымыйа. | 1 | ||||
Драматическай айымньылар (3ч.) | |||||||
62 | 04.05 | Эверстова М.П.-Обутова. Таба уонна Биичээн. | Тиэкэс уонна этиилэр хомуурдара. Кэпсээһин тыллара, этиилэрэ. Айымньы дьоруойун өйдөбүлэ, дьоруойга сыһыаннаах тыллар, этиилэр. | 1 | |||
63 | 07.05 | Куобах үөрүүтэ. Ба5а аттаммыта. | 1 | ||||
64 | 11.05 | Гоголев И.М. Хаарчаана. | 1 | ||||
Ахтыы (1 ч.) | |||||||
65 | 14.05 | Амма Аччыгыйа. П.А.Ойуунускай. | Научнай –популярнай тиэкиһи ылыныыга сыалы, сорудахтар тиһиктэрин өйдөөһүн | 1 | |||
Дьүһүйүү (2 ч.+ 1 ч.) | |||||||
66 | 18.05 | Суорун Омоллоон. Өлүөнэ. Габышев Н.А. Оо, хоту, хоту! | Тиэкис сүрүн санаата. Айымньы сүрүн санаатын, ааптар тугу этиэн баӄарбытын ырытыһыы. Ааптар иэйиитин тиэрдэр тыл, тыл ситимэ. Тиэкис былаанын оҥоруу. Тиэкиһи чаастарга арааран, тиэмэлэрин быһаарыы. Тиэкис чаастарын ааттааһын. | 1 | |||
67 | 21.05 | Далан. Улуу тунах. | 1 | ||||
68 | 25.05 | Кылааьы таһынан аа5ыы. Хатылааһын. | 1 | ||||
Барыта: | 68 ч. |
Предварительный просмотр:
Муниципальное Бюджетное Общеобразовательное Учреждение
Чериктейская средняя общеобразовательная школа им.В.Ф.Афанасьева-Алданского
с.Чериктей Усть-Алданский улус РС(Я)
Рассмотрено: Согласовано: Утверждено:
МО начальных классов зам.директора по УВР директор ЧСОШ
Горохова С.Д.________ Лугинова Л.Е._________ Ушницкая В.В._______
«___» __________2015г. «____»_________2015г «____»_________2015г
Рабочая программа
по предмету «Якутская литература»
в 4 – м классе (1 – 4)
на 2015-2016 учебный год
Количество часов 2 часа в неделю
уровень освоения (общеобразовательный)
Составитель: Босикова А.В.
Учитель начальных классов
- учебный год
Иһинээӄитэ
- Быһаарыы сурук.
- Үөрэх предметин өйдөбүлэ
- Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
- Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии.
- Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ.
- Үөрэх предметин ис хоһооно.
- Календарнай тематическай былаан
- Үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыы.
Туһаныллыбыт литература
Литературнай ааӄыы уруогар календарнай – тематическай былаан.
«Ньургуһун» 4 кылаас. Л.В.Захарова
Нэдиэлэ5э 2 чаас, сылга 68 чаас.
I.Быһаарыы сурук
Литературнай ааӄыы уруогар үлэлиир бырагыраамма начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин бырагыраамматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования), федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГҮӨС) ирдэбилигэр тирэӄирэн оҥоһулунна. «Ньургуһун» 4 кылаас Л.В.Захарова биридимиэт учебнига федеральнай, региональнай үөрэх кинигэлэрин испииһэгэр киирбит:
- «Ньургуһун» : түөрт сыллаах нач. үөрэхтээһин 4 кылааһын учеб./Л.В.Захарова ; - Дьокуускай: Бичик, 2013.
II. Үөрэх предметин өйдөбүлэ
Уус-уран литература оскуолаӄа оӄону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан ааӄар оӄо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх буолар.
Литературнай аа5ыы үөрэх предметин сыаллара:
- ааӄыы уопсай култууратын иңэрии, аа5ар үөрүйэӄи олохсутуу, саңа араас көрүңүн сайыннарыы;
- оӄону ааӄыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
- уус-уран айымньыны ааӄыы нөңүө уйулӄаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы, айар дьоӄуру сайыннарыы;
- ааӄыы нөңүө сиэр-майгы өрүттэрин олохсутуу; Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии;
Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:
- ааӄыы араас ньымаларын баһылааһын;
- тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иңэрии;
- наадалаах литератураны булан туһаныы;
- аа5ыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэӄэ тапталы иңэрии;
- айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
- норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоӄун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
- уус – уран айымньы тылыгар болӄомтолоох буолууну ситиһии;
- төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доӄордуу сыһыаннарын олохсутуу.
III. Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар оло5уран, литературнай ааӄыыны үөрэтиигэ 4 кылааска – нэдиэлэ5э 2 чаас, сылга барыта 68 чаас бэриллэр.
IV. Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии
2009 с.ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытынсайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.
Концепция Россия гражданинын личноһын иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн национальнай ытык өйдөбүлү ылар. Онно киирэллэр:
1). Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр-уотугар, норуотугар таптал,бэриниилээх буолуу;
2) Биир санааланыы, крдьыктаах быһыы, аһыныгас амарах сүрэхтээх, чиэстээх, дьоһуннаах буолуу;
3) Ийэ дойдуга сулууспалааһын, сокуону тутуһуу, бэрээдэктээх буолуу;
4) Дьиэ-кэргэңңэ, ыалга тапталлаах, бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох.
5) Үлэ, төрүт дьарык. Үлэ5э ытыктабыл, дьулуур, дьаныар.
6) Билиини сыаналааһын.
7) Итэ5эл, духуобунас өйдөбүллэрэ.
8) Төрөөбүт литература – бар5а баай.
9) Ийэ айыл5а. Ытык сир, харыстанар сир. Сир – планета. Айыл5а5а харыстабыл.
10) Сир үрдүгэр эйэ, элбэх омук култуурата, киһи аймах сайдыыта.
Онон бу ытык өйдөбүллэри «Литературнай аа5ыы» үөрэх предметин ис хоһоонугар уус-уран айымньыга норуот историятын, култууратын, оло5ун төрүт үгэһин, сиэрин-майгытын нөңүө киирэн сылдьар.
V. Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри иңэрии түмүгэ.
- киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт аа5ыы суолтатын өйдүүр; уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүңүн быһыытынан сыаналыыр;
- тулалыыр эйгэ туһунан били-көрүү аа5ыы көмөтүнэн кэңииирин-дириңиирин өйдүүр;
- норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт оло5ун-дьаһа5ын, историятын култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр;
- Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын аа5ан, атын ноурот култууратын, литературатын ытыктыыр;
- үтүөнү-мөкүнү, сырдыгы-хараңаны арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас дьоңңо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр;
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ.
- аа5ыы үлэтин араас көрүңэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр; хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;
- уруокка, уруок таһынан үлэ5э бэриллибит соруда5ынан араас информационнай эйгэ кыа5ын талар, туһанар;
- уус-уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн. сайдыытын быһаарар, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр.
- уус-уран айымньы сүрүн ис хоһоонун, дьоруойдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан анал бэлиэ, графика көмөтүнэн быһаара, ситимнии үөрэнэр.
- аахпытыгар уонна тус уопутугар оло5уран, тэңниир уонна ойуулуур, учебнигынан үлэлиир.
- уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ үлэлиир кыахтанар;
- до5отторун, төрөппүттэрин, кылаас иннигэр кылгас иһитиннэриини оңорор.
- бэриллибит тиэмэ5э санаатын сааһылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ.
- аа5ыы сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр;
- айымньы араас көрүңүн бол5ойон истэр;
- норуот айымньыта уонна уус уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар;
- аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын аатын уонна көрүңүн бол5ойор үөрүйэхтээх;
- сааһыгар сөптөөх араас көрүңнээх тиэкиһи үчүгэйдик ырытар, өйдүүр, туһанар;
- кэпсээһин араас көрүңүн билэр;
- сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааӄааччы дневнигэр санаатын үллэстэн суруйар;
- айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааӄар;
- чопчу тиэмэӄэ араас көрүңнээх суругунан айар үлэни толорор.
VI. Үөрэх предметин ис хоһооно
Саңарыы уонна аа5ыы үлэтин көрүңнэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус –уран айымньы туһунаныйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска сүһүөхтээн ааӄыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааӄыыга көһөрүгэр, ааӄыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааӄыы көрүҥүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.
Тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оӄо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн баһылыырга төрүт уурар.
Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин туһунан биллэрэр.
Саңарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салӄаан, өйтөн этэр дьоӄуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп тубэсиһиилэригэр, тэттик өйтөн суруйууга уус-уран ньыманы туһанарга, бэриллэр тиэмэ5э кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.
О5о аа5ар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оӄо ааӄар тиэмэлэрин быһаарар.
Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна хоһоон тылын уратытын, айымньы көрүҥүн туһунан биллэрэр.
Айар үлэтэ оруолунан ааӄарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэӄэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиҥҥэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:
- тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааӄыы суолтатын иҥэринэр;
- уус-уран литература киһи аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;
- айымньы көрүҥүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыҥҥа ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;
-араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;
-ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.
VIII. Үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыы
Библиотека пуондата:
- Литературнай ааӄыы 1 -4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама.
- «Ньургуһун» предмети 4 кылааска үөрэтэр учебник.
- «Төрөөбүт тыл уонна литература», «Бастакы үктэл» научнай-методическай сурунааллар.
- Тылдьыттар (быһаарыылаах, таба суруйуу, синоним, антоним, омоним, сомоӄо домох)
- Грамматическай ыйынньыктар
- Оӄоӄо аналлаах энциклопедиялар.
- Уус-уран кинигэлэр.
- Олоҥхо эйгэтэ
Үөрэх цифровой ресурсалара:
- «Саха тыла» предмет УМК-н мультимедийнэй, электроннай сыһыарыылара
- Электроннай информационнай ыйынньык
- Сахалыы таба суруйуу компьютернай бырагыраамата.
Көрдөрөр-иһитиннэрэр босуобуйалар:
- «Литературнай ааӄыы» предмет УМК-гар сыһыаннаах аудиодиискэлэр.
- Литературнай ааӄыы үөрэтии тиэмэлэригэр сыһыаннаах видеокиинэлэр.
- Презентациялар.
- Суруйааччылар мэтириэттэрэ, хаартыскалара.
- Тус сорудахтаах карточкалар
- Айымньы ис хоһоонунан сюжеттаах хартыыналар.
- Сахалыы уус уран киинэлэр, мультфильмнар.
Оонньуулар уонна оонньуурдар:
- Тылы сайыннарар остуол оонньуулара.
- Бодоруһууга үөрэтэр ситуационнай оруолунан оонньуу кэмпилиэгэ.
Туһаныллыбыт литература
- Федеральнай государственнай үөрэх стандарта саха оскуолатыгар : (начаалынай уопсай үөрэхтээһин) – Н.Н.Ситникова, С.С.Семенова, Н.Н.Васильева; Саха Респ. Үөрэӄин м-бэтэ, Саха Респ. Нац. Оскуолаларын чинчийэр науч. Ин-т; - Дьокуускай : Бичик, 2011.
- Литературнай ааӄыы 1 – 4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр бырагараама. - Дьокуускай : Бичик, 2011.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа по удмуртской литературе для 3 класса(удмурт кылъя 3 классын ужаны дышетисьлы программа)
Рабочая программа поможет учителю систематизировать материал на весь учебный год....
Рабочая программа по удмуртской литературе для 4 класса(удмурт кылъя 4 классын ужаны дышетисьлы программа)
Рабочая программа поможет учителю удмуртского языка и литературы систематизировать весь программный материал по удмуртской литературе в 4 классе....
Рабочая программа по якутскому языку 4 класс
Рабочая программа по якутскому языку для 4 класса по учебнику Захаровой Л. В. "Якутский язык". Разработана на основе ФГОС....
Рабочая программа по якутскому литературному чтению 4 класс
Рабочая программа по якутскому литературному чтению для 4 класса. Разработана по ФГОС и по учебнику " Ньургуhун", авторы: Захарова Л.В.,Избекова Л.К....
рабочая программа по якутскому языку 3 класс
Рабочая программапо предмету «Родной язык» для 3 класса начального общего образования...
рабочая программа по якутской литературе 3 класс
Рабочая программапо предмету «Родная литература» для 3 класса начального общего образования...
Рабочая программа по якутскому языку 4 класс (Анисимов В.М.)
Рабочая программа по якутскому языку составлена на основе Примерной программы начального общего образования по предмету "Якутский язык", в соответствии с требованиями ФГОС НОО второго поколения и орие...