«Быыра Баадьай» олоҥхонон «Бырдахтар уонна Тигээйилэр» диэн улахан бөлөх оҕолоругар куоталаһыы (эстафета)
презентация к уроку (старшая группа)

Андреева Намына Владимировна

Өбүгэ оонньууларынан оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Оонньуу быраабылатын тутуһан оонньууру, оҕо бэйэтин салайынар уонна хонтуруолланар сатабылларын сайыннарыы. Оҕо сымса , дьулуурдаах буоларын, хамаандаҕа сомоҕолоһон оонньуурун иитии. 

Скачать:

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

« Быыра Баадьай » оло ҥхонон « Бырдахтар уонна Тигээйилэр » диэн улахан бөлөх оҕолоругар куоталаһыы (эстафета ) Толордо: Андреева Н.В.

Слайд 2

Оонньуу сыала : Өбүгэ оонньууларынан о5ону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Оонньуу быраабылатын тутуһан, сатаан хонтуруолланар, бэйэтин салайынар сатабылларын сайыннарыы. Оҕо бэйэтин сымсатык туттарыгар, дьулуурдаах буоларын, хамаандаҕа сомоҕолоһон оонньуурун иитии. Анала : 5-7 саастаах о5олорго. Тэрилэ : о5о аайы т өбөҕө кэтиллэр “бырдах” уонна “тигээйи” ойуулара. Мас ат мадьыала 2 устуука. Муос хайыһар 2 устуука. 10 устуука кегли. Оонньуу ис хо һооно : Сахалар былыр – былыргыттан иллэҥ кэмнэригэр көрү -нары тардан , оонньоон-көрүлээн атааралларын астыналлара . Кинилэр оонньуулара спортивнай хайысхалаах буоланнар , оҕо эт-сиин өттүнэн сайдарыгар туһалаах буолара . « Быыра Баадьай » оло ҥхо персонажтарынан « Бырдахтар уонна тигээйилэр » хамсаныылаах эстафета физкультура дьарыгар , хамсаныылаах сынньала ҥҥа, анал дьарык быһыытынан ыытыллыан сөп.

Слайд 3

Оонньуу барыыта : Оонньууга 10- тан элбэх о5о оонньуон с өп. Икки тэҥ хамаандаҕа арахсаллар. Хамсаныылаах араас оонньуулар : « куобах », «а ҥар атахха ойуу », « булчут хайы һ арынан хаамыы », « ат с үүрдүүтэ », « атаралаан с үүрүү », «дул5алаах сиринэн », « ат буолан сырсыы ». Оонньууну улахан ки һи ыытар. «Бол5ойун, бэлэмнэннибит , чэ !» диэн биллэрдэ да5аны куоталаһыы саҕаланар . Анал бэлиэҕэ диэри сүүрэри тоһоҕолоон этэр . Оонньотооччу хамаандалар очкуоларын ааҕар уонна быраабыланы кэспэккэ , сорудаҕы сөпкө толороллорун хонтуруоллуур . Оҕолор оонньуу быраабылатын, хамсаныылары үчүгэйдик өйдүүллэрин туһуттан бастатан туран очкуо ааҕыыта суох бэлэмнэнии диэн оонньууллар.

Слайд 4

« Куобах » Куобахтыы ойуоккалааһын урут уруккаттан баар ыстаҥа. Билигин спортка көрүҥэ. Ыһыахтарга ыытыллар улахан күрэхтэргэ киирсэр. Икки атаҕы сыһыары уктэнэн туран куобах курдук ойуоккалаан тиийэн бэлиэни таарыйар уонна сүүрэн кэлэр иккис оҕону таарыйар, оннук оонньуу салҕанар. «А ҥар атахха ойуу » А ҥар атахха ойуу элбэх сэниэни , сыраны эрэйэр ыстаҥа көрүҥүттэн биирдэстэрэ буолар . У ҥа атаҕы кэннинэн үөһээ диэки туталлар уонна икки илииннэн салгыҥҥа эргитэн көмөлөһүннэрэн хаҥас атаҕынан киэҥник ойуу. « Булчут хайы һарынан хаамыы » Былыр өбүгэлэрбит бултаан-алтаан аһыыр кэмнэригэр туут хайыһар булчут саамай абыраллаах мала буолара . Хара тыаны , халыҥ систэри хайыһарынан хаамаллара . Оҕо муос хайы һарга турар уонна хаарынан хаамар булчут курдук туттан киэҥник хардыылыыр.

Слайд 5

« Ат сүүрдүүтэ » Ханнык да кэпсээҥҥэ , сэһэҥҥэ уонна олоҥхоҕо кэпсэнэринэн саха дьоно дьөһөгөй оҕотун сылгыны инники күөҥҥэ туталлар , ытыктыыллар . Билигин ыһыахтарга ат сүүрдэн күрэхтэһэллэр . О5оҕо с өптөөх оҥоһуулаах ат мадьыалын миинэн баран олоҥхо бухатыырын курдук эрчимнээхтик сүүрүү. « Атаралаан сүүрүү » Бу оонньуу өбүгэлэрбит үгэннээн олороллорун саҕана ыһыах кэмигэр күрэхтэһиигэ оонньуур эбиттэр . Ха ҥас атахтарын иннилэрин диэки, уҥа атахтарын кэннилэрин диэки сүүрэн иһэр киһи курдук туттан, икки атахтарыгар тэбис тэҥҥэ тирэнэн, иннилэрин диэки ойон иһэллэр.

Слайд 6

« Ат буолан сырсыы » Сайын сайылыкка көһөн киирэн баран, оҕолор араас оонньуулары оонньууллара . Олортон биирдэстэрэ – « ат буолан к үрэхтэһии ». О5о икки илиилэринэн сиргэ тайанар , икки атахтарын т өбөтүгэр тирэнэр. « Чэ !» диэн хамаанда кэнниттэн т үһүнэн кэбиһэллэр. Сүүрэллэригэр икки илиилэрин-атахтарын тэҥҥэ ылан, төкөйөн эрэрдии барыахтаахтар. « Дул5алаах сиринэн » Былыр өбүгэлэрбит дьадаҥы өттө үксүн дулҕалаах сирдэри оттууллара . Ол иһин дулҕалаах сиринэн иҥнибэккэ сылдьар туһугар араастаан туттан оонньууллара . Киэгилилэри хаамар сиринэн бэлиэ5э диэри биирдии хаамыы арыттаах гына тар5ата уураллар . Оонньооччу о5о хара5ын симэр уонна киэгилилэри охторбокко бэлиэ5э тиийэр . О5олор киэгилилэри охтортообут буоллахтарына , ким ха һы охторбутунан очкуону ааҕаллар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа.

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа....

С.С.Васильев-Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхотунан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар туруоруллар инсценировка

Олоҥхо тылын-өһүн нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор ситимнээх саҥаларын сайыннарыы....

"Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.

Сценарий осеннего развлечения для детей старшей группы на родном якутском языке...

Тылы сайыннарыы, грамота, физкультура дьарыктаныыларыгар туттуллар «Тургутуу хонуута»-диэн дидактическай оонньуу.

Тыл оонньуутун анал дьайымалга, улахан киһи оҕону кытта бииргэ дьайымалыгар ситимнээн күннэтэ тутуннахха оҕо билиитэ хаҥыыр, эт-хаан өттүнэн сайдар, тылын саппааһа байар....

Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»

Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии....