"Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.
материал (старшая группа)

Сценарий осеннего развлечения для детей старшей группы на родном якутском языке

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon kuncheen_komus_kuhun_stsenariya_.doc46 КБ

Предварительный просмотр:

“Күнчээн” улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах күһүннү аралдьыйыы сценарийа.

Кыттыыны ылаллар:

  1. Ыытааччы
  2. Күһүн
  3. Тыал-тыалчаан

О5олор сэбирдэхтэри икки илиилэригэр туппуттарынан муз.залга  киирэн олоппосторугар олороллор.

Ыытааччы. Оҕолор, көрүҥ эрэ тула өттүбүт тугун үчүгэйэй! Хайдах курдук кэрэтэй, хоспут иһэ симэммит! Киммит маннык кичэллэн биһиги хоспутун киэргэттэ? Аптаах күһүн оҥоһуута быһылаах,  тулабыт барыта араас дьүһүннээх сэбирдэхтэр. Оҕолор, күһүн – олус кыраһыабай дьыл кэмэ дии.

Ыытааччы. Истиҥ эрэ оҕолор, биһиэхэ ким эрэ кэлэн иһэр. Арааһа мэник – мэник тыал-тыалчаан быһылаах. Оҕолор, кинини дьээбэлиибит дуо? Оччоҕуна сэбирдэхтэрбитигэр саһыаххайын, биһигини булуо суоҕа.

(Музыка холбонор. Тыал-тыалчаан ункуулуу – ункулуу тахсан кэлэр.)

Тыал-тыалчаан: Мин мэниктиирбин, үөннэнэрбин, оонньуурбун олуһун даҕаны сөбүлүүбүн. Онтон манна оҕолор бааллар быһылаах этэ ди, ханна сүппүттэрий (көрдүүр) . Мин кинилэр саҥаларын, ырыаларын истибитим ээ.

Ыытааччы: Биир, икки, үс  - биһиги манна баарбыт. (бииргэ оҕолору кытары соһуталлар)

Тыал-тыалчаан: Дьэ, соһуттугут дии (күлэр). Мин эһигини дьээбэлиэхпин баҕарбытым, онтукпут таҥнары буолан таҕыста дии (күлэр). Оҕолоор, онтон эһиги үҥкүүлүүргүтүн сөбүлүүгүт дуо? Оччоҕуна сэбирдэхтэрбитин кытары бары туран үҥкүүлүөххэйиҥ.

Ыытааччы:

Тыалы кытта элиэтии

Сэбирдэхтэр көтөллөр

Ыллык суолу бэлиэтии

Көбүөр тиһэ түһэллэр

Сэбирдэхтэри кытары үҥкүү.

(Тыал-тыалчаан оҕолору сырсар, оҕолор куоталлар уонна олоппосторго олороллор.)

Тыал-тыалчаан: Оҕолор, онтон эһиги күһүн – кырасаабыссаны ыҥыра иликкит дуо? Оччоҕуна бары бииргэ ыҥырыаххайын.

Оҕолор: Күһүн, күһүн, күһүн!

(музыканнан күһүн киирэр)

Күһүн. Үтүө күнүнэн оҕолор! Сайыммыт бүтэн, көмүс дуйу бүрүнэн, сэбирдэхтии тэлээрэн, көмүс күһүн – мин, тиийэн кэллим эһиэхэ!

Ыытааччы. Үтүө күнүнэн, Көмүс күһүн! Биһиги олус үөрдүбүт эн кэлбиккэр. Эйиэхэ анаан оҕолор хоһоон бэлэмнээтилэр.

(Хоһоон этэллэр «Көмүс күһүн»)

Күһүн – Петр Тобуруокап

Көмүс күһүн,

Күндү күһүн

Күлэн-үөрэн

Көстөн кэллэ

Отон, тэллэй

Олус дэлэй

Оҕо аймах,

Онно барыах

Отоннуохпут,

Тэллэйдиэхпит,

Дьоммутугар туһалыахпыт!

Ырыа ыллыыллар «Осень в гости к нам идет!»

Ыытааччы. Маладьыастар баран миэстэбитигэр олордубут, аны биирдиилээн хоһооммутун ааҕыахпыт.

 Биирдии хоһоон

Миллая, Айхаан П., Мия

Күһүн кэлэн, тыал түстэ,

Күөҕү сыыйа хагдарытта,

Сэбирдэҕи көтүтэн,

Сиргэ ыһан тэлгээтэ

Феня

Күһүн буолан дьыссаакка

Үөрэ-көтө кэллибит

Оҕолордуун көрсөммүт

Оонньоон өрө көттүбүт

Толя

Араҕас сэбирдэхтэр

Күлүмүрдээн көстеллер

Бары мастар ойуурга

Саҥа таҥас кэппиттэр

Туйаара

Сылаас ардах кэнниттэн

Күн тыкта

Чараҥнарга тыаларга

Тэллэй бөҕө таҕыста.

Павлик

Көмүс күһүн

Тиийэн кэллэ

Таммах чок-чок

Таммалыыра элбээтэ

Күһүн: То5о учугэйэй, махтал о5олор. Мин олус астынным эһиги хайдах хоһоон этэргититтэн, ырыа ыллыыргытыттан. Оҕолорбор анааммын элбээх элбэх сэбирдэхтэри аҕаллым. Оҕолор, мин оонньуурбун олус сөбүлүүбүн. Эһиэхэ олус интэриэһинэй оонньуу толкуйдаабытым «күһүннү сэбирдэхтэри хомуй» диэн ааттаах.

Тыал-тыалчаан: Оо, мин саамай сөбүлүүр оонньуум дии

Оонньуу «Күһүннү сэбирдэхтэри хомуй»

(Муостаҕа сэбирдэхтэр ыһыллан сыталлар (кыһыл, оранж, араҥас дьүһүннээхтэр). Оҕолор сэбирдэхтэри дьүһүннэринэн арааран ууруохтаахтар, эрдэттэн үс обруч бэлэмнэнэр.

Ыытааччы: Күһүн, наһаа да үчүгэй оонньууну оонньоттун. Элбээх элбэх сэбирдэхтэри хомуйдубут. Тыал-тыалчаан, Күһүн! Онтон биһиги оҕолорбут музыкальнай инстурменнарга сатаан оонньууллар дии. Истиэххитин баҕараҕыт дуо?

Тыал-тыалчаан: Тоҕо үчүгэйээй! Истэн бөҕө буоллаҕа дии

Күһүн: Мин эмиэ олус көрүөхпүн уонна истиэхпин баҕарабын

Муз. Инст оонньуу. (бүппүттэрин кэннэ тыал-тыалчаан уонна күһүн хайҕыыллар)

Күһүн: Үөрэммин үҥкүүлүөхпүн баҕардым. О5олор, бары бииргэ үҥкүүлүүбүт дуо?

Паараннан үҥкүү

Күһүн: Мин эһиэхэ кэлэммин олус да үөрдүм, сынньанным. Миигин үөрэ көрсүбүккүтүгэр махтал. Баҕарабын эһиэхэ сахалыы сайаҕас санааны, дьолу соргуну!

(Күһүн бараары зонтигын арыйар. Зонтигар кэмпиэттэр сапка бааллан ыйана сылдьаллар. Оҕолору күндүлүүр.) Онтон билигин мин барар кэмим кэллэ. Көрсүөххэ диэри оҕолоор!

Ыытааччы. Көрсүөххэ диэри!

Музыка доҕуһуолунан Тыал-тыалчаан уонна күһүн ырыаннан тахсан бараллар.

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Комус куьуннэ аналлаах аралдьыйыы сценарийа "Почтальон саьыл"

Кыра саастаах оголорго, куьунну айылга кэрэтин туьунан аралдьыйыы комотунэн  тириэрдии, кордоруу. Айылгага харыстабылы, тапталы иитии...

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)

Цель  – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа.

Улахан бөлөх оҕолоругар «Сааскы бал бырааьынньыга» сценарийа....

«Быыра Баадьай» олоҥхонон «Бырдахтар уонна Тигээйилэр» диэн улахан бөлөх оҕолоругар куоталаһыы (эстафета)

Өбүгэ оонньууларынан оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Оонньуу быраабылатын тутуһан оонньууру, оҕо бэйэтин салайынар уонна хонтуруолланар сатабылларын сайыннарыы. Оҕо сымса , дьулуурдаах буоларын, хам...

Ийэ кунугэр аналлаах аралдьыйыы сценарийа (улахан белех о5олоро)

Сценарий развлечения "День Матери" (старшая группа)...