Тылы сайыннарыы, грамота, физкультура дьарыктаныыларыгар туттуллар «Тургутуу хонуута»-диэн дидактическай оонньуу.
материал (подготовительная группа)

Васильева Ирина Даниловна
Тыл оонньуутун анал дьайымалга, улахан киһи оҕону кытта бииргэ дьайымалыгар ситимнээн күннэтэ тутуннахха оҕо билиитэ хаҥыыр, эт-хаан өттүнэн сайдар, тылын саппааһа байар.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл turgutuu_honuuta.docx702.81 КБ

Предварительный просмотр:

Тылы сайыннарыы, грамота, физкультура дьарыктаныыларыгар туттуллар «Тургутуу хонуута»-диэн дидактическай оонньуу.

Автордар:  Кычкин Роман Петрович – бастакы категориялаах физкультурнай инструктор, Васильева Ирина Даниловна – үрдүк категориялаах иитээччи

Оонньуу : Биэс , алта, сэттэ саастаах оҕолого аналлаах

Былааннаах түмүктэр:  Тыл оонньуутун анал дьайымалга, улахан киһи оҕону кытта бииргэ дьайымалыгар ситимнээн күннэтэ тутуннахха оҕо билиитэ хаҥыыр, эт-хаан өттүнэн сайдар, тылын саппааһа байар.

Сыала : Тылы сайыннарыы, грамота, физкультура дьарыктарыгар ылбыт билиилэрин чопчулааһын, хатылааһын.

Соруктар:

Үөрэтэр: Аһаҕас бүтэй дорҕоону араара,сөпкө тынныыга, тылы дор5оон фишкатынан суруйарга, миэстэҕэ туран икки атаҕы холбоон үрдүгү ыстана  үөрэтии.

Сайыннарар: Эт- хаан өттүнэн сайыннарыы, тыл саппааһын байытыы

Иитэр: Бэйэ- бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыны иитии.

Туттуллар тэриллэр: баннер, лего, мээчик, трубка, тирии быалаах уулаах шарик, карточкалар, секундомер.

 Хас оҕо оонньуура, бириэмэтэ:  Бөлөх оҕото уочаратынан иккилии оҕоннон  тургутуу хонуутун ааһаллар

Оонньуу  быраабылата:

Оонньуу 4 түһүмэхтээх. Хонууга икки оҕо тургутуу ааһарыгар ыҥырыллаллар.

C:\Users\Admin\AppData\Local\Microsoft\Windows\INetCache\Content.Word\IMG-20221114-WA0032.jpg

1 түһүмэх – Тыыныыга эрчиллии

Оонньуу барыыта:

Муннунан тыынан салгыны  искэр киллэрэҕин,  искиттэн айаххынан сыыйа салгыны таһааран трубканы үрэн мээчиги лего суолунан  старт бэлиэттэн свисток үрүү хамаандатынан финиш бэлиэҕэ дылы үрэн илдьии. Финишка бастакынан үрэн мээчиги тиэрпит оҕо хотуулаах тахсар.

C:\Users\Admin\Desktop\ЛЕГО\20221118_111300.jpg  C:\Users\Admin\Desktop\ЛЕГО\20221118_111112.jpg

2 түһүмэх – Кыаһы

Оонньуу барыыта:

Иитээччи  кыаһыны эргитэр. Оҕолор саппыйаттан карточканы талан ылаллар көрбөккө. Карточкаҕа чыычаах, мас, оҕуруот астара, сахалыы кээмэй, сир астара, үөн- көйүүр, сахалыы иһиттэр, сахалыы ыйдар ааттара уруьуйдаммыт. Холобура: карточкаҕа чыычаах ойуута түбэстэҕэ  кыаьыны ойон аһарда, аһарда чыычаахтар ааттарын этэттиир. Кыаьы таарыйда да атаҕа кыаьыланан оонньууттан туоруур. Атаҕа кыаһыга таптарбакка ыстаммыт оҕо уонна карточкатын тиэмэтинэн сөпкө эппит хотуулаах тахсар. Карточка дьарыктаныыга барбыт тиэмэлэринэн уларыйар.

C:\Users\Admin\Desktop\Screenshot_20221118-202830_Video Player.jpg        C:\Users\Admin\Desktop\лег.jpg

      Кыаһы быата

C:\Users\Admin\Desktop\ЛЕГО\20221118_104741.jpg

3 түһүмэх – Аһаҕас , бүтэй дорҕоон

Оонньуу барыыта:

Оҕолор хонууга бэлиэтэмит атах ойуулаах миэстэҕэ тураллар

Хонууга  карточкалар сыталлар мас, хос, муус, таба, кэҕэ, таммах, ат, ыт, ынах, ыстаан, остуол, эрбии.Тыл бастакы доҕоонун быһаар. Бастакы оҕо бэйэтин хонуутугар турар карточканы көрөн аһаҕас дорҕоонтон тахсар тыллары быһаарар уонна кыһыл легонан башня тутар. Иккис  оҕо бэйэтин хонуутугар турар карточканы көрөн бүтэй дорҕоонтон тахсар тыллары быһаарар уонна от күөх легонан башня тутар. Хайалара эрдэ 6 этээстээх дьиэ туппут хотуулаах тахсар. Аныгыскы оонньууга карточка ойуута уларыйар.

C:\Users\Admin\Desktop\ЛЕГО\20221116_164936.jpg 

4 түһүмэх -  Тылы дорҕоон фишкатынан суруй (лего конструктор)

Хонууга оҕоҕо үстүү карточка бэриллэр.  Фишка оннугар лего конструкторы туһанабыт. От күөх 4 точкалаах лего- бүтэй дорҕоон. Кыһыл 4 точкалаах лего- аһаҕас дорҕоон. Кыһыл 8 точкалаах лего -  уьун аһаҕас дорҕоон. От күөх 8 точкалаах лего- хоһуласпыт бүтэй дорҕоон.  Карточканы көрөн ааттыыллар уонна лего фишканан платаҕа бэлиэтээн уураллар. Холобура: Бастакы оҕоҕо- муус, мас, сап . Иккис оҕоҕо – хос, хаас, кур. Үс тылы сөпкө уонна түргэнник платаҕа бэлиэтээн уурбут хотуулаах тахсар. Иккистээн оонньооһуҥҥа атын оҕоҕо карточкалар уларыйаллар

C:\Users\Admin\Desktop\ЛЕГО\20221116_165149.jpg

Түөрт түһүмэх күрэх түмүгэ протоколга толоруллар. Түһүмэх аайы хоппут оҕоҕо 5 балл эбиллэр. Элбэх бааллаах оҕо хотуулаах тахсар

Протокол №1 Тыыныыга эрчиллии

Оҕо аата,

араспаанньата

Бириэмэтэ

Балл

Миэстэтэ

Протокол №2 Кыаһы

Оҕо аата,

араспаанньата

Бириэмэтэ

Балл

Миэстэтэ

Протокол №3 Аһаҕас , бүтэй дорҕоон

Оҕо аата,

араспаанньата

Бириэмэтэ

Балл

Миэстэтэ

Протокол №3

Тылы дорҕоон фишкатынан суруй (лего конструктор)

Оҕо аата,

араспаанньата

Бириэмэтэ

Балл

Миэстэтэ


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Картотека дидактических игр и упражнений в подготовительной группе: «Овладение основами первоначальной грамоты»Для лучшего развития наших детей необходимы дидактические игры.

Картотека дидактических игр и упражнений в подготовительной группе: «Овладение основами первоначальной грамоты» Дид. игра «Звуковые шапочки» Цель: Развивать навыки звукового анализа. Учить с...

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

Оонньуу нөҥүө оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыы

Кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан, тыл толору кыаҕа туһаныллыбат буолла. Оҕо телевизор, компьютер, интернет нөҥүө билиини-көрүүнү ылара элбээтэ. Төрөөбүт тылын билэргэ, ийэ тыл...

Тылы сайыннарыы

Тылы сайыннарыы календарный план...

«Мин Аммам отонноро» дидактическай оонньуу

Төрөөбүтдойдуларыгарүүнэротонноруааттарын, таскөрүӊнэринкөрөнбилэргэүөрэтии. Соруктара: - чуолкайсаӊаны, ахсаанысөпкөааҕардьоҕурусайыннарыы, тыл саппааһынбайытыы; - өйдөөнхаалар, түргэнниктолкуйду...

Тылы сайыннарыы

улахан белеххе тылы сайыннарыыга, дор5оону хатылааьынна дьарык...