ОҔО УОННА ТӨРӨППҮТ ХОЛБОНУК БЫРАЙЫАГА «ӨБҮГЭЛЭР ҮГЭСТЭРЭ – ОҔОЛОРБУТ КЭСКИЛЛЭРЭ»
проект

Елисеева Марина Михайловна

Проект

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл tekst_eliseeva.docx38.39 КБ

Предварительный просмотр:

ОҔО УОННА ТӨРӨППҮТ ХОЛБОНУК БЫРАЙЫАГА

«ӨБҮГЭЛЭР ҮГЭСТЭРЭ – ОҔОЛОРБУТ КЭСКИЛЛЭРЭ»

Елисеева Марина Михайловна,

воспитатель высшей квалификационной категории

Уһуйаан үлэтэ дьиэ-кэргэни кытта ыкса сибээстээх. Оҕо аан бастаан уһуйаан боруогун атыллаан киирэн саҥа, дьикти, атын эйгэҕэ угуйуллар. Оҕо инники олоххо эрэллээх, мындыр толкуйдаах, сатабыллаах санаалаах, эргиччи киэҥ көрүүлээх буола улаатара билиҥҥи олох ирдэбилэ. Бырайыактааһын нөҥүө оҕону билиигэ угуйуу кини кэтээн көрөр, чинчийэр дьоҕурун сайыннарар. Оҕо интириэһин тардан,  араас айылҕа көстүүтүн да буоллун, кыыллар уонна көтөрдөр тустарынан да буоллун, тулалыыр эйгэҕэ угуйабыт, билиини биэрэбит. Дьарыкка оҕо аһыллан бэйэтин санаатын этинэр уонна ыйытыыга эппиэттиир буола улаатар.                                                                

Бырайыак оҕоҕо тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө буоларын туһугар, талыллыбыт теманы оҕо дьиэ кэргэнин кытта тэҥҥэ үлэлэһэн бэлэмниэхтээх. Маннык бырайыагынан дьарыктаныы дьиэ кэргэни түмэр, оҕо биилитин хаҥатыыга сүрүн күүс буолар.

Аан бастаан дьиэ кэргэн сөбүлүүр кыылын, оонньуурун туһунан теманы талан, үлэлээн саҕалыыбыт. Оҕо бастакы холонуутугар ыарахаттары көрсүбэтин диэн маннык судургу теманы талабыт. Оҕо чугас дьонун туһунан үчүгэйдик билэр буолан холкутук кэпсиир, ыарахаттары көрсүбэккэ  бырайыактааһыҥҥа угуйуллар. Төрөппүттэргэ презентацияны бэлэмнээһин, чугас дьонун ааттарын-суолларын, тугунан дьарыктаналларын хатылааһын эбээһинэһэ сүктэриллэр. Презентация элбэх хаартыскалардаах, араас кэрэ түгэннэртэн хаартыскалардаах буолара оҕо кэпсииригэр интириэһинэй. Бырайыагынан үлэҕэ төрөппүт кыһамньылаах сыһыана, сүбэтэ-амата сүрүн оруолу толорор.

Оҕолорбут улаатан истэхтэрин аайы бырайыактааһын темата кэҥээн, далааһыннанан, дьиҥ чинчийэр үлэтэ кэҥээн иһэр. Биһиги иитээччилэр үлэбит программатынан сирдэтэн, табыгастаах темалары ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрэбит. Теманы хайдах арыйан кэпсиири, араас ньымалары туһаныыны сүбэлиибит.

Төрөппүттэр бырайыактарыгар үлэлэрин саҕалыылларыгар музейга, араас тэрээһиннэргэ оҕолору илдьэ сылдьаллар. Оҕону темаҕа угуйуу саҕаланар. Бөлөххө кэлэн аһаҕас дьарыктары ыыталлар. Бэйэлэрин сөбүлүүр идэлэрин туһунан оҕолорго кэпсииллэр, санааларын үллэстэллэр. Оҕо төрөппүтэ кэлэн оҕолор иннилэригэр дьарык ыытарыттан киэн туттар, ол атын оҕолорго холобур буолар.

Айталина Андрияновна Корякина, Амелия ийэтин санаата: “Биһиги оҕолорбутугар үгүс өрүттээх бэрт сэргэх тэрээһиннэр куруук буолаллар. Билиӊӊи кэм ирдэбилигэр өоп тубэһиннэрэн, бырайыак ньыматын туттан, төрөппүттэри кытта ыкса сибээстээхтик улэлэһэн оҕолору дьон иннигэр саӊарда, боппуруостарга эппиэттэтэ үөрэттэллэр. Биһиги оҕобут Амелия сахалыы балаҕан ис укулаатын, иһит –хомуос, таӊас – сап ааттарын туохха туттулларын билистэ. Ону таһынан сахалар кыстык дьиэлэрин, сайылыктаныыны тэринэллэрин соһуйа көрдө. Ордук, кыһын түннүк тас суоҕун, ол оннугар муус ууралларын интириэһиргээтэ. Краеведческай музейга сылдьан балаҕан ис оӊоһуутун хараҕынан көрдө, материал көрдөөһунугэр эбээлэр-балыстар бары түмсүүлээхтик үлэлээтибит. Куорат оҕото буоларын быһыытынан сахалыы, былыргы тыллары ыарырҕатта. Тыллар суолталарын быһаараары бэйэбит умна быһыытыйбыт тылларбытын чуолкайдаатыбыт, эбээлэри, эһээлэри кытта үлэлэстибит. Ону таһынан бу дьарыкка оҕобут иӊнибэккээ – толлубаккаа улахан дьон, группатын оҕолорун иннигэр үлэтин кэпсээбитин уонна бэриллибит боппуруостарга хоруйдаабытын астыынныбыт. Амелия эмиэ бэйэтэ хайҕабыл ылан, кынаттанан кэлин эбээлэрин иннигэр, аймахтарбытыгар кэпсээбитэ».

Бырайыакка опыттары, кэтээн көрүүнү, чинчийиини оҕо сэҥээрэн кэпсиирин ситиһэбит. Кини долгуйбакка араас ыйыытыыларга чуо-бааччы эппиэттиир. Төрөппүттэр ону барытын бириэмэтигэр хаартыскаҕа, видеоҕа устан материал хомуйан иһэллэр. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥҥа барыыларын саҕана ииттээччилэр бырайыак темаларын төрөппүттэри кытта сүбэлэһэн, билэн бараллара ордук. Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр бырайыакка материал хомуйарга бириэмэ бэриллэр. Күһүн уһуйааҥҥа толору материаллаах, чинчийиилээх бэлэм кэлэллэр.

Бырайыагынан үлэҕэ бөлөх оҕотун барытын кытыннарабыт. Онно темалары бөлөхтөрүнэн наардыыбыт. Холобур, биир бөлөххө биэстии оҕо уонна төрөппүт буоларын курдук үллэрэбит. Биһиги 8 теманы сүбэлэһэн талбыппыт: «Саха норуотун урукку олоҕо», «Саха остуолун оонньуута», «Саха таҥаһын көрүҥэ, оһуора-бичигэ», «Толору астаах сандалы остуол», «Кыһыл кинигэ: ол аата тугуй?», «Биһиги удьуордарбыт», «Киһи айылҕа ситимэ – чөл олох», «Улааттахпына ханнык идэлээх буолабын?». Бөлөҕүнэн үлэлииргэ бастатан туран биһиги оҕолору барыларын хабабыт. Оҕолор эрэ буолбакка, төрөппүттэр эмиэ чугастык алтыһаллар, бодоруһаллар. Хаста              да бөлөхтөрүнэн мустаммыт сүбэлэһэбит, үлэбитин наардыыбыт. Биир теманы хас да өрүтүнэн көрөн үллэрэбит, темабытын арыйан үлэни салҕыыбыт.

Бөлөхтөр араастаан темаларын арыйарга үлэлэһэллэр. Бырайыак түмүгэр хас биирдии бөлөх оҥоһугун бэлэх уунан хаалларар: ол альбомнар, темаларыгар сөптөөх оонньуулар, кинигэлэр. Маннык бырайыагынан үлэлээн оҕолор билиилэрин хаҥатабыт, интэриэстэрин үксэтэбит. Оҕо төрөппүттэрин кытта алтыһыытын көҕүлүүбүт. Төрөппүт уһуйаан олоҕор быһаччы кыттыыны ыларын түстүүбүт. Хас биирдии оҕо төрөппүтүн кытта тэҥҥэ кэлэн, табаарыстарын, ыалдьыттар иннилэригэр бэйэтин бырайыагын көмүскүүрүттэн киэн туттар уонна атын оҕолору кыттыыга көҕүтэр. Маннык гынан биһиги картотекабытын хаҥатабыт, үксэтэбит.

Бырайыак көрүҥэ: Билиини - көрүүнү кэҥэтэр.

Ыытыллар кэмэ: Уһун болдьоххо. Сэтинньи – олунньу.

Бырайыак кыттыылаахтара:  5-6 саастаах оҕолор, иитээччи, оҕолор төрөппүттэрэ.

Үөрэтэр эйгэ: Социальнай-коммуникативнай, билии-көрүү  сайдыыта.

Бырайыак тоҕооһо: Аныгы кэмҥэ эдэр төрөппүттэр уонна оҕолор өбүгэлэрин, удьуордарын туһунан билэллэрэ аҕыйах. Күннээҕи түбүктэн соло булбат үгүс төрөппүт оҕотугар өбүгэлэр олохторун-дьаһахтарын, култуураларын, үгэстэрин кэпсиир, оҕоҕо төрдүн-ууһун  билэригэр интириэһи үөскэтэр, урукку уонна билиҥҥи кэми дьүөрэлии тутан, уратыларын билиһиннэрэр кыаҕа суох. Биһиги үлэбитигэр төрөппүт уонна оҕо бииргэ үлэлиир усулуобуйатын тэрийиэхтээхпит.

Бырайыак сыала-соруга: Оҕо төрдүн-ууһун, өбүгэлэрин олоҕун-дьаһаҕын, үгэстэрин, аныгы кэм урукку кэми кытары ситимнээҕин туһунан билиитин кэҥэтии.

Соруктар:

  1. Тулалыыр эйгэни сэргииргэ иитии. Өбүгэлэрин олохторун туһунан билэр-көрөр баҕаларын ханнарыы.
  2. Оҕону дьон иннигэр толлубакка кэпсииргэ үөрэтии.
  3. Уһуйаан, үлэтигэр-хамнаһыгар төрөппүт кыттарын көҕүлээһин.

Бырайыакка туттуллар тээбириннэр: оонньуулар, оонньуурдар, саха норуотун остуолун оонньуулара, «Саха норуотун урукку олоҕо» дидактическай материал.

БЫРАЙАЫККА КИИРЭР ПРОБЛЕМАЛААХ ТҮГЭН

Иитээччи “Аарыма Харыйа” остуоруйаны кэпсиир: “Былыыр-былыр үөһээ хайаларга хара санаалаах эмээхсин олорбута эбитэ уһу. Кини дьону атаҕастаан, тутан ылан хаайа сытан үлэлэтэр эбит. Кини аһын булчуттар бултаан аҕалаллара, таҥаһын иистэнньэҥ дьахталлар тигэллэрэ. Эмээхсин олох сүрэҕэ суох буолан күнү күннээн утуйара, сынньанара. Арай биирдэ былыттаах күҥҥэ эмээхсин сарсыарда уһуктубакка утуйа сыппыт. Саха дьоно мустан баран эмээхсинтэн куотарга соруммуттар. Оргууй бултуур, иистэнэр малларын хомунан баран тыаһа суох тахсан барбыттар...”

Боппуруостар: Оттон эһиги санааҕытыгар оҕолоор, саха дьоно ханна олохсуйаллара ордугуй, табыгастааҕый?  Дьоннор олохсуйалларыгар туох нааданый? Балаҕаны тугунан туталларый?

БЫРАЙАЫК НЬЫМАТА «ҮС ЫЙЫТЫЫ МОДЕЛА»

Бу туһунан биһиги тугу билэбитий? Былыр сахалар балаҕаҥҥа олороллоро. Ынахтары кыһын хотоҥҥо иитэллэрэ. Сайын сахалар ыраах сайылыкка көһөллөрө. Халлаан хараҥардаҕына чүмэчинэн сырдатыналлара. Былыр саха оҕолоро мас оонньуурдаахтара. Сахалар булт аһынан, балыгынан уонна үрүҥ аһынан аһаан олорбуттара. Сахалар урут сахалыы таҥаһы таҥналлара.

Тугу билиэхпитин баҕарабытый? Дьиэлэрин тугунан тутталларый? Балаҕаны тоҕо наһаа кыра гына туталларай? Тоҕо элбэх буолан олороллорой? Түөрт өттө тоҕо сытыары тутуулааҕый? Балаҕан түннүгэ тоҕо кыра этэй? Түннүктэрин тугунан оҥостоллорой? Көмүлүөк оһох тоҕо итинник быһыылааҕый? Былыр хотону кытта балаҕаны тоҕо сыһыара туталларай?  Тоҕо ынахтар эмиийдэригэр хах кэтэрдэллэрэй? Тоҕо элбэх сылгыны уонна ынаҕы иитэллэрэй? Тоҕо ынах хотоҥҥо кыстыырый, оттон сылгы таөырдьа? Сайын тоҕо сайылыкка көһөллөрүй? Кыстык уонна сайылык туох атыннаахтарый? Оҕолор оонньуурдара хайдах этэй? Элбэх баҕайы үүтү ыан баран ханна гыналларай? Минньигэс, саахардаах ас баара дуо? Тоҕо былыр түүлээҕи таҥналлар этэй?

        Ону билэргэ тугу гыныахтаахпытый? Кинигэлэри көрүөм, төрөппүттэрбиттэн ыйытыам. Уһуйааммар балаҕаны уруһуйдуом, картонунан кыра балаҕан макетын оҥоруом. Музейга сылдьыам. Араас балаҕаннар хаартыскаларын мунньан альбом оҥоруом. Мин эһээм урукку олоҕун биһиэхэ кэпсээччи, киниттэн ыйыытыам. Аҕабынаан сахалыы оонньуурдары оҥоруохпут. Сахалар астарын туһунан кинигэттэн көрүөм.

БЫРАЙАЫК ҮЛЭТИН БЫЛААНА

Сыала

Түмүктүүр дьарык

Саха норуотун урукку олоҕо

Оҕолор тулалыыр эйгэлэрин, өбүгэлэр олохторун – дьаһахтарын билиһиннэрии. Өбүгэлэрбит туттубут малларын, иһиттэрин-хомуостарын, дьиэлэрин-уоттарын кытта оҕолор билиилэрин хаҥатыы.

Оҕолор талбыт темаларынан проектарын көмүскүүллэр. “Алаас саха норуотун биһигэ”, “Саха дьонун урукку иһитэ”, “өбүгэлэрбит дьиэлэрэ-уоттара”. Оҕолор төрөппүттэрин кытта темаларынан остуол оонньуутун оонньотоллор.

Саха төрүт остуол оонньуута

Өбүгэ айбыт остуол оонньууларын нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы. Сахалыы оонньуулары оҕолорго билиһиннэрии, оонньуурга үөрэтии. Быраабыларын сөпкө тутуһан оонньооһуну ситиһии.

Оҕолор проектарын көмүскээһиннэрэ “Тырыыҥка”, “Быаны эрийии”, “Хабылык”, “Тыксаан”, “Сыалы табыы”, “Баайа”, “Хаамыска”.

Төрөппүттэр оҕолорун кытта темаларынан оонньуу.

Саха таҥаһын көрүҥэ, оһуора – бичигэ

Сахалар былыргы таҥастарын-саптарын кытта билиһиннэрии. Оһуордарын-бичиктэрин, ханнык материалы туһанан тиктэллэрин билии.

Талбыт оонньууларын  туһунан оҕолор кэпсииллэр.

Альбом «Өбүгэ таҥаһа» (Оҕолор уруһуйдарын кытта хаартыска)

Толору астаах сандалы остуол

Биьиги торуттэрбит сахалыы аһылыктарын арааһын кытта билиһиннэрии. Хантан, хайдах астанан олорбуттарын чинчийии.

Сахалыы аһылык туһунан презентация, оҕолор проектарын көмүскүүллэр. Ас көрүҥнэрин билиһиннэрии.

Оҕолор төрөппүттэрин кытта ас астаан көрдөрөллөр.

Кыһыл кинигэ: ол аата тугуй?

Кыһыл кинигэ диэн тугун, туохха анаан оҥоһуллубутун оҕолорго билиһиннэрии. Айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтии.

Кыһыл киниигэҕэ киирбит кыыллар, көтөрдөр, үүнээйилэр, үөннэр, экология туһунан оҕолор кэпсээннэрэ. Темаҕа сөптөөх ааҕыылар.

Биһиги удьуордарбыт

Ийэ-аҕа ууһунан  удьуордарын билии. Удьуордар ааттара-суоллара хантан төрүттээхтэрин билии. Дьиэ-кэргэн үтүө үгэстэрэ.

Оҕолор биирдиилээн бэйэлэрин төрүттэрин туһунан кэпсииллэр.

Киһи- айылҕа ситимэ – чөл олох

Чөл олоххо тардыһыыны, айылҕа иҥэмтэлээх аһынан сөпкө туһаныыны, спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктаныы доруобуйаҕа туһалааҕын оҕолорго тиэрдии.

Битэмииннээх аһылык, ЗОЖ, спорт, эмтээх оттор, сиэлтэн оҥоһуктар (массаж).  Остуол оонньуулара

Улааттахпына мин ханнык идэлээх буолабын?

Оҕолор сөбүлуур идэлэрин билии, талбыт идэлэрэ туох туһалааҕын  быһаарыы.

Оҕолор сөбүлүүр идэлэрин, төрөппүттэрин  идэлэрин туһунан кэпсииллэр. Остуол оонньуута «Профессии».

Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара

Сыала: Өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын туһунан оҕолор билиилэрин дириҥэтии.

Соруга:

1. Оҕо өбүгэлэрин туһунан интириэһин кэҥэтии,  билэр-көрөр дьоҕуругар интириэһи тардыы.

2. Оҕо ситимнээх саҥатын, толкуйдуур дьоҕурун, интириэһин сайыннарыы.

3. Өбүгэлэрбитигэр убаастабылы, харыстабыллаах сыһыаны үөскэтии.

        Туттуллар матырыйааллар: Проектор, теманан слайдавай презентациялар,  паара хартыынкалар:  оттооьун, ас, иһит, дьиэлэр, уот, остуол оонньуулара «Алаас», «Сайылык -балаҕан», «Сандалы».  

        Эрдэ ыытыллар үлэ:  Оҕолору кытта кэпсэтии, матырыйааллары көрдөрүү, малы-салы кытта билиһиннэрии.

Түһүмэхтэринэн ыытыллар үлэ ис хоһооно:

  1. Оҕо дьарыкка баҕатын оонньуунан көҕүтүү «Хартыына пааратын буллар». Почтальон ыалдьыттыы кэлээһинэ.

И: Оҕолоор, биһиэхэ бүгүн ыалдьыттар кэллилэр. Дорооболоһуоҕуҥ эрэ. Истиҥ эрэ, ким эрэ тоҥсуйар. Ким кэлбитий, оҕолор? (почтальон)

Почта үлэһитэ:  Үтүө күнүнэн, оҕолоор! Мин алҕас посылкабын сиргэ түһэрэн кэбистим, онтум посылкам барыта ыһыллан хаалла. Миэхэ ону хомуйарбар көмөлөһүөххүт дуо?

И: Оҕолоор, бу хаартыскалары паранан хомуйуохха наада эбит (остуол тула туран хаартыскалары хомуйаллар). Хайдах хаартыскалары биһиги хомуйдубут?

  1.  Сыалы туруоруу. Оҕолоор, бүгүн биһиги өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын туһунан салҕыы кэпсэтиэхпит. Биһиги оҕолорбут интириэһиргээн, чиҥэтэн талан ылбыт темаларын биһиэхэ кэпсиэхтэрэ. Почтальон, эн эмиэ баһаалыста, олорон оҕолор кэпсээннэрин иһит.

      3.  Оҕолор кэпсээннэрэ.

Ыйытыы: Ойуур быыһыгар ыраас аһаҕас сири туох диэн ааттыыбытый? Иитээччи хоһоон ааҕар:

Сахабыт сирин дьикти көстүүтэ

Аарыма тайҕа быыһыгар

Аар тииттэри сэлэйэн,

Төгүрүктүү туланан

Налыйа сытаахтыыр

Алааспыт барахсан

Айтал Парников өбүгэлэр алаастарын туһунан кэпсээнэ: Былыр биһиги өбүгэлэрбит алаастарынан тарҕаһан олорбуттар. Алаас диэн киэҥ хонуу сири этэллэр. Алаас тула тыа эбэтэр халдьаайы баар. Алаас ортотугар күөллээх буолар. Күөл тула нэлэмэн сири оттуур ходуһа диэн ааттыыллар. Сайын ходуһаҕа оттууллар. Оту мунньан бугуллаан баран кэбиһэллэр. Алаас соҕуруу өттүн алаас куутала дииллэр. Алааска былыргы сахалар кыстыыр балаҕан тутталлар, сайын ураһа оҥостоллор. Балаҕан аттыгар ат баайар сэргэ туруораллар. Мин сайын эһээбэр алааска от харбаан көмөлөһөбүн, алаас күөлүгэр сөтүөлүүбүт, оонньуубут.

«Балыксыттар» диэн хамсаныылаах оонньуу.

Ыйытыы: Дьиэ-уот туттан олохсуйалларыгар алааска хайаан да туох баар буолуохтааҕый? Иитээччи хоһоон ааҕар:

Төгүрүк нэлэмэн алааска

Балаҕаммыт барахсан

Өбүгэбит үгэһинэн

Көмүлүөк оһох сылааһынан

Куруук биһигини күүтэҕин!

Амелия Корякина  өбүгэлэрбит дьиэлэрин-уоттарын туһунан кэпсээнэ. 

“Балаҕан тээбириннэрин туруор уонна силигин ситэр” диэн оонньуу.          

        Ыйытыы: Сандалы остуол диэн тугуй? Элбэх астаах остуолга өбүгэлэрбит араас мастан, туостан оҥоһуллубут иһиттэри уурар этилэр.         Амелия Егорова сахалар иһиттэрин-хомуостарын туһунан кэпсээнэ: Былыр сахалар иьиттэрэ-хомуостара мас уонна туос буолара. Араас оһуордаах-бичиктээх буолар (саахымат ойуу, ураһа ойуу, биэ эмиийэ, сүрэх ойуу, туйах ойуу). Кытыйа – диэн тэриэлкэҕэ маарыҥныыр мас иһит, кыһыллыбыт оһуор ойуулаах. Онно миин , хааһы, үрүҥ ас куттан аһыыллар. Тууйас – ыга хаппахтаах туос иһит. Манна арыыларын, сүөгэйдэрин, отоннорун хаһааналлар. Тууйаска салгын, сиик киирбэт буолан ас өр кэмҥэ буортуйбат. Ытык – үүт үрдүн, сүөгэйи мэһийэн күөрчэх, арыы оҥороллор. Ытык билигин да күөрчэх оҥорорго туттуллар. Ыаҕыйа – туос иһит, сылгы сиэлинэн тигиллибит. Манна суорат, арыы, сүөгэй кутан хаһааналлара. Сайынын сир аһыгар тутталлара.  Чороон – саха кымыһы иһэр иһитэ. Хатыҥ мастан кыһан оҥоһуллар, оһуор ойуулаах. Хайдыбатын диэн арыыга оргуталлара. Биир эбэтэр үс атахтаах буолар. Ыһыахха уонна малааһыннарга кымыс кутан алгыска тутталлар.

“Сандалы остуолу киэргэт” диэн оонньуу.

        Сыала: оҕолорго саха норуотун былыргы иһитин-хомуоһун билиһиннэрии: ааттарын-суолларын, туохтан оҥоһуллубуттарын (матырыйаалын), туохха туттулларын, ханнык оһуорунан-бичигинэн киэргэтэллэрин билии.

  1. Чиҥэтии түһүмэҕэ. «Хаартыынаны хомуй»  остуол оонньуута Төрөппүттэр оонньууну ыыталлар.
  2.  Ырытан сыаналыыр түһүмэх. Оҕолоор, бүгүн тугу сөбүлээтигит? Тугу интириэһинэй дии санаатыгыт? Тоҕо биһиги өбүгэлэрбит олохторун, иһиттэрин, дьиэлэрин-уоттарын туһунан кэпсэтэбитий?  Тоҕо биһиги өбүгэлэрбит туһунан билиэхтээхпитий?

Күрэх “Остуол оонньуута”

Сыала: Өбүгэ айбыт остуол оонньууларын нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы. Сахалыы оонньуулары оҕолорго быраабыларын сөпкө тутуһан оонньооһуну ситиһии.

Соруга:

1. Оҕо өбүгэлэрин туһунан интириэһин кэҥэтии,  билэр-көрөр дьоҕуругар интириэһи тардыы.

2. Оҕо ситимнээх саҥатын, толкуйдуур дьоҕурун, интириэһин сайыннарыы.

3. Өбүгэлэрбитигэр убаастабылы, харыстабыллаах сыһыаны үөскэтии.

Туттуллар матырыйааллар: Проектор. Слайд презентациялар теманан -  “Тырыыҥка”, “Быаны эрийии”, “Хабылык”, “Тыксаан”, “Сыалы табыы”, “Баайа”, “Хаамыска”.

Түһүмэхтэринэн ыытыллар үлэ ис хоһооно:

  1. Оҕо дьарыкка баҕатын оонньуунан көҕүтүү. «Аптаах мөһөөччүк” . Иитээччи: Оҕолоор, көрүҥ эрэ аптаах мөһөөччүк иһигэр туох баарый? (Мөһөөччүккэ аныгы оонньуурдар уонна саха остуолун оонньуута)
  2. Сыалы туруоруу:

Иитээччи: Былыр уһун кыһыны быһа саха оҕолоро балаҕаҥҥа тугунан, хайдах бэйэлэрин аралдьыталлара буолуой? Бүгүн биһиги өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын туһунан салҕыы кэпсэтиэхпит. Биһиги оҕолорбут интириэһиргээн,  талан ылбыт оонньууларын туһунан биһиэхэ кэпсиэхтэрэ.

  1.           Оҕолор кэпсээннэрэ:

Арсентий Софронов кэпсээнэ: “Сыалы табыы” уонна “Тэҥнэбил”

Сыалы табыы: Бу оонньууга икки киһи утарыта көрсөллөр. Быаҕа баайыллыбыт төкүнүк мээчиги ынах муоһугар киллэриэхтээх. Мээчиги ким түргэнник киллэрбит ол кыайар.

Тэҥнэбил – тэннэьэн биир тирэххэ биэтэҥнии турар тэрил. Оҕо вестибулярнай аппаратын дьарыктыырга, эрэллээх буоларга, уйуттугастык атаҕар таба турарга үөрэтэр. Оҕо былчыҥнара сайдан бэйэ этэ-сиинэ хамсаныынан чэбдэгирэригэр анаммыт оонньуу. Ону таһынан оонньууга уонна күрэххэ туттуохха сөп. Тэҥнэбил туохтан турара – икки төкүнүк чуурка  аҥаардара, ортотунан тутар (тутуһар) быалаах – хаҥас уонна уҥа атахха аналлаах. Оҥоһук матырыйаала – бэс мас. Чэпчэкитин дьиэҕэ араас матарыйааллартан оноруохха соп. Салайар ыйыы-кэрдии: тэҥнэбили быатыттан тутан туран атаххын оҥоһуу мас чааһыгар тирэн. Онтон биир атаххынан тэҥҥэ үктэн уонна туруккун тутан тур. Ол кэннэ оҕолор хаамарга холоноллор, бастаан үөрэнэн боруобаланыыга улах ан дьон баарына дьарыктаналлар.  

          Туйаара Сивцева кэпсээнэ: “Баайа”

Бу хас да киһи оонньуур оонньуута. Баайаны оҥорорго мас кубигы ортотунан үүттээн баран, харандаас суонун саҕа уһуктаах, кубтан сантиметр саҕа чорбойон быга сылдьар гына, мас кыһаллар уонна тууллан түспэтин диэн, силиминэн силимнээн кэбиһэллэр. Баайаны куорчэх курдук эргитэҕин уонна остуолга ыһыктан кэбиһэҕин. Оччоҕо балайда эргийэн баран биир ойоҕоьунан иттэнэ түһэр. Оонньооччу биир хаамыыга баайаны биирдэ эргитэр. Баайа түөрт өттугэр араас суолталаах бэлиэлэрдээх, ол курдук, туспут ойоҕоһугар 3 кэрдиис баар буоллаҕына – кытыйаттан 3 маһы ылар. Кириэс тустэҕинэ – кытыйаҕа 3 маһы уурар. Ойбон түстэҕинэ – 7 маһы уурар. 5 кэрдиистээх өттүнэн түстэҕинэ – кытыйаҕа баар маһы барытын ылар. Кытыйаҕа баар маһы барытын ыллаҕына, саҥа оонньуу саҕаланар. Ким элбэҕи сүүйтэрбит – “баай - үп” иэс ылыан сөп. Оонньооччулар 11-дии маһы “баайдарын үптэрин” үллэстэллэр (испиискэ маһыттан эрэ арыый уһун мас).

Баайаны эргитэр бастакы оҕо кытыйа иһиттэн “баайыттан” бэйэтэ биллэринэн төһө баҕарар маһын уурар. Атын оонньооччулар кини уурбут ахсаанынан, соччону  “баайдарыттан” уураллар. Бастакы оонньооччу баайаны икки ытыһыгар кыбытан күн хаамыытын утары эргитэн-эргитэн баран остуолга ыһыктан кэбиһэр. Баайа остуолга эргийэ турдаҕына, ытыһынан остуолу охсо-охсо: “Баай! Баай!”, – диэн ыҥырар. Онуоха атын оонньооччулар: “Ойбоҥҥо түс! Ойбоҥҥо түс!” – диэн кыьыталлар.

        Сивцева Любовь Алексеевна, Туйаара ийэтин санаата: “Дьарыкпыт олус сэргэхтик ааста, оҕолор арыллан туран бэйэлэрин оонньууларын туһунан кэпсээтилэр, оонньоон көрдөрдүлэр. Туруоруммут сыалбытын ситистибит, эбиитин оҕолор тылларын саппаастарын байыттылар, билиилэрэ – көруулэрэ кэӊээтэ. Биир субэнэн бэлэмнэммиппит. Араас литератураттан туһааннаах информацияны хомуйан, оонньууларбытын бэйэбит оӊостон, бүтүн дьиэ – кэргэнинэн кытынныбыт диэн үөрэбит”.

Афанасьева Мия кэпсээнэ: “Хабылык; уонна “Хайыһар”

        Хайыһар быраабылата: Хамаанданан арахсан үстүү оҕо буолан тэҥинэн бириэмэҕэ хаамыахтаахтар. Туһата: Оҕо координациятын сайыннарар; ыйааһыннарын тутарга үөрэтэр; “уҥа” уонна “хаҥас” диэни араарарга такайар; хамаанданан сөбүлэһэн үлэлииргэ үөрэтэр.

            Унарова Күннэй кэпсээнэ: “Быаны эрийии”

           Унарова Айыына Максимовна, Күннэй ийэтин санаата: “Биһиги Күннэйбит докладыгар кыһаллан туран бэлэмнэммитэ, доклад темата «Быаны эрийии» уонна «Тырыынка» диэн оонньуулар туһунан этэ. Аҕабыт мастан оонньуулары оӊорон биэрбитэ. Күннэй улахан эдьиийин Сайыынаны кытта дьиэҕэ бэлэмнэнэн оонньообуттара, быраабылаларын үөрэппиттэрэ. Онон бары да кыттыыны ылан, астыммыппыт. Кэпсииригэр тута атын оҕолорго оонньотон көрдөрбүтэ. Көрөөччү оҕолор сэӊээрэн истибиттэрэ, оонньообуттара. Онон биир сомоҕонон улэлээммит кэрэхсэбиллээх, туһалаах дьарыктары оӊорбуппут диэххэ соп. Инникитин да бөлөхпүт иһигэр бу оонньуулары иитээчилэрбит оҕолорго оонньотуохтара диэн хас биирдии остуол оонньуутугар наадалаах тэриллэр уонна буклет курдук оноһуллубут оонньуу быраабылалара, ирдэбиллэрэ бөлөхпүтүгэр хаалбыппыт”.  

  1. Ырытан сыаналыыр түһүмэх. Иитээччи: Төрөппүттэр биһиэхэ кэлэн интириэһинэй остуол оонньуутун ыыттылар. Өбүгэлэрбит оонньууларын быраабылатын быһааран, хайдах оонньууру үөрэттилэр. Махтаныаҕыҥ кинилэргэ. Кэлэр сырыыга эһиги төрөппүттэргитин кытта биһиэхэ эмиэ кыттаарыҥ. Оҕолоор, бүгүн тугу сөбүлээтигитий дьарыкка? Тугу интириэһинэй дии санаатыгытый? Ханнык оонньуулар бааллар эбитий? Тоҕо биһиги өбүгэлэрбит оонньууларын  туһунан кэпсэтэбитий?  Тоҕо биһиги өбүгэлэрбит оонньууларын  туһунан билиэхтээхпитий?

Экологическай квест-оонньуу

“Саха сирин Кыһыл кинигэтэ”

        Туттуллар мал-сал: Саха сирин каартата, кыыллар уонна үүнээйилэр тустарынан кэпсиир карточкалар, проектор, ноутбук.

        Оонньуу сыала-соруга: Бөлөх оҕолоругар “Саха сирин Кыһыл кинигэтин” туһунан өйдөбүлү иҥэрии; сэдэх кыылларга, үүнээйилэргэ ытыктабыллаах сыһыаны олохтооһун; Саха сирин экологиятын харыстыырга пропагандалааһын.

        Оонньуу тутула: Оонньуу сюжета  “Кыһыл кинигэ страницаларынан айан” быһыытынан салаллар. Түөрт  түһүмэҕинэн ыытыллар, бөлөх оҕолорун барыларын хабар хамаанданан оонньуу (4 хамаандаҕа арахсаллар, сөптөөх эппиэт иһин 1 фишка):

  • “Ыйытыы-хоруй” түһүмэххэ оҕолор Кыһыл кинигэ туһунан боппуруостарга эппиэттииллэр.
  • “Саамай-саамай” түһүмэххэ саамай түргэн, саамай улахан, саамай дьикти уо.д.а. кыыллары уонна үүнээйилэри ааттыырга күрэхтэһэллэр.
  • “Кыыллары үтүктүү” түһүмэҕэр 5 оҕо  кыыллары хамсаныынан (пантомима) ойуулаан көрдөрөллөр. Атын оҕолор ону таайыахтаахтар.  Ыытааччылар оҕолор таайбыт кыылларын туһунан кылгастык кэпсииллэр.
  • “Бу кимий?” түһүмэххэ оҕолор тыас-уус иһиллээн ханнык кыыл буоларын таайыахтаахтар.

1 түһүмэх. “Ыйытыы-хоруй”

Ыытааччы оҕолортон ыйытар:

  1. Кыһыл кинигэ” диэн тугуй? (Ураты харыстаныахтаах кыыллары уонна үүнээйилэри киллэрэр Кинигэлэрэ).
  2. Ханнык “Кыһыл кинигэлэр” баалларый? (Аан дойдутааҕы, Россиятааҕы, Саха сирин Кыһыл кинигэтэ).
  3. Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэргэ биһиги хайдах сыһыаннаһыахтаахпытый? (Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри харыстыыбыт, айылҕаҕа көрүстэхпитинэ тэпсибэппит, алдьаппаппыт уонна үргээбэппит)
  4. Кыһыл кинигэ кыылларыгар биһиги хайдах сыһыаннаһабытый? (Харыстыыбыт, өлөрбөппүт, дьоммутугар кэпсиибит)
  5. Кыһыл кинигэ туохха наадалааҕый? (Сүтэн эрэр, сэдэх кыыллары уонна үүнээйилэри тыыннаах хаалларар туһугар наада)

2 түһүмэх. “Саамай-саамай”

        Интерактив. Ыытааччы оҕолортон кыыллар тустарынан тугу билэллэрин туоһулаһар. Кинилэр кэпсээннэрин ситэрэн-хоторон биэрэр.

3 түһүмэх. “Кыыллары үтүктүү”

Кыыллары үтүктүөн баҕарар оҕо карточка тутар. Оҕо онно уруһуйдаммыт кыылы үтүктэр, саҥарбакка эрэ хамсанан көрдөрөр. Атын оҕолор таайаллар. Ыытааччы бу кыыл туһунан интэриэһинэй чахчылары кэпсиир.

4 түһүмэх. “Бу кимий?”

        Оҕолор аудио устууну болҕомтолоохтук иһиллииллэр. Тыаһынан-ууһунан, таһаарар саҥатынан кыыл ким буоларын таайаллар.

        Жарина Мила Игнатьевна, Микаэла ийэтин санаата:  Оҕолорго интириэhиэнэй көхтөөх буолар гына «Саха сирин Кыhыл кинигэтин» кытта билсиhии экологическай квест-оонньуу ыытылынна. Оонньуу сюжета «Кыhыл страницаларынан айан» быhыытынан салаллынна. Түөт түhүмэҕинэн, бөлөх оҕолорун барыларын хабар гына хамаанданан оонньоотулар. Оҕолор “Кыhыл кинигэ” туhунан боппуруостарга эппиэттээтилэр, саамай түргэн, саамай улахан, саамай дьикти уонна д.а кыыллары уонна үүнээйилэри ааттыырга күрэхтэстилэр, кыыллары хамсаныынан (пантомима) ойуулан Микаэла, Наташа, Илона, Мия көрдөрдүлэр, тыас-уус иhиллээн ханнык кыыл буоларын таайдылар. Проектнай үлэ түмүгүнэн оҕолор кэпсиир сатабылларын сайыннараллар, айылҕа кэрэтин таба көрөрго, көтөрү-сүүрэри харыстыырга үөрэнэллэр”.

ТУТТУЛЛУБУТ  ЛИТЕРАТУРА

1. Олоҥхо ойуулаах тылдьыта: кыра оҕо, иитээччи, төрөппүт О -55 туһанарыгар аналлаах / хомуйан оҥордулар: В.В. Аммосова, Н. И. Филиппова, Е. П. Чехордуна; худуоһунньук С. Е. Старостина, И. Ю. Пестряков. - Дьокуускай : Якут. Край, 2009. – 96 с.

2. Платонова Т.В. Люби и знай родной край / Хохолова Е. Е. // Программа и методические рекомендации к программе. - Якутск;2009. – 91 с.

3. Федоров А.С. Саха төрүт оонньуута. – Дьокуускай: 2011. -96 с.

4. Харитонова М.Н. Тосхол: национальнай оҕо тэрилтэтин базовай программата. - 3-с тахс. - Дьокуускай: 2009. - 72с.

5. Федоров И. Г. Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа: ойуулаах тылдьыт. –

6. Саха төрүт өйдөбүллэрэ: Быһаарыылаах ойуу тылдьыт / М. Е. Барахова, - Дьокуускай: Көмүөл, Т.1. – 136 с.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

О5о уонна киьи

Киһиэхэ олоххо бэриллэр араас кэрэ түгэннэртэн, сырдык иэйиилэртэн, саамай умнуллубат истиҥ, кэрэ кэмнэртэн мэник-тэник, ойор-тэбэр умнуллубат дьоллоох оҕо сааһа буолар. Бу кэмтэн кырачаан киһи араас ...

"Киьи уонна айыл5а" ТЭКБ

Конспект НОД по окружающему миру в старшей группе "Киьи уонна айыл5а"....

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

Презентация на тему "Сакалаат киьиэхэ туьата уонна буортута"

Научно практическая конференция. Яковлева Даша средняя группа "Куерэгэй". Тема работы: "Скакалаат буортута уонна туьата"...

Өбүгэлэрбит үгэстэрэ” настольные игры

Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн тѳрѳѳбүт буоруттан силис тардан, норуотун тылын барҕа баайын, ѳбүгэтин үтүѳ үгэhин чахчы-бааччы этигэр иңэринэн, амарах сүрэҕин, мындыр ѳйүн, уран тарбаҕын утумнаан, сахалыы...