"Киьи уонна айыл5а" ТЭКБ
план-конспект занятия по окружающему миру (старшая группа) на тему
Конспект НОД по окружающему миру в старшей группе "Киьи уонна айыл5а".
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
aa5as_daryk_tekb.docx | 18.72 КБ |
Предварительный просмотр:
ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭНИ КЫТТА БИЛСИЬИИГЭ УОННА ИЛИИНЭН УЛЭ5Э
Темата: «Киьи уонна айыл5а»
(улахан болох)
Иитээччи: Нестерова Инна Софроновна
2016-2017 үөрэх сыла
Сыала-соруга:
- Айыл5а уонна киьи быстыспат ситимнэрин туһунан билиини чиҥэтии, кэнэтии;
- Оҕо болҕомтотун, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;
- Айыл5а5а тапталы, харыстабыллаах сыьыаны уоскэтии;
Туттуллар матырыйаал: проектор, кумах, контейнер, губка, шприц, чыычаах уйата, бох - сах, харыйа, талах уруьуйа, пластик ыстакаан, сибэкки, тэллэй, отон, мас ойуута, кымырда5ас уйатын ойуута, мээчик;
Дьарык хаамыыта
1 чааьа
- Дорооболорун, оголоор! Бугун биьиги айыл5аны харыстааччылар буола оонньуохпут. Ол иьин мин эьигини сааскы тыа5а ынырабын. (1 Слайдка сааскы айыл5а костор). О5олоор, айыл5а диэн тугуй? (айыл5а диэн тыа, кыыллар, кун, былыт, уу, сир...)
-Саамай соп! Истиэ5ин эрэ чыычаах ырыатын, суурук тыаьын. (о5олор истэллэр). Ити барыта айыл5а музыката. Айыл5абыт барахсан кыьын кэнниттэн сэргэхсийэн кэрэ ырыатын биьиэхэ ыллыыр.
- О5олоор, биьиэхэ битэмииннээх сибиэьэй аьы туох биэрэрий?(сир). Ханнык астары билэ5итий? (тэллэй, сир аьа, о5уруот аьа, о.д.а ).
- Онтон утаттахпытына, суунарбытыгар туга суох сатаммаппытый? (уута). Оссо ууну туохха туттабытый? (иьит сууйабыт, сибэккигэ кутабыт, танас сууйабыт о.д.а)
- Онтон сарсыарда аайы сылаас сарданаларынан корсор, биьиэхэ сылааьы бэлэхтиир туох баарый? (кун). Куммут суо5а эбитэ буоллар биьиги олохпут хайдах буолуо этэй? (о5олор эппиэттэрэ: тымныы, харана, котор- суурэр тонор о.д.а)
- Айыл5а биьиэхэ комото наьаа элбэх эбит. Онтон биьиги айыл5а5а комолоьобут дуо? Эьиги санаа5ытыгар айыл5аны харыстааччы хайдах буолуохтаа5ый? (оголор эппиэттэрэ: ыраастыыбыт, харыстыыбыт, кыыллары котордору куттаабаппы, оту - маьы алдьаппаппыт о.д.а)
- Маладьыастар, эьиги сопко эттигит! Мин билигин эьиэхэ бо5у -са5ы сиргэ бырахтахпытына хайдах буоларын кордоруо5ум (иитээччи кумахтаах контейнерга губка уурар, ол урдугэр чернила кутар. Онтон уу кутар уонна шприьынан оборторор. Оннук шприц иьигэр баар уу ырааьырыар диэри обортороллор оголору кытары).
-Корбуккут курдук сиргэ туспут дьаат тута суураллыбакка сытар эбит. Тулалыыр эйгэни буортулуур.
- Билигин биьиги тыабыт иьигэр киириэ5ин. Корун эрэ бу маска туох косторуй? (харыйага чыычаах уйата ыйаммыт).
О5олор: Чыычаах уйата. Чыычаах о5олоро бааллар.
- Чыычаах уйатын илдьэ барабыт дуо дьиэбитигэр? (суох) Того?(чыычаах уйатын алдьатар, тыытар аньыы. Чыычаах уйатын быраган кэбиьиэн соп киьи сытын ылан).
- Маладьыастар, сопко эттигит. Билигин тыа5а сылдьыы быраабылатын тоьо билэргитин коруохпут. " Мин тыа5а кэллэхпинэ" диэн оонньууну оонньуо5ун.
- Салгыы барыа5ын: "Ыраастыа5ын" хамсаныылаах оонньуу. (О5олор талах анныгар бох -сах бого сытарын булаллар. Хомуйаллар). Маладьыастар!
" Салгын- сир -уу " оонньуу.
2 чааьа
-О5олоор, бу хомуйбут бохпутун ханна гынабытый? (Свалка5а, бох быра5ар сиргэ)
- Онтон свалкабыт эмиэ тыа таьыгар баар дии. Онно эмиэ ор багайы кэмнэ сытыа ди бохпут. Онтон арай биьиги туттубут сээкэйдэрбитин барытын бырахпакка эрэ, тугу эмит онорон туьа5а таьаардахпытына, свалкабытыгар бох а5ыйыа этэ. Холобур, бугун мин эьиэхэ ыстакаантан хайдах остуоруйа геройдарын онорору кордоруом(о5олор ыстакааннарга остуоруйа геройдарын сирэйдэрин сыьыараллар).
-Маладьыастар! Бары олус учугэй остуоруйа геройдарын онордугут.
- О5олоор, киьи уонна айыл5а хайдах бэйэ бэйэлэригэр комолоьоллор эбитий? (ыраастыыбыт, кыылы, котору харыстыыбыт, оту-маьы алдьаппаппыт, чыычаахатары аьатабыт о.д.а Айыл5а баар буолан киьи баар. Айыл5а биьиги олохпутугар суолтата улахан)
- Сопко эттигит, эьиги дьиннээх айыл5а харыстааччылара буоллугут (иитээччи айыл5аны харыстааччы бэлиэтин тунэтэр оголорго). Мантан ыла куруутун айыл5а5ытын харыстыы сылдьын. Киьи уонна айыл5а быстыспат ситимнэрин умунман! Этэннэ сылдьын, корсуоххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Тулалыыр эйгэҕэ уонна тыл сайдыытыгар дьарык конспега
4-5 саастаах оҕолорго...
О5о уонна киьи
Киһиэхэ олоххо бэриллэр араас кэрэ түгэннэртэн, сырдык иэйиилэртэн, саамай умнуллубат истиҥ, кэрэ кэмнэртэн мэник-тэник, ойор-тэбэр умнуллубат дьоллоох оҕо сааһа буолар. Бу кэмтэн кырачаан киһи араас ...
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...
Презентация на тему "Сакалаат киьиэхэ туьата уонна буортута"
Научно практическая конференция. Яковлева Даша средняя группа "Куерэгэй". Тема работы: "Скакалаат буортута уонна туьата"...
Презентация на тему "Массына уонна киьи маарынньаллар дуо?"
Научно-практическая конференция. Презентация Федорова Дархана средняя группа "Куерэгэй". Тема: "Массыына киьиэхэ майгынныыр дуо?"...
Куобах уонна кролик уратылара
Презентация на тему: "Куобах уонна кролик уратылара"...