Өбүгэлэрбит үгэстэрэ” настольные игры
методическая разработка (старшая группа)
Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн тѳрѳѳбүт буоруттан силис тардан, норуотун тылын барҕа баайын, ѳбүгэтин үтүѳ үгэhин чахчы-бааччы этигэр иңэринэн, амарах сүрэҕин, мындыр ѳйүн, уран тарбаҕын утумнаан, сахалыы куттаах- сүрдээх дьоhуннаах киhи буола улаатара билиңңи кэм ирдэбилэ буоларынан, биhиги сайыннарар эйгэни тэрийэн «Тиэргэн» оонньуу туонатын , «Мунха» кѳрдѳроңордубут.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kustuk_ostuol_oonnuu.pptx | 1.7 МБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн тѳрѳѳбүт буоруттан силис тардан , норуотун тылын барҕа баайын , ѳбүгэтин үтүѳ үгэhин чахчы-бааччы этигэр иңэринэн , амарах сүрэҕин , мындыр ѳйүн , уран тарбаҕын утумнаан , сахалыы куттаах - сүрдээх дьоhуннаах киhи буола улаатара билиңңи кэм ирдэбилэ буоларынан , биhиги сайыннарар эйгэни тэрийэн « Тиэргэн » оонньуу туонатын , « Мунха » кѳрдѳроңордубут . Бу туона5а о5о оонньоон , айар , кэпсиир дьоҕурун , тарбах былчыннарын сайыннарар , ийэ тылын байытар , билиитин кэнэтэр , иллэн кэмин туhалаахтык атаарар . Ѳбугэлэрбит былыргыттан утумнаан кэлбит культууралара сал5ана санатылла сырыттын диэн уѳрэтэбит – иитэбит . Билиини - кэтээн кѳрүүнү хаңатыы- оҕо билэр-кѳрѳр дьо5урун сайыннарыыны кытта сэргэ кини олорор эйгэтин билиитин хаңатыы буолар , ол эбэтэр тѳрѳѳбүт норуоппут култуурата , санарар саната , туттар мала-сала күннээҕи эйгэҕэ алтыhыыта . Саңарар саңаны сайыннарыы - тѳрѳѳбүт тылынан ыраастык , чуолкайдык саңарыы, бэйэ санаатын чопчу быhааран этии . Алтыhыы-сэhэргэhии - бииргэ иллээхтик оонньооhун , санаа атастаhан кэпсэтии , бэйэтин тус санаатын этэн уопсай толкуйга кыттыhар дьо5уру сайыннарыы .
Сыала : Саңарар саңаны сайыннарыы - тѳрѳѳбүт тылынан ыраастык , чуолкайдык саңарыы , бэйэ санаатын чопчу быhааран этии . Өбүгэ үгэһин билиһиннэрии. Өбүгэ үгэһин билиһиннэрии. Оҕо илиитин нөҥүө тарбахтарын былчыҥнарын сайыннарыы чуолкайдык саҕарарын ситиһии ; Тулалыыр эйгэни, ахсааны, тылы сайыннарыыны сааһылаан, дьаарыстаан, ситимнээн, оҕо өйдүүр толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар. Алтыhыы-сэhэргэhии - бииргэ иллээхтик оонньооhун , санаа атастаhан кэпсэтии , бэйэтин тус санаатын этэн уопсай толкуйга кыттыhар дьо5уру сайыннарыы . Күһүҥҥү, кыһыҥҥы муҥханы өбүгэлэрбит үгэстэрин оҕолорго билиһиннэрии, көрдөрүү. Дидактическай остуол оонньуулары дьарыкка, үөрэтии быһыытынан туттуллар. Оонньуу туона анала : 3-7 саастаах о5олор.
Соруктара : О5о иңэриммит билиитин ѳбүгэ оонньууларын оонньотон , норуот тылынан уус-уран айымнньытын иңэрэн чиңэтии . Оҕо кѳңүллүк арыллан оонньуур , сайдар , кѳрѳр-билэр дьоҕура аhыллар , сайдар эйгэтин тэрийии ; Оҕо доруобуйатыгар куттала суох усулуобуйаны оңоруу ; Оҕо тутан-хабан билэ-кѳрѳ сатыыр , чинчийэр усулуобуйатын оңоруу, тутуhуу . Оҕоҕо тиийимтиэ , чугас , кэбэҕэстик, чэпчэкитик уларыта тутарга сѳптѳѳх малы-салы оонньууру , туттар сэби-сэбиргэли туhаныы . Ханнык баҕарар үөрэтэр оонньууга (дидактическай оонньууга) бэриллибит соруктардаах. Бэриллибит соруктары толорорго өй санаа күүһэ, толкуйдуур дьоҕур ирдэнэр. Соругу толорорго оҕо толкуйдуур дьоҕура, долоҕойо(память), кэтээн көрүүтэ сайдар. Оҕо дьайымал араас көрүҥнэригэр айан оҥороругар толкуйдуур дьоҕуру туһанар.
« Тиэргэн туоната » остуол оонньуута . Оонньуу сайыннарар кыа5а: Бу оонньуу 3-7 саастаах о5олорго Т улалыыр эйгэни билсиhэллэригэр кѳмѳ буолар . Оонньуу о5о толкуйун , ѳйүгэр оңорор дьайыыларын ( сатаан тэңниир , араарар , сүрүнүн булар , уобарастаан толкуйдуур ) сайыннарар кыахтаах . Оонньууга икки эбэтэр хас да буолан оонньуохха сөп . Оонньуу быраабылата : Бэриллибит хомулуктары сѳпкѳ хомуйуу . Хомулукка тахсыбыт ойуу туhунан кэпсээhин . Билэр хоhооннорун , таабырыннарын ыйытыы . «Ким түргэнник хомуйар » Сыала : Оҕо болҕомтотун, тылын сайыннарыы . Барыыта : Икки тэң ахсааннаах хомулугу бэлэмниибит . Иитээччи ытыhын охсуннаҕына о5олор остуолга холбуу ыhылла сытар хомулугу хомуйа охсуохтаахар . Ким урут бүтэрбит илиитин уунар тугу оңорон таhаарбытын ойуулаан-дьүhүннээн кэпсииллэр . « Саха ынахтара » Быһаарыы: -Талах мастан ынахтары 5 ахсаан эйгэтигэр туттарга табыгастаах . Оҕо оонньуу таарыйа суоттуурга ааҕарга сайдар . -Талах ынахтарынан оонньуу олорон сэһэргэһэр , алтыһар , тылын саппааһа байар уо.д.а
Күѳх хонуу устун ат сүүрүүтэ . Барыыта : икки о5о утары кѳрсѳн тарбахтарынан эрийэн аттарын сүүрдэллэр , ким ата инники кэлбит ол кыайар . Манна о5о бастаан атыгар аат иңэрэр . Бу аттар сүүрдэр быалара липучканнан холбонор . Оонньоон бүттэхтэринэ ленталарын арааран . Тиэргэн иhигэр туттан оонньуохтарын сѳп . Ыллык суол устун . Барыыта : О5о тарба5ынан ыллык суол устун бэриллибит соруда5ы толорор . Холобура : Бала5антан барар ыллык суол устун хатың маска тиий . Хатың мастан ынахха ,… ол курдук соруда5ы толорон иhэр . Туох уларыйбытын таай . Остуолга 5 араас оонньуур ( туона тэрилиттэн ) ууруллар . Оҕо 1 мүн . Болҕойон кѳрѳрүгэр сорудах бэриллэр . Ол кэнниттэн о5о хара5ын сабар оонньуурдар миэстэлэрин атастаhыннаран биэрэбит . О5о ханнык оонньуур ( тэрил ) миэстэ уларыйбытын таайыахтаах . Алаас диэн сирэ-уота аһа5ас , көнө ньуурдаах хонуу сир. Тула өттө харыйалардаах , хатыҥнардаах , ортотугар күөллээх . Сүөһү мэччийэр мэччирэҥнээх , оттуур ходуһалаах . Урут биhиги эhээлэрбит , техника суох бириэмэтигэр илииннэн « хотуурунан » от охсон , « кыраабылнан », « атырдьаҕынан » оту харбаан , хомуйан оттууллар сүѳhүлэрин кыстаталлар эбит . ( Оттуур тэрили кѳрдѳрүү , билиhиннэрии .) Бала5ан –Бала5ан аана хал5ан дэнэр . Хал5ан илин диэки хайысхалаах . Тас ѳттѳ сүѳhү тириитинэн бүрүллэр . Оччо5о тымныы хоппот буолар . Түннүгү туоhунан эбэтэр хаба5ынан оңороллор . Бала5ан уңа ѳттүгэр кѳмүлүѳк оhох турар . Эркин кыйа наара орон тэлгэнэр . Салама - дьолу , уйгуну тардар быа . Туос ыа5ыйалар, томторук , элбэх сүѳhүлээх-астаах буолуохпут диэн иилэллэр эбит . Сэргэ халлаантан сүр ыларга аналлаах мас . Чороон саха былыргы тѳрүт иhитэ – Тѳрдѳ ууhа удьуор5ай- тас кѳрүңэ тупса5ай. Оhуордаах ойуулаах , үс үтүѳ атахтаах . Чорноону тутан тойук туойаллар , кымыс кутан Алгыс этэллэр . Ыа5ыйа - Оңоойук отоннуур , дьэдьэн хомуйар иhит буолар . Ыhыах - саха сайыны кѳрсѳр бырааhынньыга . Бу бырааhынньык от- мас кѳҕѳрбүтүн кэннэ буолар . Оттуур тэрил : хотуур , кыраабыл , атырдьах .
Туона5а киирэр остуол оонньуулара : Фанераттан оноhуллубут хомулук оонньуу . ( Чороон , кытыйа , ыа5ыйа, собо , саха ынаҕа , дьѳhѳгѳй ат , бала5ан.)
« Мунха » остуолга көрдөрүү. 4-7 саастаах оҕолорго аналлаах . Муҥха саха дьонун үгэһэ. Былыр-былыргыттан саха киһитэ балыгынан аһаан олорбута номоххо баар . Ыар сылларга саха киһитин балык тыыннаах хааларбыт . Халлаан тымныйдаҕына, күөл мууһа киһини уйар буоллаҕына, дьон билигин да күргүөмүнэн муҥхалыы киирэр . Сыала - соруга : Уу - олох терде , олох сумэтэ . Уу туьатын , уута суох олох суох диэн ейдебулу ицэрии . Сыала - соруга : куьун муцханан балыктыылларын туьунан билиини биэрии ; туттар тэриллэрин кытары билиьиннэрии ; балыксыт улэтигэр ытыктабылы иитии . Бэлэмнэнии улэ : балыктары кытары билиьиннэрии , куеллэр туьунан бэсиэдэ , собо хартыыналарын кырааскалааьын . Муҥха диэн тугуй ? Мунха — балыгы бултуурга аналлаах тэрил . Өбүгэлэрбит муҥханы кылынан өрөн таҥаллар эбит . Былыр таастыганын ынах туйаҕыттан, оттон хотоҕоһун бэс мас хаптаһыныттан оҥороллоро. Эр киһи бултуу бардаҕына айылҕаҕа сылдьыы суруллубатах сиэрин-туомун тутуһуохтааҕын бары билэбит . Оголорго обугэлэрбит былыр былыргаттан билинньээнэ дылы илдьэ кэлбит дьарыктарын туьунан билиьиннэрии . Улахан дьон улэтигэр ытыктабылы иитии . Саха сиригэр уескуур собо балык туьунан билиьиннэрии : тас тутулугун , туьатын , ханна уескуурун , тугунан аьылыктанарын . суохтаах .
Туттуллар тэриллэр : куел макета( мунха,муус ылар чаардар ), туттуллар тэриллэр ( 1 мунха , 2анньыы,1 хамыйах , 2 суур , 2 ачаах , 1 олуур , 1 кехе , 2утумэх, бэчимэ , 6 нырыы , 1сугэ, 2 лаппаакы , луом ), сыаргаллах ат,2 утулуктэр ,
Муҥха былыр былыргыттан элбэх үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах . Ону биһиги билиэхтээхпит . Муҥха кэмигэр эбэҕэ элбэх киһи киирэн айдаарыа , этиһиэ, үөхсүө суохтаах . Сахалар өйдөбүллэринэн туох барыта иччилээх . Дьон киирэн-этиһэн охсуһан бардаҕына эбэ иччитэ сөбүлүлээбэт, балыгыттан бэрсибэт . Эбэ балыгын бэристэҕинэ хаһан даҕаны мыымматтар . Муҥхаҕа күөл төһө балыга бэрсибитин ону ылыахтааххын , үөрүөхтээххин. Олохпут сайдан билигин дьон мээнэ-мээнэ саҥарар. Олох мыыныа суохтаахпыт . Күөл төһө балыгы бэрсибитигэр биһиги махтаныахтаахпыт . Ууга тимири түһэриэ суохтаахпыт . Тимир түспүт сиригэр балык кэлбэт буолан хаалар . Муус ыла сылдьан дьон алҕас анньыыларын мүччү тутан кэбиһэллэр. Күөлгэ үлэлииргитигэр сэрэнэн туттуллуохтаах .
Барыта бүппүтүн кэнниттэн хаалбыт бөҕү ыраастаан барыахтааххын , эбэ үрдүгэр сыыс бөх суох буолуохтаах . Дьанырык маһы тыа саҕатыгар уурдарыахтааххын . Сүрүн сиэри-туому тутустахпытына , биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин умнуохпут суоҕа. Саха киһитэ бултуу таҕыстаҕына « илии тутуурдаах , өттүк харалаах » кэлэр диэн дэлэҕэ эппэтэхтэрэ буолуо . Булка сыһыаннаах дьон ити айылҕа сокуонун эндэппэккэ билэллэр . Муҥха тэриллэрин төһө билэбитий ? Дьону батыһан тэҥҥэ киирэн муҥхалаһабыт, бүтүүтүгэр балык үлэстиитигэр өлүүбүтүн ылаат , барабыт . Муҥха тэриллэригэр наадыйбаппыт даҕаны.
Муҥха тэрилиттэн тугу эрэ ылан биэр диэтэхтэринэ , билбэккэбит ырааһынан көрөн баран турабыт . Ол иһин быһааран суруйуом : Муҥха ийэтэ – балыгы мунньан тааһарар иһэ. Муҥха кыната – балыгы күөйэн муҥха ийэтигэр киллэрэр . Туос хотоҕос – муус анныгар киирэн баран тимирбэтигэр анаан « поплавога ». Таастыган – дьаакыр . Ыт мас – муҥханы икки өттүттэн чардаатыгар салайар мас . Анньыы – ойбон тэһэргэ аналлаах тимир .
Хамыйах – ойбон мууһун ыраастыырга анааллаах күрдьэх. Ачаах – муус аннынан муҥханы салайар мас буолар . Олуур – ыт мас туора барбыт буоллаҕына олуйан сөптөөх хайысхаҕа хйыһыннарар мас . Көхө – үтүмэх кэлбитин тардан ылар күрүчүөк. Үтүмэх – муҥханы тардар 10–15 миэтирэ уһуннаах быа . Нырыы – балыктары куттуур , үргүтэр мас . Бу курдук туттар тэрилбитин үөрэтэн кэбиһиэх. Үйэ-саас тухары бэйэҕэр туһалаах буолуо . Биһиги умнубатахпытына салгыы кэскиллээх ыччаппытыгар тиийиэҕэ. Булт сиэрэ-туома умнуллуо
Махтал !
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рекомендации родителям, в какие настольные игры играть с ребенком, чтобы закрепить ПДД.
Рекомендации родителям, в какие настольные игры играть с ребенком, чтобы закрепить ПДД....
Краткосрочный проект «Игры для ума». Обучение детей 6-7 лет настольным играм.
Задачи проекта: познакомить детей с историей появления настольных игр (шахматы), обучить детей настольным играм (шахматы), расширить представления детей о настольных играх; рассказать о правилах игр; ...
Мастер-класс настольной игры из бросового материала «Настольный кегельбан»
Мастер-класс настольной игры из бросового материала «Настольный кегельбан»Игра является ведущим видом деятельности детей дошкольного возраста. Играя, ребенок подчиняется правилам игры...
моя педагогическая находка Занятие по познавательному развитию в старшей группе «Путешествие по Кош-Агачскому району» в форме квест игры. (за основу взята настольная игра «Джуманджи»)
моя педагогическая находка Занятие по познавательному развитию в старшей группе «Путешествие по Кош-Агачскому району» в форме квест игры. (за основу взята настольная игра "Джуманджи&q...
Настольные игры по познавательному и речевому развитию с использованием сказочных героев из технологии "Сказочные лабиринты игры" В.Воскобовича, сделанные самими педагогами
Настольные дидактические игры "Сказочные герои Фиолетового леса". Придуманы и сделаны самими педагогами. Дети очень любят знакомых героев, которые живут в их группе, участвуют во всех ...
Семинар для родителей о том, почему важно играть с ребенком в настольные игры
Семинар для родителей о том, почему важно играть с ребенком в настольные игры...
Семинар для родителей о том, почему важно играть с ребенком в настольные игры
ЦельСформировать в семьях дошкольников традицию играть в настольные игры с детьми.ЗадачиНаучить родителей создавать психологический комфорт в семейном общении; обогатить родительские умения и навыки в...