О5о уонна киьи
статья по теме
Киһиэхэ олоххо бэриллэр араас кэрэ түгэннэртэн, сырдык иэйиилэртэн, саамай умнуллубат истиҥ, кэрэ кэмнэртэн мэник-тэник, ойор-тэбэр умнуллубат дьоллоох оҕо сааһа буолар. Бу кэмтэн кырачаан киһи араас оллурдаах олоххо бэйэтин булан, киһи быһыытынан дьаһанан, туохтан да толлубакка сөпкө хардыылаан олоҕун хайдах олоруохтааҕа түстэнэр. Онно төрөппүттэрэ эрэ буолбакка, иитээччи оҕо киһи быһыытынан сайдан, үүнэн тахсарыгар көмөлөһүөхтээх, иитиэхтээх-такайыахтаах.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ogo_uonna_kihi.docx | 17.09 КБ |
Предварительный просмотр:
“Оҕо уонна киһи-аймах сэргэтэ”.
Ноговицына М.А. А.Г.Габышев аатынан “Биһик” оҕону сайыннарар киин иитээччитэ
«Оҕо оонньуутун кэмигэр бэйэтин хайдах тутта-хапта сылдьар да, кини кэлин үлэтигэр итинник сыһыаннаһар»
А.С.Макаренко
Киһиэхэ олоххо бэриллэр араас кэрэ түгэннэртэн, сырдык иэйиилэртэн, саамай умнуллубат истиҥ, кэрэ кэмнэртэн мэник-тэник, ойор-тэбэр умнуллубат дьоллоох оҕо сааһа буолар. Бу кэмтэн кырачаан киһи араас оллурдаах олоххо бэйэтин булан, киһи быһыытынан дьаһанан, туохтан да толлубакка сөпкө хардыылаан олоҕун хайдах олоруохтааҕа түстэнэр. Онно төрөппүттэрэ эрэ буолбакка, иитээччи оҕо киһи быһыытынан сайдан, үүнэн тахсарыгар көмөлөһүөхтээх, иитиэхтээх-такайыахтаах.
Улахан киһи – иитэр уонна үөрэтэр; оҕо – үөрэнэр уонна истэн ылынар. Улахан киһи оҕону кытта тэҥҥэ аргыстастаҕына: доруобуйаны тупсарыытын хааччыйыы+иитии+оҕону үөрэхтээһин.
Мин - иитээччибин. Араас элбэх идэлэртэн биирин талым, ол гынан баран саамай дьиктилэрин - оҕо саадын иитээччитин.
Иитээччи өскөтүн оҕону кытта алтыһар буоллаҕына, кини ис дууһатынан оҕонон хаалыахтаах. Иитээччи - олох уобараһа, үтүө омооно. Оччоҕо эрэ оҕолор кинини бэйэлэрин эйгэлэригэр киллэриэхтэрэ.
Мин бэйэм иитээччи идэтигэр үктэммитим номнуо 4 сыл буолла. Бу кэмҥэ үлэлиирбэр, оҕону кытта сылаас, аһаҕас дууһаҕынан, санааҕынан эрэ алтыһыахтаахпын биллим. Оҕолор оҕо саадыгар ыраас, аһаҕас дууһалаах, улахан киһиэхэ эрэнэн үктэнэллэр.
Билиҥҥи кэмҥэ иитээччи киһи быһыытынан сайдан дьону кытта сатаан алтыһар, көхтөөх, киириилээх-тахсыылаах буолуохтаах. Күн ахсын сайда, тэтимнээхтик уларыйа, үүнэ турар олох араас күннэригэр, кэмнэригэр, хардыытыгар тэҥҥэ хаамсан сайдан иһиэхтээх. Ол курдук, билиитин-көрүүтүн хаҥатарын, сатабылын-үөрүйэҕин сайыннарарын туһугар элбэх ыйынньыктары, литературалары туһаныахтаах. Бэйэтигэр эр санааны киллэрэн олох очурдарыгар оҕустарбат, ыарахантан чаҕыйбакка, бэйэтин санаатын түһэрбэккэ, бас бэриммэккэ сүрүн сыал курдук туруорунан, сырдык-ыраас санаанан салайынан күн ахсын үлэлии барыахтаах.
Оҕону улахан дьону, оҕолору кытта сатаан алтыһа улаатарын туһугар олох уларыйыытын кытта хаалбакка тэҥҥэ баран иһиэхтээх, дьон-сэргэ ортотугар киириэхтээх, атын дьону кытта алтыһыахтаах. Кини тус бэйэтин уонна дьон интэриэһин сатаан дьүөрэлии тутар интэриэһэ сайдар. Аан дойдуга киниттэн ураты оҕо суоҕун тэҥэ кини курдук атын оҕолор баалларын туһунан кыра сааһыттан иитиэхтээхпит.
Киһи барыта бу сир үрдүгэр сырдыктык, чаҕылхайдык тыгар биир күннээҕи, уһуна-киэҥэ биллибэт ыраас-сырдык күөх өҥнөөх биир халлааннааҕын араарбакка, барыта барыбыт киэнэ буолуохтааҕын өйдүү улаатыахтаах. Киниттэн атын омук культуратын уратытын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан бэйэ омук атыныттан тэҥнээн, уустаан-ураннаан көрүөхтээх.
О5ону сайыннарыыга кини улахан киһи этиитин сатаан истэр, өйдүүр уонна ол этиини тутуһан дьайарын ситиһэ сатыыбын. О5о бэйэтэ сөбүлээн дьарыгырыытыгар үчүгэйдик сайдыбыт үөрүйэхтэрдээх уонна сатабыллаах буолуохтаах. Оччоҕо кини сайдыыта, өйө-санаата уонна киһи быһыытынан тургутан көрүүтэ сайдар.
Салгыы оҕону кытта үлэлииргэ сыал-сорук туруорабыт:
- оҕо сааһы үөрэ-көтө дьоллоохтук атаарарын хааччыйыы;
- оҕо олоҕор куттал суоһуо суохтаах;
- иитии-такайыы бары өттүнэн сайдыылаах буолуохтаах.
Ону ситиһэргэ тустаах эйгэни тэринии улахан көмөлөөх буолар.
Манна биллэн турар төрөппүт кыттыыта улахан төһүү-күүс буолар. Төрөппүт өттүттэн ол баар буолуохтааҕын эрэйэбит. Онон сиэттэрэн нэһилиэк иһинэн түөлбэнэн үлэ күүскэ баран эрэр. Дьиэ кэргэн уонна иитээччи алтыһыытыгар олоҕуран оҕо сайдыытыгар улахан оруолу киллэрэр. Түөлбэнэн үлэни тэринээһиҥҥэ нэһилиэккэ баар тэрилтэлэри, общественнай түмсүүлэри тардан, үлэ көрүҥүнэн араас тэрээһиннэри ыытабыт (Тиэргэни киэргэтиигэ, кэрэ эйгэҕэ, “Утумнааччы” диэн олоҥхо кулуубугар, “Уйуктаах олох”).
Саҥа сүһүөҕэр туран эрэр оҕоҕо, кини өйүгэр-санаатыгар кимэн киирэн иһэр TV, видеоттан, компьютертан билии-көрүү, иһитиннэрии охсуулаах буолар. Иитээччи киһи быһыытынан уратыта, сайдыыта, оҕоҕо дьайыыта ити охсууну сымнатыан, намыратыан сөп. Киһи быһыытынан иитээччи аламаҕай, истиҥ, үтүө, ыраас санаалаах, хорсун сүрэхтээх, кэрэ быһыылаах буолуохтаах.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Тулалыыр эйгэҕэ уонна тыл сайдыытыгар дьарык конспега
4-5 саастаах оҕолорго...
"Киьи уонна айыл5а" ТЭКБ
Конспект НОД по окружающему миру в старшей группе "Киьи уонна айыл5а"....
Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)
сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...
Презентация на тему "Сакалаат киьиэхэ туьата уонна буортута"
Научно практическая конференция. Яковлева Даша средняя группа "Куерэгэй". Тема работы: "Скакалаат буортута уонна туьата"...
Презентация на тему "Массына уонна киьи маарынньаллар дуо?"
Научно-практическая конференция. Презентация Федорова Дархана средняя группа "Куерэгэй". Тема: "Массыына киьиэхэ майгынныыр дуо?"...
Куобах уонна кролик уратылара
Презентация на тему: "Куобах уонна кролик уратылара"...