Тулалыыр эйгэҕэ уонна тыл сайдыытыгар дьарык конспега
план-конспект занятия (окружающий мир, средняя группа) по теме
Предварительный просмотр:
Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин
ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭҔЭ УОННА ТЫЛ САЙДЫЫТЫГАР
АҺАҔАС ДЬАРЫК СЦЕНАРИЙА
Темата: «Дьиикэй кыыллар»
Иитээччи: Надежда Семеновна
Куприянова
2012-2013 үөрэх сыла
Ыытыллар күнэ: муус устар 17 күнэ 2013 сыл.
Ыытыллар чааһа: 10ч.10мүн.
Сыала-соруга:
- дьиикэй кыыл туһунан билиилэрин чиҥэтии;
- оҕо болҕомтотун, тылын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.
Туттуллар матырыйаал: проектор, экран, хартыыналар (куобах, эһэ, бөрө, тииҥ, саһыл; тыа, мостик, талах, чөҥөчөк, арҕах), «Ким тугу сөбүлүүр» диэн оонньууга (яблоко, эриэхэ, тэллэй, моркуоп, хаппыыста, отон) хартыыналара, оонньуур Лунтик, конструктор.
Дьарык барыыта:
I чааһа:
Оҕолор бары олоппоско олороллор.
- Оҕолоор, бары кругка турдубут эрэ уонна «Үтүө күнүнэн» диэтибит.
- Билигин кыратык ооньуохпут. Оонньуу «Зайка».
Зайка беленький сидит,
Он ушами шевелит,
Вот так, вот так
Он ушами шевелит.
Зайке холодно сидеть,
Надо лапочки погреть,
Хлоп, хлоп, хлоп, хлоп.
Надо лапочки погреть.
Зайке холодно стоять,
Надо зайке поскакать.
Скок, скок, скок, скок,
Надо зайке поскакать.
Кто-то зайку испугал,
Зайка прыг... и убежал.
Оҕолор бары куоталлар. Ааны тоҥсуйаллар – оонньуур Лунтик киирэр.
- Оҕолоор, көрүҥ эрэ, биһиэхэ ким эрэ кэллэ.
- Кимий оҕолор бу? (Лунтик).
- Лунтигы кытта дорооболоһуоххайын эрэ.
- Лунтик биһиэхэ улахан көрдөһүүлээх кэлбит. Кини тыаҕа кыылларга күүлэйдии барыан баҕарар, ол гынан баран, соҕотоҕун барарын куттанар эбит. Биһиги, оҕолор, Лунтикка көмөлөһөбүт? Кинини кытта тыаҕа барсабыт дуо?
- Бүгүн биһиги дьиикэй кыыллары кытта билсиэхпит, онтон Лунтик биһиэхэ суолу көрдөрүөҕэ.
II чааһа:
Музыка тыаһыыр, экраҥҥа айылҕа ойуута көстөр, онно – мостик, талах, мас, чөҥөчөк, арҕах, харыйа уруһуйа көстөр.
- Оҕолоор, оол-ол мостик, талах, мас, чөҥөчөк, арҕах, харыйа көстөр дии.
Экраны көрөдөрөр.
- Билигин биһиги мостикка баран тохтуохпут.
Музыка тыаһыыр. Мостик ойуута көстөр.
- Мостикка кэллибит. Манна ким саспыта буолуой, таайыаххайын эрэ:
Тула өттүбүн көрүнэбин,
Туохтан эрэ дьиксинэбин,
Ойуур тыаларын кэрийэбин,
Албынныыры сатыыбын – диир баар уһу. (Саһыл)
- Хантан биллигит? (оҕолор эппиэттэрэ)
- Саамай сөп, саһыл.
Экраҥҥа саһыл ойуута көстөр. Эмиэ музыка тыаһыыр. Таллах көстөр.
- Талахха тиийэн кэллибит. Ким манна саһарый? Таабырынна таайыҥ эрэ:
Хонууга да хоройдорбун,
Сааһыттан саһабын,
Ойуурга да олордорбун
Саһылтан саллабын.(Куобах)
- Хантан биллигит? (оҕолор эппиэттэрэ)
Экраҥҥа куобах ойуута көстөр. Музыка тыаһыыр, салҕыы мас ойуута көстөр.
- Аны маска тиийэн кэллибит дии. Ким манна олороруй? Таайыҥ эрэ:
Тииттэн тииккэ ыстанабын,
Тэллэй хатаран хаһаанабын,
Муох таһан оргул уйабын
Мутук төрдүгэр туттабын. (Тииҥ)
- Хантан биллигит? (оҕолор эппиэттэрэ)
Тииҥ ойуута көстөр. Музыка тыаһыыр, чөҥөчөк көстөр.
- Чөҥөчөккө кэллибит. Ким манна саспытый? Таайыҥ эрэ:
Уһун түүҥҥэ улуйан
Уубун хаммат муҥнаахпын,
Сылгыны, ынаҕы тардан
Сыаҕа, хаһаҕа харабын. (Бөрө)
- Маладьыастар! Хантан биллигит? (оҕолор эппиэттэрэ)
Бөрө ойуута көстөр. Музыка тыаһыыр, арҕахха тиийэбит.
- Арҕахха тиийэн кэллибит. Ким манна олорор эбитий?
Ойуурга олоробун,
Саамай күүстээхпин,
Арҕахха кыстыыбын,
Кыһынын утуйабын – диир баар үһү. (Эһэ)
- Хантан биллигит?
Экраҥҥа эһэ ойуута көстөр.
- Билигин биһиги эһэ туһунан оонньуохпут.
Физминутка «Эһэ».
Хара тыаҕа куруҥҥа
Эһэчээннэр олороллор,
Мастан маска хатаастан,
Хачыаллана оонньууллар.
Төкүнүйэ сырсаллар,
Ойуоккалаан ылаллар,
Эйэргэһэн ардыгар,
Күнү быһа тусталлар.
- Маладьыастар! Олордубут эрэ.
- Оҕолоор, биһиги тыаҕа ханнык кыыллары көрүстүбүтүй? (оҕолор кыыллары ааттыыллар: куобах, эһэ, бөрө уо.д.а.)
- Ким билэрий, бу кыыллар туох диэн ааттаналларый? (дьиикэй кыыллар)
- Тоҕо кинилэр инник ааттаналларый? (оҕолор эппиэттэрэ)
- Оҕолор, Лунтик эһигини кытта «Ким тугу сөбүлүүр» диэн оонньууну оонньуон баҕарар.
- Миэхэ, бу, остуолга дьиикэй кыыллар уонна астар ойуулара сыталлар. Манна эһиги таайыхтааххыт, ханнык кыыл тугу сөбүлүүрүн. Өйдөөтүгүт?
- Холобур, куобах, моркуобу сөбүлүүр...
- Билигин манна кэлиэҕэ Настя уонна ойуулары ылан көрдөрөр.
- Оҕолор, Настя сөпкө таайда дуу?
- Маладьыас, Настя!
Инник салҕыы 4-5 оҕоҕо.
- Маладьыастар!
- Уой, оҕолор, көрүҥ эрэ, Лунтикпыт наһаа хомойбут, кыылларга барыларыгар дьиэлээхтэр, онтон Лунтикка суох.
- Киниэхэ дьиэ оҥорон биэрибит дуо? (оҕолор эппиэттэрэ)
- Бары манна кэллибит эрэ, уонна манан Лунтикка биир улахан дьиэтэ тутан биэриэххэйин.
Конструкторынан үлэ.
- Маладьыастар! Наһаа үчүгэй дьиэни туттугут дии. Лунтик олус үөрдэ.
III чааһа:
- Оҕолор, биһиги Лунтигы кытта олус үчүгэйдик тыаҕа күүлэйдээн кэллибит.Онно ханнык кыыллары көрсүбүппүтүн этиэххэйин эрэ, бу кыыллар туох диэн ааттаналлар этэй! (тыа кыыллара). Тугунан аһыылларый? Ханна олороллоруй? Маладьыастар!
- Оҕолор, бүгүҥҥү айаҥҥытын сөбүлээтигит? (оҕолор эппиэттэрэ)
- Лунтик эмиэ олус астынна эһигини кытта тыаҕа күүлэйдиирин. Кини эһиэхэ махтанан туран наһаа үчүгэй кэһии аҕалбыт.
Оҕолорго биирдии шоколад түҥэтэбин.
- Оҕолор, Лунтикка баһыыбалыаххайын эрэ уонна «Көрсүөххэ диэри» диэххэйин.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
О5о чинчийэр улэнэн дьарыгырыыта кини тулалыыр эйгэни билиитигэр кемете
Хас биирдии о5о кыра эрдэ5иттэн тугу барытын бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан онорон билэргэ дьулуьар угэстээх. Кини бэйэтэ онорор судургу элементарнай уопуттара араас предметтэр ураты хаачыстыбаларын уон...
«Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах кэрэ эйгэ”- тема5а улахан бөлөх иитиллээччилэригэр аһаҕас дьарык суолдьута:
Сценарий открытого занятия, посвященного 100 - летию якутского писателя П. Н. Тобурокова...
А.Е. Кулаковскай –Ексекулээх Елексей о5олорго айымньыларынан дьарык конспега
Быьаарыы сурук: Иитээччи: Таатта улууьун Ытык-Куеллээллээ5и «Кэнчээри» ОСК улахан беле5ун иитээччитэ Шергина М.И.Тема: Ексекулээх Елексей «Самыыр» хоьооноУобаластар: уопса...
Өй оонньуута о5о сайдыытыгар оруола
Актуальноьа: 5-6-7 саас–бу о5о оло5ор саамай интэриэьинэй кэм. О5о бу сааьыгар бэйэтин көрунэр, өйуттэн ону-маны айан оҥорор буолан барар. Онон бу кэмҥ экини уруьуйдуур, ыллыыр, оо...
Хабылык о5о сайдыытыгар оруола
Хабылыгы былыр-былыргыттан саха дьоно умсугуйан оонньуура. Ордук о5о аймах бэркэ моккуhэн, курэхтэhэн сиргэ тогуруччу олорон эбэтэр остуолга, олоппоско ооньууллара – эт хаан ой санаа оттун...
Творческий проект для детей дошкольного возраста «Эйгэ».
Предлагаемый проект необходим для раскрытия творческой одаренности ребенка, для успешной реализации его творческого потенциала, для социально-коммуникативных способностей, для сплоченности семьи и дет...
Тыл сайдыытыгар хатылыыр дьарык. Улахан бөлөх.
Тыл сайдыытыгар хатылыыр дьарык. Улахан бөлөх.И.И.Каратаев 5-с дьарык. 72 стр...