конспект открытого занятия по центрам
план-конспект занятия (младшая группа)
конспект открытого занятия по центрам в младшей группе "Куубиктарынан оонньуубут"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kubiktarynan_oonnuubut.docx | 19.21 КБ |
Предварительный просмотр:
МБДОУ Детский сад №14 «Журавлик» городского округа «город Якутск»
Аһаҕас оонньуу элимиэннээх дьарык кэнспиэгэ «Кубиктарынан оонньуубут»
«Хатыҥчаан» кыра бөлөх
Иитээччилэр: Сидорова С.А.
Скрыбыкина Т.Н.
Дьокуускай 2018
ДОУ: МБДОУ Д/с №14 «Журавлик»
Оҕо сааһа: 3-4 лет
Иитээччилэр: Сидорова Сардаана Аркадьевна, Скрыбыкина Татьяна Николаевна
Темата: «Кубиктарынан оонньуубут»
Сыала: оруолунан оонньууга оҕо интириэһин тардыы, туруоруллубут сыалы тиһэҕэр диэри тириэрдии.
Соруга:
1. Хартыынаны көрөн толору эппиэтиири чиҥэтии;
- Кубиктарынан үрүт-үрдүгэр ууран этиллибит сорудаҕы тутуу;
- Оҕо оҥорон көрөр, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;
- Тылы сайыннарыы.
Туттар тэрил: араас өҥнөөх, кээмэйдээх кубиктар, хас биирдии оҕоҕо тутааччы таҥаһа, физминуткаҕа музыкальнай доҕуһуол, фоновай музыка.
Тылы сайыннарар үлэ: улахан, кыра, дьиэ, тутааччы, араҕас, кыһыл, от күөх, халлаан күөх.
Билиһиннэрэр үлэ: Кэпсэтии, хартыынаны көрүү, уус-уран литератураны ааҕыы.
Оонньуу хаамыыта.
Оҕолор утуйар хоско киирэллэр. Дьыбаанна олороллор. Презентация көрүү.
Кубик туһунан кэпсэтии.
Иитээччи кубик туһунан хартыыналары көрдөрөр (ыйытыылары биэрэр, ыарырҕатар ыйытыыларга көмөлөһөр). Бу тугуй? (кубик ойуута). Ханнык геометрическай фигураттан турарарый? Кини хас муннуктаагый? Кубиктары туох матырыйааллартан оҥороллоруй?
Иитээччи: - Кыратык сынньана түһэбит да? (Оҕолор эппиэттэрэ).
Физминутка.
Ырыа холбонор. Оҕолор иитээччи хамсаныыларын үтүктэллэр.
Күүтүллүбэтэх түгэн.
Ааны тоҥсуйаллар. Тутааччы киирэн кэлэр.
Тутааччы: - Дорооболорун оҕолоор! Хайа бу мин ханна тиийэн кэллим?
Иитээччи: - Дорообо.
Оҕолор: - Үтүө күнүнэн! Уһуйааҥҥа кэллигит.
Тутааччы: - Мин аатым Иван Егорович диэн. Наһаа кыраһыабай уһуйааннаах эбиккит, сөбүлээтим аҕай. О5олоор, мин дьиэ-уот тутуутунан дьарыктанабын, куораппыт кырасыабай көстүүлээх буоллун диэн кыһаллабын, ол эрэн көмөлөһөөччүлэрим массыыналара алдьанан хааллан сатаан кэлбэтилэр, онтон мин соҕотоҕун сатаан туппаппын.
Иитээччи: - Ээ, хата оҕолоор, биһиги тутааччылар буола оонньуубут дуо? Иван Егоровичка көмөлөһөбүт дуо?
Тутааччы: Дьэ, бэт. Дьиэни араас матырыйаалтан туталлар: мастан, кирпииччэттэн, таастан онтон биһиги араас кубиктартан тута оонньуохпут, сөбүлэһэҕит дуо оҕолоор?
Оҕолор: - Сөп.
Тутааччы: Оҕолоор, хас биирди тутааччы төбөтүн харыстыыр кааскалаах буолар, биһиги эмиэ бары кааска кэтиэххэ.
Кааскаларын кэтэллэр уонна группаҕа тахсаллар.
Иитээччи: - Көрүн эрэ оҕолоор, Иван Егоровичка наһаа элбэх араас кубиктар бааллар. Бу хайдах өҥнөөх кубигый? (Оҕолор эппиэттэрэ).
Тутааччы: - Дьиэ бөҕө-таҕа буоллун, охтубатын диэн хайдах кубиктартан саҕалыыбытый?
Оҕолор: Улахан кубиктартан.
Иитээччи: - Саамай сөп. Манна ким оонньуон баҕарар?
Тутааччы: Оҕолоор онтон бу туохтан оҥоһуллубут кубиктарый?
Оҕолор: Мастан оҥоһуллубут кубиктар.
Иитээччи: - Маладьыастар, оҕолоор, кубиктары үрүт үрдүгэр ууран мас дьиэтэ оҥоруохха.
Тутааччы: - Көрүн эрэ, кубиктарбыт араас иэннээхтэр. Кыра кубикка улахан кубигы уурдахха туох буоларый оҕолоор?
Оҕолор: - Кубиктар охтон түһүөхтэрэ.
Тутааччы: - Саамай сөп. Оччоҕуна бастаан улахан кубик үрдүгэр кыра кубигы ууруохтаахпыт.
Иитээччи: Оҕолоор, биһиги кимиэхэ көмөлөһө сылдьабытый? (Оҕолор эппиэттэрэ). Маладьыастар, хаһан баҕарар оҕолоор, бэйэ – бэйэҕэ көмөлөһүөххэ наада.
Иитээччи: Иван Егорович, биһиги оҕолорбут наһаа элбэх хоһоон билэллэр. Истиэххин баҕараҕын дуо?
Тутааччы: Оо, истэн бөҕө буо.
Оҕолор хоһоон этэллэр.
Тутааччы: Маладьыастар! Оҕолоор, Саҥа Дьылбыт буолара чугаһаата, кимнээх Саҥа Дьылга кэлэллэрий?
Оҕолор: Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана.
Тутааччы: Саамай сөп, элбэх хоһоонно, ырыата үөрэтэ сылдьын.
Иван Егорович хайҕабыла.
Оонньуу сыалын уустугурдан биэриэххэ сөп (дьиэ иһин киэргэтии, остуолу сервизтээһин)
Түмүк.
Тутааччы: - Оҕолоор, көмөҕүт иһин баһыыбаларын. Мин хайдах даҕаны соҕотоҕун тутуо суохпун. Маладьыастар! Өссө да кэлэ сылдьар буолуом. Көрсүөххэ дылы!
Оҕолор: - Көрсүөххэ диэри!
Тутааччы тахсан барар.
Иитээччи: - (Колокольчик тыаһатар). Чэ, эрэ оҕолоор манна киирэн кэпсэтиэххэ. (Спальняҕа киирэллэр). Биһиги туох идэлээх буола ооньоотубут? Ким кэлэн барда? Кимиэхэ көмөлөстүбүт? Дьиэлэри туохтан туттубут?
(Оҕолор эппиэттэрэ).
Иитээччи:- Эрдэм, эн ханнык кубиктан дьиэни туттун? Онтон эн Лена? Маладьыастар! Кыһаллан оҥордугут. Аныгыскыга өссө улахан дьиэни тутуохпут.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конспект открытого занятия в подготовительной к школе группе Конспект открытого занятия в подготовительной к школе группе Конспект занятия в подготовительной группы педагога-психолога со слабослышащими детьми
Дата проведения: 21 февраля 2012 г. Участники: дети подготовительной группыПроводит: педагог-психолог Панова М.М.Цель:способствовать формиров...
конспект открытого занятия Конспект открытого занятия с элементами театрализации по развитию лексико – грамматической стороны речи у детей с ОНР (подготовительная группа)
Конспект открытого занятия с элементами театрализации по развитию лексико – грамматической стороны речи у детей с ОНР (подготовительная группа) ТЕМА: «Почему медведь зимой спит» (по мотивам сказки В. ...
Конспект открытого занятия центра "Очумелые ручки" "Животные Арктики и Антарктики"
Конспект составлен для центра "Очумелые ручки" для разновозрастной группы....
Конспект открытого занятия по рисованию в младшей группе Центра для детей с ТНР «Веселые матрешки»
Цели:Обучающие:Учить детей изображать в нетрадиционной технике «горошек». Рисование пальчиком.Учить пользоваться салфеткой.Учить составлять узор, заполняя картинку по краям и середине.Разв...
МУНИЦИПАЛЬНОЕ АВТОНОМНОЕ ДОШКОЛЬНОЕ ОБРАЗОВАТЕЛЬНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР РАЗВИТИЯ РЕБЁНКА - ДЕТСКИЙ САД №21 "НАДЕЖДА" ГОРОДСКОГО ОКРУГА СТУПИНО МОСКОВСКОЙ ОБЛАСТИ Конспект открытого занятия по духовно-нравственному и гражданско-патриотическому во
МУНИЦИПАЛЬНОЕ АВТОНОМНОЕ ДОШКОЛЬНОЕ ОБРАЗОВАТЕЛЬНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР РАЗВИТИЯ РЕБЁНКА - ДЕТСКИЙ САД №21 "НАДЕЖДА" ГОРОДСКОГО ОКРУГА СТУПИНО МОСКОВСКОЙ ОБЛАСТИ...
Конспект открытого занятия "Будем солнышко искать и зверушкам помогать" конспект открытого занятия
Цель: Художественно – эстетическое развитие, социально - коммуникативное развитие, познавательное развитие, физическое развитие, речевое развитие...