Логическай оонньуулар
занимательные факты (младшая группа) на тему

Готовцева Саргылана Алексеевна

•         Логика — толкуйдатар, бэйэтэ түмүк оҥорор, суоттуур, тэҥниир, быһаарар дьоҕурдарын сайыннарар оонньуулар. 

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл zan4.docx19.45 КБ

Предварительный просмотр:

Логическай оонньуулар

 (3-4-5 саастаах оҕолорго)

  • Логика — толкуйдатар, бэйэтэ түмүк оҥорор, суоттуур, тэҥниир, быһаарар дьоҕурдарын сайыннарар оонньуулар.

  • «Кырачаан повар»

     Дьиэҕэ баар күөс буһарар миискэлэри булан муостаҕа уурталаа. Ону кытта хаппахтары буккуйан уурталаа. Оҕо повар оруолугар киирэн күөс буһарар миискэлэригэр сөп түбэһэр хаппахтарын булан дьаарыстыыр.

  • «Ханнык мас сэбирдэҕэй?»

Дуб, клен, хатыҥ сэбирдэхтэрин контур көмөтүнэн булан хопполорго хаалаа.

  • «Фруктовай коктейль»

Оҕо хараҕын баайан баран билэр фрукталарын илиитин иминэн таайарын ситис.

  • «Атыны туорат»

Оҕону классификацияҕа эрчийии. Ойуулаах карточкалар быыстарыттан алҕас ордук киирбит тэрили туорат. Х-р, чааскы, тэриэлкэ, ньуоска, быһах, куукула.

Оҕону наһаа сылаппат инниттэн 2-3 оонньуунан муҥурданыахха сөп. Эбэтэр, х-р, тыл оонньуутунан солбуйуохха сөп.

  • «Кыыллар, көтөрдөр, үөн-көйүүр саҥалара»

Оҕону чуолкайдык саҥарда үөрэтэргэ маннык эрчиллиилэр олус көдьүүстээх буолуохтара: ынах курдук маҥыраа "Маа", тигр курдук "р-р-р", чыычаах курдук "чыып-чаап", чыычаах кыната "тр-тр-тр", хомурдуос "ж-ж-ж", тигээйи "з-з-з", эриэн үөн "ш-ш-ш"...

Тарбах оонньуулара

Тарбахтара сайдыбыт оҕо чуолкайдык саҥарар, толкуйдуу үөрэнэр, боруруһар, кэпсиир, айар дьоҕурдара сайдар.

  • Аптаах пластилин

Оҕону кытта элбэхтик пластилинынан оҥоһуктары оҥорун, ону кэпсииргэ дьарыктыыр ордук. Оҕо бэйэтэ оҥорбутун ордук баҕаран туран кэпсиир, ырытар.

  • Пазлы хомуйуу
  • Биир саамай көдьүүстээх оонньуунан буолар пазл хомуйуу. Оҕо 3 сааһыттан 9 детальтан саҕалаан, 5 сааһыгар 200 деталлааҕы таһаара үөрэниэхтээх. Пазл оҕо тарбахтарын, толкуйдуур, көрөн өйдөөн хаалар дьоҕурдарын сайыннарар оонньуу.

Өйдөөн хаалар дьоҕуру сайыннарыы

 

  • «Супермаркет»

Оҕону кытта ийэ сорудахтара диэн оонньуохха сөп. Х-р, маҕаһыынтан баран бу бородуукталары атыылар. Оонньууну уустугурдан испиэһэги уһатан, табаар аатын элбэтэн иһиэххэ сөп.

  • «Чэнчис оҕо»

Оҕоҕо бэйэтин хоһугар туох ханна, хайдах сытарын өйдөөн көрөрүгэр сорудахтаа. Ол кэннэ хостон таһааран баран сээкэйдэр миэстэлэрин уларытан, турар сирдэрин атастаһыннаран баран, туох уларыйбытын булларыы.

  • «Худуоһунньук»

Оҕолуун бииргэ ойуулан уруһуйдаа (уустуга суох оһуор). Ойууну оҕо өйдөөн көрбүтүн кэннэ, ойууну кистээн баран оҕоҕо хат тугу өйдөөн хаалбытын уруһуйдатыы.

Остуол оонньуулара

 

  • «Скубиду»

Пластиковай бытыылка хаппахтарынан сапка тиһэн сороконожканы хомуй. Ким урут бүтэрбит кыайыылаах.

  • «Көлөлөр»

Халлаан, сир, уу ойуулаах хаптаҕай боротунаҕа көлө арааһын оҕо бэйэтэ наардаан уурар. Халлааҥҥа; самолет, вертолет, пароплан, салгынынан көтөр саар.  

  • «Тырыыҥка»

Тырыыҥка мастарын ыһан баран таарыйбакка эрэ биир тырыынканан биир-биир тарыйан ылыахтааххын. Оҕо болҕомтотун, сымса, булугас буоларыгар сайыннарар.

  • «Баҕачааннар күрэхтэрэ»

      Пластиковай баҕачааннары ойуоккалатан күрэхтэһиннэрии. Тарбах төбөтүнэн баҕачаан кэннин өттүн баттаан ойутан, ким урут тиийбит ол кыайыылаах.

"Тыксаан"

      Талах маһынан оҥоһуллубут өбүгэ оонньуурун умса, тиэрэ сытар талах мастарын хонуу иһиттэн тарбах төбөтүнэн тыган таһаарыы. умса сытары умса сытар маһынан, тиэрэ сытары тиэрэнэн тыгыы. Ким урут бүтэрбит ол кыайыылаах тахсар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии

Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-ке...

Обугэ оонньуулара

Развлечение...

Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара

О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...

О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарар математическай логикалаах оонньуулар

Ученай, педагог, Саха Республикатын оскуолатын утуолээх учуутала П. И. Шадрин «Основные проблемы начального образования в Якутской АССР» диэн научнай популярнай улэтигэр: «…бэ...

Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар

Дидактические игры для развития речи...

о5олорго олонхо хамсаныылаах оонньуулара

Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – или...