Обугэ оонньуулара
план-конспект занятия по физкультуре по теме
Предварительный просмотр:
Соморсуннааҕы «Чэчир» уһуйаан Амма улууһа
«Өбүгэ оонньуулара»
Бөлөхтөрүнэн аралдьытыы.
Толордо: физинструктор Попова Т.П.
Тохсунньу ый 2017с.
«Өбүгэ оонньуулара»
Муузыка истиитэ «Өбүгэ оонньуулара» Макарова ырыата.
Оҕолор олбохторго тула олороллор.
- Дорооболоруҥ, оҕолоор! Туох туһунан ырыа иһиттигит? (ырытыһыы)
- «Өбүгэ оонньуулара» аралдьытыыга көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын.
- Өбүгэлэрбит диэн кимнээхтэрий, оҕолоор?
- Өбүгэлэрбит диэн биһиги төрүттэрбит, эбээлэрбит, эһээлэрбит ийилэрэ, аҕалара, кинилэр төрөппүттэрэ.былыр эһиги оонньуурдаргыт курдук оонньуурдар суохтара. Оҕолор төрөппүттэрин көрөн, кинилэр тугу гыналларын үтүктэн, табаһыт, сылгыһыт, булчут идэтигэр сыһыаннаах оонньуулары оонньууллар эбит. Төрөппүттэрэ оҕолоругар маһынан, талаҕынан, таҥаһынан оонньуур оҥороллор – ынах, оҕус, таба, сылгы, сыарҕа.
- Кыһыҥҥы уһун тымныыларга киэһэ бары мустан остуол оонньууларын оонньуулар эбит. Хабылык, тырыыҥка, хаамыска, тыксаан - өйү-санааны толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар оонньуулар. Бу оонньуурдары эмиэ төрөппүттэрэ маһынан оҥороллор.
- Онтон сылааска хамсаныылаах, сүүрүүлээх-көтүүлээх, эти-хааны эрчийэр, сымса, түргэн, тулуурдаах буоларга үөрэтэр оонньууллары оонньууллар.
- Ханнык хамсаныылаах оонньуулары билэҕитий? (кэпсэтии)
Саха норуотун хамсаныылаах оонньуулара:
- Мас тардыһыыта
- Оҕус буолан харсыы
- Кылыы
- Куобах
- Ойбонтон уулааһын
- Хары баттыһыы
- Биһилэх кутуһуу
- Кустаах-хаастаах
- Дьиэтэ суох куобах
- Туораах хомуйуута
- Миэстэ былдьаһыы
- Булчуттар
- Хапсаҕай
- Тутум эргиир
- Бүгүн биһиги бу оонньуулары оонньуохпут, күрэхтэһиэхпит.
Кыра уонна орто бөлөхтөргө – туораах хомуйуута, мас тардыһыы, булчуттар, оҕус буолан харсыы, куобах, дьиэтэ суох куобах
Улахан бөлөхтөргө - мас тардыһыыта, кылыы, ойбонтон уулааһын, хары баттаһыы, оҕус буолан харсыы, дьиэтэ суох куобах, харах симсии, биһилэх кутуһуу.
- Оҕолоор, өбүгэлэрбит оонньууларыттан ханныктары сөбүлээтигит?
Ырытыһыы, кэпсэтии.
- Оҕолоор, манан биһиги өбүгэлэрбитигэр анаммыт аралдьытыыбыт түмүктэнэр! Көрсүөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии
Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-ке...
Обугэ утуо угэстэрин ого иитиитигэр
мастер класс...
Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара
О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...
О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарар математическай логикалаах оонньуулар
Ученай, педагог, Саха Республикатын оскуолатын утуолээх учуутала П. И. Шадрин «Основные проблемы начального образования в Якутской АССР» диэн научнай популярнай улэтигэр: «…бэ...
Логическай оонньуулар
ull; Логика — толкуйдатар, бэйэтэ түмүк оҥорор, суоттуур, тэҥниир, быһаарар дьоҕурдарын сайыннарар оонньуулар....
Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар
Дидактические игры для развития речи...
Рабочая программа фольклорного кружка «ОБУГЭ СИТИМЭ» для детей с 3 до 6 лет дошкольного возраста. Тип программы: Образовательная программа дополнительного образования.
Этнокультурная направленность образования в Республики Саха (Якутия) является неотъемлемой частью образовательной деятельности, обеспечивающей приобщение обучающихся к ценностям культуры народов, прож...