оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии
проект (подготовительная группа) на тему

Петрова Валентина Ильинична
Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-керууну тулалыыр эйгэтиттэн, ордук телевизортан, интернеттэн да ылара элбээтэ. О5о мантан элбэх билиини ылар, Бу ылбытын учугэйин, куьа5анын быьаарбакка утуктэн ылыан сеп. Тереппут бириэмэтэ суо5унан о5о дьонун кытта бодоруьуута, кэпсэтиитэ да а5ыйаабыта, кини тылын саппааьын баайа , сацарар, кэпсэтэр дьо5ура ситэ сайдыбата5а, о5о оруоллаах оонньуутугар ордук кестер буолла.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл oruollaah_oonnuu.docx25.99 КБ

Предварительный просмотр:

                Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой  буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-керууну тулалыыр эйгэтиттэн, ордук телевизортан, интернеттэн да ылара элбээтэ. О5о мантан элбэх билиини ылар, Бу ылбытын учугэйин, куьа5анын быьаарбакка утуктэн ылыан сеп. Тереппут  бириэмэтэ суо5унан о5о дьонун кытта бодоруьуута, кэпсэтиитэ да а5ыйаабыта, кини тылын саппааьын баайа , сацарар, кэпсэтэр дьо5ура ситэ сайдыбата5а,  о5о оруоллаах оонньуутугар ордук кестер буолла.

                Иитээччилэр, тереппуттэр о5олорбутун сепке сацарда эрэ уерэппэккэ о5о бэйэтин санаатын,  наадатын толору , сатаан быьааран этэригэр, септеехтук сыьыаннаьан оонньууругар, идэлэр тустарынан билбитин оонньуутугар туттарга  уерэтиэхтээхпит. Кыра о5о сурун дьарыга оонньуу буоларын  быьыытынан, кинини оонньуу нецуе сайыннарар ордук табыгастаах. Оонньуу нецуе о5о чэпчэкитик, тургэнник ылынар, уерэнэр, ейугэр-санаатыгар дирицник  ицэр.  Детсадка септеех усулуобуйа тэрийдэххэ, о5о о5ону кытта оруоллаах оонньууга оруол уллэстэн, сепке сыьыаннаьан, бодоруьан оонньууругар кэпсэтэр дьо5ура сайдара, тылын саппааьа байара, идэлэр тустарынан  билиитэ хацыыра, дьонно, улэ5э сыьыана сайдара саарба5а суо5ун ейдеен бу теманы ыллыбыт. Мантан  сиэттэрэн маннык сыалы,соруктары  туруоруннубут.

      Сыала  оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии

Соруктар  

  • Идэлэр тустарынан ейдебулу хацатыы, оонньууга туьаныы.
  • О5олору, улахан дьону кытта сепке сыьыаннаьа, бодоруьа  уерэтии
  • Уол, кыыс улэлэрин быьааран билэ, киьи дьарыга элбэх диэн ейдебулу ыла, дойдутугар, дьонугар утуе сыьыаны , тапталы иитии, уерэтии.

Аныгы сайдыылаах кэм ирдэбилинэн о5о тэрилтэтигэр, ФГТ (федеральное государственное требование) киирбитинэн уларыйыылар киирдилэр.ФГТ ирдэбилинэн о5о тэрилтэтигэр сылдьар  о5о личность быьыытынан сайдарыгар септеех усулуобуйа баар буолуохтаах. Манна киирэллэр о5о билии –керуу ыларыгар , дьо5урун сайыннарарыгар септеех туттар тэрилэ, пособиета кэтээн керуу, чинчийии ыытарыгар аналлаах тэриллэрэ, бары еттунэн сайдарыгар араас оонньуурдар. Билинни кэмцэ о5о тэрилтэтэ оонньуурунан хааччыллыыта мелтех диэххэ сеп.Фгт ирдэбилин толорорго о5о тэрилтэлэрин бары улэьиттэрэ творчески улэлииллэр. Ханнык да о5о тэрилтэтигэр киирдэххэ бэйэ оцоьуга оонньуур элбэх. Биьиги о5олорбут ханнык да омук о5олорун кытта тэн сайдыылаах , билиилээх буолалларын наадатыгар септеех оонньуурдарынан хааччыллыы 50-60, 60-70 эрэ буолбакка ,урдук таьымна тахсыан ба5арабыт.

Оруоллаах оонньуу сайдыытын этаптара

  • Билиьиннэрэр оонньуулар (ознакомительная)
  • Кердеруллубуту хатылаан(утуктэн) оонньуу (отобразительная)
  • Оруоллаах оонньуу (ролевая игра)
  • Ис хоьоонноон утуктэн оонньооьун (сюжетно-отобразительная)
  • Сюжеттаах(ис хоьоонноох)-оруоллаах оонньуу(сюжетно-ролевая игра)

О5о оонньууларын керуннэргэ араарыы

  • О5о бэйэтин ба5атынан оонньооьуна
  • Улахан киьи кеметунэн оонньооьун
  • Норуот оонньуулара

О5о оонньуу уерэниитин сайдыытын кэрдииьэ

  1. Ис хоьоонун уустугурдуу
  2. Оонньуу хардыытын уустугурдуу
  3. Атын о5ону кытта бодоруьан оонньооьун
  4. о5о бэйэтэ толкуйдаан уонна сайыннаран оонньооьун

Оруоллаах оонньуу хайысхалара уонна соруктара

2-3 саастаах о5олорго

Оонньуу хайысхата

Соруктара

Оонньуу ис хоьоонун байытыы

  1. Куннээ5и олохтон придмет аналын уонна (свойстватын) билэн оонньууга киллэрэн оонньооьун
  2. Оонньууга араас соруктары киллэрэн оонньооьун

Ооньууга предметтарынан туттан оонньооьун

  1. Оонньуурдар кемелерунэн оонньуу ис хоьоонун кэнэтэн, байытан оонньооьун
  2. Суох оонньуур оннугар атын предметы туттан, солбуйан оонньооьун
  3. Суо5у оннорон керен оонньооьун
  4. Биирдиилээн оонньуу хардыытын тылынан солбуйан оонньооьун
  5. Араас предметнай ньымалары туьанан оонньооьун

Оонньууга тутулуга суох буолууну сайыннарыы

  1. О5о бэйэтэ улахан киьиттэн тутулуга суох оонньуур соруктарын сайыннарыыта
  2. О5о5о оонньуу ньыматын бэйэтигэр талларыы

О5о оонньууругар бэйэ-бэйэтин кытта алтыьан оонньуур ейдебулун уескэтии

  1. Бэйэлэрин саастыылаахтарын оонньууларыгар интэриэс тардыы
  2. Бэйэ-бэйэ5э мэьэйдэспэккэ оонньуурга уерэтии


Оруоллаах оонньуу хайысхалара уонна соруктара

3-5 саастаах о5олорго

Оонньуу хайысхата

Соруктара

Оонньуу ис хоьоонун байытыы

  1. Оонньуу ис хоьоонугар интэриэьинэйи моменнары киллэрээьин
  2. О5о улахан дьон туттуутун-хаптыытын утуктэн оонньооьун
  3. Оонньууга бэйэ-бэйэтин кытта сибээстээх соруктары туруоран оонньооьун

Ооньууга предметтарынан туттан оонньооьуну чинэтии

  1. Оонньууга туруоруллар соруктары толоруу ньымаларын чинэтии: Оонньууга керуннэрин солбуйааьын, предметы танан онорон солбуйуу, суо5у онорон керен оонньооьун, биирдиилээн оонньуу хардыытын тылынан солбуйан оонньооьун
  2. Араас оруолу толорон оонньооьун
  3. Оруолларынан оонньуурга араас ча5ылхай, интэриэьинэй дьайыылары онороллорун ситиьии
  4. Оруолларынан оонньуурга соптоохтук кэпсэтэн оонньуурга уерэтии

Оонньууга тутулуга суох буолууну сайыннарыы

  1. Оонньуу ис хоьоонун бэйэтэ толкуйдаан таьаарарыгар тиэрдии
  2. оонньуу ис хоьоонун бэйэтэ талан, араас соруктары туруоран, толорон оонньууурга уерэтии
  3. Оруолугар сеп тубэьиннэрэн бэйэтэ толкуйдаан оонньуу сыалын бэйэтэ туруоран, ону быьааран оонньуурун ситиьии

О5о оонньууругар бэйэ-бэйэтин кытта алтыьан оонньуур ейдебулун уескэтии

  1. О5о о5ону кытта алтыьан оонньуурун ситиьии
  2. Бэйэ бэйэлэрин кытта уонна улахан киьилиин оонньуу соруктарын туруорарга уерэтии


Оруоллаах оонньуу хайысхалара уонна соруктара

5-7 саастаах о5олорго

Оонньуу хайысхата

Соруктара

Оонньуу ис хоьоонун байытыы

  1. Оонньуу тематын байытыы, араас интэриэьинэй тугэннэри киллэрии
  2. улахан дьон кэпсэтиилэрин, сыьыаннарын оонньуу дьайыытыгар киллэрии

Ооньууга предметтарынан туттан оонньооьуну чинэтии

  1. О5о оонньууга тутулуга суох интэриэьинэй предметнай ньыманы туьанарыгар тиэрдии
  2. О5о оруолугар киирэн ча5ыл5айдык араастык дьайыыны толороругар тиэрдии
  3. О5о улахан киьини уонна тэц саастыылаахтарын кытта септук кэпсэтэн оонньуурун ситиьии  

Бэйэ бэйэни кытта оонньууга бодоруьуу

  1. Бэйэтин саастыылаахтарыгар оонньуу соруктарын туруортарыы
  2. Бэйэтин саастыылаахтарыгар оонньуу соруктарын туруоллубут соруктары себулэьэн оонньооьун эбэтэр аккаастаныы. Оонньуу дьайыытыгар субэлэьэн оонньооьун.
  3. Биир оонньууну уьуннук оонньооьун

О5о оонньууругар бэйэ-бэйэтин кытта алтыьан оонньуур ейдебулун уескэтии

  1. О5о бэйэтэ талан, оонньуу ис хоьоонун уларытан оонньуурун ситиьии
  2. оонньууга оруолу интэриэьинэйдик уларытан оонньооьун
  3. Бэйэ бэйэтин тэн саастыылаахтарын кытта быьаарсан оонньуулларын ситиьии

Сюжеттаан утуктэн  оонньууларга кыра cаастаах о5олор биирдиилээн оонньуур соруктары толороллор. Онтон бэйэ-бэйэтин кытары сибээстээх, хос-хос хатыланар, сананы эбии киллэрэр соруктары туруораллар. Сюжеттаан хатылаан оонньууга о5олор предметтээх ньыманнан туьаналлар.Онтон улаатан истэхтэрин ахсын, улам уустугурдан иьэллэр. Оонньуур оннугар атын предметинэн солбуйан,  суо5у онорон керен, тылынан солбуйан оонньуон сеп.

Куннээ5и оруоллаах оонньуулары оонньоторго иитээччи сурун оруолу ылар, салайан биэрэр, кэтээн керер. Маны таhынан проблемнай ситуациялары киллэрэн, оонньуу сюжетын уустугурдуу о5о ситимнээх сацата сайдарыгар, дьон икки  ардыгар септеех сыьыаннаьыыга, бодоруьа уерэниигэ   тиэрдэр.

Оруоллаах оонньуулар кыра белехтен ыаллаах оонньууттан, детсад улэьиттэрин идэлэрин билиьиннэрииттэн са5аланар. 2 кыра белеххе суоппар,бараас,асчыт,полицияэбиллэр. Орто белеххе «Ма5аьыын»,«Почта», «Балыыhа», «Парихмахерскай», «МЧС», «Зоопарк»,Дьоннорун улэлэрин билэр, оруоллаах оонньууларга сатаан оонньуур буолаллар. Улахан белеххе- «Библиотека», «Оскуола», «Тыа хаьаайыстыбатын идэлэрэ» «Транспорт улэьиттэрэ», «Музей», «банк»; Бэлэмнэнии белэ5ер  «Ателье», «Стадион-манеж»,» «Театр», «Цирк» оонньуулар эбиллэллэр.

Саца идэлэри билиhиннэрэргэ бэлэмнэнэр улэлэр «Агроном», «Лесник», «Егер», «Зоолог», «Биолог», «Садовод», «Эколог», «Ветеринар», «Лаборант».

Детсаппытыгар 2009 сыльан «Кыhыццы сад» тэрийэн улэлэтэбит Садпытын маннык эйгэлэргэ араарбыппыт: Уу эйгэтэ, ойуур эйгэтэ, кумах куйаар эйгэтэ, библиотека, чинчийэр муннук. О5о тереебут айыл5атын кыра сааhыттан таптыы, харыстыы, кере-билэ уерэнэрин наадатыгар тэрийбиппит.Манна бааллар: дьиэ5э уунэр сибэккилэр араастара, айыл5а5а уунэр уунээйилэр гербарийдара, муляжтар, саха сирин кыылларын туулэрэ, хартыыналара, кинигэлэр араастара, чинчийэр улэни ыытарга аналлаах тэриллэр. Чинчийэр улэ5э «Уу олох терде» уунээйигэ араас температуралаах (Итии, сылаас, тымныы) уу кутан кэтээн керуу. «Хаар айыл5а дьиктитэ» - хаар быhыытын, хаар уонна муус уулларын тэцнээн керуу. «Уунээйи эйгэтэ» - уунэйини ууннэрии дьиэ уунээйитин ууhатыы, (отростагынан уонна хортуосканнан) рассадалары олордуу, эриэппэ лугу олордон силиhин тар5аныытын кэтээн керуу, ыраастааhыы.

Тереппуттэри кытта улэбитигэр диогностиканы туhанныбыт. Онно кестерунэн тереппуттэрбит о5олорун кытта атаарар бириэмэлэрэ араас эбит: 1 чаас 11%, 2 чаас 34%, 3-4 чаас 33%, 5 чаастан уеhээ 22%. О5о дьиэтигэр кимниин оонньууруй? Со5отох 54,5%, Тереппуттэринээн 25,5%,  бииргэ тереебуттэринээн 2%, табаарыhынаан 18%. Туох идэлээххитин о5о5ут билэр дуо? 65% билэр, 35% суох. Чуолкай быhааран о5о кэпсиир кыахтаах 36%, суох 64%. Улэлиир тэрилтэ5итигэр сылдьыыта 73%, суох 27%. Бу маны ырытан керен баран, тереппут о5о5о бол5омтотун уурара, бодоруhан кэпсэтэрэ, наадатын бэлиэтээн баран, тереппуттэри кытта сибээстээхтик улэлииргэ биир санааны ылынныбыт.

Хас биирдии тереппут о5ото септеех сайдыылаах, билиилээх, сытыы хоту буоларын ба5арар. Ордук орто белехтен са5алаан о5о ейдеен, толкуйдаан бэйэ-бэйэлэрин кытта септеехтук сыhыаннаhан оонньуур кэмнэрэ са5аланар. Онон тереппуттэр о5олоругар араас сайыннарар оонньуурдары атыылаhан бэлэхтииллэр. Бу оонньуурдары о5о уксун со5ото5ун оонньуур буолан, кими да кытта кэпсэппэккэ оонньуон сеп. Маннык оонньуурдар о5о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыахтара эрээри, ситимнээх санарар санатын,  кэпсэтэр дьо5урун, бодоруьа, септеехтук о5олору, дьону  кытта сыыаннаьыыны биллэрбэккэ хаалара, сайыннарбата кестер. Ол иhин о5олорбут сайдалларыгар, оруоллаах оонньуу оруолун быhааран, тереппуттэрбитигэр «Оонньуу уонна оонньуулар», «Оруоллаах оонньууну дьиэ усулуобуйатыгар тэрийии», «О5о сайдыытыгар оонньуу оруола» диэн бэсиэдэлэри ыытабыт. Онтон о5о о5ону кытта бодоруhан, кэпсэтэн, быhаарсан оонньууругар ордук сайдарын кереннер, оруоллаах оонньуу суолтатын ейдеебуттэрэ. «О5олорбут о5о саастарыгар учугэйдик оонньоотуннар » диэн санааннан салайтаран группабыт иhигэр о5олорбут оонньуурдарыгар улахан бол5омтобутун уурдубут. Оонньуур оноьуутугар керуу-курэхтэри тэрийэн ыыппыпыт: «Остуол оонньуулары», «араас матырыйаалтан оонньуурдар», Дьиэ кэргэн оскуолатыгар былаанынан тереппуттэрбит кэлэн о5олору уорэтэллэр, дьарыктаналлар: «а5аларбыт уерэтэллэр», «Мин ийэм сатабыллаах», «Эбээлэрбит ыалдьыттыыллар». Маны таhынан оруоллаах оонньууларга араас идэни билэн оонньуулларын наадатыгар «Мин ийэм, а5ам улэлэрэ ». фотовыставкалары, идэлэрин туhунан о5олорго киирэн кэпсииргэ анаан схемалары бэлэмнээн, бэсиэдэ онорбуттара, улэлэрин тэриллэрин курдук оонньуур атрибуттары онорон бэлэмнээбиттэрэ. Тереппуттэрин идэлэрин билэллэрин наадатыгар «Мин дьонум улэлиир тэрилтэлэрэ» диэн экскурсияларга сылдьабыт.

Тумук

Оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5о идэлэр тустарынан септеехтук билэн, майгыннаhар уратылаhар еруттэрин булан, ойуулаан кэпсииртэн ханнык идэ буоларын билэн, хартыына, слайда, фотомантаж кеметунэн кэпсээн, идэлэр араастарын билэн, тугунан, хайдах улэлииллэрин быhааран, билэн оруоллаах оонньууга сюжеттаан киллэрэн, о5олору кытта сатаан оонньуур  дьо5ура сайдыбыт буолуохтаах.

Тереппуттэри кытта ыкса ситимнээхтик улэлээн, детсад иитэр уерэтэр программатыгар оло5уран уерэтэр темалара сибээстээх, ньымалара бэйэ – бэйэтигэр сеп тубэhэр буолла5ына, о5о дьо5ура сайдар усулуобуйата тэриллэн, оруоллаах оонньууга септеехтук киирдэ5инэ бу улэбит тумуктээх буолуо.

Туьаныллыбыт литература

1.Программа воспитания и обучения в детском саду «От рождения до школы»  Москва 2012г

2.Национальнай о5о тэрилтэтин базовай программата «Тосхол» Дь.2009с

3.Комплексное руководство сюжетно-ролевыми играми в детском саду Н.Ф.Комарова М.2012г

4.Игровая среда в домашних условиях Н.В.Микляева,Е.А.Решетило, О.Г. Лопатина  М.2011г.

5.Предметно-развивающая среда детского сада в констексте ФГТ М.2011г.

6.О5о бодоруьа уерэниитэ  Дь.

7.Журналы «Дошкольное воспитание» 2009-10-11 г.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Олонхо баайын туьаныы, о5о5о тиэрдии.

Норуот тылынан уус-уран айымнньыларыттан бары еттунэн баай ис хоьоонунан, уус-уран ойуулааьынынан, толоруллуутунан, кээмэйинэн уратылаахтара, саха норуотун киэн туттуута – олонхо. ...

Обугэ оонньуулара

Развлечение...

Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара

О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...

Кыра о5о5о санарар сананы сайыннарарга театр комото.

О5о тарба5ын быччынын, санарар санатын сайыннарарга театр араас корунун туьаныы....

Кыыллар тустарынан таабырыннар

Электронное пособие...

Оруоллаах оонньуу. "Космоска кетуу"

Оруоллаах оонньуу о5ону бары еттунэн сайыннарар....