Ебугэ ейу уьугуннарар оонньуулара. Презентация
презентация по окружающему миру

Попова Наталья Владимировна

Электронное пособие

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл nastolnye_igry.pptx1.57 МБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

Обугэ ойу уьугуннарар оонньуулара

Слайд 2

Сыала : обугэ айбыт остуол оонньууларын нонуо о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы

Слайд 3

Соруктар : о 5о этэ - сиинэ , ойо сайдар уратытын учуоттаан обугэ оонньууларын билиьиннэрии о онньуу быраабылатын кордорон , тутуьуннаран оонньотуу х ас биирдии дьиэ кэргэннэ интэриэьи тардыы

Слайд 4

Обугэ айбыт остуол оонньуулара Сыала : о5о бигээн , имэрийэн , тутан – хабан , тэннээн , холоон , сааьылаан наардыыр дьо5урун сайыннарыы

Слайд 5

Хабылык Хабылык XVI уйэ5э ебугэлэрбит киэЬээ аайы алаастарынан бэйэ – бэйэлэрин ынырсан оонньууллара . Хабылык хабарга уксугэр икки буолан , ардыгар элбэх буолан ооньууллар . Хабааччы хабылыгы барытын биир ыты Ь ыгар саа Ь ылаан мунньар уонна сэрэнэн у оЬ ээ о ро быра5ар, хабылык остуолга ту Ь уон иннинэ илиитин кохсун то Ь уйан биэрэр . Илии кохсугэр хас хабылык баарынан эмиэ уо Ь ээ быра5ан баран, ту Ь уутугэр ыты Ь ынан хабан ылар . Хаппыт хабылыгын остуолга иккилии быра5ар, паарата суох хабылыгы ылар . Элбэх хабылыктаах ки Ь и кыайар .

Слайд 6

Хаамыска Хаамыска XVII уйэ5э нууччалар а5албыттар. Ерус кыра таастарынан оонньууллар эбит . Ол иЬин “ камушки ” диэн ааттан тахсыбыт . Хаамысканы биир отто 1,5 см кубик мастан оно Ь уллар . Ахсаана 5 буолуохтаах . Оонньууга 4-5 ки Ь и кыттыан соп . Биир хаамыска кэрдиистээх , ол ба Ь ылык буолар . Ыытааччы хаамысканы уо Ь ээ быра5ар. Оонньооччу дьон хабан ылыахтаахтар . Кимиэхэ ба Ь ылык тубэспит ол са5алыыр. Бастакы оонньооччу биэс х аамысканы уна илиитигэр ы лан б иирин уо Ь э, туордун остуолга ы Ь а быра5аат, уо Ь э бырахпыт хаамыскатын хабар. Онтон биир хаамысканы уо Ь ээ быра5ар, атыттары хамсаппакка эрэ остуолтан биири ылаат уо Ь э бырахпытын хабар. Хаалбыттарын биирдиилээн остуолтан хомуйар , бырахпыт хаамыскатын олорго холбуу уна ыты Ь ыгар хабан иьэр . Итинник биир хаамысканы уо Ь э быра5а - быра5а, атыттары ы Ь а быра5аат – икки Ь игэр остуолтан иккини биирдэ , усу Ь угэр – бастаан биири , онтон у Ь у биирдэ , торду Ь угэр – туорду бииргэ холбуу хабар, бэси Ь игэр - биирдии хаамысканы остуолга субуруччу уурар . Онтон барыларын биирдэ сотон ылар . Ити курдук бара турар .

Слайд 7

Туос ынахтар Обугэлэрбит туостан о5олоругар ынахтары онороллоро . Ол туос ынахтарынан маннык оонньууллара . Бу оонньууга икки киьи онньуур . Биирдии киьиэхэ биирдии туос ынахтаахтар . Ынахтарын аатын этэллэр . Остуолга тардыллыбыт сураа Ь ынна утарыта туруораллар . Хамаанда бэрилиннэ5инэ ынахтарын урэллэр . Сураа Ь ынтан та Ь аарбыт ки Ь и ына5а кыайар . Бу оонньууга ким у Ь ун тыыннаах кыайар . Бу оонньуу о5о доруобуйатыгар тыната сайдарыгар кемелеЬере . ыаллаах оонньуулларыгар кэтэх хаЬаайыстыбаларыгар суеЬу оностоллоро ; кыра о5олор быалаан баран соЬо оонньууллара ;

Слайд 8

О5устар харсыьыылара Бу онньууга икки о5о оонньуур . Талахтан оно Ь уллубут о5устарын ааттыыллар уонна курэххэ киллэрэллэр . Муоста5а тардыллыбыт сураа Ь ынна а5алан утарыта туруораллар . Хамаанда бэрилиннэ5инэ харсы Ь ыннараллар . Муоста5а тардыллыбыт линияны а Ь арбыт о5ус кыайыылаах буолар . Бу ооннууга ким куустээх илиилээх , тулуурдаах кыайар .

Слайд 9

Тырыынка Тырыынка мас ахсаана 30-40 буолуон соп . Бу оонньууга хас да буолан оонньуохха соп . Бастакы оонньооччу тырыынканы барытын уна илиитигэр хам тутар . Уо Ь эттэн остуолга быра5ар. Бастаан мэ Ь эйэ суох сытар тырыынкалары хомуйар . Онтон мэ Ь эйдэри биир атын тырыынка комотунэн туоратар , хамсаппакка ыла сатыахтаах . Ким элбэх тырыынканы ылбыт ки Ь и кыайар .

Слайд 10

Бэрбээкэй оонньуур “ Бэрбээкэйи ” ебугэлэрбит суеЬу туйа5ын унуо5ун илдьи буЬаран ылаллара . Ону мээнэ суеЬу киэнин ылбаттар . Мааны , ууттээх , сымна5ас ынахтарын кэриэстээн ыланнар о5олоругар оонньотор эбиттэр . “ Бэрбээкэйи ” о5олор оонньуулларыгар “ дьоннору ” оностоллор . Уол , кыыс оонньуура диэн арахсыбаттар , бары бииргэ оонньууллар . Онтукаларын чохунан сирэйдээн , харахтаан , муннулаан , айахтаан уруЬуйдууллар эбит . Кэлин “ бэрбээкэйдэригэр ” туостан биЬик онорон , онтукаларын туулээх сыыЬыттан танастаан , танас сыы Ь ыгар суулаан ыаллаах буола оонньууллара .

Слайд 11

ТыаЬатар оонньуур Кыра о5олоругар бэрбээкэй унуохтарыттан быа5а тиЬэн тыаЬатар оонньуурдары онороллоро .

Слайд 12

Сыахай ( тряпичная кукла ) Кэлин “ Сыахай ” куукула хас биирдии о5олоох ыалга баар буолбута . То5о эрэ бу сыахай барыта биир оноЬуулаах буолбат этэ . Сыахайы онорорго хас биирдии ыал тус-туЬунан улахан дьон онороллоро . Сыахай араас быЬыылаах – таЬаалаах , образтардаах уонна о5о традиционнай оонньуута буолбута . Ол эбэтэр сыахайдарын а5а, ийэ , о5о диэн араартаан дьоннорун куннээ5и олохторун утуктэн , кинилэр образтарыгар киирэн , дьиэ кэргэн оло5ун, “ ийэ – а5а” оруолун инники олохторугар бэлэмнээх буола улааталлара .

Слайд 13

Тыксаан Тыксаан оонньууга тала5ы ортотунан анардаан , уьуна 2см гына о ноьуллубут фишкалар наадалар . Биир фишка бэлиэлээх буолар . Фишкалары остуолга быра5абыт. Биир бэлиэлээх фишканан атын фишкалары тарбахпытынан тыгабыт . Хаьан сыыьыаххар диэри таба - таба бара тура5ын. Ким элбэх фишкалаах кыайар . Сыыьа таппыт киьи уочараттан туораан иьэр .

Слайд 14

Сыалы табыы Бу оонньууга икки киьи утарыта корсоллор . Быа5а баайыллыбыт сиэл токунук мээчиги ынах муоьугар киллэриэхтээхтэр . Мээчиги ким тургэнник киллэрбит киьи кыайар .

Слайд 15

Быаны эрийии Бу оонньууга икки киьи утарыта тураллар . Икки оттугэр мастаах быалаахтар . Хамаанда бэрилиннэ5инэ быаларын мастарыгар эрийэллэр . Ким тургэнник ортотугар баар мээрэйи ааспыт киьи кыайар .


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии

Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-ке...

Обугэ оонньуулара

Развлечение...

Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара

О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...

О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарар математическай логикалаах оонньуулар

Ученай, педагог, Саха Республикатын оскуолатын утуолээх учуутала П. И. Шадрин «Основные проблемы начального образования в Якутской АССР» диэн научнай популярнай улэтигэр: «…бэ...

Логическай оонньуулар

ull;         Логика — толкуйдатар, бэйэтэ түмүк оҥорор, суоттуур, тэҥниир, быһаарар дьоҕурдарын сайыннарар оонньуулар....

Ебугэ оонньуутун туьулгэтэ

Иитээччигэ, тереппуккэ, алын кылаас учууталыгар,уерэх улэьитигэр аналлаах кеме босуобуйа...

Ебугэ оонньуутун туьулгэтэ

Иитээччигэ, тереппуккэ, алын кылаас учууталыгар, уерэх улэьитигэр аналлаах кеме босуобуйа...