Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар
картотека по развитию речи на тему
Дидактические игры для развития речи
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tyly_sayynnaryyga_didakticheskay_oonnuular.docx | 18.95 КБ |
Предварительный просмотр:
Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар
Дидактическай оонньуу: “Тыыннаах дорҕооннор”
Маҥнайгы оонньуу:” Ханнык дорҕоон ыалдьыттыы кэллэ?”
Сыала: Оҕону кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору/дифтоннары/ чуолкайдык саҥарарга, арааран истэргэ үөрэтии
Оонньуу ис хоһооно
Оҕолоор, көрүҥ эрэ, биһиэхэ кимнээх ыалдьыттыы кэллилэр? Оҕолор түөстэригэр эбэтэр төбөлөрүгэр кылгас аһаҕас дорҕооннору/а,ы,о,у,э, и,ө,ү / көрдөрөр буукуба бэлиэлэрин кэтэн киирэллэр, атыттар дорҕооннору/”ыалдьыттары”/ чуолкайдык ааттыыллар. Онтон уһун аһаҕас дорҕооннору көрдөрөр бэлиэлээх оҕолор киирэн , кылгас аһаҕас дорҕооннору кытта кэккэлэһэ тураллар. Дорҕооннору тэҥнии тутан ааттатар ордук. Чуолкайдык таба ааттаабыт оҕо фишка ылан иһэр. Иитээччи дорҕоон ахсаанын бэйэтэ көрөн, маҥнай түөрдү эрэ ылан баран, сыыйа элбэтиэн сөп/6,8/. Дифтоннары эмиэ ити курдук киллэриллэр.
Иккис оонньуу:” Ханнык дорҕоон миэстэтэ уларыйда?”
Сыала: Оҕо дорҕооннору арааран истэр үөрүйэҕин, болҕомтотун сайыннарыы.
Оонньуу ис хоһооно
Иитээччи араас дорҕоон бэлиэлэрдээх оҕолору кэккэлэччи туруорар. /Холобур:а,ы,о,у,э,и./ Ким ханнык дорҕоон буоларын ааттыыр, оҕолорунан бэйэлэринэн хатылаттарар. Атыттар дорҕоон турар миэстэтин болҕойон көрөн, бэрээдэгинэн өйдөөн хаалыахтаахтар. Иитээччи оҕолор харахтарын быһа симмиттэрин кэннэ, икки дорҕоону миэстэлэрин атастаһыннарар.Оҕолор харахтарын аһан, болҕойон көрөн, ханнык дорҕооннор миэстэлэрэ уларыйбытын таайыахтаахтар. Оонньууну уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтоннары арааран истэргэ эмиэ ыытыллар.Оонньууга маҥнай оҕо үчүгэйдик билэр дорҕооннорун ылыллар, кэлин дорҕооннору ахсаан өртүнэн сыыйа элбэтиэххэ сөп.
Үһүс оонньуу:” Ханнык дорҕоон сүттэ?”
Сыала: Дорҕоону арааран истэр үөрүйэхтэрин, болҕомтону сайыннарыы.
Оонньуу ис хоһооно
Иитээччи араас дорҕоон бэлиэлэрдээх оҕолору кэккэлэччи туруорар/а,ы,о,у,э,и,ө,ү/. Ким ханнык дорҕоон буоларын чуолкайдык быһаарар, ааттыыр, оҕолорунан бэйэлэринэн хатылаттарар. Атыттарга ханнык дорҕооннор баалларын үчүгэйдик болҕойон көрөллөрүн санатар. Оҕолору харахтарын быһа симнэрэн баран биир дорҕоон-оҕону оҕолор диэки көхсүнэн туруорар. Онтон оҕолору харахтарын астаран ханнык дорҕоон сүппүтүн/суох буолбутун/ ыйытар. Оонньуу хаста да хатыланар. Бу курдук уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтоннары арааран истэргэ эмиэ ыытыллар.
Төрдүс оонньуу:”Ким түргэнник миэстэтин булуой?”
Сыала: Дорҕооннору арааран истэр үөрүйэхтэрин, болҕомтону салгыы сайыннарыы, дорҕооннор тылга турар бэрээдэктэрин чиҥэтии.
Оонньуу ис хоһооно
Иитээччи 2 /3,4,5/ оҕону ыҥыран таһаарар. Оҕолор” тыыннаах” тыл буолаллар. Иитээччи маҥнай тылы бэйэтэ чуолкайдык ааттыыр уонна тыл дорҕооннорун турар бэрээдэктэринэн оҕолору анаталаан кэккэлэччи туруорар /оҕо баҕатынан эмиэ буолуон сөп/. Холобур, АТ диэн тылга бастакы оҕо -“А”, иккис- “Т” дорҕоон буолаллар. Оҕолорунан дорҕооннору тылга турар бэрээдэктэринэн хатылаттарар. Атыттар ким ханнык дорҕоон буолбутун болҕойон көрүөхтээхтэр. Иитээччи биирдэ ытыһын таһыннаҕына, дорҕоон-оҕолор үрүө-тараа сырсан хаалаллар, иккиһин таһыннаҕына, миэстэлэрин түргэнник була охсоллор. Болҕойон көрөн турбут оҕолор дорҕооннорунан төһө сөпкө турбуттарын бэрибиэркэлииллэр уонна тылы ааттыыллар. Ити курдук сыыйа 3, 4,5 дорҕоонноох тыллар киирэллэр. Оонньууну хаста да хатылаан ыытыахха сөп.
Бэһис оонньуу:”Ким түргэнник хомуйуой?”
Сыала: Оҕо дорҕооннору арааран истэр үөрүйэхтэрин,болҕомтотун сайыннарыы, дорҕооннор тылга турар бэрээдэктэрин чиҥэтии.
Оонньуу ис хоһооно
Иитээччи 3/4,5/оҕону/тыл дорҕоонун ахсааныттан тутулуктаах/ ыҥыран таһаарар.Оҕолор” тыыннаах” дорҕоон буолаллар. Иитээччи биир тылы ааттыыр уонна тыл дорҕооннорун турар бэрээдэктэринэн оҕолору анаталаан кэккэлэччи туруорар. Холобур, МАС- диэн тылга бастакы оҕо-М, иккис-А, үһүс-С дорҕоон буолаллар. Оҕолор дорҕооннорун тылга турар бэрээдэгинэн таска хатылыыллар. Атыттар ким хайа дорҕоон буолбутун болҕойон көрөн, өйдөөн хаалыахтаахтар. Салгыы иитээччи ытыһын биирдэ таһыннаҕына, оҕо-дорҕооннор ыһыллан, онтон иккиһин таһыннаҕына, ханнык тиийбит сирдэригэр тохтоон хаалыахтаахтар. Иитээччи биир оҕонон дорҕооннору тылга турар бэрээдэктэринэн ааттата-ааттата хомуйтарар уонна тахсыбыт тылы эмиэ чуолкайдык ааттатар. Оонньуу хаста да хатыланар.
Оонньууну кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору дорҕооннору арааран истэргэ, билэргэ эмиэ ыытыахха сөп. Иитээччи 4/6,8/оҕону ыҥыран таһааран икки оҕону кылгас аһаҕас дорҕоон- А,Ы; хаалбыт икки о5ону уһун аһаҕас дорҕоон –АА,ЫЫ оҥортоон араартаран хомуйтарар. Уустугурдан оҕотун ахсаанын элбэтэн бэриллэр. Ити курдук бу оонньуу дифтоннары арааран истэргэ, икки дорҕоонтон холботторорго олус табыгастаах.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Төрөөбүт ийэ тылы иҥэриигэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ илгэлээх, күүстээх дьайыыны оҥор...
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Олоҥхоҕо этии силигэ сиппитэ көстөр...Оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллан киһи олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-х...
Ийэ тылы сайыннарыыга Суорун Омоллоон “Чычып-чаап” айымньытынан оҕону кытта тэрээһин
Оҕо уус-уран айымньыны сэргээһинэ, кинигэҕэ сыстыыта...
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга кэрчик субэлэр
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга араас ньымалар бааллар. Бу ньымалары сепке туьаныы, о5о санатын сайыннарыыга олус кедьуустээхтэр....
"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар
Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр....
Оҕо этин-сиинин сайыннарыыга дидактический матырыйаал «Дьэрэкээн парашут».
quot;Дьэрэкээн парашууттаах хамсаныылаах оонньуулар"(орто уонна улахан бөлөх оҕолоругар) Дидактическай материал характеристиката: Парашуут араас өҥнөөх бөҕө материалтан тигиллэр холобура та...
Тылы сайыннарыы, грамота, физкультура дьарыктаныыларыгар туттуллар «Тургутуу хонуута»-диэн дидактическай оонньуу.
Тыл оонньуутун анал дьайымалга, улахан киһи оҕону кытта бииргэ дьайымалыгар ситимнээн күннэтэ тутуннахха оҕо билиитэ хаҥыыр, эт-хаан өттүнэн сайдар, тылын саппааһа байар....