технологическая карта "Волшебный космос"
план-конспект занятия по окружающему миру (старшая группа)

технологическая карта "Волшебный космос

Скачать:


Предварительный просмотр:

МБОУ «Быраминская ООШ им Е.П.Шестакова-Эрчимэн»

Технологическая карта

«Волшебный космос»

(Улахан белех)

бэлэмнээтэ: Яковлева Ньургуйаана Витальевна- иитээччи

2021 сыл

Технологическая карта непосредственно-образовательной деятельности.


Тема: «Волшебный космос»
Возрастная группа: подготовительная группа
Интеграция образовательных  областей: «Познавательное развитие», «Художественно-эстетическое развитие»
Раздел: «Ознакомление с окружающим миром»
Цель: систематизировать и расширить представление детей о том, что такое космос; способствовать закреплению полученных знаний, расширить кругозор детей; развивать память, внимание, стремление узнать новое. Воспитывать уважение к людям, которые раскрывают загадки  Вселенной, к профессии космонавта.
Материал и оборудование: презентация, картон, пластилин.

Этапы
деятельности

Действия воспитателя

Действия детей

Мотивационно-
побудительный

 Космические горки модельын кердереммун, о5олор интириэстэрин тардабын.

- О5олоор, космос туьунан билиэххитин ба5ара5ыт дуо?

Организационно-
поисковый

         Ым – ым- ым, космоска кетуехпун ба5ардым.

Үт – үт – үт, ракетаннан кетуехпут.

Йэ – йэ – йэ, кетуехпут сулуска тиийэ.

Эр – эр – эр, онтон теннуехпут дьиэбитигэр.

-Оҕолоор, мин эьиэхэ билигин биир таабырын таайтарыам: 
- харана халлаанна алмаастар ыьылла сыталлар уьу...
- маладьыастар, саамай сеп эппиэтэ сулус.

 
-киэьэ харана буолла5ына халлаанна кулумнуу ооньуур сулустары керебут дии. Сулустар халлаанна хайдах сылдьалларын интэриэьинэй дуо?
 -биьи бугун космоска кетуехпут. Космоска кетуеххутун ба5ара5ыт дуо? Космоска кимнээх кетеллеруй? Онтон космонавтар космоска тугунан кетеллере буолуой? - космонавт хайдах буолуохтаа5ый?

-  космонавт тугу таннара буолуой?

Экранна космонавт, ракета хаартыската кестер.


– сеп, маладьыастар о5олор, биьиги ракетанан кетебут, сотору космоска кетухпут.

       Билигин биьи кыратык ооньуохпут.


Дидактическая игра «Подбери одежду для космонавта»
-оҕолор биьиги космоска кетербутугэр анал танстаах буолуохтаахпыт.Билигин мин эьиэхэ танастары кердеруем онтон эьиги космонавт кэтэр танастарын талыахтааххыт.


Слайд.
 (Шлем, скафандр, атах танаьа,    ).
-Дьэ, билигин биьиги космонавт танаьын буллубут уонна кетерге бэлэммит.

Физминутка:
Илиибитинэн - Хлоп-хлоп-хлоп,
Атахпытынан - Топ-топ-топ,
Илиилэрбитин кетехтубут,
Уонна туьэрдибит.
Ракетабытыгар олоруохха, моторбутун улэлэтиэххэ…уонна кетуеххэ.

Экранна сулустаах халлаан кестер.

-оҕолор, керун эрэ, биьиги космоска кэллибит. Тугу кереҕутуй оҕолор, элбэх бытархай сулустары керебут дии, сулустар диэн улахан умайа сылдьар куннэ майгынныыр шардар буолаллар эбит.кинилэр ыраахх сылдьар буоланнар кыра курдук кестеллер.
Слайд. Кун
 керун эрэ оҕолор, кун теье улаханын, онтон сулустар киниэхэ тэннээтэххэ кып кыра буолан кестеллер

Слайд.
- оҕолор, ейдеен кердугут дуо кун тула араас шаардар баалларын? Ити планеталар. Хатылаан эрэ “Планета” Кун тула 9 планета эргийэ сылдьар. Истсн эрэ ким диэн ааттаахтарын: Меркурий, Венера, Земля, Марс, Юпитер, Сатурн, Уран, Нептун. Дьинэ урут биьиги 9 планеталаах этибит ол планетабыт аата Плутон диэн этэ, кини наьаа кыра буолан планета аатыттан сотуллубута.
 

-чэ, эрэ керуеххэйин эрэ хас биирдии планета атын атын араас еннеехтер, дьиктилэр эбит.

- биьиги планетабыт атын планеталартан  туох атыннаа5ый?
- то5о биьиги планетабытын халлаан күөх диэн ааттыылларый?
- Олус сөп, биьиги планетабытыгар наһаа элбэх уулаах, уеьээттэн космостан кердеххунэ океаннар, муоралар, ерустэр кестуллэр, ол иһин халлаан күөх буолан кестер.
- Атын планеталарга биьиги олоруохпутун сеп дуо?Туох дии саныыгыт?
- Суох. Атын планеталарга биьиги сатаан олорбоппут, атын планеталарга салгын суох.
- Ол эрээри атын планеталарга тыыннаах харамайдар олороллор диэн кэпсииллэр дии- кимнээхтэрэ буолуой?
- Ол харамайдар биьигиттэн туох уратылаахтаара буолуой? Ырытан керуеххэ.

 - Аны билигин кыратык оонньуохха, барбыт темабтыттан тугу ейдеебуккутун хатылыахха.

1. Биьиги планетабыт ким диэний? Кини хаьыс турар диэбиппитий?

2. Саамай кыьыл планета?

3. Саамай бастакы, куннэ чугас турар планета?

4. Таьыгар тегурук бэьилэхтээх планета?
- Чэ бэрт, бириэмэбитин наьаа учугэйдик атаардыбыт, дьиэбитигэр-сирбитигэр теннуеххэ.

Оҕолор иитээчи санатын утуктэллэр, хатылыыллар.

Оҕолор таабырын таайаллар. 

 

          Боппуруоска хоруйдууллар. 

        - космонавтар

-ракетанан

-доруобай, куустээх, улэьит, тулуурдаах

   -скафандр

 

 

 

Оҕолор септеех танастары таайаллар.

 

Физминутканы толороллор 

 

 

Боппуруоска хоруйдууллар.

 

-Планета.

 

Планеталары кереллер.
 

О5олор эппиэттэрэ.
-дьуьуннэрэ.

 

 

О5олор эппиэттэрэ. 
-Пришельестар, инопланетяниннар.

О5олор эппиэттэрэ.

 

Рефлексивно-
корригирующий

- Чэ дьиэбитигэр кэллибит. Теье астынныгытый? Космос диэни себулээтигит дуо? Ким ханнык планетаны себулуу керде?

- Чэ аны билигин биьиги себулээбит планеталарбытын пластелинынан онороммут космоспытыгар иилиэхпит.

 Эмоциональнай турук туһунан этиллэр.

О5олор пластелины ыланнар себулээбит планеталарын онороллор.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Технологическая карта проекта «Юные почемучки осваивают космические пространства» «Что мы знаем о космосе»

Государственное бюджетное дошкольное образовательноеУчреждение    детский сад №  14Приморского района    Санкт-Петербурга...

Технологическая карта педагогического проекта "Удивительный мир космоса"

Люди разучились удивляться и радоваться простым вещам: снежинке, первой весенней травинке, бабочке, пархающей с цветка на цветок, звездам, созвездиям и даже целым галактикам....

технологическая карта "Космос"

Технологическая карта непосредственно-образовательной деятельности.Информационно – коммуникационная технология...

Технологическая карта образовательного процесса на одну неделю по теме "Космос"

Технологическая карта образовательного процесса на одну неделю с учётом интеграции образовательных областей....

Технологическая карта ОС. Познавательно-исследовательская деятельность в младшей группе «Космос». Воспитатель Моисеенко Наталья Николаевна

Цель: создать условия для формирования первичных  представлений детей с понятием космос в игровой форме, познакомить в планетой земля, солнцем  в космос летают ракеты с космонавтами.Задачи: ...