"Бииргэ оонньуохха" оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олорго региональнай компоненна оло5уран дидактическай оонньуулар
учебно-методическое пособие

Ааптарскай остуол оонньуулара о5олору тереебут дойдуларын таптыырга, убаастыырга, киэн туттарга иитэллэр - уерэтэллэр. Саха норуотун утуе угэстэрин, олохторун - дьаhахтарын кытта билиhиннэрэллэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл biirge_oonnuohha_metod_posobie_-_kopiya.docx25.63 КБ

Предварительный просмотр:

«Бииргэ оонньуохха»

(оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго региональнай компонеҥҥа олоҕуран дидактическай оонньуулар)

Васильева Наталия Борисовна Таатта улууһун Ытык - Күɵл «Туйаара» уһуйаанын үрдүк категориялаах иитээччитэ

  Аныгы олоххо интернет, телевизор, коммуникационнай технология балысханнык сайдыбыт кэмигэр тɵрɵппүт, иитээччи оҕону иитэригэр - үɵрэтэригэр кэккэ ыарахаттары кɵрсɵр. Ол эрэн, ханнык баҕарар норуот бэйэтин омугун тус уратытын, үтүɵ үгэстэрин илдьэ сылдьар буоллаҕына, кини ɵлɵн – быстан биэрбэт, инникигэ эрэллээх буолар. Саха омуга атын омук быыһыгар сүппэтин туһугар, бэйэтин культуратын ɵрɵ тутан, үтүɵ үгэһи, сиэри – туому иитэр - үɵрэтэр эйгэҕэ тирэх оҥостуу аныгы олох ирдэбилэ буолла. Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн тɵрɵɵбүт дойдутун таптыы, убаастыы, киэн тутта иитилиннэҕинэ, норуотун тылын - ɵһүн барҕа баайын, үтүɵ үгэстэрин этигэр – хааныгар иҥэриннэҕинэ эрэ саха омук быһыытынан чэчирии сайдыаҕа.

  Уһуйаан үлэтин сүрүн уратытынан «оҕо оонньуу таарыйа билэн хаалыахтаах» диэн хайысханы тутуһуу буолар, онно тирэҕирэн ааптарскай остуол оонньууларын айан оҥордум, 5 саастарыттан алын кылаас оҕолоругар тиийэ оонньууллар. Бу оонньууларга оҕо төрөөбүт норуотун үгэстэрин, сиэрин – туомун, итэҕэлин, таабырыннарын, хоһооннорун тустарынан өйдөбүлү ылар, төрөөбүт норуотун культуратын таба көрөргө үөрэнэр, айылҕатыгар сүдү тапталы иҥэринэр. Оҕо ѳйүгэр тутар, толкуйдуур  дьоҕура, саҥарар саҥата сайдар, тылын саппааһа эбиллэр, болҕомтолоох, тулуурдаах буолар.

  Босуобуйа тɵрɵппүттэргэ, оҕо уһуйаанын үлэһиттэригэр ананан оҥоһулунна.

Оонньуу аата, сыала - соруга

Оонньуу ис хоһооно

1. «Мин дойдум – Саха сирэ» лотуо.

Оҕолорго саха норуотун үгэһин, сиэрин – туомун, итэҕэлин, таабырыннарын, хоһооннорун тустарынан өйдөбүлү биэрии, төрөөбүт норуотун культуратын таба көрөргө үөрэтии, айылҕаҕа тапталы иҥэрии. Оҕо ѳйүгэр тутар, толкуйдуур  дьоҕурун, саҥарар саҥатын сайыннарыы, тылын саппааһын байытыы, болҕомтолоох, тулуурдаах буоларга иитии.

1. Оонньооччу ахсаана 2 – 5 киһи буолуон сѳп. Лотуобут барыта 10 хонууттан уонна 60 кыра карточкалартан турар. Хонуу 6 хаартыскалардаах харахтаах. Кыра карточка аайы кэннигэр  таабырыннар эбэтэр хоһооннор суруллубуттар, иннигэр таайыытын хаартыската баар.

2. Оонньуу ыытааччытын талабыт (кыра саастаах оҕолору улахан киһи оонньотор).  Ыытааччы оонньооччуларга хонуулары түҥэтэр уонна кыра карточкалары таһааран оонньотор. Ыытааччы карточка кэннигэр суруллубут таабырыны эбэтэр хоһоону ааҕар. Хонуутугар эппиэтэ баар оонньооччу сатаан таайбатаҕына, атын оҕо эппиэттиэн сѳп уонна карточканы бэйэтигэр ылар.

3. Хонуутун элбэх хараҕа туолбут уонна атын оонньооччулар оннуларыгар сѳптѳѳх эппиэти биэрэн эбии карточка ылбыт оҕо кыайыылаах буолар. Аныгыскы оонньууну оонньотор бырааптанар.

2. «Олбох» 

Сахалар олбоҕу ыһыахха тутталларын, олбоххо олороллорун билиһиннэрии,  тобуллаҕас толкуйдарын, болҕомтолорун сайыннарыы, геометрическай фигуралары, ɵҥнɵрү хатылааһын.

Оҕолор карточкаҕа ойууламмыт олбохтору үтүктэн араас ɵҥнɵɵх мас геометрическай фигуралартан «олбох» оҥороллор.

3. «Сахалыы домино»

Оҕо мындыр толкуйун, тэҥнээн – кэтээн кɵрɵр дьоҕурун , тылын саппааһын, ситимнээх саҥатын сайыннарыы.

Домино 28 устуука саха иһитэ – хомуоһа, оонньуурдара, о.д.а ойууламмыт пластиналартан турар. Оонньууга 2 – 5 оҕо кыттар. 2 оонньооччуга 7-лии пластина бэриллэр, онтон элбэх буоллахтарына 5-тии пластина, хаалбыта «Маҕаһыын» буолар. Бастакынан кимиэхэ тэҥ ойуулаах пластиналаах оҕо хаамар. Бастакы пластинаны ортоку уураллар уонна уочаратынан хайа баҕар ɵттүгэр сɵп түбэһэр ойуулары уурталыыллар. Оҕо түспүт пластинатыгар туох ойууламмытын, туохха туттулларын кэпсиир. Ойуута суох оҕо «Маҕаһыынтан» сɵптɵɵх ойуу кэлиэр диэри ылар. Ким пластината эрдэ бүппүт – ол кыайыылаах буолар.

4. «Мин тɵрɵɵбүт кыраайым»

Айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны, тапталы иҥэрии. Оҕо ѳйүгэр тутар, толкуйдуур  дьоҕурун, саҥарар саҥатын сайыннарыы, тылын саппааһын байытыы, болҕомтолоох, тулуурдаах буоларга иитии.

Бу оонньууга 2 – 4 оҕо тэҥинэн оонньуон сɵп. Оонньуу хонуутугар саха сирин айылҕата, кыыллара, үɵннэрэ - кɵйүүрдэрэ ойууламмыттар. Оҕолор уочаратынан  кубигы быраҕа, быраҕа кимиэхэ хас харах түбэспитинэн фишкаларын хаамтараллар. Фишка кыһыл тɵгүрүккэ кэллэҕинэ «утуйар», от күɵххэ ɵссɵ биирдэ кубигы быраҕан хаамар, саһархайга стрелка устун иннин диэки сыҕарыйар, халлаан күɵххэ стрелка устун кэннин диэки сыҕарыйар. Оонньуу кэмигэр иитээччи оҕолорго сорудахтары биэрэр. Холобура, фишка ханнык кыыл аттыгар түстэҕинэ, кини туһунан хоһоон, таабырын таайтарыан сɵп.

5. «Саха иһитэ – хомуоһа»

Оҕолор саха иһиттэрин ааттарын, аналларын, туохтан оҥоһуллубуттарын билиилэрин чиҥэтии. тылларын саппааһын, ситимнээх саҥаларын сайыннарыы.

Бу оонньууга 4 – 5 оҕо тэҥинэн оонньуон сɵп. Иитээччи таабырын таайтарар, эбэтэр хоһоон ааҕар. Таайбыт оҕо долбуур ойуутугар сахалыы иһити  туохтан оһуллубутун, аналын этэн баран липучканан сыһыарар. Эбэтэр иитээччи сорудах биэрэр: «Υɵһээҥҥи долбуурга мас иһиттэри, алларааҥҥы долбуурга туос иһиттэри уурталаа».

6. «Саха балаҕана»

Оҕолор ɵбүгэлэрбит былыргы саха балаҕаныгар олорбуттарын, кинилэр туттубут тэриллэрин билиилэрин чиҥэтии, саҥарар саҥаларын сайыннарыы, тылларын саппааһын байытыы, болҕомтолоох буоларга иитии.

Иитээччи бастаан оҕолорго саха балаҕанын иһэ ойууламмыт хартыынаны кɵрдɵрɵр. Оҕолор болҕойон кɵрбүттэрин кэннэ ойууну кистиир уонна кураанах балаҕан ойуутун биэрэр. Оҕолор балаҕан иһинээҕи маллары миэстэлэрин сɵпкɵ буллартаан липучканан сыһыараллар.

7. «Ытык - Күɵлүм биллэр сирдэрэ»

Оҕолор олорор дэриэбинэлэрин кэрэ – бэлиэ кэрэхсэбиллээх миэстэлэрин билиилэрин чиҥэтии,

тɵрɵɵбүт бɵһүɵлэктэригэр тапталы иҥэрии.

Оҕолорго Ытык - Күɵлгэ баар кэрэ – бэлиэ кэрэхсэбиллээх миэстэлэр атын, атын сиртэн түһэриллибит хаартыскаларын түҥэтэбит. Оҕолор хаартыскалар паараларын сɵпкɵ булуохтаахтар, ханан баарын этиэхтээхтэр.

8. «Кимиэхэ туох нааданый?»

Балыксыт, ыанньыксыт, отчут, булчут идэлэри, кинилэргэ аналлаах туттар тэриллэри билэллэрин чиҥэтии. Болҕомтону, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.

Бу оонньууга 4 оҕо тэҥинэн оонньуон сɵп. Иитээччи оҕолорго идэлэрдээх карточкалары түҥэтэр. Кыра карточкаларга туттар тэриллэр ойууламмыттар, иитээччи оҕолорго биирдии биирдии кɵрдɵрɵр О5олор бэйэлэрин идэлэригэр аналлаах карточкалары кɵрдɵхтɵрүнэ,  илиилэрин уунан сɵпкɵ ааттыыллар уонна идэлээх карточкаларыгар липучканан сыһыараллар.

Кɵмɵ матырыйааллар:

Кɵмүлүɵк оһох – маһы кэриччи туруоран оҥоһуллубут, буору симэн сыбаммыт оһох.

Кытыйа – аһы (суораты, күɵрчэҕи, үүтү, саламааты) куталлар.

Мас ытык - күɵрчэх ытыйаллар.

Муос ытык - суораты, ымдааны, кымыһы ытыйарга аналлаах.

Наара орон – балаҕан кытыытынан кэриччи оҥоһуллубут мас орон.

Суоруна – туораҕы мэлийэр (тардар) таас.

Талкы – тирии имитэргэ анаан мастан оҥоһуллубут тэрил.

Тууйас – мас түгэхтээх, хаппахтаах, тутаахтаах, ол хаппаҕа иһит иһинэн киирэр, үрүҥ аһы кутарга аналлаах, улахан да, кыра да буолар.

Туу – маһы тыыран, үүйэн, балыгы туттарарга анаан оҥоһуллубут тэрил.

Тымтай – балыгы кутан сүгэргэ аналлаах ньолбуһах түгэхтээх иһит. Тымтай туоһунан тигиллэн эбэтэр тымтыгынан үүйэн (ону ɵссɵ сарт тымтай дииллэр) оҥоһуллар.

Ыаҕас – уу баһарга, ынах, биэ ыырга, сир астыырга туттуллар, талах иилээх, сылгы сиэлинэн ɵрɵн оҥоһуллубут тутаахтаах иһит.

Халадаай

Сылаас күҥҥэ халадаай

Сѳрүүкэтэр аналлаах,

Киэҥэ – куоҥа кэрэтэ

Тэлээрбэхтии олорор.

Хаһыаччык

Оҕуруо – дьарҕаа киэргэллээх

Эбээ таҥаһа – хаһыаччык,

Ыһыахтарга киэһээтин,

Хаттык буолан абырыыр.

Бууктаах сон

Быһыы-таһаа мааныта,

Уҥа – хаҥас ѳттүктээх,

Дьахтар аймах таҥаһа –

Бууктаах сон,

Кѳстүүлээх сон.

Томороон тымныыга

Олуһун наадалаах,

Хаамарга чэпчэки,

Атахха сып – сылаас.

(Этэрбэс)

Кырылас – бырылас

Аһыы амтаннаах,

Куйааска сөп – сөрүүн

Үчүгэй да утах!

(Кымыс)

Элбэх харахтаахпын,

 Минньигэс амтаннаахпын,

Аналлаах тимир халыыпка буһабын,

Оҕо – аймах сɵбүлүүр аһабын.

(Баахыла)

Туһаныллыбыт литература:

1.        Васильева К. И., Алексеева А. П. Кэнчээри. Дь.: Бичик, 2013.

2.        Егорова А. А., Захарова М. П. Кэскил. Дь.: Бичик, 2002.

3.        Иванова Г. Н., Дегтярева С. А., уо.д.а. Дойдум эмтээх үүнээйилэрэ. Дь.: Бичик, 2015.

4.        Петрова Л. Г. Буукубалар кэпсииллэр. Дь.: Бичик, 2007.

5.        Саввина М. Н. Тулалыыр эйгэни билиһиннэрии уонна оҕо тылын сайыннарыы. Дь., 1992.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)

үөрэтэр оонньуу: «Кыыллары таай» (6-7 саастаах о5олорго)...

Үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)

үөрэтэр оонньуу кэнспиэгэ: «Тылы ситэр» (6-7 саастаах о5олорго аналлаах)...

“Кыра саастаах о5олорго сиэр-туом үөрэ5э” (6-7 саастаахтар, бэлэмнэнии бөлө5ө) эбии үөрэхтээһин үлэлиир бырагырааммата

Үлэ сыала: о5o толкуйдуур дьо5урун, кини этнопсихологическай уратытытын учуоттаан, төрүт үгэскэ, бэйэ норуотун үгэhин сыhыаран үөрэтии. О5о5о төрөөбүт ийэ тылын, норуотун сүрүн-кутун, сиэрин...

Технологическай карта Тема: «Паром» (4-5 саастаах о5олорго)

Технологическай карта Тема: «Паром»(4-5 саастаах о5олорго)...