Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
проект (старшая, подготовительная группа) по теме
Төрөөбүт ийэ тылы иҥэриигэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ илгэлээх, күүстээх дьайыыны оҥорор кыаҕын арыйыыга олоҥхо тыла толору эппиэттиир.
Тыл кэрэтэ, күүһэ, имэҥэ, илбиһэ олоҕу уус-ураннык дьүһүйэн киһи барахсан кулгааҕын арыйан, хараҕын көрдөрөн Үс дойду улаҕатынан урбачытар. Тыл сүдү күүһэ – түҥ былыргыттан норуот өйүн-санаатын мындырын түмэн сылдьарыгар. Күндү баай – өй-санаа баайа – олоҥхо тыыннаах тылыгар.
Оҕону олоҥхону истэ-сэргии, толоро үөрэттэххэ тылын саппааһа байар.
Толлон турбакка баҕатын, санаатын этэр. Дойдутунан, дьонунан-сэргэтинэн киэн туттар. Атын омук ортотугар саханы саха дэтэргэ олук уурар
“Биһик” детсадка оҕоҕо олоҥхону билиһиннэрии “Утум” тосхолунан (Т.Ильинова) сүбэтинэн-аматынан ситиһиилээхтик барар. Оҕо олоҥхону ылыныытыгар сүрүн дьарыгар оонньууга тирэҕирэн ыытар тоҕоостооҕун бэлиэтээтибит.
Ол курдук олоҥхону урамньы оонньуутун көрүҥнэрин туһанан оҕо олоҥхо уус-номоҕо уран тылын ылынан өйдүүрүгэр, тылы чуолкайдык саҥарарыгар туһаныы көдьүүстээҕин үлэ хаамыыта көрдөрдө. Олоҥхо уустук тылын суолтатын ылыннаран өйдөтүүгэ оҕо дьарыгын дьүөрэлээн ыыталлара оҕо тыла сайдыытыгар туһалаах.
Ол курдук, олоҥхо олугун остуол урамньытынан көрдөрүү, ырытыы, сэһэргэһии, олоҥхо олугун оонньотон көрдөрүу, хамсанан-имсэнэн, сирэйи-хараҕы уларытан герой иэйиитин, уйулҕатын туругун оонньоон көрдөрүү, олуктаах түгэннэри быһаартарыы, уруһуйдатыы, эти-сиини сынньатыы барыта олоҥхо олуктарынан барар.
Олоҥхо урамньытын үлэтигэр оҕо, иитээччи эрэ кыттыбат, төрөппүттэр кыттыылара эмиэ улахан суолталаах буолар. Олонхо тематыгар деловой оонньууларга, кулуубнай үлэ араас көрүҥэр, мастер-кылаастарга, сандалы тула сэһэргэһиилэргэ, педмастерскойдарга уо.д.а. тэрээһиннэргэ кытталлар. Оҕолорун кытта олонхо олугуттан быһа тардыыны оонньоон көрдөрөллөр. Төрөппүттэр олонхо урамньытын эйгэтэ хаҥыырыгар көмөлөһөллөр.
Биһик детсадка оҕо тылын-өһүн чочуйууга, быһыытын-майгытын тупсарыыга оруннаах үлэ түмүгэ көстөр .
Бу маннык хайысхалаах үлэ түмүгүнэн оҕо тылын баайа хаҥыыр, өйө-санаата, быһыыта-майгыта кэрэ эйгэҕэ тардыһыыта тупсар, күүһүрэр.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
egorova_nyurba_uramny.docx | 2.31 МБ |
Предварительный просмотр:
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»
Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Олоҥхоҕо этии силигэ сиппитэ көстөр...Оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллан киһи олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-х...
Проект "Оонньуу көмөтүнэн оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыы"
работа с родителями...
Ийэ тылы сайыннарыыга Суорун Омоллоон “Чычып-чаап” айымньытынан оҕону кытта тэрээһин
Оҕо уус-уран айымньыны сэргээһинэ, кинигэҕэ сыстыыта...
Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар
Дидактические игры для развития речи...
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга кэрчик субэлэр
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга араас ньымалар бааллар. Бу ньымалары сепке туьаныы, о5о санатын сайыннарыыга олус кедьуустээхтэр....
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо эт-хаан ѳттүнэн сайдарыгар ѳбүгэ оонньуутун туһаныы.«Кэнчээри» ОСК оҕону эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар иитээччи Харитонова Т.А.Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥ...