Проект "Оонньуу көмөтүнэн оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыы"
проект (старшая, подготовительная группа) по теме
Предварительный просмотр:
МБДОУ «Детский сад «Кэскил» общеразвивающего вида с приоритетным осуществлением деятельности по познавательно – речевому развитии детей
с. Туора – Кюель МР «Таттинский улус» РС (Я)».
Оонньуу көмөтүнэн оҕо төрөөбүт тылынан ситимнээн
саҥарар саҥатын сайыннарыы.
(бырайыак барыла)
Бырайыагы суруйда: Максимова Варвара Николаевна.
2013 сыл.
«Киһи үс араас тылынан одоҥ – додоҥ саҥара
сатыан кэриэтэ төрөөбүт тылынан санаатын
сааһылаан этэрэ ордук буолбатах дуо?»
К. Д. Ушинскай.
Бырайыак аата: «Оонньуу көмөтүнэн оҕо төрөөбүт тылынан ситимнээн саҥарар саҥатын сайыннарыы».
Бырайыак автора:
Максимова Варвара Николаевна, музыкальнай салайааччы, орто анал үөрэхтээх, ll категориялаах, үлэ стаһа – 5 сыл.
Бырайыак төрүөтэ: Төрөөбүт ийэ тылын умнубут, төрүт культуратын сү-тэрбит омук кута – сүрэ кэхтэр, сиэрэ – майгыта уларыйар.
«Ийэ тыл диэн оҕо төрүт өйүн, туох баар дьоҕурун, удьуор тыынын ары-йар күлүүс буолар» - диэн этэр норуот педагогикатынан утумнаахтык дьа-рыктанар учуонай Галина Семеновна Попова – Санаайа. Күлүүһэ суох хатыылаах ааны кыайан аспаккын, онон ийэ тылын билбэт оҕо майгыта, өйө, дууһата эмиэ хатыылаах аан курдук, онно ким да сатаан киирбэт.
Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт буоруттан силис тардан, норуотун тылын барҕа баайын, өбүгэтин үтүө үгэһин этигэр иҥэринэн, амарах сүрэ-ҕин, мындыр өйүн, уран тарбаҕын утумнаан, сахалыы куттаах – сүрдээх дьоһуннаах киһи буола улаатара билиҥҥи кэм ирдэбилэ буолла. Омук быһыытынан төрөөбүт ийэ тылбытыгар интэриэс үрдээтэ. Билиҥҥи төрөп-пүттэр оҕолоро лоп – бааччы ситимнээн, бэйэлэрин санааларын сааһылаан саҥарар буолалларыгар баҕалара улахан, ол гынан баран оҕо саҥарар са-ҥата күн – түүн мөлтөөн иһэрэ киһини долгутар. Оскуолаҕа киириэн инни-нээҕи саас – оҕо барыны бары сэҥээрэр, түргэнник ылынар кэмэ, онон бу кэми куоттарбакка төрөөбүт ийэ тылын – өһүн, сүөгэйин – сүмэтин оҕоҕо иҥэриэхтээхпит.
Оҕо төрөөбүт ийэ тылынан көҥүл саҥаран, бэйэтин саастыылахтарын уонна дьон – сэргэ иннигэр толлубакка – симиттибэккэ санаатын сааһы-лаан этэ үөрэниэхтээх, оччоҕо кини ситимнээх, ылыннарыылаах саҥата, бодоруһар сатабыла сайдар, билиигэ – көрүүгэ тардыһыыта уһуктар, дьоҥ-ҥо – сэргэҕэ сиэрдээхтик сыһыаннаһарга иитиллэр.
Бырайыак туһулуута: Оҕо ситимнээн саҥарар саҥатын сайыннарар бэйэ айбыт оонньууларын үөрэтии, чинчийии.
Бырайыак үөрэтэр предметэ: Оонньуу көмөтүнэн оҕо ситимнээн саҥарар саҥатын сайдыыта.
Бырайыак сыала: Оонньуу көмөтүнэн оҕоҕо төрөөбүт ийэ тыл кэрэтин, баайын билиһиннэрии, ситимнээн саҥарар саҥатын сайыннарыы.
Бырайыак соруктара:
- Ситимнээн саҥарар саҥаны сайыннарарга сыһыаннаах анал про-граммалары, методическай литературалары, дидактическай по-собиелары наардааһын, ааҕыы, үөрэтии, ырытыы;
- Ситимнээх саҥаны сайыннарарга аналлаах оонньуулары көрдөөһүн, айыы, талыы, ырытыы;
- Хас биирдии оҕо ситимнээн саҥарар саҥатын кэтээн көрүү, монито-ринг ыытыы, хас биирдии оҕоҕо сайдыы лииһин (маршрут) оҥоруу;
- Оскуолаҕа киирэригэр оҕо ситимнээх тылын сайыннаран, бэйэтин
санаатын сааһылаан этэригэр эйгэни тэрийии;
- Тыл – өс өттүнэн культуралаах, дьоҥҥо – сэргэҕэ сиэрдээх сыһыан-наах, майгылаах буола улаатарыгар олук ууруу.
Бырайыак сонун өрүтэ: Оҕо уонна иитээччи, оҕо уонна төрөппүт бииргэ куолаан айбыт оонньууларын киллэрии.
Бырайыак ыытыллар сирэ: Таатта улууһа, Туора – Күөл нэһилиэгэ,
«Кэскил» оҕо саада.
Бырайыак кыттыылаахтара: «Кэскил» оҕо саадын орто, улахан, бэлэмнэ-нии бөлөхтөрүн иитиллээччилэрэ, бары үлэһиттэрэ, төрөппүттэрэ.
Бырайыак кэмэ: Үс сыл, 2013 – 2016 сылга диэри.
Бырайыак олоххо киириитин тутула (механизма) | ||
Хайысхалара | Ыытыллар үлэ көрүҥэ | Ким толороро, кыттара |
l. Бэлэмнэнии этаба 2013 с. кулун тутар ыйыт-тан бэс ыйыгар диэри. | 1. Сыал, сорук туруоруу. 2. Анал программалары, методическай литературалары, дидактическай посо-биелары наардааһын, талыы, үөрэтии, ырытыы. 3. Ситимнээх саҥаны сайыннарарга аналлаах оонньуулары айыы, көрдөө-һүн, ырытыы, талыы. 4. Хас биирдии оҕо ситимнээн саҥарар саҥатын кэтээн көрүү, диагностика, мо-ниторины саҕалааһын 5. Хас биирдии оҕоҕо сайдыы лииһин (маршрут) оҥоруу. 6. «Оҕо төрөөбүт тылынан ситимнээх саҥатын сайыннарыыга төрөппүт оруола» төрөппүттэргэ конференция тэрийии, диагностиканы иһитиннэрии. 7. Конференция сүнньүнэн төрөппүттэргэ оонньуу айыытыгар конкурс ыытыы. 8. Конференция, былаан түмүгүнэнэн смета оҥорон оҕо саадын салалтатыгар көмүскээһин.
| - Иитээччилэр, музыкальнай са-лайааччы, медик, физинструктор. Иитээччилэр, төрөппүттэр. - Бырайыак кыттыылаахтара. - Бырайыак кыттыылаахтара. - Бырайыак кыттыылаахтара. - Бырайыак кыттыылаахтара. - Бырайыак кыттыылаахтара. - Иитээччилэр, музыкальнай са-лайааччы, медик, физинструктор, төрөппүттэр. |
ll. Олоххо киллэрии этаба 2013 с. балаҕан ыйыттан 2016 бүтүөр диэри. | 1. Анал программанан, былаанынан бырайыагы тиһигин быспакка үлэлэтии. 2. Хас сыл аайы оҕо сайдыытынан мо – ниторинг ыытыы. 3. Мониторинг түмүгүнэн үлэ былааны-гар уларытыылары (коррекция) киллэ-рии. | - Иитээччилэр, төрөппүттэр. - Бырайыак кыттыылаахтара. |
lll. Түмүк этап 2016 с. ахсынньы ыйа
| 1. Бырайыак үлэтин түмүгүнэн тэрээһин үлэлэр. 2. Бырайыак салгыы сайдар кэскилин дьүүллэһии, ырытыы (рефлексия), сал-гыы быланнааһын. 3. Алын кылаас учууталларын кытта бииргэ үлэлээһин (адаптивнай период). | - Иитээччилэр, музыкальнай салайааччы, физинструктор, медик, төрөппүттэр, оҕо саадын салалтата, алын кылаас сүһүөх учууталлара. |
Бырайыак сүрүн ис хоһооно.
Оонньуу көмөтүнэн оҕо төрөөбүт тылынан ситимнээх саҥарар саҥатын сайыннарыыга эйгэ (оҕо, төрөппүт, иитээччи) барыта кыттыһарынан ура-тылаах. Чопчу сыал – сорук туруоруллан, хас биирдии оҕо уратытын учуот-таан үлэ ыытыллар.
Оонньуулары тылы сайыннарыы дьайымалларын кытта дьүөрэлээн уон-на сайыннарар эйгэлэригэр көҥүл оонньуу кэмигэр ыытыахха сөп. Оҕо ба-рыта саҥарарын, бэйэтин санаатын этэрин ситиһэр инниттэн бөлөхтөргө арааран оонньотор табыгастаах буолуоҕа. Иитээччи оҕо төһө ылынарыттан көрөн оонньуу ис хоһоонун уустугурдан – судургутан биэриэн сөп.
Оҕо билбитин – көрбүтүн чиҥэтэр сыалтан ый аайы хоһоон, үгэ ааҕыыла-рыгар конкурстар, инсценировкалар, театр көрдөрүүтэ аралдьытыылар, буолуохтарын сөп.
Сыл бүтүүтэ бөлөхтөрүнэн «Аман өс» күрэх ыытыллыан сөп, манна биир-диилээн оҕо уонна төрөппүт оҕотунаан диэн арааран кыттыахтарын сөп.
Маны барытын уонна бодоруһуу араас түгэннэрин оҕо бэйэтин уонна саас-тыылахтарын сыаналыырыгар видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн көрдө-рүү, иһитиннэрии, ыытыллыбыт тэрээһиннэр тутатына ырытыллан иһэллэ-рэ туруоруллубут сыалы ситиһэргэ көдьүүстээх буолуоҕа.
Бырайыак сүнньүнэн төрөппүтү кытта үлэ.
Бу бырайыак сүрүн бириинсибэ: оҕо айылгытын, кини кыаҕын уонна тө-рөппүт баҕатын тутуһуу буоларынан, бырайыак саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри төрөппүтү кытта ыкса сибээстээх үлэ тиһигин быспакка барыахтаах.
Ол курдук, бырайыак бэлэмнэнии үлэтигэр «Оҕо төрөөбүт тылынан си-тимнээх саҥатын сайыннарыыга төрөппүт оруола» - диэн темаҕа төрөппүт-тэргэ конференция ыытыллар. Конференция кэмигэр диагностика түмүгүн иһитиннэриини киллэрэн, ол түмүгүнэн оҕо бэйэтин сааһыгар ситимнээх саҥатын сайдыытын туһунан кэпсэтии барар. Бөлөхтөрүнэн арааран си-тимнээх саҥаны сайыннарыыга аналлаах оонньуу көрүҥнэрин билиһиннэ-рии, оонньотуу. Конференция түмүгүнэн төрөппүтү кытта үлэҕэ былаан ылыныы уонна оонньуу айыытыгар конкурс ыытылларын иһитиннэрии.
Маны таһынан бырайыак сүнньүнэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, аралдьы-йыыларга төрөппүттэри кытыннарыы, оонньууларга аналлаах туттар маты-рыйааллары, оҕо этэригэр – тыынарыгар анаан трибуна оҥотторуу. Сыл тү-мүгүнэн «Аман өс» күрэххэ кытыннарыы буолар.
Бырайыак сүнньүнэн оонньуулар көрүҥнэрэ.
Оонньуу – оҕо саас биир быстыспат аргыһа буолар. Оонньууттан оҕо
дуоһуйууну ылар, оонньуу нөҥүө оҕо эт – хаан өттүнэн сайдар, олоҕу – дьаһаҕы, үлэни – хамнаһы кыра эрдэҕиттэн билэр, доҕотторугар, дьоҥҥо – сэргэҕэ киһилии сыһыаннаһар буола улаатар.
Бырайыакка киирэр оонньуулар чопчу сыаллаах – соруктаах, ис хоһоон-ноох буолуохтаахтар. Оонньуулары ыытыллар дьайымаллары кытта сөп-төөхтүк алтыһыннаран, көҥүл оонньууларга таба киллэрэн биэрдэххэ үлэ ордук көдьүүстээх буолуоҕа. Төрөөбүт тылынан ситимнээн саҥарар саҥа-ны сайыннарыы сүрүннээн 6 салааҕа арахсыан сөп, онно тыл оонньуула-рын, дидактическай остуол оонньууларын, хамсаныылаах оонньуулары төрөппүтү кытта айаммыт, саха төрүт оонньууларын уонна атын омук оонньууларын киллэрэн биэрэбит. Ол курдук:
1 салаа. Тыл үөскээһинин кытта билсии. Оонньуу нөҥүө киһи хамсыыр
харамайтан уратыта – саҥарар тыллаах диэн, аан дойдуга араас тыллаах элбэх омуктар олороллорун билиһиннэрии, кинилэр тыллара уратылаах, онтон биһиги төрөөбүт ийэ тылбыт – саха тыла буолар диэн өйдөбүлү тиэрдии буолар.
Оҕону – саха буоларынан киэн туттарга, атын омуктарга убаастабыллаах-тык сыһыаннаһарга иитии, сэмэйдик сахалыы саҥаран сөҕүү – махтайыы, үөрүү – көтүү, үтүө санааны үллэстии сатабылларыгар үөрэтии буолар.
2 салаа. Кэпсэтии көрүҥнэрэ. Бу салааҕа, киһи санаатын саҥаран уонна су-руйан биллэрэрин, саҥарыллыбыт саҥа төннүбэтин, өйгөр хатаатаххына эрэ хааларын, саҥарар киһи сирэйин – хараҕын уларыйыытын, туттара – хаптара кэпсэтэригэр көмөлөһөрүн, сороҕор мэһэйдиирин өйдөтүү. Киһи-ни тас көрүҥүттэн уйулҕатын туругун (үөрүүнү, хомойууну, соһуйууну) арааран билэргэ, киһи уйулҕатын туругун ойуулуурга – дьүһүннүүргэ үөрэ-тии буолар.
3 салаа. Сиэрдээх саҥаҕа иитиллэбит. Оонньуу көмөтүнэн эйэҕэс тыллары күннээҕи олоххо тутуннара үөрэтии, ыалга сылдьыы сиэрин билиһиннэ-рии, дьоҥҥо – сэргэҕэ сэмэй сыһыаҥҥа иитии, уолу уол курдук, кыыһы кыыс курдук иитэргэ болҕомтону туһаайыы, норуот сиэригэр – туомугар үөрэтии, атын киһи үчүгэй өрүттэрин, майгытын – сигилитин, айылҕа кэрэ көстүүлэрин бэлиэтии көрөн ойуулуур дьоҕурдарын сайыннарыы буолар.
4 салаа. Сатаан истэр сатабыл. Атын киһи саҥатын өйдөөн – дьүүллээн, болҕойон истэригэр үөрэтии. Сэһэргээччини сэҥээрээһин уонна сэргээһин, остуоруйаны, олоҥхоттон быһа тардыылары, хоһооннору, ырыалары са-таан истэр, кэрэхсиир сатабылларын сайыннарыы.
5 салаа. Кэпсэтэ үөрэнэбит. Оонньуу нөҥүө кэпсэтии культуратыгар үөрэ-тии, саҥарарга куолаһы түгэниттэн көрөн араастаан уларытыы, иэйиини таба тиэрдии сатабылларыгар уһуйуу, хоһоон, олоҥхо тэтимнэрин, түргэн, бытаан саҥарыы, болҕомтону тардыы ньымаларыгар үөрэтии, кэпсэтии кэмигэр сөптөөхтүк туттар – хаптар, кэпсэтиини саҕалыыр уонна түмүктүүр үөрүйэхтэрин иҥэрии.
6 салаа. Бодоруһа үөрэнэбит. Дьон – сэргэ сылдьар сиригэр саха сиэринэн сэмэйдик туттарга – хаптарга, элэккэй буоларга үөрэтии, улахан дьону, бэ-йэ саастыылаахтарын кытта бодоруһарга уһуйуу, кырдьаҕаска – кыаммак-ка бэйэтин санаатыттан көмөлөһөр баҕатын уһугуннарыы, бэйэ быһыытын – майгытын сөпкө сыаналыырга, куһаҕан быһыыны сүөргүлүүргэ үөрэтии.
Маны таһынан киллэрэн биэриэххэ сөп:
- Мимикаҕа уонна пантомимикаҕа оонньуулары айыы;
- Саҥарыы техникатын тупсарыыга оонньуулары айыы;
- Артикуляцияны эрчийиигэ аналлаах оонньуулары айыы;
- Өс хоһооннорунан, таабырыннарынан оонньуулары айыы;
Төрөөбүт төрүт тылынан ситимнээх саҥа төрүттэригэр үөрэммит оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх билиилэрэ, сатабыллара. (Диагностика)
Үрдүк таһым. Кыбыстыбакка, толлубакка оҕолор уонна улахан дьон ин-нилэригэр саҥарар – иҥэрэр кыахтаах.
Сирэйэ – хараҕа, туттара – хаптара кэпсииригэр, хоһоон, үгэ ааҕарыгар көмөлөһөр. Саҥара туран дьон хараҕын таба көрөр, кинилэр ис турукта-рын таба таайар. Куолаһын, саҥатын тэтимин араастаан уларыта, иэйиитин тиэрдэ сатыыр. Төрөөбүт тылын кэрэтин, баайын этинэн – хаанынан ылы-нара, өйдүүрэ, тутта сатыыра көстөр.
Саастыылаахтарын уонна улахан дьону кытта сайаҕас, элэккэй сыһыан-наах, тулуйан истэр буолуохтаах.
Орто таһым. Атын дьон кэллэхтэринэ кыбыстара – куттанара көстөр. Си-рэйин – хараҕын туттуута, тас көрүҥэ этэр тылын ис хоһоонугар сөп түбэс- пэт буолуон сөп. Харахтара дьону үрдүлэринэн эбэтэр туора көрөллөр. Куолаһын уонна саҥатын тэтимин уларытыыны ситэри туттубат. Атын киһи ис туругун билэ сатыыр. Тылын сайыннарыан, ылыннарыылаахтык саҥа-рыан баҕалаах. Бодоруһуу түгэниттэн көрөн кэпсэтэр киһитигэр сөпкө сыһыаннаһар. Ардыгар тулуйан истибэт, сэргээбэт.
Намыһах таһым. Дьон иннигэр саҥарарыттан толлор. Хоһоон аахтаҕына истээччилэрин диэки көрбөт. Атын киһи ис туругун билэ сатаабат. Кэпсээтэ-ҕинэ ис туругун сирэйигэр – хараҕар биллэрбэт. Туттар тылын баайа кэмчи. Болҕомтото ситэ сайдыбатах.
Бырайыак бэлэмнэнии этабыгар ороскуоттанар үбүн сметата.
№ | Атыылаһар, туттуллар матырыйаал. | Ахсаана | Сыаната | Сууммата | ||
1. | Методическай литературалар, дидактическай пособиелар. | 10 | 200 | 2000 | ||
2. | Семинардарга, НПК – га, пед. ааҕыыларга кыттыы, барыы – кэлии айанын ороскуота, ГСМ. | – | – | 2000 | ||
3. | Төрөппүттэргэ аналлаах оонньуу айыытын конкурсун ороскуота. | – | – | 2000 | ||
4. | Айыллыбыт оонньуулары оҥорүүга туттуллар матырыйааллары, атрибуттары атыылаһыы. | – | – | 3000 | ||
5. | Канцелярскай табаардар (докумуону бэчээттииргэ, принтер кырааската, картридж, А – 4, А – 3, А – 2 о.д.а.) | – | – | 2600 | ||
Барыта: | 11.600 |
Сабаҕалааһын: Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, биһиги тугу ситиһэбитий?
- Оскуолаҕа киирэригэр оҕо бэйэтин санаатын сааһылаан этэр, тыл хо-моҕойун, кэрэтин сааһыгар дьүөрэлээн туттар буолуохтаах.
- Тыл культуратын таба туттар, тулалыыр эйгэҕэ сиэрдээх сыһыаннаах, үтүө майгылаах буола улаатар.
- Төрөөбүт төрүт тылыгар ытыктабылы кыра сааһыттан иҥэринэн, саха буоларыттан киэн тутта улаатыахтаах.
Бырайыак салгыы сайдар кэскилэ.
Таатта улууһун, Туора – Күөл нэһилиэгин «Кэскил» оҕо саадын «Оонньуу көмөтүнэн оҕо төрөөбүт тылынан ситимнээн саҥарар саҥатын сайынна-рыы» бырайыагын чэрчитинэн анал программа оҥорон, улууска тарҕатан араас өрүттээх үлэни тэрийиэххэ сөп.
Туһаныллыбыт литература:
1. Кондакова У.Ф., Тыл оонньуута; Дьокуускай, Бичик, 2002 с.
2. Старостина Т. В., Неустроева П. В., Ядрихинская Л. С. Саха риторикатын
төрүтэ - уһуйааҥҥа; Методическай көмө. Дьокуускай, СГУ изд, 2003 с.
3. Васильев П.К., Охлопков М.К. Сахалыы оонньуулар; Дьокуускай, Бичик.
4. Петрова Т.И., Сахам тыла барахсан; Дьокуускай, Бичик, 2006 с.
5. Саввина М.П., Өс хоһооно – өбүгэ номоҕо; Дьокуускай, Бичик, 2007 с.
6. Тосхол. Национальнай оҕо тэрилтэтин базовай программата.
Дьокуускай, 2009 с.
7. Филатова А. А. Олоҥхо тыла – өһө оҕо оонньуутугар. Дьокуускай, 2009 с.
8. Федоров А.С., Өбүгэ сиэрэ – туома; Дьокуускай, Бичик, 2011 с.
9. Учителя Арктики. Интернет сайт матырыйаалларыттан.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Илиинэн оноhуллубут остуол оонньууларын ненуе о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы
Образовательный проект рассчитан для детей 4-5 лет. срок реализации - в течение 1 -го года. Состоит из трех этапов: организационный, диагностический, практический. Цель проекта: развитие логического м...
О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы
О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы...
«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»
Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Төрөөбүт ийэ тылы иҥэриигэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ илгэлээх, күүстээх дьайыыны оҥор...
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Олоҥхоҕо этии силигэ сиппитэ көстөр...Оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллан киһи олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-х...
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы
Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...
Оонньуу нөҥүө оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыы
Кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан, тыл толору кыаҕа туһаныллыбат буолла. Оҕо телевизор, компьютер, интернет нөҥүө билиини-көрүүнү ылара элбээтэ. Төрөөбүт тылын билэргэ, ийэ тыл...