Мастер-класс «Ураты ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн о5о тылын сайыннарыы»
материал (средняя группа)

Павлова Октябрина Андреевна

Мастер-класс «Ураты   ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн  о5о тылын сайыннарыы»

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл master_-_klass._uraty_nymanan_tarbah_oonnuulara.docx28.84 КБ

Предварительный просмотр:

МБДОУ ДС ОВ «Чуораанчык»

«Ураты   ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн

о5о тылын сайыннарыы»

(маастар -кылаас)

Маастар-кылааһы ыытааччылар:

     Бүлүүчээннээ5и «Чуораанчык» детсад иитээччилэрэ –

 Иннокентьева Людмила Даниловна,

Павлова Октябрина Андреевна.

Бүлүүчээн с. 2017с.

«Ураты   ньыманы туьанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн

о5о тылын сайыннарыы»

(маастар -кылаас)

Маастар-кылааһы ыытааччылар:

     Бүлүүчээннээ5и «Чуораанчык» детсад иитээччилэрэ -  Иннокентьева Людмила Даниловна, Павлова Октябрина Андреевна.

Сыала-соруга:

  1. Оскуола иннинээ5и саастаах о5ону тылын, саӊарар саӊатын сайыннарыыга туттуллар ураты ньымалары кытта билиһиннэрии;
  2.  Иитээччилэр айар тутар дьо5урдарын, сатабылларын сайыннарыы;
  3.  Үлэ опытыттан тар5атыы, иитээччилэр ыытыллыбыт үлэни, о5ону кытта дьарыктарыгар туһаналларын ситиһии.

Маастар-кылаас хаамыыта:

     Үтүө күнүнэн ытыктабыллаах биир идэлээхтэрбит! Бүгүн биһиги «Ураты   ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн о5о тылын сайыннарыы» диэн тема5а маастар –кылаас ыытыахпыт уонна бу үлэбит түмүгэр элбэ5и, саӊаны билэн, туһанан барыаххыт диэн эрэнэбит.

1ч. «Илии сүһүөхтэригэр гимнастика»

     Маастар-кылааспытын са5алыахпыт иннинэ идэтийбит физинструктор Валерий Готовцев илии сүһүөхтэригэр гимнастикатын оноруо5ун! (эрчимнээх музыка тыаьыыр) Бастаан гимнастикабытын тарбахтарбыт төбөлөрүн илбийииттэн са5алыыбыт (көрдөрө2 кэпсиибин ).  Тарбах төбөтүгэр киһи ньиэрбэтин түмүктэрэ бааллар дииллэр, ол иһин күүскэ сылыйыар диэри илбийдэхпитинэ биһиги ис уорганнарбытыгар сигнал ыытабыт, киһи этэ- сиинэ уһуктан күүскэ үлэлииригэр- хамсыырыгар.

2ч. Теоретическай чааһа.

     «О5о тылын сайыннарыыга тарбах оонньууларын оруола»  

Педагогтары уонна төрөппүттэри оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5о бары өттүнэн толору сайдыылаах, оскуола5а киирэргэ бэлэмнээх буоларын хайдах ситиһиэххэ сөбүн туһунан боппуруос олус долгутар. Ити проблеманы быһаарыы биир көрүӊүнэн тарбах былчыӊнарын сайыннарыы буолар. Биллэрин курдук, тыл сайдыытын таһыма тарбах былчыӊнарын үлэтиттэн тутулуктаах. Тарбахтан барар кинестетическай импульстар о5о тыла, өр кэмӊэ өйгө тутар дьо5ура сайдарыгар улахан оруоллаах. « Тарба5ын былчыӊнара үчүгэйдик сайдыбыт буолла5ына, о5о логически толкуйдуур, бол5омтолоох, өйгө тутар дьо5урдаах, ситимнээх саӊалаах буолар» - диэн чинчийээччилэр этэллэр.

   О5о үс сааһыгар диэри эт-хаан, өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн сайдыытын оло5о ууруллар, кыра сааһыгар тарбахтарын былчыӊнара ситэ сайдыбатах буоллахтарына о5о хойутуу саӊарар, тылын сайдыыта бытаарар.

   Тарбах бытархай былчыӊнара киһи төрүө5үттэн уопсай сайдар. Аан бастаан кыра о5о малы тутар, ол кэнниттэн сыыйа малын илииттэн илиигэ биэрэр, тутар –хабар үөруйэ5э «пинцетнай хам тутуу» хамсаныыта сайдар уо.д.а. Онтон 2 сааһыгар тиийиитигэр кини сатаан уруһуйдуур, киистэнэн, ньуосканан сөпкө туттар буолар. Аны икки илиитинэн тэӊӊэ туттар буолара ирдэнэр. Онон тарбах бытархай былчыӊнарын көмөтүнэн тылы сайыннарыы туһунан кэпсэтиэхпит.

- Тарбах оонньуулара туохха наадалаагый?

- Тугу сайыннаралларый?

- Сөп, маладьыастар! Тарбахтарынан оонньуулар о5о мэйиитин, өйүн сайыннараллар, тыл сайдыытын, айар дьо5урдарын, фантазияларын кө5үтэллэр. Төһөнөн илиилэрэ, тарбахтара сайдар, үлэлииллэр да, соччонон о5о үчүгэйдик саӊарар. Биллиилээх педагог В.А. Сухомлинскай эппитэ: «О5о өйө кини тарбахтарын төбөтүгэр баар» - диэн. О5о барытын тутан-хабан көрөрө сатанар, то5о диэтэр сылааһы-тымныыны, кытаана5ы сымна5аһы, ыараханы-чэпчэкини, предмет быһыытын, кэриӊин араара үөрэнэр. Бытархай былчыӊнарын сайдыытын таһыма – о5о оскуола5а өй-санаа өттүнэн бэлэмин көрдөрүүтэ буолар, логическай толкуйдаах, бол5омтото, өйдүүр дьо5ура сибээстээх саӊата сөп таһымӊа сайдыбытын көрдөрөр. Тарбах оонньууларын тэрийии биир ирдэбилэ – о5о уӊа-хаӊас илиитэ тэӊӊэ сайдарыгар кыһаллыы. Тарбах оонньууларын көмөтүнэн о5о араас сенсорнай санаата, бол5омтото, тулуура сайдар.

    Билигин биһиги  үлэбитигэр туһанар ураты ньыманан тарбах оонньууларын кытта билиьиннэриэхпит.

3ч. Практическай чааһа.

     Маастар-кылааспыт саамай интэриэһинэй, тутан –хабан көрөр практическай чааһыгар киирэбит. Иитээччилэр, бары көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыӊырабыт! Бугун эһиэхэ көрдөрөр тарбах оонньууларбытыгар туттар матырыйаалларбыт хас биирдии дьиэ5э туттулар, илиибит анныгар баар маллартан оноһуллаллар.

  1. «Аптаах фломастердар»

Биир фломастеры ылан ытыспыт икки ардыгар эргитэбит, ытыспытын массаастыыбыт. Онтон иккис фломастербытын ылабыт ытыспыт икки ардыгар текунутэбит. Ити курдук фломастербыт ахсаанын эбэн иһэбит. Ол эбэн истэхпит аайытын илиибит ытыстарын илбийиибит күүһүрэр. Онтон фломастердарбытын ылан ытыспыт тас өттүн массаастыыбыт.

  1.  «Дьиктилээх киндер-сюрприз»

Аны билигин иитээччилэр бары сөбүлээн туттар киндер-сюрприз хаатынан тарбахха эрчиллиилэри көрдөрүөхпүт.

  1. «Таай, туох тыаһыыр?» Киндер-сюрприз ха5ыгар куруппа араастарын, үүнээйи сиэмэлэрин (гречка, рис, горох, подсолнух сиэмэтэ, фасоль о.д.а.) кутабыт уонна о5о5о ханнык куруппа эбэтэр сиэмэ баарын тыаһынан таайтара сатыыбыт.
  2. «Куруппалары араарыы» Икки араас куруппаны ылан тус-туспа тэриэлкэлэргэ кутабыт. Тутан-хабан көрөбүт, кэпсэтэбит: бу туох сиэмэтэй? Маны туохха туттулларый? Бу сиэмэни буорга уктахха ханнык үүнээйи үүнүөй? о.д.а.ыйытыылары биэрэн о5ону кытта сэһэргэһэбит, билиитин-көрүүтүн кэӊэтэбит. Онтон куруппалары биир иһиккэ кутан булкуйан кэбиһэбит, ол кэннэ о5о5о куруппаларын тарба5ынан тутан икки аӊыы иһиттэргэ араартарабыт.
  3. «Аптаах илиичээн» Маннай эбэтэр рис куруппаны тэриэлкэ5э кутан баран о5о сөмүйэтинэн тугу ба5арарын эбэтэр схеманы тутуһан ойуулуур.
  4. «Куруппаны хомуйуу» үлэбит түмүгэр тэриэлкэ5э куппут куруппабытын кырачаан ньуосканан баһан, кырыылаах иһиккэ, онтон ол иһиппититтэн киндер-сюрпризпыт хаатыгар кутабыт. Ыспакка-тохпокко, ыраастык туттарга, тулуурдаах, бол5омтолоох буоларга кыһанабыт.

  1. «Сибэккилээх хонуу» Бу эрчиллиигэ биһиги араас өӊнөөх шпажкалары туһанабыт. Бастаан кырыыӊка хаппа5ар от күөх пластилины (күөх хонууну) халыӊ гына сыбыыбыт. Ол кэннэ шпажка- сибэккилэри биирдиилээн ылан хонуубутугар олордуталыыбыт. Көрүӊ эрэ, наһаа учугэй дьэрэкээн сибэккилэр хонуубутугар үүннүлэр.
  2. «Трубочкалар дьикти уларыйыылара»

Утах иһэр трубочканы ылабыт уонна кыптыйынан 3 чааска кырыйабыт. 1.Уһун трубочканан эрчиллиилэр:

- « Трубочкалар ахсааннарын аах» Трубочкалары илииттэн илиигэ сыымайдаан ахсаанын аа5ар, остуолга ыһа сытан биирдиилээн хомуйан ахсаанын аа5ар уо.д.а.

- «Тыалы көтүтэбит» Пластмассовай бытыыкка5а мишураны быһа кырыйан эбэтэр өӊнөөх кумаа5ылары дыроколлаан конфетти оӊорон кутабыт, бытыыккабытын хас эмэ сиринэн дьөлүтэ үүттүүбүт, бытыыккабыт хаппа5ын трубочка батар гына дьөлөбүт. Ол кэннэ трубочкабытын ол дьөлө5өскө уган баран салгыны э5ирийэн баран бастаан бытааннык, онтон күүскэ «тыалы түһэрэн» үрэбит. Бу эрчиллии о5о тыынар уорганын сайыннарар.

- «Мээчиги боруота5а киллэрэбит» Кумаа5ыны эбэтэр салфетканы хам тутан мээчик оноробут уонна трубочкабытынан үрэн бу мээчиги боруота5а киллэриэхтээхпит. Эрчиллиини күрэхтэһии быһыытынан ыыттахха өссө интэриэһинэй, көхтөөх буолар.

2. Орто трубочканан эрчиллиилэр:

-  «Трубочканан уруһуй» Карточка5а ойууламмыт схеманы тутуһан    ойуу оӊоруу («күн», «былаах», «кэмпиэт», «оһуор» уо.д.а.)

- «Чыыһыла састааба» Бу трубочка орто чааһынан ахсаан дьарыгар чыыһыла састаабын араарарга үөрэтиигэ туһаныахха сөп.  Холобур: 5 чыыһыла састаабын буларбытыгар, кыра эрэһиинэлэри туьанан хам эрийтэлээн, 2 иккиттэн уонна 1 бииртэн турар диэн эбэтэр 1 үстэн 1 иккиттэн турар диэн өйдөбүлү иӊэриэххэ сөп.

3.Трубочка кыра чааһынан (ө5үллэӊниир чааһа) эрчиллиилэр:

- «Отоннооһун» ыһан баран хомуйтарыы (биир илиинэн, икки илиинэн сэргэ)

- «О5уруо тиһии» (быа5а о5уруону тиһии)

- «О5уруону көрдөө» ( иһиккэ толору кутан баран түгэ5эр улахан о5уруону угабыт уонна хара5ын симэн олорон илиитин иминэн  буларын ситиһэбит)

   Ити курдук, биир утах иһэр трубочкаттан наһаа элбэх о5о тарба5ын эрчийиигэ туһалаах оонньуулары толкуйдуохха сөп эбит.

  1. «Дьикти, араас өӊнөөх проволокалар»

-  Маннык сымна5ас, өӊнөөх проволокаларынан о5олорго араас эрчиллиилэри онорторобут. Холобур: пенопласт олоххо бу проволоканы кэтэрдэн баран о5о5о сорудах биэрэбит: проволоканы араастаан тутан араас быһыылаах фигуралары оноруӊ диэн («спираль», «Сүрэх», «Сулус» уо.д.а.  

- Фигуралары онорон баран аны бу проволокалар өӊнөрүнэн көрөн  араас өӊнөөх о5уруолары тиһэбит.

4ч. Маастар-кылаас кыттааччыларыгар сорудах:

« 5 мүнүүтэ иһигэр манна баар матырыйааллары туһанан ураты ньыманан тарбах оонньууларын толкуйдааӊ»

     (Иитээччилэр бэриллибит 5 мүнүүтэ иһигэр ураты ньыманан тарбах оонньууларын толкуйдууллар уонна ол оонньууларын - эрчиллиилэрин презентациялыыллар)

    Иитээччилэр маладьыастар! Бары наһаа көхтөөхтүк уонна туһалаахтык кытынныгыт.. санаан көрүӊ, эьиги бу 5 мүнүүтэ иһигэр хас эмэ оонньууну толкуйдуу о5устугут, өссө да чаас аӊаара бэриллибитэ буоллар төһөлөөх оонньууну, эрчиллиини толкуйдуо этигитий?!

   5ч.  Түмүк чааһа. 

    «Ураты   ньыманы туһанан тарбах оонньууларын көмөтүнэн о5о тылын сайыннарыы» диэн маастар –кылааспытыгар көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар махтанабыт уонна элбэ5и, туһалаа5ы иӊэриммиккит буолуо диэн уонна бу ылбыт билиигитин-көрүүгүтүн о5олору кытта үлэ5итигэр таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик  туһаныахтара диэн эрэнэбит.

   

                                             Памятка для родителей.

«Развитие мелкой моторики, как средство формирования речи детей младшего дошкольного возраста»

«Истоки способностей и дарований детей –

 на кончиках пальцев. От них идут тончайшие

ручейки,

которые питают источник творческой мысли. Другими словами: чем больше мастерства

в детской руке, тем умнее ребенок».

В. А. Сухомлинский.

Ребенок постоянно изучает, постигает окружающий мир. Основной метод накопления информации – прикосновения. Доказано, что речь ребенка и его сенсорный («трогательный») опыт взаимосвязаны. Если движение пальцев рук соответствует возрасту, то и речевое развитие находится в пределах нормы; если движение пальцев отстает, то задерживается и речевое развитие, хотя общая моторика при этом может быть нормальной и даже выше нормы. Поэтому, если Вы хотите, чтобы ребенок хорошо говорил, развивайте его ручки!

Начинать работу по развитию мелкой моторики нужно с самого раннего возраста. В младшем дошкольном возрасте нужно выполнять простые упражнения, сопровождаемые стихотворным текстом, не забывать о развитии элементарных навыков самообслуживания: застегивать и расстегивать пуговицы, завязывать шнурки и т. д. Чтобы заинтересовать ребенка и помочь ему овладеть новой информацией, нужно превратить обучение в игру, не забывать хвалить ребенка.

Предлагаем вашему вниманию игры и упражнения на развитие мелкой моторики, которыми можно заниматься с детьми дома:

Пальчиковая гимнастика.

Пальчиковая гимнастика решает множество задач в развитии ребенка:

- способствует овладению навыками мелкой моторики;

- помогает развивать речь;

- повышает работоспособность головного мозга;

-развивает психические процессы: внимание, память, мышление, воображение;

развивает тактильную чувствительность;

- снимает тревожность.

Развитию кисти и пальцев рук способствуют не только пальчиковая гимнастика, но и разнообразные действия с предметами.

Игры с пуговицами:

Подберите пуговицы разного размера и цвета. Попробуйте выложить рисунок. Вы можете попросить малыша сделать такой же.

Игры с сыпучими материалами:

1. Насыпаем в емкость горох или фасоль. Ребенок запускает туда руки и изображает, как месят тесто.

2. Насыпаем горох на блюдце. Большим и указательным пальцами берем горошину и удерживаем ее (как при сборе ягод, потом берем следующую горошину, потом еще и еще.

3. Рисование по крупе.

На яркий поднос тонким равномерным слоем рассыпьте мелкую крупу. Проведите пальцем ребенка по крупе. Получится яркая контрастная линия. Позвольте малышу самому нарисовать несколько хаотических линий.

Игры с прищепками:

1. Представьте вместе с малышом, что прищепки - это маленькие рыбки. Ну а малышу надо помочь рыбкам пообедать, то есть, прикрепить их по периметру фигуры.

2. Ну и, конечно, развешивание носовых платочков после стирки и закрепление их прищепками

Игры с бусинами, макаронами:

Отлично развивает руку разнообразное нанизывание. Нанизывать можно все, что нанизывается: пуговицы, бусы, рожки и макароны, сушки и т. п.

Бусины можно сортировать по размеру, цвету, форме.

Игры- шнуровки:

Такие игры развивают пространственную ориентировку, внимание, формируют навыки шнуровкиразвивают творческие способности.

Работа с пластилином:

Лепим колбаски, колечки, шарики; режем пластилиновую колбаску пластмассовым ножом на множество мелких кусочков, а потом слепляем кусочки снова. Можно надавить на нашу лепешку настоящей монеткой, чтобы получить отпечаток.

Тренировка движений пальцев и кисти рук является важнейшим фактором, стимулирующим речевое развитие ребенка.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

ГОТОВИМСЯ К МАСТЕР-КЛАССУ Пошаговый алгоритм проведения мастер-класса

Методические рекомендации по организации и проведению мастер-класса...

Мастер класс по оригами в старшей-подготовительной группе. Тема: Тюльпаны (мастер класс посвящен Дню Города) подготовила Ворон Т.В.

Мастер класс по оригами в старшей-подготовительной  группе. Тема: Тюльпаны(мастер класс посвящен Дню Города) подготовила Ворон Т.В., воспитатель1 категории....

Пасхальное яйцо своими руками в технике квиллинг. Мастер - класс с пошаговыми фото. Мастер - класс “Пасхальное яичко”

Цель: создание яичка в технике квиллинг.Задачи:- закреплять навыки накручивания полоски бумаги в ролл;- развивать творческие способности детей, внимание, воображение и фантазию;- развивать мелкую мото...

«Мастер – класс « «Мастер – класс «Песочная терапия в работе педагога – психолога»» + презентация

Все мы, взрослые и дети, брали в руки песок. На вид мелкие крупинки, ничего особенного, но почему-то с ним хочется что-то делать: строить из мокрого песка замки, с помощью формочек делать кулич...

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

Кружковая работа. Тема: «Уус – уран айымньы кемотунэн оҕо тереебут тылын сайыннарыы»

Быьаарыы сурукТемам:  «Уус –уран айымньы кеметунэн  о5о тереебут тылын сайыннаарыы» Билинни кэмнэ  саха о5олоро ийэ тылларын  билбэккэ  улаатан, бэйэлэр...

Годовой кружковый план. Тема: «Уус – уран айымньы кемотунэн оҕо тереебут тылын сайыннарыы»

Билинни кэмнэ  саха о5олоро ийэ тылларын  билбэккэ  улаатан, бэйэлэрин  сахалыы  ейдерун- санааларын , быьыыларын- майгыларын  улам  сутэрэн  иьэллэр. Норуот...