Оонньуу нөҥүө оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыы
план-конспект занятия по развитию речи (старшая группа)

Кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан, тыл толору кыаҕа туһаныллыбат буолла. Оҕо телевизор, компьютер, интернет нөҥүө билиини-көрүүнү ылара элбээтэ. Төрөөбүт тылын билэргэ, ийэ тыл баайын өйдүүргэ дьулуһуута намтаата, тылбыт саппааһа дьадайда. Нуучча тылын кыбытан саҥарыы элбээтэ. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саас – оҕо барыны бары сэҥээрэр, түргэнник ылынар кэмэ, онон бу кэми куоттарбакка төрөөбүт ийэ тылын – өһүн, сүөгэйин – сүмэтин оҕоҕо иҥэриэхтээхпит.  Оҕо төрөөбүт ийэ тылынан көҥүл саҥаран, бэйэтин саастыылахтарын уонна дьон – сэргэ иннигэр толлубакка – симиттибэккэ санаатын сааһылаан этэ үөрэниэхтээх, оччоҕо кини ситимнээх, ылыннарыылаах саҥата, бодоруһар сатабыла сайдар, билиигэ – көрүүгэ тардыһыыта  уһуктар, дьоҥҥо – сэргэҕэ сиэрдээхтик сыһыаннаһарга иитиллэр. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо төрөөбүт тылынан ыраастык, сөпкө, чуолкайдык саҥарарын ситиьии, биһиги иитээччилэр сүрүн сорукпут буолар. Ол сорукпутун толорорго оонньуу олус көдьүүстээх. Оҕо хаһан ба5арар оонньуурун сөбүлүүр. Ол курдук хамсаныылаах оонньуулары, остуол оонньууларын, өй оонньууларын. Оонньуу нөҥүө оҕо үөрэҕи ылыныыта ордук табыгастаах.

 

Скачать:


Предварительный просмотр:

Оонньуу нөҥүө оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыы

                                                                     «Киһи үс араас тылынан одоҥ – додоҥ саҥара

     сатыан кэриэтэ төрөөбүт тылынан санаатын

      сааһылаан этэрэ ордук буолбатах дуо?»

                                                                                                                К. Д. Ушинскай.

Кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ кыараан, тыл толору кыаҕа туһаныллыбат буолла. Оҕо телевизор, компьютер, интернет нөҥүө билиини-көрүүнү ылара элбээтэ. Төрөөбүт тылын билэргэ, ийэ тыл баайын өйдүүргэ дьулуһуута намтаата, тылбыт саппааһа дьадайда. Нуучча тылын кыбытан саҥарыы элбээтэ. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саас – оҕо барыны бары сэҥээрэр, түргэнник ылынар кэмэ, онон бу кэми куоттарбакка төрөөбүт ийэ тылын – өһүн, сүөгэйин – сүмэтин оҕоҕо иҥэриэхтээхпит.  Оҕо төрөөбүт ийэ тылынан көҥүл саҥаран, бэйэтин саастыылахтарын уонна дьон – сэргэ иннигэр толлубакка – симиттибэккэ санаатын сааһылаан этэ үөрэниэхтээх, оччоҕо кини ситимнээх, ылыннарыылаах саҥата, бодоруһар сатабыла сайдар, билиигэ – көрүүгэ тардыһыыта  уһуктар, дьоҥҥо – сэргэҕэ сиэрдээхтик сыһыаннаһарга иитиллэр. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо төрөөбүт тылынан ыраастык, сөпкө, чуолкайдык саҥарарын ситиьии, биһиги иитээччилэр сүрүн сорукпут буолар. Ол сорукпутун толорорго оонньуу олус көдьүүстээх. Оҕо хаһан ба5арар оонньуурун сөбүлүүр. Ол курдук хамсаныылаах оонньуулары, остуол оонньууларын, өй оонньууларын. Оонньуу нөҥүө оҕо үөрэҕи ылыныыта ордук табыгастаах.

 Оонньуулары тылы сайыннарыы дьайымалларын кытта дьүөрэлээн уонна сайыннарар эйгэлэригэр көҥүл оонньуу кэмигэр ыытыахха сөп. Оҕо барыта саҥарарын, бэйэтин санаатын этэрин ситиһэр инниттэн бөлөхтөргө арааран оонньотор табыгастаах буолуоҕа. Иитээччи оҕо төһө ылынарыттан көрөн оонньуу ис хоһоонун уустугурдан – судургутан биэриэн сөп.

Оҕо мелкай моторикатын сайдыыта кини саҥарар саҥатын, интеллегин кытта ыкса сибээстээҕин аан маҥнай Мария Монтессори быһаарбыта. Киһи мэйиитигэр моторнай уонна саҥарар органнар кииннэрэ кэккэлэһэ сыталлар, өскө биирэ күүскэ сайыннаҕына иккиһэ эмиэ сайдар уратылаахтарын медицинскэй наука дакаастаабыта. Онон тыл сайдыытыгар мелкай моторика сайдыыта олус кедьуустээх. Манна саха төрүт оонньуулара Тырыынка, Хабылык, Куерчэх, ону таьынан хомулуктар, бэйэ онорбут араас баайар, сабар-аьар, хатыыр, тимэхтиир оонньуулара олус туьалаахтар.

Чуолкайдык санарда уерэтиигэ туох ханнык иннинэ иитээччи бэйэтин тыла о5олорго холобур буолар. Кини саңата (быhаарара, соруда5а, сэhэргэhэрэ) лоп-бааччы, сыыс тыла суох, өйдөнүмтүө, чуолкай буолара наада. Ону таhынан уоhу-тииhи хамсатан тылы имитэр сыаллаах нуучча скороговоркаларын курдук толкуйдаммыт чабыр5ахтыы этиллэр этиилэр о5о чуокайдык саңара үөрэнэригэр көмөлөрө баhаам. Холобур, «Ата алта аттан аттар атта», «Бэргэhэтэ бэдэр, бэйэкэтэ эдэр» уо.д.а.

Тыл саппааһын байытыыга хомулуктар, таҥыллар кубиктар, таҥыллар кэрчиктэр туьалаахтар. Саңа тыл о5олорго чиңник өйдөнөн хааларын туһугар бу тылга хас эмэ төгүл араас-араас ньыманан төннөн кэлэн хатылыыр көдьүүстээх.

Сепке саҥарарга уонна грамотаҕа үөрэтиигэ араас дидактическай оонньууллар кеме буолаллар. Холобура, “Танаста сууйуоҕун” (кыһыл таҥас сууйар массыынаҕа угабыт – кыьыл бэргэһэни, кыьыл шортигы), “Билбэччэй оскуолаҕа хомунар” (Билбэччэй оскуолаҕа илдьэ барар харандааьы, Билбэччэйгэ оскуолаҕа наада харандаас), “Айанна турунуоҕун” (биьиги кэллибит музейга, бардыбыт музейтан), “Эттиги ойуулаа”, “Хас сүһүөхтээҕий”, “Дорҕоон миэстэтэ”, сэргэстэьэ ууруллар хартыыналар (холобур, тыл олоҕор сыьыарыыны эбэн идэни бэлиэти ир сана тылы таьаарыы, от+чут=отчут) уод.а.

Бу оонньуулар, эрчиллиилэр көмөлөрүнэн биһиги оҕо оскуолаҕа киирэригэр бэйэтин санаатын сааһылаан этэр, тыл хомоҕойун, кэрэтин сааһыгар дьүөрэлээн туттар, тыл культуратын таба туттар, тулалыыр эйгэҕэ сиэрдээх сыһыаннаах, үтүө майгылаах, төрөөбүт төрүт тылыгар ытыктабылы кыра сааһыттан иҥэринэн, саха буоларыттан киэн туттар киһини иитэн таһаарыахтаахпыт.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Илиинэн оноhуллубут остуол оонньууларын ненуе о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы

Образовательный проект рассчитан для детей 4-5 лет. срок реализации - в течение 1 -го года. Состоит из трех этапов: организационный, диагностический, практический. Цель проекта: развитие логического м...

О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы

О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы...

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы

Бодоруһуу уонна оонньуу нөңүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тылын сайыннарыы...

Кружковая работа. Тема: «Уус – уран айымньы кемотунэн оҕо тереебут тылын сайыннарыы»

Быьаарыы сурукТемам:  «Уус –уран айымньы кеметунэн  о5о тереебут тылын сайыннаарыы» Билинни кэмнэ  саха о5олоро ийэ тылларын  билбэккэ  улаатан, бэйэлэр...

Годовой кружковый план. Тема: «Уус – уран айымньы кемотунэн оҕо тереебут тылын сайыннарыы»

Билинни кэмнэ  саха о5олоро ийэ тылларын  билбэккэ  улаатан, бэйэлэрин  сахалыы  ейдерун- санааларын , быьыыларын- майгыларын  улам  сутэрэн  иьэллэр. Норуот...

Тылы сайыннарыы, грамота, физкультура дьарыктаныыларыгар туттуллар «Тургутуу хонуута»-диэн дидактическай оонньуу.

Тыл оонньуутун анал дьайымалга, улахан киһи оҕону кытта бииргэ дьайымалыгар ситимнээн күннэтэ тутуннахха оҕо билиитэ хаҥыыр, эт-хаан өттүнэн сайдар, тылын саппааһа байар....