О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы
методическая разработка по музыке (младшая, средняя, старшая, подготовительная группа) по теме
О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
О5о ыллыыр уеруйэ5ин кыра сааһыттан сайыннарыы | 22.95 КБ |
Онлайн-тренажёры музыкального слухаМузыкальная академия
Теория музыки и у Упражнения на развитие музыкального слуха для учащихся музыкальных школ и колледжей
Современно, удобно, эффективно
Предварительный просмотр:
Оҕо ыллыыр үөрүйэҕин кыра сааһыттан сайыннарыы
Попова Светлана Николаевна,
Тойбохойдооһу «Ньургуһун» сайдар киинин
музыкальнай салайааччыта
Хас биирдии киһи айылҕаттан бэриллибит музыкальнай инструменнаах - ол куолаһа буолар. Оҕо куолаһа наһаа нарын, үрдүк, ыраас. Кыра оҕо ыллыырын сөбүлүүр. Ырыаны ыллаан кинилэр музыканы ордук чугастык ылыналлар, бэйэлэрин ис санааларын, туруктарын көрдөрөллөр бэйэлэригэр эрэллэрэ улаатар. Аныгы научнай чинчийиилэр этэллэринэн оҕо музыкальнай дьоҕурун, музыкальнай культуратын олох кыра сааһыттан сайыннарыахтаахпыт. Кыра сааhыттан оҕо музыкальнай иитиини ылбатаҕына кэлин ону сайыннарарга олус ыарахан буолар эбит. Өскөтүн оҕо ыллыырын сөбүлүүр, ыллыаҕын баҕарар буоллаҕына, биhиги кини ыллыыр үөрүйэҕин, музыкальнай слуҕун сайыннарыахтаахпыт. Оҕо музыкальнай дьоҕура сайыннаҕына кини уопсай сайдыытыгар улахан оруолу ылар. Эмоцията, фантазията, ритмэ, айар дьоҕура, оҥорон көрүүтэ, тыла сайдар. Биллиилээх педагог Сухомлинскай эппитэ: «Без музыкального воспитания невозможно полноценное умственное развитие человека».
Оҕо музыкальной дьоҕура сайдарыгар ырыа биир улахан оруолу ылар. Ырыа - оҕолорго ордук тиийимтиэ уонна чугас. Оҕо музыкальнай дьоҕурун сайыннарар сыалтан ырыа куруһуогун үлэлэтэбин. Куруһуокка ыллыан баҕалаах оҕолору уонна төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн ылабын. Нэдиэлэҕэ иккитэ ыытыллар. Оҕолор куруһуокка ансабылынан, биирдиилээн ыллыырга үөрэнэллэр, солистыыр оҕолорго хас биирдии оҕо диапазонун, дьоҕурун көрөн ырыалары талабын. Баян доҕуһуоллаах, эбэтэр фонограмманан ыллыырга үөрэнэллэр.
Дьарыкка оҕолор хорунан ыллыыр үөрүйэхтэрэ сайдар, мелодияны сөпкө истэн, ыраастык ыллыырга үөрэнэллэр. Тыыны сөпкө ыларга, тылы чуолкайдык саҥарарга үөрэнэллэр, ритмическай уонна ладотональнай слухтара сайдар, голосовой аппараттара улам сайдан барар, бөҕөргүүр.
Оҕо голосовой аппарата наһаа нарын буолар. Ол иһин, оҕо куолаһын харыстыахтаахпыт, хаһыытаабакка, сөптөөх куолаһынан ыллыырга үөрэтиллэр.
Оҕолор оонньуур кэмнэригэр наһаа улаханнык саңарсар, хаһыытаһан оонньуо суохтаахтар. Айдаан, хаһыы оҕо куолаһын алдьатар. Оҕо диапазона кыра, ол иһин киэҥ диапазоннаах улахан киһи ырыатын ыллатар сатаммат. Оҕо ыллыыр үөрүйэҕин сайыннарарга араас ньымалар туһаныллаллар.
Ырыаны үөрэтиини 3 этапка араарыллар
1 этап. Ырыаны билсиһии. Ырыа ис хоһоннун, хайдах ылланарын, ырыа аатын, ырыа тыла ыарахан буоллаҕына чуолкайдык саҥаран ааҕан иһитиннэрэбин, өйдөммөт тылларны быһааран биэрии. Ардыгар ырыаны үөрэтиэх иннинэ инструментальнай айымньы курдук иһитиннэриэххэ сөп. Ырыаны бастаан толороллоругар олох үчүгэй хаачыстыбалаахтык толорон иһитиннэриэхтээхпит
2 этап. Ырыаны үөрэтии салҕанар. Манна ырыа доҕуһуола суох ылланыахтаах. Ырыаны үөрэтэргэ доҕуһуола суох ыллаан үөрэттэххэ ырыа матыыбын түргэнник ылыналлар, тылын үчүгэйдик өйдүүллэр. Бу кэмҥэ ырыаны араастаан ыллатыахха наада, бары бииргэ - бөлөҕүнэн ким үчүгэйдик ыллыыр эбит диэн куоталаһыннаран. Ырыаны барытын үөрэттэхпитинэ ким хайдах ылыммытын бэрэбиэркэлииргэ соҕотохтуу ыллатыхха сөп. Улахан группаҕа биирдии оҕону фразаннан ыллатар үчүгэй.
3 этап. Үөрэппит ырыаларын тиһигин быспакка ыллата сылдьыахтаахпыт. Улахан группа оҕолоро орто группаҕа сылдьан ыллаабыт ырыаларын ыллыы сылдьыахтаахтар. Чэпчэки ырыаларын үрдүк тональноска таһааран ыллатыллар. Ырыаны оҕо төһө түргэнник ылынара, кини музыкальнай дьарыктаныы тас өттүгэр иитэччи хайдах бэлэмниириттэн улахан тутулуктаах. Иитээччи куруук оҕолору кытта ыллаһа сылдьар, ырыа тылын хатылата сылдьар буоллаҕына оҕолор ырыаны түргэнник ылыналлар. Манны таһынан оҕолор дьиэлэригэр эмиэ ыллыахтаахтар, ол наадатыттан төрөппүттэргэ оҕолор ырыаларын тылын суруйан билиһиннэриэхтээхпит.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Илиинэн оноhуллубут остуол оонньууларын ненуе о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы
Образовательный проект рассчитан для детей 4-5 лет. срок реализации - в течение 1 -го года. Состоит из трех этапов: организационный, диагностический, практический. Цель проекта: развитие логического м...
Оҕону кыра сааһыттан поэзияҕа сыһыарыы
Оҕо төһөнөн эрдэ кыра сааһыгар поэзияны билсэ улаатар да, оччонон үчүгэй. Ийэ оҕотун иһигэр илдьэ сылдьар кэмигэр кэрэ айымньыны дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр да, оҕоҕо төрөөн баран салгыы ааҕа, иһ...
Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин
“Олоҥхоҕо олоҕуран кыра оҕо сиэрдээх майгытын түстээһин” Ноговицына М.А., Антоновкатааҕы А. Г. Габышев аатынан оҕону сайыннарар киин иитээччитин дакылаата оҕону кыра сааһыттан олоҥхо нөҥүө сиэрд...
Проект "Оонньуу көмөтүнэн оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыы"
работа с родителями...
Кыра о5о5о санарар сананы сайыннарарга театр комото.
О5о тарба5ын быччынын, санарар санатын сайыннарарга театр араас корунун туьаныы....