Сценарий празднования "День учителя"
материал (7 класс)

Сценарий празднования "День учителя" в школе

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл den_uchitelya_stsenariy.docx22.66 КБ

Предварительный просмотр:

Учуутал күнүн сценарийа

Анжелина: Билиигэ  угуйар                

Эрэллээх  сирдьиппит

Күн – кэрэ  киhибит-

Учуутал,  эйиэхэ

Үөрэтэр  үтүө5эр

Муударай  сүбэ5эр

Махтанан  тураммыт

Истиҥ  тыл  кэрэтин

Махталбыт  ырыатын

Сүрэхпит  мичээрин

Аныыбыт  эйиэхэ!

Олег:Үтүө  күнүнэн, манна мустубут  кэлэр  кэскили  тустэhэр, инники оло5у тутарга холобур буолар биhиги учууталларбыт, үөрэнээччилэр уонна ыалдьыттар!

Анжелина:Учуутал… бу тылы  иhиттэххэ, тута  үгүс  билиини-көрүүнү биэрэр, кыаххын-дьо5ургун арыйаргар, олоххо суолу буларгар көмөлөhөр киhини саныы биэрэҕин.

Олег:Учуутал, бу тылга биhиги олохпут сарсыҥҥыта, кэлэр кэскилэ иhиллэргэ дылы. Учууталга кэнчээри ыччаты иитии, үөрэтии үрдүк аналын итэ5эйэллэр. Ол да иhин Учуутал үлэтэ айымньылаах, саҥаны көрдөөhүннээх.

Анжелина:Билии-көруу чыпчаалларын  дьулуhан, туруулаhан  дабайар  буолан, атын идэлэртэн ураты умсугутуулаах, долгутуулаах.

Учуутал  сылайары  билбэт сыанаhыт, ылыннарыылаах  тыллаах-өстөөх  үлэhит, күннэтэ  саҥаны  көрдүүр, уруккуннан  уоскуйбат, ааспытынан  астыммат  уратылаах. Бу киhи аайы бэриллибэт, үгүс уустуктаах, элбэх сыралаах күндү идэ буолар.

Олег:Итинник  этэн  туран  биhигини  үөрэтэр -иитэр, кэрэ5э-үтүө5э угуйар, ийэбитин-а5абытын солбуйар педагогтарбытын бу үөрүүлээх бырааhынньыгынан-Учуутал күнүнэн үөрэнээччилэргит  аатыттан  итиитик-истиҥник э5эрдэлиибит!

Анжелина - Уонна бүгүнҥү учуутал күнүгэр аналлаах тэрээһиммитин саҕалыырбытын көҥүллээҥ!

Үҥкүүһүттэр муз.номердара

Олег:

Учуутал олоҕун ситимэ – оскуола

Хас уруок – кини үлэтин түмүгэ,

Олоҕун күннээҕи түбүгэ.

Үтүө киэһэнэн биһиги оҕолорбутун наука араас эйгэтин биллэрэн уһуйар, угуйар, сырдыкка – кэрэҕэ сирдиир учууталлар!

 Истиҥ эҕэрдэтин тиэрдиэҕэ Хаҥалас муниципальнай тэриллии баһылыга Серафим Александрович.

Анжелина: Тылы биэрэбит  үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччыга Марианна Леонидовнаҕа.

Олег – Киирэн кэлэ5ин кылааска

          Сырдык ыра санаалаах,

          Истиҥ мичээр аргыстаах

          Киэҥ билии кынаттаах.

                             Эн билииҥ кынатыгар

                                 Олорсоллор о5олор,

                                  Уөрэх сырдык суолугар

                                  Тэҥҥэ көтөн барсаллар.

Махтал кэрэ киһиэхэ

                 Учуутал үрдүк аатыгар,

                 Үгүс кыһамньыҥ туһугар

                 Үтүө ба5а санаа5ар.

 Анжелина: Манна, биһиги ыҥырыыбытын ылынан ыалдьыттыы кэллилэр, баай уопуттаах, элбэх о5о5о үгүс билиини биэрбит, киэн туттар ветеран учууталларбыт.      

Олег: Күндү учууталлар, бу үөрүүлээх бырааһынньыкка бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэрдиэхтэрэ маҥнайгы кылаас оҕолоро

Анжелина:

Учуутал, учуутал барахсан,

Уруокка өрүүтүн кыһаллан,

Чуолкайдык быһааран биэрэргин,

Чуумпуран олорон истэбин.

Учуутал, учуутал барахсан,

Үөрэтэр, уһуйар дьарыктаах

Убаастыыр киһибитин –

Эйиигин ийэҕэ тэҥниибит!

Олег: Хас биирдии үөрэнээччи үөрэппит учууталын хаЬан да умнубат, күндүтүк саныыр. Ол курдук билигин биһиги оскуолабыт выпускниктара үөрэппит учууталларыгар ыыппыт эҕэрдэлэрин күөх экран нөҥүө көрүөхпүт. (видеопоздравление)

Анжелина:

Учуутал эйиэхэ

Эҕэрдэ этэбит,

Киэн тута, махтана,

Бэлэх уунабыт. Эһигини эҕэрдэлииллэр 6-с кылаас үөрэнээччилэрэ... (6 кылаас)

Олег: 

Үрдүккэ, сырдыкка көтүтэр,

Үтүөнү- кэрэни үксэтэр

Үтүөкэн киһибит учуутал

Үйэ саас эйиэхэ дьиҥ махтал!

Убаастабыллаах учууталларбыт, эһиэхэ эрэ анаан, бу махталлаах бырааһынньыкка көрдөөх миниатюралар. (Актив школы) – миниатюралар

(Кл.рук., электр дневник, кэмпиэт, 10+10)

Анжелина:

Сайаҕас учуутал барахсан

Саргылаах билиини биэрэҕин

Сандаарар саҕаҕы арыйан

Сулустаах суолбутун тэлэҕин.

Сыанаҕа көрсүөххэйиҥ 2-с кылаас үөрэнээччилэрин ( 2 кылаастар тахсаллар)

Олег:

Учуутал эн -

Маҥнайгы чугдаарар чуораанныын

Мындыр өй суолугар сирдиигин,

Саҕахтан сапсынар сарыаллыын

Сандаарар сырдыкка илдьэҕин!

Күндү учууталларбытыгар эҕэрдэ кэһиилээх кэллилэр 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ. ( 3 кылаастар тахсаллар)


Анжелина: Учуутал эн өрүү

Уот сулус буолаҥҥын,

Кэрэҕэ, сырдыкка

Угуйа тураҕын!

Сценка «Эбээ оскуолата» (Таня, Алеша)

Эһиги болҕомтоҕутугар «Учууталы кытары аһаҕас кэпсэтии» рубрикаттан быһа тардыыны көрөргө ыҥырабыт. (Видео – вопросы учителям)

Анжелина: Сценка “Битва учителей”

Олег: 

О5о саас умсулҕан иэйиитин

Оһуордаах олугун уураҕын,

Төрөөбут дойдубут кэскилин

Төлкөлөөх түөрэҕин түстүүгүн.

Сыана5а көрсүҥ 5 кылаас үөрэнээччилэрин толоруутугар ырыа “Оскуолабар”

Анжелина:

Уруйдан, айхаллан учуутал-

Умсугута уһуйар аанньал

Эйиэхэ этиллэр дьиҥ таптал,

Эдэртэн, кырдьаҕастан махтал!

Күндү учууталлар, эһиэхэ махталбыт муҥура суох.

ФЛЭШМОБ

Олег: Билигин эһиги болҕомтоҕутугар наҕараадалааһын церемонията са5аланар. Ол курдук, «Педагогический Оскар» диэн профессиональнай премия буолар.

 

Анжелина: Нэдиэлэ устата оскуола оҕолоро номинацияларынан көрөн кыһаллан туран куоластаатылар. Ол түмүгүнэн Оскар номинацияларынан кыайыылаахтары эҕэрдэлиэххэйиҥ

НОМИНАЦИЯ ТУТТАРАЛЛАР

Анжелина: Бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэрдиэхтэрэ «Туллукчаан” үҥкүү бөлөҕө.

Олег:

Үрдүккэ угуйар үөрэҕиҥ

Абылыыр ыччаппыт сүрэҕэр,

Ол онтон астынар сүрэҕиҥ

Дуоhуйан оҕолуу үөрэҕин.

Анжелина:

Үөрэтэр, такайар кыhаҕын

Күн аайы долгуйа аhаҕын,

Мичээргин тулаҕар ыhаҕын,

Саҥаны, ырааhы айаҕын.

Уолбат уйгуланын, уостубат олохтонуҥ! Билигин сыанаҕа дохсун ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ көрдөөх сценканы «Физкультура уруогар»

Олег:

Үөрэнээччилэргит махталларынан,

О5олор ситиһиилэринэн,

Бар – дьоҥҥут үөрүүлэринэн кынаттанан

Өссө да уһуннук улэлээҥ!

Дохсун ытыс тыаһынан көрсүҥ 4-с кылаас үөрэнээччилэрин

Анжелина: 

Сайа5ас учуутал барахсан

Саргылаах билиини биэрэ5ин

Сандаарар са5а5ы арыйан

 Сулустаах суолбутун тэлэ5ин.

Уонна дьэ ыраахтан, сатыы айаннаан,  эһиги ыҥырыыгытын ылынан эстрада ча5ылхай сулустара ырыа кэһиилээх биһиэхэ кэллилэр.

Сыана5а дохсун ытыс тыаһынан көрсүөххэйиҥ сахабыт сирин талааннах, эрчимнээх, тэтимнээх ырыаһытын Китджаны (Валера)

 

Ъ

Олег: : Барыгытын эҕэрдэлээн туран ырыатын өрө уунар Стас Михайлов (Слава)

Анжелина Дохсун ытыс тыаһынан сыанаҕа көрсүҥ 80-с сылларга Россия үрдүнэн киэҥник биллибит «Модерн токин» бөлөҕү. (Таня, Нелли)

Олег: Көрсүҥ дохсун ытыс тыаһынан        Сахабыт сирин биир талааннаах хомусчутун, ырыаһытын Айсен Аммосовы (Миша)

Анжелина: Эҕэрдэ кэһиилээх кэллилэр Михаил Шуфутинский уонна егор Крид (Дарина, Эвелина)

Олег: Ылба5ай ырыатын өрө уунар Дима Билан (Лияна”)

Анжелина – Дохсун ытыс тыаһынан көрсүҥ Сахабыт сирин народнай артыыскатын, чаҕылкай сулуһун, көмүс куолаһын Марина Попованы (Володя)

(«Мы желаем счастья вам» тыаһыыр, бары тахсан поклон)

Олег: Утуйар ууларын умнан туран, үөрэх абылаҥар оҕолору уһуйар, убаастабыллаах учууталлар!

Анжелина:

Эһигини бука барыгытын бырааһынньыккытынан ис сурэхтэн долгуйан туран эҕэрдэлиибит! Үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, элбэх – элбэх үөрүүнү, дьолу баҕарабыт!

Олег:

Күн кэрэ киһиэхэ

Учуутал, эйиэхэ

Үөрэтэр утүөҕэр

Махталбыт хаһан да бараммат буолуоҕа! диэн алгыс тылынан бүгүҥҥү Учуутал күнүгэр аналлаах эҕэрдэ кэнсиэрбитин түмүктүүбүт.

Иккиэн: Аныгыскы көрсүөххэ диэри!

Анжелина: Барыгытын уопсай хаартыска5а түһэргэ ыҥырабыт.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий Дня Учителя.

Данный материал поможет учителям подготовить празник "День Учителя"....

сценарий День учителя

Обычно в этот день учителя принимают поздравления от своих воспитанников, которые дарят им цветы, конфеты и подарки, устраивают концерты....

"Суд над учителями" сценарий Дня учителя

Данный сценарий реализован и видеофайл расположен по ссылке...

Сценарий выступления учителя на конкурсе "Учитель года" - визитная карточка.

Видеоролик сопровождается этим сценарием выступления учителя....

Сценарий визитки учителя на конкурс "Учитель года-2013"

Данная работа представляет собой сценарий выступления на конкурсе "Учитель года". Может быть интересна , как учителям ОБЖ , так и классным руководителям....

Сценарий: "День учителя". Школа-интернат VIII вида, г.Моздок . Учитель русского языка Цуциева Ирина Александровна

Внеклассное мероприятие-праздник"День учителя"Специальная коррекционная школа г.Моздок[[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"7063603","attributes":{"alt":"","class"...

Сценарий Дня учителя. «Учитель! Перед именем твоим…»

Данный сценарий - поздравление учителям с их профессиональным праздником. Используются фрагменты из кинофильмов, песни, слайды из жизни школы,фотографии учителей - ветеранов, концертные номера по выбо...